Проектный урок по картине Иннокентия Корякина
план-конспект урока (8 класс)
Урок якутского языка в 8 классе. Проектный урок по картине якутского художника Иннокентия Корякина "Кырачаан сылгыһыт". На уроке ведется работа по группам. Всего групп -6. В ходе урока учащиеся выполняют различные задания по темам. В итоге получается альбом "Мир мальчика": алгыс бабаушки, наставления деда, диалог мамы с сыном, размышления мальчика, диптих.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Хартыынанан уруок | 78.32 КБ |
Предварительный просмотр:
Уруок темата: Оҕо олоҕун хартыыната
Уруок сыала: бэйэ санаатын араас халыыпка киллэрии
Бырайыактааһын: оҕо олоҕун хартыынатын оҥоруу
- Үтүө күнүнэн! Ыалдьыттарбытыгар эмиэ үтүө күнү баҕарыаҕын! Бүгүн биһиги аһаҕас уруокка художник үлэтин нөҥүө оҕо олоҕун көрдөрөр араас үлэни оҥоруохпут, түмүгэр оҕо олоҕун хартыынатын таһаарыахпыт.
- Хартыына көрүү.( Иннокентий Корякин “Түүл”хартыыната). Художник уонна хартыына аата? Бүгүн бу художник атын хартыынатынан үлэлиэхпит.
- Бырайыак оҥорон таһаарыахтаахпыт. Бырайыак диэн тугуй. Бу хартыынаҕа туох бырайыак оҥоһуллуон сөбүй? (Санаалары истии)
- Оҕо олоҕун хартыыната. Худуоһунньук араас кырааска, өҥ көмөтүнэн кэпсиир. Оттон биһиги туох көмөтүнэн оҕо олоҕун хартыынатын оҥорон таһаарыахпытын сөбүй? (тыл көмөтүнэн)
- Киһи, чуолаан оҕо олоҕо туох интэриэһинэйдээх буолуон сөбүй. ( тугу саныыра, туохха баҕарара, тугу сатыыра, туох дьоннордооҕо, туох дьиэлээҕэ, ханнык кэм оҕотой, ким диэн ааттааҕа)
- Худуоһунньук итиннэ толору эппиэт биэрбэт, эбэтэр биэрэр. Ситэри бэйэҥ толкуйдуохтааххын. Оттон хас көрөөччү бэйэтэ тус санаалаах буолуон сөп.
- ... бөлөххө ыйытыы толкуйдааһын. Эппиэтэ элбэх тылынан бэриллэр гына ыйытыы толкуйданыахтаах. ...күөх кумааҕы – туттуу
- Оҕо олоҕун хартыыната тахсар гына үлэлиигит. Көмө тыллар: ийэ суруга, уол санаата, эһээ алгыһа, аҕа толкуйа, мэтириэттэр
- Дуоскаҕа уруһуй:
- Хартыына араас санааны үөскэтэр. ( хартыынаны көрүү)
- ( киһи барыта билэр оҕото буолбатах, ол аата кини олоҕун остуоруйатын бэйэбит айыахпытын сөп)
- Значок – сорудахтарга хас сирэй баар да оччо киһи үлэлиир, булавканан анньынар. – төһө бэлэмин кырааскалыыр- күөх – ситэтэ суох
- Тр'иптих - В изобразительном искусстве: произведение, состоящее из трёх картин, рисунков и т. п., объединённых одной идеей, темой и сюжетом.
- Д'иптих- Произведение изобразительного искусства из двух картин, рисунков и т. п., объединённых одной идеей, темой и сюжетом.
- Сыал: И.Корякин “Кырачаан сылгыһыт” хартыынатынан “Оҕо олоҕун остуоруйата” альбому бырайыактааһын.
- Соруктар:
Үөрэтэр: хартыынаҕа көрбүтү ойуулаан, тэнитэн, бэйэ санаатын чопчулаан этии. Сайыннарар: теманы арыйар айар үлэ, туруоруллубут сыалы чопчу өйдөөн чуолкай хоруй биэрии.
Иитэр: кэрэни кэрэхсээбити сурукка киллэрии, иэйиини көрдөрөр ньыманы толкуйдааһын.
- Этаптар:
- Тэрээһин ( бөлөҕүнэн олоруу, үлэ сорудахтарын ылыы, презентация холбонор)
- Актуализация : Икки тылы болҕойобут: Худуоһунньук... хартыына... Киһи олоҕор туох суолталаах буолуохтарын сөбүй? “Картина – песня без слов.” (Юон) маны хайдах өйдүөххэ сөбүй? ( ырыа – матыыптаах (мелодия) киһи мелодиятыттан быһаарыан сөп туох иэйиилээх ырыа буоларын. Тыла суох ырыа. Ырыа тыллаах буолар, ол аата хартыына тылын эн хараххынан, сүрэххинэн көрөҕүн. Ырыа тылыттан туох туһунан ылланарын билэҕин, оттон тыла суох буоллаҕына санаа бэйэҕиттэн үөскүүр.
Ханнык худуоһунньуктары билэҕит? Хартыыналар? Сорох хартыыналар дириҥ историялаахтар, элбэх критик ырытар, оттон сорох хартыыналар саҥа үөскүүллэр.
- Проблема: Ол хартыына туһунан туох да бэчээттэнэ илик, ырытыы суох сыанабылы ыла илик. Биһиги иннибитигэр саҥа оҥоһуллубут хартыына.
- Хартыынаны көрүү. Бу тыллартан хартыына аатын таһааран көрүҥ эрэ: оҕо, сылгылар, биэ, киэһэ, кырачаан, күөх, салгын, сылгыһыт, халлаан, тулата, сырдык, харах, илгийэр салгын, күөх, куйаар, эйгэ, эдэр, сырдык, сааскы, түүн, сайын, нуурал . Тоҕо итинник ааттары ылбыккытын быһаарыҥ.
- Сыал таһаарыы. Аатыттан- Кырачаан сылгыһыт. (ойуулааһын буолбакка оҕо олоҕун остуоруйатын тиһэн оҥоруу)
- Бөлөҕүнэн үлэҕэ көҕүлээһин: О5о тулалыыр эйгэтигэр туох киирэрий? ( карточкаҕа суруйаллар- дуоскаҕа магнитынан сыһыараллар) толору ыалга кимнээх киирсэллэрий? Киһи олоҕор ордук туох, ханнык түгэн өйдөнөн хааларый? Киһи баҕа санаата олоҕун тухары уларыйар дуу? Сорудахтар : бөлөх: ийэ, аҕа, эбэ, эһэ, дьоллоох түгэн, баҕа санаа
- Бөлөх сорудаҕа:
1 | Ийэ | мэтириэт | Ийэ хоһооно | киэһэ | |
2 | Аҕа | мэтириэт | Аҕа уонна уол кэпсэтиитэ | Аара суолга | |
3 | Эбэ | мэтириэт | Ис санаа- тойоннооһун | билигин | |
4 | Эһэ | мэтириэт | Алгыһа | сарсыарда | |
5 | Уол | мэтириэт | Саамай көрдөөх түгэнэ | Чуумпуран олорон | |
6 | Диптих |
Мэтириэт- алгоритм. (ким диэн ааттааҕа, тас көрүҥэ, таҥаһа-саба, майгыта)
- Бырайыак түмүгэ: альбом
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Урок по картине И.И.Фирсова " Юный живописец"
Урок развития речи. проведен в 5 классе по прогорамме С.И.Львовой, В.В. львова...
Презентация к уроку по картине И.И.Фирсова " Юный живописец"
Презентация выполнена в программе SMART...
Материал для подготовки к уроку по картине
Текстовый материал для подготовки по картине С. В. Герасимова " церковь Покрова на Нерли" по учбнику Тростенцовой....
Конспект открытого урока по картине К.Ф. Юона «Русская зима. Лигачево».
обучение словестному описанию картины, привитие любви к искусству и родной природе...
Презентация к уроку "Описание картины В.Серова "Девочка с персиками"
презентация к уроку русского языка "Описание картины В.Серова "Девочка с персиками"...
Урок "Звучащие картины"
Урок в 5 классе по теме "Муз-ыка и живопись". Сравнительный анализ музыки о море композиторов и художников разных стилей ( Римский-Корсакоав и Дебюсси, Айвазовский и Моне)...
Урок- описание картины Решетникова "Опять двойка" на уроке осетинского языка в 6 классе.
Подготовка к написанию сочинения по картине Решетникова "Опять двойка"....