өйтөн суруйуу.
презентация к уроку (9, 10, 11 класс)
Методическое пособие для написания сочинения по якутскому языку и литературу 9-11 класс.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
sochinenie.pptx | 68.12 КБ |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Өйтөн суруйууга үөрэнээччи бэриллибит тема ис хоһоонун арыйар гына аахпыт айымньытын ырытан суруйуохтаах .
Ол иһин бу үлэђэ киирэр өй күүрүүтэ санаа харсыһыыта мэйии үлэтэ иэйии үөскээһинэ уйулђа хамсааһына айар үлэ абылаҥа чинчийии ырыҥалааһын таһыма
Өйтөн суруйууга тирэх быһыытынан толкуй сурук тутуллара ордук эбит . Кэтээн көрүү түмүгүнэн, үгүс үөрэнээччи улахан кээмэйдээх өйтөн суруйуу оннугар , бэйэтин санаатын , иэйиитин көрдөрөр толкуй суругу сөбүлээн суруйар . Ол иһин быһа тардыллан аађыллар айымньы , кэрчик тема да кэнниттэн араас проблемнай тема толкуйдаан , ођођо толкуй сурук суруйтарар быдан көдьүүстээх . Бу кылгас кээмэйдээх тойоннооһун суруктары ађаан , ырытан , илдьиритэн баран, бүтүн айымньыга өйтөн суруйууну тэрийдэххэ , ођо ыарырђаппат . Онон , биһиги санаабытыгар , толкуй сурук - өйтөн суруйууга бастакы хардыы , олук .
Өйтөн суруйуу көрүҥэ. - проблеманы ырытыы . - уобараһы ырытыы , - уобарастары тэҥнээн, түмэн көрүү, - биир түгэни ырытыы , - айымньыны кэлимник ырытыы , - айымньыны атын айымньыга тэҥнээһин, - историческай-литературнай проблемађа өйтөн суруйуу .
Проблемнай өйтөн суруйуу айымньыны проблемнай ырытыыны кытта сибээстээх . Олох , киһи, сиэр-майгы курдук тутаах темаларга уус-уран айымньыга олођуран , билиини-көрүүнү түмэн, дириҥник толкуйдаан ырытан суруйуу ирдэнэр . Холобура : -Саха прозатыгар ађа уонна ођо дьылђатын көрдөрүү . - А.Е.Кулаковскай « Ойуун түүлэ» поэматын проблематиката . - Н.Якутскай «Көмүстээх үрүйэ» сэһэнигэр эбэҥки норуотун дьылђата . -«Чүөчээски» кэпсээни билиҥҥи ођо харађынан көрүү.
Уобараһы ырытыы , уобарастары тэҥнээн, түмэн көрдөрүү уус-уран айымньы биир геройун ырытан эбэтэр геройдар бөлөхтөрүн тэҥнээн, утарыта туруоран түмэн көрдөрүү буолар . Холобура : -Олоҥхођо айыы бухатыырын уобараһа. - Манчаары – норуот номођор . -А.И.Софронов драмаларыгар киһи дьылђата . - Далан « Дьикти саас » сэһэнигэр сүрүн герой уобараһа . - Эрдэ хагдарыйбыт ньургуһун. ( саха дьахталларын уобарастара )
Ханнык бађарар уус-уран айымньыттан эпизоду ( биир түгэни ) ырытыахха сөп . Манна сүрүн түбэлтэ кыттыылаахтарын майгыларын өрүттэрин бу түбэлтэђэ сыһыары тутан ырытыллар . Холобура : - Эрилик Эристиин « Кэриэс туолуута » сэһэнигэр сир үллэстиитэ . -« Сааскы кэм » ромаҥҥа сэриигэ ынырыллыы аймалђана . -Киһи өйүн-санаатын, сиэрин-майгытын күүһэ. ( Н.Якутскай «Төлкө» романынан )
Сорох өйтөн суруйууга айымньыны бүттүүнүн ырытыы оҥоһуллара эрэйиллэр . Бу үксүн хоһоонунан айымньыларга буолуон сөп. Оччотугар айымньы тематыттан , сүрүн санаатыттан сађалаан , тылыгар-өһүгэр тиийэ дириҥник, толору ырытыллар . Холобура : -Семен Данилов лириката . - Алампа драмаларыгар саха олођун көрдөрүү. -« Сааскы кэм » - саха норуотун энциклопедията . - Литература-олох сиэркилэтэ .
Олоххо туох буолбута литературнай айымньы нөҥүө тиэрдиллэр . Историческай быһыы-майгы туһунан суруллубут айымньыны эбэтэр уус-уран айымньыга историческай түгэн ойууланарын ырытан суруйуу . -С.Данилов «От үрэххэ » сэһэнигэр сэрии тематын арыйыы уратылара . -«Күкүр Уус » драмађа былыргы уонна аныгы алтыһыылара. - Эргэ уонна саҥа үйэ охсуһуута (П. Ойуунускай «Кыһыл Ойуун » драматынан )
Өйтөн суруйууга киирии түһүмэ ђ и тэрийии . Өйтөн суруйуу тутула чуолкай : 1.Киирии. 2.Сүрүн чааһа 3.Түмүк.
Суругунан үлэ хайдах суруллара киирии түһүмэхтэн олус тутулуктаах . Өйтөн суруйуу киириитин хайдах сађалаатын да, үлэҥ оннук хайысханан салаллан барар . Ол иһин киирии тыл улахан суолталаах . Өйтөн суруйууга киирии түһүмэх тематтан быһаччы тутулуктаах . Киирии түһүмэх маннык арааһын оҥоруохха сөп: - суруйааччы олођун , айар үлэтин сырдатыы , - айымньы хайдах быһыылаахтык суруллубутун арыйыы , - историческай түгэни суруйуу , - иэйии , - соһуччу түгэни ахтыы .
« Ытык киһи дьыл ђ ата » Алампа – саха норуотун дэгиттэр талааннаах суруйааччыта , алыптаах тыллаах хоһоонньута, общественнай деятель, ытык киһи. Кинини атын уһулуччу биллиилээх дьонтон «үс мутук үрдүк турар » киһинэн сыаналыыбын . Алампа Софронов олорбут олођо олус уустуга : ођо сааһыгар төрөппүт ађатыттан тэйиччи сылдьан , харађа суох , кырыымчык олохтоох дьоҥҥо иитиллии , аччыктыыры-тоҥору тулуйуу , үөрэххэ-сырдыкка бэйэ бађатынан тардыһыы , тапталлаах дођоро арахсан , тус олоҕор табыллымыы , сымыйађа балыллан , репрессияђа түбэһии . Ол да буоллар талааннаах суруйааччы норуотугар өлбөт-сүппэт аналлаах айымньылары бэлэх ууммута .
« Сэрии темата саха литературатыгар ». Сэрии … Үгүс аймалђаны , өлүүнү-сүтүүнү ађалбыт Ађа дойду Улуу сэриитэ 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр эмискэ этиҥ эппитинии ааҥнаабыта . Саха норуотун чулуу уолаттара ийэ дойду көмүскэлэригэр саа-саадах тутан , сэриигэ ыҥырыллыбыттара . История бу ааспыт алдьархайын үгүс суруйааччы уус-уран айымньы нөҥүө норуокка кэпсээбитэ .
« Дьикти саастаахтар » кэмнэрэ . Оскуолабыттан дьиэбэр баран иһэбин . Сааскы чађыл күн уотуттан харађым саатар , чэбдик салгын илгийэр , сыыр быарыгар харалдьык тахсыбыт . Тулабар туллуктар көтөн «тир» гыналлар . Оо , саас , кэрэ саас ! Саас диэн тылы кытта Далан « Дьикти саас » сэһэнин санаан кэллим .
Киһи олоххо анала Олох … Олох диэн тугуй ? Олох киһиэхэ биирдэ эрэ бэриллэр . Ол бэриллибит олођу туһалаахтык, бэйэ эрэ иннин көрүммэккэ, дьонуҥ-сэргэҥ туһугар олоруохтааххын . Эн олорон ааспытын кэннэ , үлэҥ-хамнаһыҥ, ођолоруҥ хаалаллар . Эн үтүө ааккын ааттата . Ол эрээри , былыр ыарахан батталлаах олоххо киһи төһө да үчүгэйдик олоруон бађарбытын иһин , ити кыаллыбат этэ . Киһи олођо , дьылђата , анала бэйэтиттэн эрэ тутулуктаммата .
Далан « Дьикти саас » сэһэнигэр сүрүн герой уобараһа . Киһи өйүн-дууһатын үөһэ көтүтэр, олох үчүгэй да өрүттэрдээх буолар эбит диэн санаађа тириэрдэр В.С.Яковлев-Далан « Дьикти саас » сэһэнэ . Далан айымньытын 1974 сыллаахха суруйбута . Сэһэнигэр 70-с сыллардаах ыччат олоххо көрүүтүн , тулалыыр эйгэни кытта сыһыанын суруйар . « Дьикти саас » - оскуола олођун туһунан айымньы .
Өйтөн суруйуу өйдөбүнньүгэ.
ӨЙДӨӨҤ! - өйтөн суруйуу темата кавычката суох суруллар ; -эпиграф темаҕа сөп түбэһиэхтээх ; -эпиграф баара ордук , ол эрээри хайаан да баар буолуохтаах диэн буолбатах ; -эпиграф кавычката суох суруллар , бүтэһигэр автор инициала, араспаанньата скобката суох суруллар ; -цитата кавычкаҕа суруллар , онуоха автора сөптөөх туохтуурунан ыйыллар ( эппитэ , суруйуутунан , бэлиэтиир ), араспаанньата скобкађа ылыллыбат ; -хоһоонтон быһа тардыы кавычката суох суруллар ; - цитатађа көтүтүү элбэх туочуканан бэлиэтэнэр ;
БОЛђОЙУҤ! Өйтөн суруйуу маннык ирдэбилинэн сыаналанар : - теманы сөпкө, толору арыйыы ; - матырыйаалы сөпкө таҥыы, туһаныы; - суруйуу бэрээдэгэ утум-ситим , логичнай буолуохтаах ; -хатылааһын, логическай сыыһа, стилистическэй алђас суох буолуохтаах ; - бэйэ санаатын киллэрии ; - ойуулуур –дьүһүннүүр ньымалары , өс хоһооннору, бэргэн этиилэри табыгастаахтык туһаныы; - таба суруйууга алђаһынан: орфографическай , пунктуационнай , стилистическэй , фактическай сыыһалар киирэллэр .
ТУТУҺУҤ! - өйтөн суруйуу - бэйэ толкуйдаан , чинчийэн , ырытан санааны суруйуу ; -үлэ сыалын , былаанын тутуһуу; - өйтөн суруйуу көрүҥүн быһааран тутуһуу; - логичнай сибээстээх буолуу ; - ыраас , сыыс тыла суох , литературнай нуорманы , тыл культуратын тутуьуу .
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
аахпыттан суруйуу уеруйэхтэрэ
Программа 9 кылаас үөрэнээччилэригэр саха тылын уонна литературатын МО РСЯ хонтуруолунай үлэтигэр бэлэмнииргэ ананан оҥоһулунна....