Открытый урок родной литературы 7 класс
план-конспект урока (7 класс) по теме

Техническая карта открытого урока родной литературы  7 класс "П.А.Ойуунускай "Сурэх" кэпсээнин аа5ан, бырайыактааьын ньыма5а тахсыы"

Скачать:


Предварительный просмотр:

Оҕо  толкуйугар олоҕуран үөрэх дьарыгын тэрийиигэ аһаҕас дьарык  бэйэҕэ эргиллиитэ.

Предмет: Саха литературата

Оскуолата, кылааһа: МОБУ ЯГНГ “Айыы Кыһата”  7  “а” кылаас

Дьарыгым   ис хоһооно: «Оҕо бэриллибит айымньы ис өттүн   ырытан, “Тыыннаах Тыл”  өйдөбүлүгэр  тахсыытыгар  бырайыактааһын дьарыгын тэриниитэ”

Тас өттө: “ О5о  Платон Ойуунускай “Сүрэх”  айымньытын ис хоһоонун ырытан бырайыактааһын дьарыгын тэриниитэ”

Сыала-соруга: Оҕо Платон Ойуунускай “Сүрэх” айымньытын ис хоһоонун ырытарыгар айымньы күлүүс тылларын ис, тас өйдөбүллэрин быһаарыы, айымньыттан  суруйааччы уус - уран ойуулуур ньыматын булан ырытыы , геройдар уонна автор  ис-тас  санаалара алтыһыытын бэлиэтээһин, айымньы суруллубут кэмин тэҥҥэ тутан бэйэ санаатын нөҥүө ырытан санаа суругун оҥорон Тыыннаах Тыл өйдөбүлүгэр тахсан  бырайыактааһын ньыматын тэриниитэ .

Тоҕоостооҕо: Оҕо сааһын  ирдэбилигэр олоҕуран (орто сүһүөх – чинчийии дьарык кыттааччыта, тэрийээччитэ) дьарыгы тэрийии. Аахпыт айымньыны ырытарга айымньы ис – тас өрүтүн үөрэнээччи арааран өйдүүрүн ситиһии. Айымньы ис өттүн ырытыы маннык ис хоһооннонуон сөп. 1. Айымньыттан күлүүс тыллары булан, ис-тас өйдөбүллэрин быһаарыы. 2. Суруйааччы уус -уран ойуулуур ньымаларын булуу. 3. Айымньы суруллубут историческай кэмин быһаарыы. 4. Айымньы геройдарын ис санааларын, туруктарын ырытыы. Оҕо айымньы ис өттүн ырытан, суруйааччы Тыыннаах Тылын  өйдөбүлүгэр тахсан,  ылбыт билиитин,  бэйэтин сатабылын  туһанан бырайыактааһын ньымаҕа сорунуута. Бырайыактааһын ньымаҕа кыһал5аны быһаарар, толкуйдуур,  таба суолу көрдуур, чинчийэр, ырытар, айар, бэйэ5э эргиллэн түмүк оҥорор  сатабыллар барыта түмүллэллэр. Үөрэнээччи учуутал биэрэр бэлэм билиитин ылбакка, билиини бэйэтэ үлэлээн, көрдөөн булунар. Сыралаһан булбут билиитин олоххо туһана үөрэнэр. Уруокка бэриллэр 40 мүнүүтэҕэ хаайтарбакка үлэлээһин. Оҕо бэриллибит тематын уруок таһынан булар, ырытар чинчийэр. «Улуу дидактика» бириинсиптэригэр олоҕуран, оҕо сааһын учуоттаан судургуттан уустукка сыыйа киирии. Холобура үлэ маннык бэрээдэктээхтик барыан сөп: холобурдары булуу-иллюстрация оҥоруу, тэттик өйтөн суруйуу - иһитиннэрии – дакылаат – реферат – бырайыак. О5о сыралаһан булбут үлэтин түмүгүн бэйэтэ көрөр. Айар бырайыак оҕо айар кыаҕын дьоҕурун сайыннарар.

Дьарык тиибэ:(Урок совершенствования знаний, умений и навыков) Оҕо билиитин, үөрүйэҕин  уонна сатабылын сайдар суолун төлө ыытыы  дьарыга.

Учуутал: Липатова Светлана Афанасьевна

Дьарык хаамыытын тутула :

  1. Умсугутуу, угуйуу
  2. Тобулуу
  3. Сорунуу
  4. Соруммуту олоххо киллэрии,
  5. Бырайыакка  тахсыы, былааннааһын
  6. Былааннаммыт үлэ чэрчитин көмүскээһин
  7. Бэйэҕэ эргиллии

Айымньыны  ис хоһоонун ис- тас өттө  диэн арааран ырытыы маннык ис хоһооннонуон сөп.

 1. Айымньыттан күлүүс тыллары булан, ис-тас өйдөбүллэрин быһаарыы. (Сүрэх, хайа, тымныы, туман, уот, түүл.....)

 2. Суруйааччы уус -уран ойуулуур ньымаларын булуу.(Айылҕаны ойуулааһын, Таас Дьааҥы хайаны ойуулааһын, өс хоһооннору, бэргэн этиилэри, олоҥхо тылларын  булуу)

3. Айымньы суруллубут историческай кэмин быһаарыы.

 4. Айымньы геройдарын ис санааларын, туруктарын ырытыы. (Ааныска, Мэхээчэ, Быыпсай, автор, автор ийэтэ, айылҕа....)

 

 

Оҕо айымньы ис өттүн ырытан, суруйааччы Тыыннаах Тылын  өйдөбүлүгэр тахсан,  ылбыт билиитин,  бэйэтин сатабылын  туһанан бырайыактааһын ньымаҕа сорунуута.

Кыһалҕаны тобулбут,  булбут оҕо бөлөх салайааччыта буолуон сөп.

  • Дьиҥ буолбукка олоҕуран, саха сиригэр гражданскай сэрии буолбут     историятыттан иһитиннэрии оҥоруу
  • Айымньы ис хоһоонун, бэйэ санаатын алтыһыннаран хартыыналары  уруһуйдааһын.
  • Айымньыттан күлүүс тыл ис,  тас өйдөбүллэрин булан тылдьыт оҥоруу. (сүрэх, тымныы, туман хайа, түүл, уот .....)
  • Айымньыны ааҕан баран ис өттүн, бэйэ санаатын кытта алтыһыннаран  ис санаа суругун суруйуу
  • Суруйааччы уус – уран суруйар ньымаларын ис өйдөбүлүн быһаарыы. (Айылҕаны ойуулааһын, өс хоһоонноро,  норуот муудараһа, уос номоҕо,  түүл – бит, итэҕэл)
  • Уус-ураннаан ааҕарга үөрэнии
  • Бассабыык – автор  Ийэтин уобараһа

Бассабыык – автор  - охсуһааччы -  революционер уобараһын хоһуйуу ойуулааһын

-ырытыһыы

-алтыһыы

-сүбэлэһии

-биир түмүккэ, санааҕа кэлии

-үлэни аттарыы

-үлэни үллэстии

 (Араас тэрээһиннэри тэрийии, тугу эрэ оҥорон таһаарыы, айар үлэҕэ тахсыы АЙАН)

Туруоруллубут соруктары бэрээдэгинэн толоруу.

Бырайыак, үлэ чэрчитин  былаанын  көмүскээһин, куолаан ырытыы, бэйэ көрүүтүн атын санаалары кытта тэҥнээһин, сөптөөх түмүккэ кэлии түмүгүнэн

Маннык айар үлэлэр таҕыстылар:

1бөлөх айар үлэтэ: Күлүүс тыллар ис – тас өйдөбүллэрин быһаарар тылдьыт.

2бөлөх: “Сүрэх” айымньы ис өттүн уруһуй нөҥүө тиэрдии.

3бөлөх: айымньыга инсценировка оҥорон оонньоон көрдөрүү.

4бөлөх: “Сүрэхтэн” тахсар  ис санаа суругун суруйуу

5бөлөх: Суруйааччы уус – уран суруйар ньыматын ис өйдөбүлүн быһаарыы.

 6бөлөх: “Гражданскай сэрии ыар тыына Саха сиригэр” историяттан иһитиннэрии оҥоруу

Дьарык  кэмигэр араас сатабыллар үөскүүллэр:

  1. Бэйэҕэ эргиллии сатабыла (рефлексивное умение);
  2. Көрдүүр чинчийэр сатабыллар (поисковые, исследовательские умения);
  3. Сатаан алтыһар үөрүйэҕэ (умение и навыки работы в сотрудничестве);
  4. Салайар сатабыл (менеджерские умение и навыки);
  5. Культура, традиция, этикет сатабыла (коммуникативные умения);
  6. Сатаан көрдөрөр,  кэпсиир,  көмүскүүр сатабыллар (презентационные умения и навыки):


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект открытого урока по литературе на тему: "Родная природа в стихотворениях поэтов ХХ века", 5 класс

Конспект урока составлен по учебной программе под редакцией Г.С. Меркина, С.А. Зинина в рамках внедрения регионального компонента в изучение литературы в школе. На уроке рассматривается 4 стихотворени...

Открытый урок по литературе в 6 классе Родная природа в стихотворениях поэтов XX века

Цель урока: дать возможность почувствовать красоту родной природы через поэтическое слово, способствовать развитию личностного восприятия и осмысления образов, созданных поэтами, выявить особенности о...

Открытый урок по литературе в 5 классе "Родная природа в произведениях русских поэтов XIX века"

Урок дан в рамках обучающего семинара "Духовно- нравственное воспитание школьников в урочной деятельности" для студентов 3 курса направления подготовки "Педагогическое образование"...

Открытый урок по литературе "С.А. Есенин. Поэтическое изображение Родной природы"

Открытый урок по литературе "С.А. Есенин. Поэтическое изображение Родной природы"...

8 февраля 2022 года. Интегрированный открытый урок по литературе и химии «Два великих имени: Д.И. Менделеев и А. А. Блок». Отделение "Автозаводская" ГБПОУ МТК. Провела открытый урок преподаватель русского языка и литературы Моисеева Т.А.

8 февраля 1834 года родился великий русский ученый Д. И. Менделеев. Казалось бы, этот урок  должен был быть посвящен ему и его научной деятельности, но у нас необычное занятие, из которого ...