монтаж
творческая работа учащихся (9, 10, 11 класс)

Гуляева Алина Ивановна

Кинилэр Өрөспүүбүлүкэни тэрийбиттэрэ... Республика күнүгэр аналлаах монтаж

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл montazh_27_muus_ustar.docx13.94 КБ

Предварительный просмотр:

Кинилэр Өрөспүүбүлүкэни тэрийбиттэрэ...

Толя: Муус устар 27 күнэ – ураты, бэлиэ күн. Бу күн 1922 сыллаахха РСФСР иһинэн Саха Автономнай Сэбиэскэй социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ.

Саян: 1992 сыллаахха бу күн өрөспүүбүлүкэ саҥа төрүт сокуона (конституцията) ылыллыбыта.

Афоня К: 1995 сылтан Саха Сирэ судаарыстыбаннастаах буолута бигэргэммитэ.

Вова: Киһи аймахха үтүөнү оҥорбут,  олохторун толук уурбут, норуот чулуу дьоно,  биһиги сүрэхпитигэр дириҥник сөҥөн сылдьаллар.

Марат: Оннук дьонтон саха омук чулуу уола Максим Кирович Аммосов аата бастакынан ааттанар.

Арс ен: Сахам Сирэ

              Сандаара сайдарыгар

              Санаатын уурбут,

              Сайаҕас ыччат

              Саха урааҥхайа

              Максим Аммосов

             Саталаах тыллары эппитэ.

Афоня Б: Былатыан Ойуунускайдыын

                 Былааһы олохтоспута.

                 Улуу Москваҕа тиийэн

                Улуу Ленинниин

               Уһуннук сэһэргэстэспитэ,

               Сахалар ааттарыттан

               Санаатын сайа кэпсээбитэ.

Кузьма: Максим Аммосов  - Саха Өрөспүүбүлэкин государственнаһын бастакы туруорсааччы уонна ону тэрийээччи этэ.  

Богдан: Чаҕылхай тылынан – өһүнэн,  тэрийэр дьоҕурунан Максим Аммосов бэйэтин тула Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков курдук норуот уһулуччулаах дьонун түмпүтэ.

 Айсен: Бу дьон өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбанаһа олохтонуутугар олук уурбуттара.

Бары: Олук уурбуттара

Ганя: Максим Кирович Аммосов

Саша: Платон Алексеевич Ойуунус кай

Гриша: Исидор Никифорович Барахов

Коля: Степан Максимович Аржаков

Бары: Норуот ньургун уолаттара !

Гриша: Өрөбөлүүссүйэ кыһатыгар

               Өһүллүбэт модун санааларгыт

               Кыра – хара дьоннору

              Кыайыыларга уһуйбута.

Ганя: Буурҕалаах түүннэргэ

           Бутуурдаах кэмнэргэ

           Норуоккут  эрэлэ эһиги этигит.

Саша: Саҥа кэм  кытыастар уотугар

             Төлөннөөх сүрэххитин

             Эһиги биэрбиккит.

Толя: Чаҕылхай Максим.

Марат: Чаҕылхай Былатыан

 Афоня К: Исиидэр уонна Ыстапаан.

Саян: Кыра – хара норуот

           Кыһалҕаттан тахсарыгар

           Кытаанахтык кыргыспыт

           Халбаҥнаабат большевиктар!

Вова: Эһиги ааккыт  кэлэр ыччат

           Кэпсээнигэр киирдин.

          Эһиги дьыалаҕыт

          Үтүө холобур буоллун!

 


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Туган тел коненэ эдэби музыкаль монтаж

Внеклассное мероприятие посвященное ко Дню родного языка, которое проводится 21 февраля....

Литературный монтаж к 8 марта.

Подборка четверостиший к 8 марта на весь класс....

Монтаж "История комсомола в песнях".

Монтаж был подготовлен учителями  и представлен учащимся школы, а также жителям посёлка в рамках 90-летия ВЛКСМ. Может, кому-то будет интересно!...

МДК 01.02.Организация ремонтных работ промышленного оборудования и контроль за ними Методические указания и контрольные задания для студентов заочного отделения специальности 151031 «Монтаж и техническая эксплуатация промышленного оборудования»

В методической разработке приведен план самоподготовки студентов заочного отделения при изучении  МДК "Организация ремонтных работ промышленного оборудования и контроль за ними", где дана разбивк...

Профессиональный модуль «Организация и проведение монтажа и ремонта промышленного оборудования» МДК01.01. «Организация монтажных работ промышленного оборудования и контроль за ними» Задания для курсовых проектов и контрольных работ

В методической разработке представлено задание на курсовой поект и перечень рекомендуемого оборудования, которое студент может выбрать для курсового проектирования. Приведены вопросы для выполнения ко...

" 4 ноябрь - Бердәмлек көне"нә багышланган монтаж.

Укучылар  өчен  музыкаль - әдәби  кичә....

" 4 ноябрь - Бердәмлек көне"нә багышланган монтаж.

Укучылар  өчен  музыкаль - әдәби  кичә....