Леонид Попов тапталын сэьэнэ
методическая разработка по теме

Ксенофонтова Саргылана Алексеевна

Леонид Попов народный поэт народа саха воспел настоящую любовь

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon uruok_bylaana-_l.popov_taptalyn_seene.doc75.5 КБ

Предварительный просмотр:

Тема:Леонид Попов тапталын сэьэнэ

Тэрээһин сыала: Леонид Попов таптал туһунан хоһооннорун билсиһии.

 Соруга: 1.Л.Попов хоһооннорун аа5ыы.

              2. Поэт оло5ун кэрчиктэригэр хоһооннорун тэңнии тутан билсиһии.

              3.Л.Попов хоһооннорунан оло5ун сэһэнэ таңылларын итэ5этии.

                                          Таптал- диэн сүрэх күн талаана,

                                          Сүрэхпит үөрүүлээх ыарыыта.

                                                                                     С.Данилов.

      Ханнык ба5арар суруйааччы, ордук лирик поэт, айар улэтэ тус оло5ун кытта ситимнээх буолар.Леонид Попов ырыа5а ылламмыт «көбүөр бэрдэ тэлгэммит» киэн нэлэмэн сыһыылардаах Тойбохой Арыылаа5ар күн сирин көрбүтэ.Кэрэ айыл5алаах олоңхо дойдутун о5ото буолан, айгыр силик айыл5атын хоһуйар хомо5ой хоһооннорун о5уруолуу тиһэн айар үлэтин са5алаабыта:
Саныыбын төрөөбүт алааспын
Онно саас сандааран эрдэ5э,
Күн көмүс толбоно сылаастык
Түннүккэ дьиримнээн түстэ5э
-диэн а5ыйах тылынан этэн кэбиспитэ төрөөбүт дойдуга муңура суох тапталы, ааспат-арахпат ахтыл5аны көбүтэр.

Леонид Попов ытык дьон удьуордара.Төруттэрэ Мэңэ-Хаңалас аатырбыт баайдара Мааркабыстар.Кинилэр төруттэрэ номоххо киирбит, Манчаары тойугар холбоммут –Бэрт Маарыйа. Төрөппуттэрэ удьуордаан интелигент дьон эбиттэр.Дьоно учуутал буоланнар кыра сааһыттан кинигэни аа5ан, ийэ тылын илгэлээх тыыныгар иитиллибитин туһунан бу курдук суруйар:
                            О5о сааспыттан
                            Уус тыл ухханыгар
                            Умсугуйан улааппытым.
                             Олоробун, олоруо5ум
                             Уус тылбынан уһанарбын
                             Унньуктаах үлэм курдук санаан…

     Поэт төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх таптала кэңээн, дириңээн бүтүн оло5ун сэһэнэ буолбут дии саныыбын. Олох тыына- таптал. Сир үрдүгэр олох баарын тухары таптал өлбөт- сүппэт аналлаах.

  1. Истин таптал кун аайы этиллибэт, ол эрэн хас биирдии тэбэр сурэххэ түүннэри –күнүстэри буөбэйдэнэ сылдьар. Таптал диэн улуу иэйиини билбит киһи дьоллоох.Төһөлөөх элбэх эдэр киһи тапталын харыстаан, үргэн хаалыа диэн куттанан, эппэккэ хаалбыта буолуой. Студент кыыс килбик тапталын туһунан бу курдук суруйбут:

               Бэйэ5эр эппэккэ

               Эйиигин таптыыбын,

               То5отун билбэккэ,

               До5оруом, таптыыбын.

  Эбэтэр:   Өрүү эйиигин-

                Түүбэр да, санаабар да-

                Мүччу тутарым:

                Эн кулэ-кулэ,

                Ханна эрэ куотарын,

                Ханна эрэ саһарын…

                Эйиигин куотуо диэн

                Илиибин-атахпын

                Хамсаппаппын,

                Мэктиэтигэр

                Оргууй тыынабын…

  1. Таптаабыт киьи хара5ар кини эрэ тапталлаа5а ый курдук ыраас санаалаах, танара табатын курдук талыы- мааны таһаалаах, кун курдук кулумнуур дьуьуннээх, ол тэнэ поэт эмиэ:

              Сырдык имнээх иэдэһэ

              Дьэдьэн курдук тэтэркэй.

              Туллуктана суурэрэ

              Тугун бэрдэй, кэрэтэй! -диэн эттэ5э.

    Таптал киһини куустээх улэ5э угуйар , сырдыкка –кэрэ5э абылыыр.

                Тубуктэн тубукпэр

                Түһүө5үм өрүүтүн.

                Эдэртэн эдэрбэр

                Эргиллиэм өрүүтүн.

                Тигинэс оһоххо

                Тэннэһэр олоххо

                Өрүүтүн олоруом,

                Үлэлиэм оноруом

  1. Тапталлаахтар сыһыаннара хаһан да бүппэт кэпсээн буолан саңаттан-саңа иэйиини үөскэтэр.Икки таптаһар сүрэхтэр куруук бэйэ- бэйэлэригэр дьулуһаллар. Кинилэр кэми-кэрдиини, ыраа5ы билиммэттэр:

                Илиибин уунабын Эйиэхэ,

                Ыраах да ыраах баар киһиэхэ.

                Илиибин салгыңңа уунабын,-

                Эйиигин абылыа мин абым

Олох диэн улуу Өрүскэ туорэккэй тыынан айаннаан иһэргэ тэңнээх. «Уол о5о биир күн ат уор5атыгар, биир күн ат өрө5өтүгэр» диэн норуот өһүн хоһооно дирин ис номохтоох. Киһи оло5о биир сыыһа тылтан, биир ха5ыс сыьыантан таас иһит курдук хампарыйыа5ын «Таптал уонна ньургуһун» хоһоон

           Таптал

           Хагдарыйыан кэриэтэ

           Хампарыйар!

           Хампарыйда да бүтэр,

           Хаттаан эргиллибэт.

    - диэн курус строкаларыгар көрөбүт.

«Икки ардылара сүүрбэ сыл арыттаах «Илиибэр эн илииң баар курдук» уонна «Илиибэр эн илииң суох буолла» диэн икки кылгас хоһоону аахтахпына- мин икки томнаах бөдөң драматическай, ону ааһан трагическай айымньыны аахпыт тэңэ буолабын»- диэн Семен Руфов хайдахтаах үрдүк сыанабылы биэрбитий.

  1. Илиибэр эн илииң баар курдук

  1. Долгуннуур куохтэрдээх сай ааьан
  2. До5оруом эн хаьан кэлэ5ин?-
  3. Ыраатар бэйэ5ин сайыьан,
  4. Ытаата мин уйан сурэ5им.
  5. Илиибэр эн илиин баар курдук,
  6. Сурэхпэр сурэ5ин сылааьа.
  7. Оруутун биллиэхтин бу курдук
  8. Уйэлээх тапталын былааьа.
  9. До5оруом, миигинниин уллэстиэн
  10. Дьоллоох дуу, сордоох дуу дьыл5абын,
  11. Мин ааппар долгуйа эн истиэн
  12. Сириини, хай5алы, дьон хобун…
  13. Ардыгар санааргыам, санньыйыам,-
  14. Мунчаарбыт сурэхпин уордуон дуо?
  15. Ыраммын санныгар тайаныам,-
  16. Ыараабыт илиибин уйуон дуо?
  17. Долгуннуур куохтэрдээх сай ааьан,
  18. До5оруом эн хаьан кэлэ5ин?-
  19. Ыраатар бэйэ5ин сайыьан,
  20. Ытаата мин уйан сурэ5им!

  1. Илиибэр эн илииң суох буолла

  1. Бырастыы, бутэьик бырастыы,
  2. Быданнаах арахсыы туьаайда.
  3. Арахсыах баар этэ атастыы-
  4. Дьыл5абыт икки аны суол ыйда.
  5. Дьоло суох дьон сылдьар суолунан
  6. Айанныыр буоллубут, бада5а,
  7. Тар5аьыах тыаьа суох хомунан-
  8. Корботун туора дьон хара5а.
  9. Ыраатан бэйэни сайыьан
  10. Ытаспат ыар куммут ууннэ5э:
  11. Хахсаат хаар туьэн, сай ааьан,
  12. Долгуннаах куохпутун комно5о.
  13. Илиибэр эн илиин суох буолла,
  14. Сурэхпэр-сурэ5ин сылааьа.
  15. Бу курдук оргууйдук умуллар
  16. Уйэлээх таптал да былааьа.
  17. Ыраммын санныгар тайанным-
  18. Ыараабыт илиибин уйбатын,
  19. Санаар5аан санньыйан айманным-
  20. Аймаммыт дууьабын туппатын
  21. Билигин да дьон курдук дьоннорбут,
  22. Бокуонньук кэриэьин ытыктыах
  23. Суурбэ сыл олорбут олохпут
  24. Хоруобун иннигэр хонкуйуох.
  25. Санаабар, эйиигин кууьабын,
  26. Тиьэхпин кууьабын, уоскуйууй,
  27. Уонна дьэ мин тахсан барабын…
  28. Билигин мин хоспун хомуй, сууй!

  1. Истиң таптал күн аайы этиллибэт, ол эрэн хас биирдии тэбэр сүрэххэ түүннэри –күнүстэри бүөбэйдэнэ сылдьар. Таптал диэн улуу иэйиини билбит киһи дьоллоох.
  2. Леонид Попов күүстээх таптал кынаттыыр дьолун, до5ор таңнарыытын аһыы амтанын билбитэ. Кини хоһоонноругар таптал үөрүүтүн уонна өрөгөйүн, эрэйин уонна хомолтотун дириңник, итэ5этиилээхтик туойбута

      Леонид Попов хоһоонноро бэйэ- бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээхтэр, ситэрсэн биэрэллэр. Поэт айымньыларын наардаан, таңан кини оло5ун сэһэнин, тапталын тойугун кэпсиир туспа айымньы тахсыан сөп эбит.     

  Уол: Ахтыы диэни мин биллим,

          Арай кини баар эбит:

          Ситиллибэт ба5алаах,

          Муңурдаммат санаалаах.

                        ***

          Кини сырдык хара5ар

          Халлаан күө5э күлүмнүүр,

          Көмүс субуу суһуо5ар

          Күммүт уота үңкүүлүүр.

  Кыыс:  Кини дуо мин кэрэ аналым,

              Эдэр оло5ум эрэл до5оро?

              Кини дуо, сирдээ5и тапталым

              Муңура суох үрдүк дьоло?

   Уол:    Илиибэр эн илииң баар курдук,

              Сүрэхпэр- сүрэ5иң сылааһа.

              Өрүүтүн биллиэхтин бу курдук

              Үйэлээх тапталың былааһа.

 Кыыс:   Билэбин: мин кинини таптаатым,

              Киниэхэ сүрэхпин анаатым.

              Кини баар эбит: мин дьыл5ам,

              Мин аңарым, мин сор5ом!

  Уол:    Дууһам үөрүүтэ оңостон,

             До5оруом, эйиигин саныыбын.

             Иһийэн олорон бу хостон

             Эн ааккын ыңыран ыллыыбын…

      Уол: Эйиигин бэйэм сор5ом дии саныырым,

              Эйиигин бэйэм дьыл5ам диэн ыллыырым

              Сымыйа буолан та5ыста,

              барыта тиэрэ хайыста,

              Таптал саппыт хара5ын

              Хойутаан аспыт абабын!

    Кыыс:Бырастыы, бутэьик бырастыы,

              Быданнаах арахсыы туьаайда.

              Арахсыах баар этэ атастыы-

              Дьыл5абыт икки аңы суол ыйда.

     Уол: Бырастыы гынабын барытын

             Ал5аьаабыт ал5астаргын,

             Ал5аьыахтаах ал5астаргын.

             Бырастыы гыныам суо5а:

             арай, биири эрэ-

             таңнарыыны, таңнарыыны эрэ.!

Кыыс: Эн хара5ың мин харахпын

              Одуулуурун са5ана,

              Эн илииң мин илиибин

              Имэрийэрин са5ана,

              Мин сурдээх улахан дьоллоохпун

              Ситэ өйдөөбөтөх эбиппин.

 Уол:     Дьоло суох дьон сылдьар суолунан

             Айанныыр буоллубут бада5а,

            Хахсааттаах хаар туһэн, сай ааһан,

            Долгуннаах күөхпүтүн көмнө5ө.

Кыыс:  Илиибэр эн илиин суох буолла,

            Сурэхпэр- сурэ5ин сылааһа.

            Бу курдук оргууйдук умуллар

            Үйэлээх таптал да былааһа.

     

Уол:   Көһүн даа туулбэр,

           кунуску санаабар

           Көмуьум о5ото!

           Ыраах да сырыттаргын.

           Ыксабыттан ыраатыма,

           Ырам буол, ырыам буол!

Кыыс: Кунум ар5аалыан иннинэ

           Куутэрим эйиигин кунус-туун.

           Куьунум кэлбитин да кэннэ

           Көрустум, син биир көрустум.

Уол:   Сөбулэһэр икки сурэх

           Бириэмэни билиммэттэр:

           Кэмэ-кунэ кэлиэ кэрэх-

           Син-биир, син-биир көрсуһэллэр!

          .

   Дьиңнээх тапталга биһиги бары талаһабыт, ырыа гынан ыллыыбыт, ымыы гынан ыралыыбыт. Урут да5аны, билигин да5аны улахан тапталга сүгүруйэбит. Ол иһин олох олоробут, ол иһин тапталы туойабыт


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Подросток попал в дурную компанию

На ваших глазах подросток меняется, приобретает и воспринимает все то плохое, что дает ему такая компания – надо бороться за ребенка....

тест по сказке А.Пушкина "Сказка о попе и его работнике Балде"

тест проводится в 7 классе коррекционной школы VIII вида...

Буклет "Если ребенок попал в дурную компанию".

Свое дитя для родителя, конечно, всегда лучше, чем все окружающие ребята. Но нельзя лишать ребенка общения со сверстниками. Общаясь, ребенок взрослеет, развивается, учится. Другие ребята не всегда так...

Театрализованное представление "Сказка о попе и его работнике Балде"

Инсценировка одноименной сказки А.С.Пушкина...

Классный час :«Александр Владимирович Попов – известный российский пловец четырёхкратный олимпийский чемпион.»

Цель:1Воспитывать патриотизм, гордость за свой Край  и  уважение, гордость за спортсмена , Александр Владимирович Попов , достигшего вершин не только в спорте.Формирование способности ...

Леонид Попов "Ыраах тыаҕа" кэпсээнэ оҕону булт абылаҥар угуйар суолтата

quot;Ыраах тыаҕа" диэн кэпсээҥҥэ Баһылай о5онньор эдэр булчуту Уйбааскыны булт абылаҥар үөрэтэр....

Леонид Попов - самобытный вохомский поэт.

В очерке рассказывается о Леониде Попове...