Харыстаа, эн киһи, айылҕа ийэҕин
статья
Саха поэттарын айыл5а харыстабылын туьунан айымньыларыгар санаалар.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
ksenofontova_s.a._statya.docx | 20.23 КБ |
Предварительный просмотр:
Харыстаа, эн киһи, айылҕа ийэҕин.
Ксенофонтова Саргылана Алексеевна
МБОУ Крестяхская СОШ им И.Г. Спиридонова, с.Крестях, Россия
Саха литературатын биир сүрүн уратытынан айылҕа уобараһын ойуулааһын буолар.Биһиги литературабыт маҥнайы айымньылара айылҕаны ойуулааһынтан, айылҕаҕа сүгүрүйүүттэн саҕаламмыта диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Улуу олоҥхобут айгыр-силик айылҕалаах, аҕыс иилээх- саҕалаах аан ийэ дойдуну хоһуйууттан саҕаланар.Саха литературатын маҥнайгы айымньытынан «Байанай алгыһынан» айылҕа, аар тайҕа иччитигэр- Байанайга анаммыт алгыс тылларынан, литература алгыстаах суола тэлиллибитэ.
Айылҕа кэрэтин хоһуйар үтүмэн үгүс ырыа хоһоон айылынна. Мин бүгүн онно тохтообокко, айылҕа, чуолаан Бүлүү эбэ киртийиитин, сүһүрүүтүн туһунан аҕыйах айымньыга тохтоон ааһыам.
Алмаас бастаан көстөрүн саҕана, бараммат баай көһүннэ диэн Саха сирин олохтоохторо олохпут уйгута тупсарыгар бигэ эрэллээх, күн тааһын уруйдаан туойбуппут.
Үстүктүүр үөстэрдээх.
Үрүҥ көмүс долгуннаах,
Үллэр барҕа баайдаах,
Аралыйа оонньообут дуу,
Алмаас таас кустуктаах,
Үс Бүлүү хотун эбэкэйим
Үөрэр –көтөр үрдүк күннэр
Айхаллаатаҕым буоллун.
( С.Зверев. Үс Бүлүү Хотун)
Айылҕабыт дэлэй баайы бэристэ эрэ диэн бас –баттах, дэлэччи, ыһа- тоҕо, харыстабыла суох сыһыанаспыппыт содула улахан буолла. Экологическай иитиибит, культурабыт намыһаҕа онно тирэх буолла. Айылҕаттан аҥардастыы ылар эрэ адьынаттанныбыт. Сылдьыбыт суолбутун оһорор туһунан санааччы суоҕун кэриэтэ. Ыытыллар да буоллаҕына бэрт кыра, дуона суох үлэ ыытыллар.
Мирнэй куорат хайыр таас үрдүгэр турар. Чөҥөрө чүөмпэ курдук карьер куорат ортотугар өрө үллэн турар.Төһө да аныгылыы таас дьиэлэр дьэндэстэллэр, били Сэдьүк оҕонньор эппитин курдук куорат иһигэр «биир тииҥ олорор күөх маһа» көстүбэт. Саха сирин тыйыс айылҕатыгар хам ылларан, тоҕус ыйдаах томороон тымныытыгар тоһута тоҥон маспыт –оппут, үүнээйибит ньиирээйи, мөлтөх.Хас эмэ сүүһүнэн сылынан биирдэ чөлүгэр түһэр кыахтаах. Ону кыах биэрбэккэ, үрүт үөһэ буомурда турабыт.
Саха билиилээх поэтэссата Наталья Михалева- Сайа «Карьер» диэн хоһоонун түбэһэ түһэн аахтым.
Алмаас таас албан аатыгар,
Күн тааһын күндүтүн туһугар
Үтүгэн түгэҕинии дьөлө үүттээн
Буор бөгөтүн бурҕайбыттар,
Таас бөгөтүн таспыттар
диэн ити үөһэ эппит хартыынабын уот харахха эппит.
Салҕыы:
Кэриэн иһит курдук
Кэһээн аһаабыттар диир.
Ол аата, мин өйдөөтөхпүнэ, туох көстүбүтүн барытын имири хомуйан, кураанахтаан иһээһин эбит.
Ырдьыгынас тыастаах
Ыарахан көлөлөрү
Ырабыт ыллыгынан,
Ычабыт ыырынан
Ымыттыбакка да
Ыыталыы турарбыт
Ырааҕы санаабат
Ынырык эбититтэн
Ытырыктата турдум
диэн, кэлин алмааспыт буттэҕинэ, оҕолорбут, ыччаттарбыт туга да суох ити «бурҕайбыт буор, таһыллыбыт таас таһыгар, аҥааттар анхайдар үргүөрдэрин үрдүгэр» хаалар дьылҕалаахтар диэн эппититтэн дьиксинэ санаатым.
Аны туран алмаас сууйуллубут уутун фабрикалар өрүспүтүгэр кута тураллар. Ол сүлүһүннээх ууну Бүлүү, Сунтаар, Ньурба олохтоохторо иһэ, тутта олоробут. Ыраастыыр система диэн суоҕун кэриэтэ. Улуус кииннэргэр баар даҕаны нэһилиэннэни барытын хааччыйар кыаҕа суох. Итинтэн сиэттэрэн араас ыарахан ыарыы элбээтэ. Эдэриттэн, кырдьагаһыттан тутулуга суох быар, сүрэх, куртах ыарыыта дьону кэбирэттэ. Рак диэн уодаһыннаах ыарыы дьон олоҕун сарбыйара үксээтэ.
Бүлүү өрүскэ ГЭС тутуллуоҕуттан сиэркилэ таас уута киртийэн, күҥҥэ күлүмнүүр сандаарар таммахтара өлбөөдүйэн барбыттара. Муора уутун анныгар хаалбыт мас-от сытыйан фенол диэн сүһүрдэр дьааты үөскэтэр.
Иван Михайлович Гоголев саха суруйааччыларыттан айылҕа харыстабылыгар элбэх айымньыны суруйбут автор буолар. «Санньыар санаам сэргэтэ», «Олорор мутуккун кэрдимэ», «Иэйэхсити кэлэтии» диэн дириҥ ис хоһоонноох айымньылары суруйбута. «Олорор мутуккун кэрдимэ диэн сэһэнигэр Буркун диэн дьиҥнээх айылҕа доҕоро, булчут оҕонньор туһунан кэпсэнэр.Кини олоҕун тухары аар тайҕатыгар бултаабыт, кыыл- көтөр саҥатын кытары истэр, хара тыа иччитэ Баай Байанайы кытта доҕордоһор, айылҕа оҕолорун маанылаах доҕордоро.
«Санньыар санаам сэргэтэ» айымньытыгар автор Эллэй Боотур алгыстаах Туймаадата, айгыр- силик айылҕата айгыраан эрэриттэн аҕыс үйэ тухары суорҕан гынан сыппыт буорун өрө сүргэйэн туран кэлбитин туһунан дьикти сюжеттаах айымныны суруйбута. Айылҕа ыалдьан дириҥник ынчыктыыр, көмө көрдөһөр, эн айылҕа оҕото, төрөөбүт айылҕаҕын өрүһүй, илиигин уун диэн этэр ис хоһоонноох айымньы.
«Иэйэхсити кэлэтии» сэһэҥҥэ киһи айылҕатыгар хаҕыс сыһыана, буруйа- сэмэтэ мунньулуннаҕына иэйэхситэ тиэрэ хайыһыан, олоҕо иҥнэстэрин, дьоло-соргута тохторун туһунан кэпсэнэр.
Айымньы түмүгэр соҕотох кыыс оҕото ыарахан ыарыыга ыалдьан күн сириттэн күрэммит ийэ ытабыла, энэлгэнэ, хомолтото ойууламмыт. Ийэ Бүлүү эбэ биэрэгэр киирэн олорон кырыыс – таныар аҥардаах кэп туонар. Кини Бүлүү эбэ биэрэгэр төрөөн, улаатан, тапталын көрсөн, кыыс оҕо төрөтөн ийэ дьолун билбит. Ийэтэ кинини эбэ кытылыгар төрөппүт, эбэ ып- ыраас уутугар саҥа төрөөбүт оҕотун алгыстаах уутугар сууйан ылбыт.
«Эбэ хотунуом, эн ыраас сүүрүгүн мин тымырбынан хаан буолан сүүрэрэ… Эн оҕолообут оҕоҥ, төрөппүт кыыһыҥ, көтүппүт чыычааҕыҥ этим… оҕо сылдьан эн ып- ыраас уугар сөтүөлүүрүм. Эн амарах долгунуҥ ийэм амарах илиитинии миигин хабан ылара уонна күҥҥэ көөчүктүүр курдук өрүтэ быраҕа оонньуура… Хаста эн үүт тураан түүннэргэ мөлбөйө уста сытаргын таптыы, долгуйа көрбүтүм буолуой, - диэн Бүлүү эбэтин хайдахтаах таптыырын эбитин этэр.
« Оттон билигин… Оттон билигин биһиги эйиигин арчылаатыбыт, араҥаччылаатыбыт дуо? Суох! Суох! Баҕар ол иһин ыар буруйбутугар үлүгэрдээх ыарыы биһигини буулаатаҕа» диэн куртаҕынан ыалдьан өлбүт кэргэнин, бокоорор ыарыыттан суох буолбут кыыһын, бэйэтэ ыалдьан киһи аҥара эрэ буолаахтаабыт эрэйдээх дьылҕатыттан хоргутан ытыыр- соҥуур.
«Бүлүү эбэкээм, эстээри- быстаары гыннахпытына көмө көрдөһөрбүт, ол бэйэҥ билигин абырыахтааҕар өлөөрү өрө мөхсө сытаҕын. Ыччаттарыҥ эйиигин өрүһүйэр кыахпыт суох буолла, үйэбит кылгаата. Ким биһигини маннык таҥнары кыраата, тоҕо, туох иһин» диэн ийэ эрэйдээх суланыыта киһини уйадытар. Итинник ыарахан ыарыы билигин үгүс ыал аанын тоҥсуйар буолла.Бу тулалыыр эйгэни алдьатыы, киртитии ыар содуллааҕын көрдөрөр айымньы.
Айылҕабытын харыстаабат, көмүскээбэт буоллахпытына, алдьархай бэйэбитигэр тиийэн кэлэр. Ол туһунан бу айымньыларга кырдьыктаахтык суруллубут. Ону ааҕан, дууһабыт долгуйдаҕына эрэ, айылҕабытын алдьатартан илиибит тардыа этэ. Айылҕаны харыстааһын –бу төрөөбүт дойдугун, дьоҥҥун –сэргэҕин уонна тус бэйэҕин харыстааһын буолар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Визитка Ондар Аяна И.
Визитка Ондар Аяна И....
Аяна Д-Д рабочая программа 5-9 класс
рабочая программа алтай- тилле и литературала 5-9 класстардын...
Аяна Д-Д рабочая программа 5-9 класс
рабочая программа алтай- тилле и литературала 5-9 класстардын...
Сочинение Васильева Айала «Человек, на котором я хочу равняться»
Каждый из нас, бесспорно, имеет свой собственный идеал, фигура, на которую при любых жизненных обстоятельствах старается быть похожим. Для меня таким человеком является Нина Прокопьев...
Қайым Мұхамедханов. "Абай мұрагерлері."
Бұл жинаққа белгілі әдебиетші, абайтанушы ғалымның Абай туралы зерттеуі еңбегі еніп отыр....
Сценарий выступления по японской сказке "Девочка Аими и речной дракон"
Переработанная под выступление на сцене сказка...
Самопрезентация учителя родного языка Оюн Аяна Маадыр-ооловны
Самопрезентация...