Мин ырыам ылланыа (Сценарий)
статья (11 класс) на тему
Сценарий мероприятия посвященного 120 летию поэта, драматурга, ученого, революционера, общественного и политического деятеля П. А. Слепцова - Ойунского.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Сценарий к юбилею Ойунского | 22.12 КБ |
Предварительный просмотр:
«Мин ырыам ылланыа» литературнай салон сценарийа
Саха советскай литературатын теруттээбит поэт, драматург, чинчийээччи, ученай, революционер, общественнай политическай деятель П.А. Слепцов-Ойуунускай бу дьыл сэтинньи 11 кунугэр тереебутэ 120 сылын туолла.
Платон Ойуунускай талба талааннаахтар таалалаан уескээбит Тааталарын улууьуттан теруттээх. А5ата Алексей Петрович, ийэтэ Евдокия Ивановна уон о5олоох дьаданы ыал этилэр.Былатыан о5о ссаьа олус кыьал5алаахтык ааспыта. Арыт киэьэ айахха угар туох да аьылык суох буолара. Былатыан таайдарыттан бэриллибит талаана тардан, олонхону, норуот сэьэнин олус сэргээн истэрэ уонна тылыттан тылыгар кэпсээн биэрэр ураты дьо5урдаа5а.Аьыыр кыьал5аттан сэниэ ыалга остуоруйалаан олонхолоон киэьэ аьылыгын булунара. Биир эмэ аьыммыт кэьии биэрэ туьэрэ. Киэьэ уерэ5иттэн быыс булан тереебут алааьын куелугэр Халамнаайы эбэ5э куйуурдаан муннанара. Аччык о5о сааьын, кыьал5алаах кэмнэрин туьунан «О5о куйуурдуу турара» кэпсээнигэр суруйбута.
6 кылаастар
Ийэлээх а5ата теье да уерэ5э суох дьон буолаллар сырдыгы, кэрэни ейдуур дьон этилэр. Тыл ураныгар остуоруйалаан уьуйбуттара.Платон Алексеевич урдуку салалта5а улэлии да сырытта5ына, буруйга сэмэ5э балыллыбыт ыар куннэригэр да ийэтин истин таптала, эрэлэ куус угара. Тереппутэрин кундутук саныыра, махтанара.
11 кылаас Ийэм Дьэбдьэкиэй унуо5ар
14 саастаа5ар тереебут алааьыттан чугас аьыллыбыт Наммара начальнай оскуолатыгар уерэнэ киирбитэ. Туйгуннук уерэнэн бутэрбитэ. Уерэххэ дьо5урдаа5ын билэн нэьилиэгин дьоно кемелеьен Дьокуускай куоракка туерт кылаастаах начальнай училищега уерэнэ киирбитэ.Итиннэ Н.Д.Неустроев, М.К.Аммосов курдук кехтеех ыччаттары кытта билсибитэ, куруьуок тэринэн илиинэн суруллар сурунаал таьаарбыттара.Айар улэ5э бастакы холонуулара этэ. Уерэ5и н туйгуннук бутэрэн. Учуутал семинариятыгар уерэнэ киирбитэ.Емельян Ярославскай тэрийбит кистэлэн революционнай куруьуокка сылдьыбыта. Бу 1917 сыл этэ. Революция силлиэтэ –холоруга ере ытыллан тахсан эрэр кэмэ этэ. Емельян Ярославскай ыйыытынан батаммыт- уктэммит кулут айма5ын охсуьууга ынырар куурээннэх ырыаны суруйарга П.Ойуунускайга сорудахтаммыта. «Рабочая марсальеза» диэн нууччалыы ырыа сабыдыалынан «Улэьит ырыата» диэн бастакы советскай айымньы суруллубута. Итинтэн ыла революция ырыаьыта Былатыан Ойуунускай айар улэ аартыгынан дьулур5атых айаннаан бииртэн биир хомо5ой хоьооно кун сирин кербутэ.
5 кылаастар Кенул ырыата.
Сахатын норуота хара батталтан тахсан, «сарданалаах ааны аьан» «кырыыьы кыйдаан, уеруу -кетуу уескуурун туьугар» илиитигэр саа саадах тутан сэбиэскэй былааьы олохтоспута. Гражнанскай сэрии идэмэрдээх иэдээнин туьунан угус айымньыларыгар суруйбута.
8 кылаас Еруел кэриэьэ.
«Кылааннаах кырдьык кылбайар ча5ыл кулумурдэс кунэ кундээрэ кетен тахсарын» туьугар олохторун толук уурбут саха чулуу дьоннорун кэриэстээн хоьоонноругар холбоон кинилэр аатарын уйэтиппитэ. Гражданскай сэрии геройа, кыьыл байыас, урун этэрээт тоьуурун муччу кетен Саьыл Сыьыыттан 200 км атынан айаннаан Дьокуускайга тиийэн тыллабыр онорон, урун этэрээтин унтурутуугэ улахан енелеех Иннокентий Михайлов- Харачаас туьунан суруйуутун истиэ5ин
10 кылаас Харачаас
Платон Алексеевич Якутскай губерния ревкомун председателинэн, Саха АССР совнаркомун председателинэн, Саха АССР уерэ5ириигэ уонна доруобуйа харыстабылын народнай комиссарынан улэлээбитэ, партия 10 сьеьин делегата, ССРС Верховнай сэбиэтин депутата этэ. Маннык тубуктээх улэ5э да сырыттар кини дьиэ кэргэнинигэр амарах а5а, тапталлаах кэргэн этэ. О5олорун туохтан да кундутук саныыра. Кэргэнэ уерэн мичийэрин, о5олоро хааман туерэннииллэрин са5а улуу дьол орто дойдуга суо5ун туьунан олус истинник суруйара.
9 кылаас Бу уотаах бакаалы.
Платон Алексеевич олус элбэ5и аа5ара, суруйара.Нуучча улуу суруйаачыларын айымньыларыттан элбэххэ уерэммитэ, уьуйуллубута. Кинилэр айымньыларын тылбаастаан сахалыы санардыбыта. О5олорго анаан Иван Крылов угэлэрин тылбаастаабыта, остуоруйалары суруйбута.
7 кылаас «Меккуер» остуоруйа
«Илбис тыл туйгунун», саха норуота кенулун туьугар турууласпыт чулуу киьибитин репрессия ыар долгуна тумнубата5а. Сымыйа буруйдааьынна балыллан, норуотун дьолун туьугар охсуьан баран, норуот естее5е аатыран туунуктээх турмэ5э сырдык тыына быстыбыта. 1939 сыллаахха алтынньы 31 кунугэр Ойуунускай суох буолбутун билэн баран хаайыы бутунуутэ туун уеьэ «Реквием» ылаан Ойуунускайдыын быраьаайдаспыта.
Саргытын салайсыбыт сахатын норуота Улуу убайбытын умнубаппыт. Кини сырдык аатын кэриэстиибит.Келуенэттэн келуенэ5э кэрэ кэпсээн гыныахпыт.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Наш отряд "Ырыуҙаштар"
Материалы для организации воспитательной работы с детьми во время летнего отдыха в рамках центра кратковременнего пребывания....
Открытый урок по родной литературе 10 класс "П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоһоонноро"
Урок внеклассного чтения с объяснительно-иллюстративным методом, использованием аудиопрослушивания и мультимедиа. Авторский образовательный ресурс «П.Н.Тобуруокап ырыа буолбут хоһоон...
сценарий Юбилея школы Сценарий юбилея школы "Наше продолжение" Автор сценария и ведущая - учитель музыки АОУ школы №9 г. Долгопрудный ТЕПЛЫХ ТАТЬЯНА НИКОЛАЕВНА
В концерте участвуют учителя, выпускники и учащиеся. Это совместное творчество....
"Ауылдарҙың ырыу тармаҡтарына бүленеше" (Учалы р-ны)
quot;Ауылдарҙың ырыу тармаҡтарына бүленеше" (Учалы р-ны)...
Саҡырыу ҡағыҙы
Саҡырыу ҡағыҙы...
Башҡорт ырыуҙары
Асыҡ дәрес өлгөһө...
Башҡорт ырыуҙарының составы һәм дәреслектәрҙә уларҙың бирелеше (сағылышы).
Был эште яҙыр алдынанбик күп әҙәби сығанаҡтарҙы үҙләштерҙек һәм шундай һорауҙар тыуҙы. Беренсенән, башҡорттар ҡайҙан килеп сыҡҡан; икенсенән, ырыуҙар составы яғынан бик күп; ә ни өсөн дәүләт символдар...