"Тарбаахаптыы астыахха" күрэх
материал (8, 9, 10, 11 класс)
Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап аатын билбэт саха суох буолуо. «Тыгын Дархан» ресторан инженер технолога, Россия маастар асчыта, Российскай Федерация атыы – тутуу эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, уон иһигэр киирбит Россия үрдүк кылаастаах бастыҥ повардарыттан биирдэстэрэ, үгүс ахсааннаах аан дойдутааҕы уонна бүтүн Россиятааҕы биир идэлээхтэр күрэхтэрин лауреата, Аан дойду бастыҥ асчыттарыгар эрэ тиксэр французскай кулинарнай академия Бочуоттаах знагын хаһаайына, саха саарына, урааҥхай бастыҥа Аан дойдуга аар – саарга аатырбыт бастыҥ повар, биир дойдулаахпыт Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап аатын үйэтитэр уонна саха төрүт аһын астааһын маастарыстыбаларыгар уһуйар сыаллаах “Тарбаахаптыы астыахха” конкурсу 8-11 кылаас уолаттарыгар тэрийэбит.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
tarbaahaptyy_astyahha_.docx | 15.43 КБ |
Предварительный просмотр:
“Тарбаахаптыы астыахха” күрэх
Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап аатын билбэт саха суох буолуо. «Тыгын Дархан» ресторан инженер технолога, Россия маастар асчыта, Российскай Федерация атыы – тутуу эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, уон иһигэр киирбит Россия үрдүк кылаастаах бастыҥ повардарыттан биирдэстэрэ, үгүс ахсааннаах аан дойдутааҕы уонна бүтүн Россиятааҕы биир идэлээхтэр күрэхтэрин лауреата, Аан дойду бастыҥ асчыттарыгар эрэ тиксэр французскай кулинарнай академия Бочуоттаах знагын хаһаайына, саха саарына, урааҥхай бастыҥа Аан дойдуга аар – саарга аатырбыт бастыҥ повар, биир дойдулаахпыт Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап аатын үйэтитэр уонна саха төрүт аһын астааһын маастарыстыбаларыгар уһуйар сыаллаах “Тарбаахаптыы астыахха” конкурсу 8-11 кылаас уолаттарыгар тэрийэбит.
Күрэх сыала – соруга: саха төрүт аһын үгэстэрин сайыннарыы, уол оҕо ас астыыр дьоҕурун, олоххо бэлэмнээх буолар сатабылын үрдэтии, кулинария искусствотыгар уһуйуу.
Күрэх түһүмэхтэригэр өбүгэбит төрүт аһын билиигэ тургутук, эт астан, балык араас көрүҥүттэн, саха лэппээскитин, саламаат арааһын, сонун салаат, десерт араастарын, күөрчэх астаан, бүлүүдэлэрин киэргэтэн дьүүллүүр сүбэҕэ көмүскүүллэр.
Дьүүллүүр сүбэ маннык ирдэбиллэринэн сыаналаан түмүк таһаарар:
- Ас астааһын технологиятын билии;
- Бүлүүдэ хаачыстыбата, амтана;
- Бириэмэни тутуһуу;
- Бүлүүдэни тупсаҕайдык киэргэтии;
- Бүлүүдэ уратыта(оригинальность);
- Поварскай искусство мындырдарын билии.
Кыайыылаахтар Грамоталарынан, бириистэринэн наҕараадаланаллар. Анал ааттар иҥэриллэллэр. Күрэх кыайыылааҕар «Тарбаахап утумнааччыта» диэн аат иҥэриллэр, И.И. Тарбаахап анал бирииһинэн наҕараадаланар. Кыттааччылар бары анал аатынан бэлиэтэнэллэр, бириис туталлар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээн кэллилэр: Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап, СР уонна РФ эргиэнин бочуоттаах бэтэрээнэ Бондарева М.Е., Таатта улууһун үөрэҕин салаатын начальнигын солбуйааччы Луковцева М.Н., Дьүлэй нэһилиэгин олохтооҕо, элбэх ахсааннаах быыстапкалар, дьаарбаҥкалар, күрэхтэр кыайыылаахтара Потапова В.Н., И.И.Тарбаахвап төрөппүт кыыһа Харлампьева А.И., “Тыгын Дархан” гостиничнай рестораннай комплекс салайааччыта Львова С.И., “Муус Хайа” ресторан шеф повара, И.И.Тарбаахап сиэнэ Семен Тарбахов, “Тыгын Дархан” ресторан шеф повара Матаннанов К.В., “Седьмое небо” шеф повара Решетников И.Г. Хара Алдан орто оскуолатын үөрэнээччитэ, регионнааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Тарбаахаптыы астыахха” күрэх хас да төгүллээх Гран При хаһаайына Варламов Стас.
Бу конкурс 2010 сыллаахтан Таатта улууһун үөрэҕин салаата бигэргэтиитинэн И.Н.Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатын гуманитарнай методическай холбоһук учууталларын бырайыагынан ыытыллар. “Тарбаахаптыы астыахха” күрэх бастаан улуус иһинэн, онтон регион таһымыгар тахсан ыытыллар. Күрэх тэриллиэҕиттэн уопсайа 103 уол кытынна. Уолаттарга өбүгэбит төрүт аһыттан араас көрүҥнэри минньигэстик астаан, сиэдэрэйдик киэргэтэн, дьүүллүүр сүбэ иннигэр көмүскүүр сыал турар. Сыллата астыыр технологиялара, сатабыллара сайдан, маастарыстыбалара үрдээн иһэрин И.И.Тарбаахап бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ бэлиэтиир. Күрэх инники кэскиллээх, асчыт идэтин баһылыыр үөрэхтэргэ элбэх уол бу күрэхтэн кынаттанар, олоххо суолларын булалларыгар төрүт буолар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
сценарий конкурса "Тарбаахаптыы астыаха"
laquo;Тарбаахаптыы астыахха» илин эҥэр улуус уоланнарын күрэхтэрин сценарийа....