сценарий конкурса "Тарбаахаптыы астыаха"
творческая работа учащихся (8, 9, 10, 11 класс)
«Тарбаахаптыы астыахха» илин эҥэр улуус уоланнарын күрэхтэрин сценарийа.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_tarbaahap_2023.docx | 15.89 КБ |
Предварительный просмотр:
«Тарбаахаптыы астыахха» илин эҥэр улуус уоланнарын күрэхтэрин сценарийа.
1 ыытааччы: Үтүө күнүнэн, дьүүллүүр сүбэ, күрэх кыттааччылара, салайааччылар, ыалдьыттар!
Иннокентий Иннокентьевич Тарбаахап аатын истибэтэх, кинини билбэт саха суоҕун кэриэтэ буолуохтаах. Ол курдук, саха төрүт аһын – үөлүн аан дойдуга киэҥник тарҕаппыт, ураты минньигэһин, иҥэмтэлээҕин аар саарга аатырдыбыт норуот биир киэн туттар ытык киһибит, Саха Саарына, Таатталар биир дойдулаахпыт буолар.
2 ыытааччы Иннокентий Иннокентьевич - Россия маастар асчыта. Российскай Федерация атыы – тутуу эйгэтин үтүөлээх үлэһитэ. Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Уон иһигэр киирбит Россия үрдүк кылаастаах бастыҥ повардарыттан биирдэстэрэ. Саха Республикатын бочуоттаах олохтооҕо;
1 ыытааччы: Кини ураты талаанынан, олоххо дьулуурунан, сырдык ыраас ыратынан норуотун историятыгар чаҕылхай кинигэлэри суруйбута. Бу аптаах кинигэлэр алаадьы сытынан абылыыллар, уохтаах кымыһынан умсугуталлар, минньигэс күөрчэҕинэн манньыталлар, сыалаах ойоҕоһунан сылаанньыталлар.
2 ыытааччы:
Иннокентий Тарбахов туохха да тэҥнэммэт ураты минньигэс, төрөөбүт дойдутун сымнаҕас хаарын дьиктитин, дьэдьэнин сытын, көлүччэлэрин кэрэтин, алаастарын сылааһын иҥэриммит астара араас омуктар хоруолларын, президеннэрин дуоһуппуттара, сөхтөрбүттэрэ. Саха норуотун киэн туттар талааннаах асчыта Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов бэйэтин сатабылын, маастарыстыбатын куруук дьонугар – сэргэтигэр тарҕатар. Таатта улууһун Туора – Күөл орто оскуолатыгар 2009 сылтан “Тарбаахаптыы астыахха” улуустааҕы, регионнааҕы күрэх ыытыллар.
1 ыытааччы: Кэнники 2 сыл хамсык ыарыы туран, бу күрэхпит дистанционнай форманан ыытыллыбыта, элбэх оҕо араас бүлүүдэлэри астаан, көмүскээбиттэрэ, кыайыы өрөгөйүн билбиттэрэ.
2 ыытааччы:
Эҕэрдэ эһиэхэ, Сахабыт Сирин эрэллэригэр, асчыт уолаттарбытыгар! Хаһан эрэ баҕар эһигиттэн бииргит Иннокентий Иннокентьевич курдук саха кухнятын кулинарнай искусство үрдүкү чыпчаалыгар таһаарыаҕа! Баҕарабыт эһиэхэ ситиһиини, дьулууру, тулууру, эстибэт эрчими, айар иэйиини.
2 ыытааччы:
Бүгүҥҥү күрэххэ уолаттар ас астааһын искусствотын бары үөрүйэхтэрин баһылаабыттарын бэрэбиэркэлэниэхтэрэ, уустук тургутуктары ааһыахтара.
1 ыытааччы: Ол курдук, дьүүллүүр сүбэ уолаттар ас астыыр искусство кистэлэҥнэрин төһө билэллэрин, сатыылларын сыаналыахтара.
«Тарбаахаптыы астыахха» күрэхпитин аһыллыбытынан ааҕабыт.
2 ыытааччы:
Манан уолаттарбыт күрэхтэрин түһүмэҕэ түмүктэнэр. Билигин дьүүллүүр сүбэни түмүк таһаарар уустук үлэҕэ дохсун ытыс тыаһынан атаарыаҕыҥ уонна долгуйа, тулуурдаахтык кэтэһиэҕиҥ.
1 ыытааччы:
Күрэхпит саамай долгутуулаах түмүк чааһыгар киирэбит. Бары иһийэн олорон, түмүгү истиэҕиҥ. Тылы биэрэбит дьүүллүүр сүбэҕэ.
2 ыытааччы:
Тарбаахап талаанын кустуга
Тааттаҕа дьэргэйэ оонньоото,
Талба да, мааны да остуолга
Уолан дьон астара киэргэйдэ.
Сайдыыга түннүгү тобулбут
Тарбаахап убайбыт суолунан
Уолаттар дьоһуннук хаамтылар,
Үөрүүгэ ааннары арыйан
1 ыытааччы:
Эҕэрдэ эһиэхэ асчыт талааннаах аламаҕай айар куттаах чулуу уоланнар! Эһиги дьиҥ чахчы бүгүн манна мустубут бар дьоҥҥутугар умнуллубат дьоро күнү бэлэхтээтигит. Олоххут күөрчэх курдук үөрүүнэн үлүннүн, минньигэс ас курдук дьолунан сандаардын, кымыс курдук тапталынан кыынньа турдун!
2 ыытааччы:
Эһиил эмиэ эриэккэс ас сытынан дыргыйбыт, тумалаах эт сытынан туймаардар «Тарбаахаптыы астыахха» күрэх үтүө түһүлгэтигэр көрсүөххэ диэри, доҕоттоор!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
сценарий последнего звонка "Сценарий многосерийного фильма"
интересный тематический сценарий последнего звонка....
Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!» Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!»
Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!» Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!» Цель: познакомить педагогов с опытом эффективного взаимодействия классного руковод...
разработка сценария "исторический КВН".Сценарий игры "исторический аукцион"
Сценарии "исторический КВН2и игра "исторический аукцион" способствуют к самореализации ученика, воспитание настойчивости, выдержки, способности принимать решения, т е все то, что необходимо для успеха...
сценарий Юбилея школы Сценарий юбилея школы "Наше продолжение" Автор сценария и ведущая - учитель музыки АОУ школы №9 г. Долгопрудный ТЕПЛЫХ ТАТЬЯНА НИКОЛАЕВНА
В концерте участвуют учителя, выпускники и учащиеся. Это совместное творчество....
Сценарий спектакля на английском языке "The magic gift". Сценарий спектакля "Волшебный дар"
Сценарий подходит для проведения предметных недель на тему Хеллоуин, Рождество, День Святого Валентина.Мы поставили спектакль силами учащихся 7, 2, 3 классов. Выступили перед начальной школой на...
Сценарий праздника русского языка «СЛОВО О СЛОВАХ» (сценарий праздника русского языка, проведенного в рамках декады «Филология»)
Сценарий праздника русского языка «СЛОВО О СЛОВАХ»(сценарий праздника русского языка, проведенного в рамках декады «Филология»)Щербак Е.В., МКОУ СОШ № 42013-2014 уч.год...
Сценарий праздничного концерта, посвященного международному женскому дню 8 марта «Песни весны в кругу семьи» методическая разработка мероприятия (сценарий).
Данная методическая разработка является сценарием праздничного концерта, посвящённого международному женскому дню 8 марта. В разработке представлен полный сценарий со стихами, авторами и названиями пе...