Пасьянс
учебно-методический материал (5, 6, 7, 8, 9 класс)

Гуляева Алина Ивановна

настольная игра для закрепления частей речи по родному языку

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл pasyans_gai_.docx22.3 КБ

Предварительный просмотр:

Өйдөбүллэрэ

Категориялара

Быһаарыыта

1

Аат тыл

 Саҥа чааһа

Биһигини тулалыыр араас предмети, тыынар тыыннааҕы, айылҕа көстүүтүн, хайааһын аатын бэлиэтиир уонна Ким? Туох? Диэн ыйытыыга хоруйдуур тыл аат тыл дэнэр.

2

Тардыылаах аат тыл

Саҥа чааһа

Предмет кимиэнэ, туох гиэнэ буоларын көрдөрөр аат тыл тардыылаах аат тыл дэнэр.

3

Даҕааһын аат

Саҥа чааһа

Предмет бэлиэтин көрдөрөр уонна Ханнык? Хайа? Ханнааҕы? Хаһааҥҥы? Туохтаах? диэн ыйытыыга эппиэттиир саҥа чааһа даҕааһын аат дэнэр.

4

Ахсаан аат

Саҥа чааһа

Предмет ахсаанын, кэриччи ааҕарга хаһыс буоларын бэлиэтиир уонна Хас? Төһө? Хаһыс? диэн ыйытыыларга хоруйдуур саҥа чааһа ахсаан аат дэнэр.

5

Төһө ахсаан аат

Саҥа чааһа

Предмет ахсаанын бэлиэтиир ахсаан аат арааһа. Хас? диэн ыйытыыга хоруйдуур.

6

Кэрискэ ахсаан аат

Саҥа чааһа

Предмети кэриччи ааҕыыны бэлиэтиир. Хаһыс? диэн ыйытыыга хоруйдуур ахсаан аат арааһа.

7

Үллэһик ахсаан аат

Саҥа чааһа

Предмет хастыы буоларын көрдөрөр ахсаан аат арааһа. Хастыы? диэн ыйытыыга хоруйдуур.

8

Барыллааһын ахсаан аат

Саҥа чааһа

Предмет  барыллааһын ахсаанын көрдөрөр. Төһө? Хас? диэн ыйытыыларга хоруйдуур ахсаан аат арааһа.

9

Бытархай ахсаан аат

 Саҥа чааһа

 Предмет ахсаана хас гыммыт хаһа буоларын көрдөрөр ахсаан аат арааһа. Хас гыммыт хаһа? диэн ыйытыыга хоруйдуур

10

Хомуур ахсаан аат

Саҥа чааһа

Предмет ахсаана зхаһыа буоларын көрдөрөр Хаһыа? Хаһыан? диэн ыйытыыга хоруйдуур ахсаан аат арааһа.

11

Солбуйар аат

Саҥа чааһа

Аат тыл, даҕааһын аат уонна ахсаан аат оннугар туттуллар саҥа чааһа солбуйар аат дэнэр

12

Сирэй солбуйар аат

Саҥа чааһа

Солбуйар аат арааһа. Предмети чопчу сирэй солбуйар.

13

Тардыылаах солбуйар аат

Саҥа чааһа

Солбуйар аат арааһа. Предмет кимиэнэ, туох гиэнэ  буоларын көрдөрөр аат тылы солбуйар.

14

Бэйэни солбуйар аат

Саҥа чааһа

Солбуйар аат арааһа. Бэйэни солбуйар.

15

Ыйар солбуйар аат

Саҥа чааһа

Солбуйар аат арааһа. Ыйар суолталаах

16

Ыйытар солбуйар аат

Саҥа чааһа

Солбуйар аат арааһа. Ыйытар суолталаах тылы солбуйар

17

Быһаарыылаах солбуйар аат

 Саҥа чааһа

Солбуйар аат арааһа. Предмет ким, туох буоларын чопчу быһаарар суолталаах.  

18

Быһаарыыта суох солбуйар аат

Саҥа чааһа

Солбуйар аат арааһа. Прелмет ким, туох буоларын чопчу быһаарбат.

19

 Туохтуур

Саҥа чааһа

Хайааһыны бэлиэтиир уонна Тугу гынар? Хайыыр? Хайдах буолла? Диэн ыйытыыларга хоруйдуур саҥа чааһа туохтуур диэн ааттанар.

20

Туохтуур дьаһайар туһаайыыта

Саҥа чааһа

Хайааччы хайааһыны тус бэйэтэ оҥорбот, атын барамайынан  (предметинэн) оҥотторор.

21

Туохтуур бэйэни туһаайыыта

Саҥа чааһа

Хайааччы бэйэтин хайанар эбэтэр бэйэтигэр оҥосторун көрдөрөр.

22

Туохтуур холбуу туһаайыыта

Саҥа чааһа

Хайааччы хайааһыны атыттары кытта холбоһон эбэтэр хардарыта оҥорору көрдөрөр.

23

Туохтуур атынтан туһаайыыта

Саҥа чааһа

Хайааччы атын барамайынан (предметинэн) хайанарын көрдөрөр.

24

Туохтуур саҕалыыр көрүҥэ

Саҥа чааһа

Саҕалыыр көрүҥ хайааһын саҕаламмытын уонна кэминэн хааччаҕа суох, тохтообокко бара турарын көрдөрөр.

25

Туохтуур кылгыыр көрүҥэ

Саҥа чааһа

Кылгыыр көрүҥ хайааһын кылгастык, кылгас кэмҥэ буоларын көрдөрөр.

26

Туохтуур уһуур көрүҥэ

Саҥа чааһа

Уһуур көрүҥ хайааһын уһуннук буоларын уонна мэлдьи буола турарын көрдөрөр.

27

Туохтуур түмүктүүр көрүҥэ

Саҥа чааһа

Түмүктүүр көрүҥ хайааһын бүтэһиктээҕин, буолан бүппүтүн, түмүктэммитин көрдөрөр.

28

Туохтуур төхтүрүтэлиир көрүҥэ

Саҥа чааһа

Төхтүрүтэлиир көрүҥ икки суолталаах: хат – хат, үрүт - үрдүгэр эбэтэр утум – ситим оҥоһуллар хайааһыны көрдөрөр.

29

Туохтуур тиэтэтэр көрүҥэ

Саҥа чааһа

Тиэтэтэр көрүҥ сүрүн суолтата тэтимнээхтик, түргэнник оҥоһуллар хайааһыны көрдөрүү. Ону таһынан уһуннук, элбэхтик; хатыланан түргэнник уонна кылгас кэмҥэ тэтимнээхтик, ситэтэ суох, тохтоон хаалар хайааһыны бэлиэтиэн сөп.

30

Кыччатар (атаахтатар) туохтуур

Саҥа чааһа

Туохтуур кыччатар халыыба саҥарар киһи хайааччыга тус кыччатар, намтатар, аһынар, атаахтатар сыһыанын көрдөрөр.

31

Туохтуур кэпсиир киэбэ

Саҥа чааһа

Хайааччы хайааһына чахчылааҕын (буолбутун, буоларын/, буолуохтааҕын) көрдөрөр.

32

Туохтуур сэрэтэр киэбэ

Саҥа чааһа

Сэрэтэр киэп киһи сэрэнэрин, дьиксинэрин, күүтэрин, сорунарын, бопсорун бэлиэтииргэ туттуллар.

33

Туохтуур сэрэйэр киэбэ

Саҥа чааһа

Сэрэйэр киэп тугу эрэ сэрэйэри, таайары, сабаҕалыыры, сөбүлэһиннэрэри бэлиэтииргэ туттуллар.

34

Туохтуур болдьуур киэбэ

Саҥа чааһа

Болдьтуур киэп хайааһын буолар кэмин, усулуобуйатын, киһи баҕатын бэлиэтиир.

35

Туохтуур бигэргэтэр киэбэ

Саҥа чааһа

Бигэргэтэр киэп хайааһын буолуон сөбүн сылыктыыры, баҕарары, бигэргэтэри көрдөрөр.

36

Үгэс киэбэ

Саҥа чааһа

Хайааһын  үгэс буолбутун көрдөрөр

37

Туохтуур соруйар киэбэ

Саҥа чааһа

Хайааччы хайааһыны оҥоттороругар соруйарын көрдөрөр.

38

Буола илик хайааһын киэбэ

Саҥа чааһа

Хайааһын буола илигин көрдөрөр киэп

39

Буолуон сөптөөх хайааһын киэбэ

Саҥа чааһа

Хайааһын баҕар буолуон сөптөөҕүн көрдөрөр киэп

40

Туохтуур буолуохтаах киэбэ

Саҥа чааһа

Хайааһын чопчу буолуохтааҕын көрдөрөр киэп

41

Туохтуур үлүбүөй халыыба

Саҥа чааһа

Туохтуур үлүбүөй формата хайааһыны сыал – сорук курдук өйдөөн оҥорору бэлиэтиир. Туохтуур үлүбүөй формата сирэйинэн, ахсаанынан уларыйбат. Ол гынан баран буолар, буолбат формалаах.

42

Дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр туохтуурдар

Саҥа чааһа

Хамсааһыны, быһыыны – тутууну, дьүһүнү ойуулаан көрдөрөр. Хайаата? Хайыыр? Хайыаҕа? Ыйытыыларга хорйдуур тылы дьүһүннүүр туохтуур диэн ааттыыллар. Тыаһы – ууһу, саҥаны – иҥэни үтүктэр, хайаата?  Хайыыр? Хайыаҕа? Ыйытыыга хоруйдуур тылы тыаһы үтүктэр туохтуур диэн ааттыыллар.

43

Аат туохтуур

Саҥа чааһа

Этиигэ кэм суолталаах быһаарыы буолар туохтуур халыыба аат туохтуур диэн ааттанар. Аат туохтуур үс араастаах: ааспыт кэмнээх, билиҥҥи кэмнээх, кэлэр кэмнээх аат туохтуур. Буолар, буолбат формалаах.

44

Сыһыат туохтуур

Саҥа чааһа

Сүрүн хайааһыҥҥа хосуһар ойоҕос хайааһыны бэлиэтиир туохтуур форматын сыһыат туохтуур диэн ааттыыллар. Сыһыат туохтуур түөрт араастаах. Урут сыһыат туохтуур, тэҥҥэ сыһыат туохтуур, тута сыһыат туохтуур, кэлин сыһыа туохтуур. Буолар уонна буолбат формалаах. Хайаан? Хайыы? Хайаат? Хайаары? Диэн ыйытыыларга хоруйдуур

45

Сыһыат

Саҥа чааһа

Хайааһыны сырдатар, сиһилиир, уларыйбат саҥа чааһа сыһыат диэн ааттанар. Ханна? Хайдах? Хаһан? Төһө? Тоҕо? Диэн ыйытыыларга хоруйдуур. Сыһыат биэс көрүҥнээх: буолуу, кээмэй,миэстэ, кэм, төрүөт.

46

Эбиискэ

Көмө саҥа чааһа

Тылы уонна тыл форматын үөскэтэр эбэтэр этии уонна этии чилиэнин дэгэт суолталыыр, туспа ыйытыыга хоруйдаабат, уларыйбат тыл эбиискэ дэнэр.

47

Сыһыан тыл

Көмө саҥа чааһа

Саҥарар киһи этэр санаатыгар бэйэтин сыһыанын көрдөрөр, туспа ыйытыыга хоруйдаабат тыл сыһыан тыл диэн ааттанар.

48

Дьөһүөл

Көмө саҥа чааһа

Түһүктэнэр (падежтанар) тыл атын тылга сыһыанын көрдөрөр, этиигэ туспа чилиэн буолбат көмө тыл дьөһүөл диэн ааттанар. Дьөһүөл суолтата нуучча тылыгар предлог суолтатыгар маарынныыр эрээри тыл кэннигэр турар (перед уроком – пред+лог, уруок иннинэ – после+лог)

49

Ситим тыл

Көмө саҥа чааһа

Этии чилиэнин эбэтэр тус – туһунан этиини холбуур, анал ыйытыыга хоруйдаабат, этии этии чилиэнэ буолбат, уларыйбат көмө тыл ситим тыл дэнэр.

50

Саҥа аллайыы

Көмө саҥа чааһа

Араас иэйиини, ис туругу биллэрэргэ туттуллар тыл саҥа аллайыы диэн ааттанар. Маннык тыл уларыйбат, ыйытыыга хоруйдаабат, этии чилиэнэ буолбат.

51

Омуоньум

Лиэксикэ

Тус туһунан өйдөбүллээх эрээри, биирдик этиллэр тыллар

52

Онтуоньум

Лиэксикэ

Утарыта суолталаах тыллар

53

Синиэньим

Лиэксикэ

Биир эбэтэр майгыннаһар суолталаах тылларп

54

Туһаан

Синтаксис.

Этиигэ ким, туох туһунан кэпсэнэрин көрдөрөр.   Ким? Туох? диэн ыйытыыларга хоруйдуур этии тутаах чилиэнэ.  

55

Кэпсиирэ

Синтаксис.

Туһаан туһунан туох этиллэрин көрдөрөр этии тутаах чилиэнэ.  Хайыыр? Тугу гынар? Хайдаҕый? Тугуй? Кимий? Уо.д.а ыйытыыларга хоруйдуур.

56

Быһаарыы

Синтаксис.

Предмет бэлиэтин көрдөрөр этии ойоҕос чилиэнэ. Ханнык? Хас? Хаһыс? диэн ыйытыыларга хоруйдуур.

57

Толоруу

Синтаксис

Предмети бэлиэтиир, төрүт түһүктэн (падежтан) ураты ойоҕос түһүк ыйытыыларыгар хоруйдуур этии ойоҕос чилиэнэ.  

58

Сиһилии

Синтаксис

Хайааһын кэмин, миэстэтин, төрүөтүн, хайдах оҥоһулларын көрдөрөр Хаһан? Ханна? Тоҕо? Хайдах? Ханан? Диэн ыйытыыларга хоруйдуур этии ойоҕос чилиэнэ.

59

Сэһэргээһин

Ситимнээх саҥа

Киһи тугу билбитин – көрбүтүн кэпсиирэ, санаатын – баҕатын этэрэ сэһэргээһин диэн ааттанар тиэкис тиибэ буолар.

60

Ойуулааһын

Ситимнээх саҥа

Ханнык эмэ предмет, көстүү ураты бэлиэтин сиһилээн, дьүһүннээн кэпсиир тиэкис ойуулааһын диэн ааттанар тиэкис тиибэ буолар.

61

Тойоннооһун

Ситимнээх саҥа

Ханнык эрэ санаа сөбүн – сыыһатын дакаастыыр тиэкис тойоннооһун диэн ааттанар тиэкис тиибэ буолар.

62

Сомоҕо домох

Лиэксикэ

Өйдөбүлү уус – ураннык хоһуйар икки эбэтэр хас да тыл холбуу суолталаммыт ситимэ сомоҕо домох (фразеологизм) дэнэр.

63

Тыл ситимэ

Синтаксис

Тус – туспа өйдөбүлү бэлиэтиир икки бэйэмньи тыл холбоһуга тыл ситимэ дэнэр.

64

Сыстыы ситимэ

Синтаксис

Түүр тылыгар киэҥник туттуллар, түҥ былыр үөскээбит бастакы ситим буолар. Сыстыы көмөтүнэн аат тылга атын аат тыл, даҕааһын аат, ахсаан аат, аат туохтуур, солбуйар аат сыстар. Онтон туохтуурга сыһыат туохтуур уонна сыһыат сыстар.

Пример составления  текста

случайные понятия

Логические связи между понятиями

Химический текст

Туохтуур, кэпсиирэ, үлүбүөй халыыба, сыһыат туохтуур.

-кэпсиирэ үксүн туохтуурунан, туохтуур араас халыыптарынан уонна сыһыат туохтууру кытта көмө туохтуур ситиминэн бэриллэр.

Хайааһыны бэлиэтиир уонна тугу гынар?хайыыр? хайдах буолла? Диэн ыйытыыга хоруйдуур саҥа чааһа туохтуур диэн ааттанар. Туохтуур олоҕор муолтатынан үс бөлөххө арахсар:) хайааһын туохтуура; 2) дьүһүннүүр туохтуур; 3) тыаһы үтүктэр туохтуур. Туохтуур тылга туттуллар түөрт халыыптаах: 1) тус туохтуур; 2) аат туохтуур; 3) сыһыат туохтуур; 3) үлүбүөй халыып. Туохтуур этиигэ тутаах хайааһыны уонна ойоҕос хаһаайыны көрдөрүөн сөп. Онон этиигэ тутаах уонна салаа этии кэпсиирэтэ, арыт симһилии буолар.

Аат тыл, даҕааһын аат, туһаан, ситим тыл.

Аат тыл уонна ааттыйбыт даҕааһын аат этиигэ туһаан буолаллар, этиигэ биир уустаах чилиэннэр (ханнык баҕарар саҥа чааһынан бэриллэллэр) ситим тыл көмөтүнэн ситимнэһэллэр.

Аат тыл предмети бэлиэтиир ким? туох? диэн ыйытыыга хоруйдуур. Дпаҕааһын аат предмет бэлиэтин көрдөрөр ханнык? хас? Диэн ыйытыыларга хоруйдуур. Сороҕор даҕааһын аат аат тыл суолтатын ылар. Оччоҕо ким? туох? диэн ыйытыыга хоруйдуур буолар. Маннык даҕааһыны ааттыйбыт даҕааһын дииллэр. Аат тыл уонна ааттыйбыт даҕааһын этиигэ үксүн туһаан буолаллар. Биир уустаах чилиэннэринэн бэрилиннэхтэринэ ситим тылынан арахсаллар.

Быһаарыы, ахсаан аат, онтуоньум, ойуулааһын

Ахсаан аат саҥа чааһа, төһө? хас? хаһыс? хастыы? диэн ыйытыыларга хоруйдуур. Этиигэ быһаарыы буолар.

Ойуулааһын - тиэкис тиибэ. Ойуулааһын  тиэкис этиитигэр быһаарыы элбэхтик туттуллар.

Онтуоньум – утарыта суолталаах тыллар. Ханнык баҕарар саҥа чааһынан бэриллэллэр, этиигэ хайа баҕарар чилиэн буолаллар.

Ахсаан аат саҥа чааһа төһө? хас? хаһыс? хастыы? диэн ыйытыыларга хоруйдуур.  Предмет төһөтүн көрдөрөр буолан этиигэ быһаарыы буолар. Быһаарыы быһаарар, чопчулуур суолталаах, ол иһин ойуулааһын тиэкискэ хойуутук туттуллар. Онтуоньум тыл баайын биир көрүҥэ. Тыллар утары суолталарын көрдөрөр уонна ханнык баҕарар саҥа чааһынан бэриллэр. Этиигэ киирдэҕинэ этиини ураты суолталыыр. Этиигэ туһаан, быһаарыы, толоруу буолар.

Сыһыат, сиһилии, солбуйар аат, сэһэргээһин.

Сыһыат саҥа чааһа. Хайааһын буолар миэстэтин, кэмин, тоҕо буоларын, хайдах быһыылаахтык буоларын көрдөрөр. Этиигэ сиһилии буолар.

Солбуйар аат аат тылы, ахсаан ааты, даҕааһын ааты солбуйар.

Сэһэргээһин тиэкис тиибин көрүҥэ. Тиэкискэ ханнык баҕарар саҥа чааһа туттуллар. Ордук хайааһыны чопчу сэһэргииргэ сыһыат туттуллар.

Сыһыат саҥа чааһа. Хайааһын буолар миэстэтин, кэмин, тоҕо буоларын, хайдах быһыылаахтык буоларын көрдөрөр. Этиигэ сиһилии буолар. Сэһэргээһин тиэкис тиибин көрүҥэ. Тиэкискэ ханнык баҕарар саҥа чааһа туттуллар. Ордук хайааһыны чопчу сэһэргииргэ сыһыат туттуллар. Солбуйар аат аат саҥа чаастарын солбуйар. Сэһэргээһин тиэкис иһигэр солбуйар аат тафталогия буолбатын наадатыгар тиэкис синонимын быһыытынан туттуллар. Сэһэргиир тиэмэ чопчу арылларыгар сыһыат хойуутук киирэрэ кэрэхсэнэр. Сыһыат этиигэ сиһилии буолар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Лексический пасьянс

При изучении раздела "Лексика" на уроке, когда повторяются и закрепляются знания по теме "Лексическое значение слова", "Синонимы", "Антонимы", "Омонимы", можно провести соревнование между лингвистичес...