аахпыттан суруйуу уеруйэхтэрэ
консультация (9 класс)
Программа 9 кылаас үөрэнээччилэригэр саха тылын уонна литературатын МО РСЯ хонтуруолунай үлэтигэр бэлэмнииргэ ананан оҥоһулунна.
Υөрэнээччилэр аахпыттан истэн суруйар дьоҕурдарын көрдөрөр аахпыттан суруйууну тэрийиигэ үлэ туһуланна. Маны таһынан 9 кылааһы бүтэрээччи сахалыы таба суруйууга орфорграфия, пунктуация быраабылаларын уонна тыл литературнай нуорматын тутуһан суруйарын ситиһэр сыалтан билиини чиҥэтиигэ, хатылааһыҥҥа дьарык темалара аттарылынна. Тылы мөлтөхтүк билэр оҕону кытта туспа сорудаҕынан үлэлээһин, оҕо сахалыы хомоҕойдук суруйар үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы программаҕа киирдэ. 9 кылааһы бүтэрэр үөрэнээччи араас истииллээх тиэкиһи истэн, былааннаан, сиһилии толору суруйар дьоҕурун иҥэрии программа сүрүн сыала буолар.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
programma_byhaaryy_suruga_9_kl.doc | 86.5 КБ |
Предварительный просмотр:
Программа быһаарыы суруга
Программа 9 кылаас үөрэнээччилэригэр саха тылын уонна литературатын МО РСЯ хонтуруолунай үлэтигэр бэлэмнииргэ ананан оҥоһулунна.
Υөрэнээччилэр аахпыттан истэн суруйар дьоҕурдарын көрдөрөр аахпыттан суруйууну тэрийиигэ үлэ туһуланна. Маны таһынан 9 кылааһы бүтэрээччи сахалыы таба суруйууга орфорграфия, пунктуация быраабылаларын уонна тыл литературнай нуорматын тутуһан суруйарын ситиһэр сыалтан билиини чиҥэтиигэ, хатылааһыҥҥа дьарык темалара аттарылынна. Тылы мөлтөхтүк билэр оҕону кытта туспа сорудаҕынан үлэлээһин, оҕо сахалыы хомоҕойдук суруйар үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы программаҕа киирдэ. 9 кылааһы бүтэрэр үөрэнээччи араас истииллээх тиэкиһи истэн, былааннаан, сиһилии толору суруйар дьоҕурун иҥэрии программа сүрүн сыала буолар.
Дьарык сыала: Υөрэнээччи араас истииллээх тиэкиһи истэн аахпыттан суруйар дьоҕурун сайыннарыы.
Соруктара:
-Тылы сайыннарыыга, байытыыга аахпыттан суруйууну биир сүрүн көрүҥ быһыытынан туттуу
-Аахпыттан суруйуу араас көрүҥэр, ньымаларыгар үөрэтии;
-Үөрэнээччи аахпыттан суруйар үлэтигэр орфография, пунктуация быраабылатын уонна саха литературнай нуорматын тутуһан суруйарын ситиһии;
-тылы мөлтөхтүк билэр оҕону кытта тус туһаайан үлэлээһин, оҕо сахалыы суруйар үөрүйэҕин салгыы сайыннарыы.
Туһаныллар УМК:
- Аммосова В.И. Дьыктаан хомуурунньуга 5-9.Бичик, Дьокуускай 2016
- Аржакова О.Р., Слепцова М.С., Ядрихинская И.Р. Аахпыттан суруйуу хомуурунньуга 5-9. Бичик, Дьокуускай 2016.
- Винокуров И.П. Сахалыы таба суруйуу.Дь.
Үөрэх былааныгар программа көрүллэр чааһа:
Оскуола сыллааҕы календарнай графигар сөп түбэһиннэрэн нэдиэлэҕэ 1 чаас, сылга 33 чаас, 34 үөрэх нэдиэлэтэ. Программа календарнай былааныгар 32 чаас киирдэ. 1 чаас бырааһынньык күнүгэр түбэһэрэ учуоттанна. (09.05)
Үөрэтии түмүк ситиһиитэ:
- Тыл баайа, кыаҕа, күүһэ-омук баайа, инники кэскилэ буоларын өйдүүр; ийэ тыл киһи иэйиитэ уһуктар, өйө-санаата, айар-тутар дьоҕура сайдар эйгэтэ буоларын итэҕэйэр;
- Төрөөбүт тыл этигэн кэрэтин ытыктыыр, киэн туттар, харыстыыр, тылын-өһүн сайыннарарга дьулуһар;
- Ылбыт билиитигэр, тылын баайыгар тирэҕирэн аахпыттан суруйар; саҥарар саҥатын, суругун-бичигин кэтээн сөптөөх түмүк оҥостор;
- Айар, суруйар дьоҕура сайдар;
- Саха тылын литературнай нуорматын, аахпыттан суруйуу үөрүйэхтэрин тутуһан тиэкис ис хоһоонун толору суруйар
Программа разделларынан ис хоһооно:
№ | Разделлар | чаас |
1 | Аахпыттан суруйуу көрүҥнэрэ | 5 |
2 | Аахпыттан суруйуу истиилинэн арааһа | 5 |
3 | Аахпыттан суруйууну ырытыы уратыта | 3 |
4 | Аахпыттан суруйуу тиэкиһинэн үлэтэ | 15 |
5 | Таба суруйуу уонна сурук бэлиэтигэр хатылааһын | 6 |
№ | Дьарык раздела | Дьарык темата | чаас | дата | факт | Дьарык ис хоһооно | Туһаныллар литература |
1 | Аахпыттан суруйуу көрүҥнэрэ | Киирии тема. Аахпыттан суруйуу уратыта | 1 | 6 | Учуутал лекцията. Үөрэнээччи болҕойон истэр, наадалааҕы бэлиэтэнэр | ||
2 | Аахпыттан кылгатан суруйуу уратыта | 1 | 13 | Аахпыттан кылгатан суруйуу уратытын өйдүүр | Аржакова О.Р., Слепцова М.С., Ядрихинская И.Р. Аахпыттан суруйуу хомуурунньуга | ||
3 | Аахпыттан толору суруйуу уратыта | 1 | 20 | Аахпыттан толору суруйуу холобурун көрөр | |||
4 | Айар сорудахтаах аахпыттан суруйуу уратыта | 1 | 27 | Айар сорудахтаах аахпыттан суруйарга холонон көрөр | |||
5 | Грамматическай сорудахтаах аахпыттан суруйуу уратыта | 1 | 4 окт | Аахпыттан суруйуу грамматическай сорудахтарыгар эрчиллэр | |||
6 | Аахпыттан суруйуу истиилинэн арааһа | Уус-уран истииллээх аахпыттан суруйуу ураты бэлиэтэ | 1 | 11 | Уус-уран истииллээх аахпыттан суруйуу ураты бэлиэтин булар, уус-уран ньымалары бэлиэтиир | ||
7 | Ойуулааһыннаах аахпыттан суруйуу | 1 | 18 | Ойуулааһыннаах тиэкиһи аахпыттан суруйар | |||
8 | Научнай истилинэн суруллубут аахпыттан суруйуу уратыта | 1 | 25 | Научнай истилинэн суруллубут аахпыттан суруйуу уратытын булар | |||
9 | Научнай истилинэн суруллубут аахпыттан суруйуу | 1 | 8 | 2 чтв | Научнай истилинэн суруллубут аахпыттан суруйууга дьарык | ||
10 | Публицистика истиилинэн суруллубут аахпыттан суруйуу | 1 | 15 | Публицистика истиилинэн суруллубут аахпыттан суруйуу тиэкиһинэн үлэлиир | |||
11 | Аахпыттан суруйууну ырытыы уратыта | Аахпыттан суруйуу тиэкиһин ис хоһоонун ырытыы | 1 | 22 | Аахпыттан суруйуу тиэкиһин ис хоһоонун ырытыыга кыттар | ||
12 | Аахпыттан суруйуу тылын-өһүн ырытыы | 1 | 29 | Аахпыттан суруйуу тылын-өһүн ырытар | |||
13 | Аахпыттан суруйууга былаан оҥостуу үөрүйэхтэрэ | 1 | 6 дек | Аахпыттан суруйууга былаан оҥостор | |||
14 | Аахпыттан суруйуу тиэкиһинэн үлэтэ | Кылгатан аахпыттан суруйууну тэрийии | 1 | 13 | Кылгатан аахпыттан суруйар | ||
15 | Аахпыттан толору суруйуу | 1 | 20 | Аахпыттан суруйар, тиэкис бастакы апсааһын хас да чааска үллэрэн, былаан оҥостор | |||
16 | Оҕону кытта биирдиилээн үлэ | 1 | 10 янв | 3 чтв | Бэйэ алҕаһын көннөрүүгэ дьарыктанар | ||
17 | Айар сорудахтаах аахпыттан суруйуу | 1 | 17 | Аахпыттан суруйар | |||
18 | Оҕону кытта биирдиилээн үлэ | 1 | 24 | Бэйэ алҕаһын көннөрүүгэ дьарыктанар | |||
19 | Грамматическай сорудахтаах аахпыттан суруйуу | 1 | 7.02 | Аахпыттан суруйар, грамматическай сорудах: сомоҕо домоҕу быһаарар | |||
20 | Грамматическай сорудахтаах аахпыттан суруйуу | 1 | 14 | Аахпыттан суруйар, грамматическай сорудах:бэлиэт эммит тылларга синоним булар | |||
21 | Грамматическай сорудахтаах аахпыттан суруйуу | 1 | 21 | Аахпыттан суруйар, грамматическай сорудах:тыл лексическэй суолтатын быһаарар | |||
22 | Оҕону кытта биирдиилээн үлэ | 1 | 28 | Бэйэ алҕаһын көннөрүүгэ дьарыктанар | |||
23 | Уус-уран истиллээх аахпыттан суруйуу | 1 | 7 март | Аахпыттан суруйар | |||
24 | Оҕону кытта биирдиилээн үлэ | 1 | 14 | Бэйэ алҕаһын көннөрүүгэ дьарыктанар | |||
25 | Научнай истииллээх аахпыттан суруйуу | 1 | 21 | Аахпыттан суруйар | |||
26 | Оҕону кытта биирдиилээн үлэ | 1 | 4 апр | 4 чтв | Бэйэ алҕаһын көннөрүүгэ дьарыктанар | ||
27 | Публицистическай истииллээх аахпыттан суруйуу | 1 | 11 | Аахпыттан суруйар | |||
28 | Оҕону кытта биирдиилээн үлэ | 1 | 18 | Бэйэ алҕаһын көннөрүүгэ дьарыктанар | |||
29 | Таба суруйуу уонна сурук бэлиэтигэр хатылааһын | Сирэй саҥа уонна туора киһи саҥатыгар сурук бэлиэтэ | 1 | 25 | Графическай диктант суруйар | Винокуров И.П. Сахалыы таба суруйуу.Дь. | |
30 | Холбуу этиигэ сурук бэлиэтин арааһа | 1 | 2 май | Холбуу этиигэ сурук бэлиэтин арааһын хатылыыр | |||
31 | Анал ааттары, тылы көһөрүүнү таба суруйуу | 1 | 16 | Анал ааттары, тылы көһөрүүнү таба суруйууга бэйэ диктаннатыыта | |||
32 | Сыллааҕы үлэни анализтааһын | 1 | 23 | Сыллааҕы үлэтин түмүгүн анализтыыр | |||
9 май вых |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
өйтөн суруйуу.
Методическое пособие для написания сочинения по якутскому языку и литературу 9-11 класс....