Сценарий
материал (5, 6, 7, 8, 9, 10, 11 класс)

Иванова Варвара Федосеевна

Сценарий торжественной линейки "День государственности Республики Саха(Якутия)"

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_flag_rsya.docx17.06 КБ

Предварительный просмотр:

Сценарий  «Саха сирин былааҕын күнэ»

В2: Бу мичил кун туьэн сатаабыт

Киэнтэн киэн уор5алаах сир-дойду

Бу кэхтэр диэн тылы сатаабыт

Барыта эн эбээт, мин Дойдум, мин дьолум – Сахам сирэ!

Саха сирин ГИМНА тыаһыыр

Саха сирин былааҕа тахсар

В1: Нөрүөн-нөргүй буолуохтун, убаастабыллаах дьоллоох дьоро күммүт күндү ыалдьыттара!  Күндү үөрэнээччилэр уонна учууталлар!

В2: Бүгүн биһиги манна Эрилик Эристиин аатын сүгэр Чакыр орто оскуолатын уерэнээччилэрэ уонна педагогическай коллектива үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ муһуннубут.

В1: Эһигини Саха Республикатын былааҕын күнүнэн итиитик – истинник эҕэрдэлиибит!

В2: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай былааҕа 1992 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр 1158-XII нүөмэрдээх Ыйааҕынан бигэргэммитэ. Бу күн былаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин дьиэтин үрдүгэр Арассыыйа Федерациятын былааҕын кытта сэргэстэһэ күөрэйбитэ.  

В1: Былаах 4 өҥнөөх, ол курдук: от күөх — уйгу-быйаҥ, халлаан күөх — ыраас эйэлээх халлааны, кыһыл — олох кэрэтин ойуулуур, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну — бэлиэтииллэр. Оттон былаах үөһэ ортотугар үрүҥ күн — өбүгэлэри кытары ситими көрдөрөр.

В2: Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай былааҕын дьүһүннэрэ Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын өҥнөрүн кытары дьүөрэлэһэр. Ол аата Арассыыйаны кытта биир сомоҕо буоларын көрдөрөр.

В2 Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа биллиилээх худуоһунньуктар Людмила  Даниловна Слепцова, Михаил Гаврильевич Старостин уонна Айыына Петровна Захарова кыттыгас айымньылара. Бу талааннааах дьон былааҕы ыллылар да бэйэлэрэ уруһуйдаабатахтара, айар үлэлэригэр үөһэттэн Айыы Таҥараттан кэлэр бэлиэлэри эркээйи оҥостуммуттара саарбаҕаламмат.

В1: Билигин Саха сирин былааҕын төһө билэргит туһунан  хамаанданан арахсан викторинаҕа оонньуохпут. Кыттыыны ылаллар ___ кылаастан үөһээ оҕолор, кылаастан 3 о5о.

Хас биирдии хамаанда аат, девиз толкуйданар.

Викторина презентациянан оонньонор

Түмүк тыл, кыайбыттары наҕараадалааһын

В2: Манан үөрүүлээх тэрээһиммит чааһа түмүктэнэр!

В1: Хас биирдиигитигэр баҕарабыт чэгиэн-чэбдик доруобуйаны!

В2: ыраас ыраларгытын ыпсарын, саргылаах санааларгытын сааһылаан

В1: Бастыҥ баҕаларгытын бааралаан, үтүө үөрүүлэргитин үөрдүһүннэрин Дом! Диэн алгыс тылбытын аныыбыт!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

сценарий последнего звонка "Сценарий многосерийного фильма"

интересный тематический сценарий последнего звонка....

Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!» Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!»

Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!»    Сценарий: Мастер-класс «Победи конфликт!»  Цель: познакомить педагогов с опытом эффективного взаимодействия классного руковод...

разработка сценария "исторический КВН".Сценарий игры "исторический аукцион"

Сценарии "исторический КВН2и игра "исторический аукцион" способствуют к самореализации ученика, воспитание настойчивости, выдержки, способности принимать решения, т е все то, что необходимо для успеха...

Сценарий спектакля на английском языке "The magic gift". Сценарий спектакля "Волшебный дар"

Сценарий подходит для проведения предметных  недель на тему Хеллоуин, Рождество, День Святого Валентина.Мы поставили спектакль силами учащихся 7, 2, 3 классов. Выступили перед начальной школой на...

Сценарий праздника русского языка «СЛОВО О СЛОВАХ» (сценарий праздника русского языка, проведенного в рамках декады «Филология»)

Сценарий праздника русского языка   «СЛОВО О СЛОВАХ»(сценарий праздника русского языка, проведенного в рамках декады «Филология»)Щербак Е.В., МКОУ СОШ № 42013-2014 уч.год...

Сценарий праздничного концерта, посвященного международному женскому дню 8 марта «Песни весны в кругу семьи» методическая разработка мероприятия (сценарий).

Данная методическая разработка является сценарием праздничного концерта, посвящённого международному женскому дню 8 марта. В разработке представлен полный сценарий со стихами, авторами и названиями пе...