Кинигэ5э тапталы иитии
методическая разработка по теме
Предварительный просмотр:
Кинигэ5э тапталы иитии
21 уйэ духуобунай сайдыылаах саца киһи уйэтэ. Дууьа, духуобунай сайдыы кууьунэн ыччаты иитэн таьаарар, сайыннарар соруктар олус куускэ туруохтара.Киьини дууьатын сайыннарыы- сонун көруу.
Кинигэни умсугуйан аа5ар киьи саңа уйэ5э бэлэмнээх буолуо5а, сөптөөх суолу тутуһуо5а.Киэн билиилээх киьи дьону кытта тэннэ сылдьыа5а, уорэ5и ылынарыгар, улэни- хамнаьы булунарыгар, оло5ун соптоохтук оносторугар, киэн суол арыллар
Билигин угус о5олор кинигэни аа5ыылара лаппа намтаата. О5о билигин компьютертан, телевизортан информация ылара элбээтэ. Урут о5о барыта библиотека5а сылдьар, аа5ааччы дневнигын оностор, тоьо кинигэни аахпытынан куоталаьар эбит буолла5ына, билинни о5о сыл устата биир да5аны кинигэни аахпатах тубэлтэтэ эмиэ баар.Кинигэни аахпат о5о билиитин-коруутун таьыма молтох, учугэйгэ тардыьыыта, кэрэ5э умсугуйуута ээл-дээл буолар.
Кинигэ- олох кэрэьитэ.Олоххо баар утуо-моку барыта кинигэ5э тиьиллэр.Кинигэ утуо5э иитэр, омсолоох быьыыттан тэйитэр.
Киьи бастатан туран, ойо–санаата, дууьата сайдыахтаах, ыраастаныахтаах. Онно кинигэни аа5арбыт тирэх буолла5ына эрэ, сана уйэ сайдыылаах дьонун кытта тэннэ хардыылыахпыт. Ону о5олорго ойдотон, ко5улээн аа5алларын ситиьиэхтээхпит. Маннык сыалы- соругу туруорунуохха.1.Былаан чэрчитинэн кылаас таьынан аа5ыыга утумнаах улэни ыытыы 2.Олохтоох библиотеканы, библиотекары кытта сибээстээхтик улэлээьин
3. Тороппуттэр о5олорун аа5арга угуйалларын кө5улээьин.
4. О5о кинигэни аа5ар ба5ата куодьуйэрин курдук ,араас, улэ коруннэрин тэрийии.
5.Аа5ааччылар кулууптарын тэрийии.
6. Кинигэ комотунэн о5ону сиэргэ-майгыга иитии.
А5ардас кинигэни аа5ыы культурата киьини уерэтэр- такайар куустээх. Кинигэ5э тапталы иитии, толкуйдата уорэтии, кинигэни аа5ыыга ой -санаа уостубат наадыйыытын уоскэтии, аа5ыы культуратын урдэтии — бугунну учуутал, иитээччи, тороппут сурун соруга .
Кинигэ киьи уонна бутун общество оло5ор суолтата олус улахан. Кинигэ — биьигини ааспыты уонна кэлэри кытта сибээстиир куус. Кинигэ- тулалыыр эйгэ кистэлэннэригэр киирэр суол. Кинигэ — киьи ойун -санаатын, дууьатын, майгытын — сигилитин араас оруттэрин арыйар кулуус.
Кинигэ туьунан маннык сыаналаах быьаарыыны биэрбиттэрэ: «Кинигэ – биир колуонэ атын колуонэ5э хаалларар духовнай кэриэьэ… Кинигэ - биьиги билинни эйгэни баьылааьынна киирэр докумуоммут; кини – кэлэр кэм программата».
Олох санаттан сана эйгэтин арыйан, колуонэлэр опыттарын инэринэн, кинигэ нонуо о5о бэйэтин ойун, чувствотын сайыннарар, олоххо бигэ коруутун чочуйар, бэйэтин -бэйэтэ сыаналыыр, иитэр. Кинигэни дьаныьан аа5арга уорэтии — олох олорорго уорэтии буолар.
Духуобунай сайдыы тордо – кинигэ. Бу киьи бэйэтин сайыннарыыта, кини урдуккэ, ырааска, утуо сыьыанна тардыьыыта буолар. Бэйэни ииттинии, сайыннарыы киьиэхэ оло5ун устатын тухары тиьигин быспакка барар. Кинигэни аа5ыы - бу ой улэтэ. Кинигэ5э тапталы иитии, толкуйдата уорэтии, кинигэни аа5ыыга ой -санаа уостубат наадыйыытын уоскэтии, аа5ыы культуратын урдэтии — бугунну сурун сорукпут.Биьиги кинигэбит анардас духуобунаска эрэ буолбакка, о5ону сиэрдээх – майгылаах буоларга эмиэ уорэтэр.
Олохпут балысханнык сайда турар кэмигэр о5ону киһилии сиэрдээх- майгылаах гына иитэр уустугуран иһэр. Омук- омук бэйэтэ туспа үгэстэрдээх, үтүө сиэрдээх.Онно оло5уруу о5ону иитии- такайыы биир сурун тирэ5инэн, ирдэбилинэн буолла.
Саха о5отун иитэр сүрүн тосхоло сэмэй майгылаах, үүнэ-тэһиинэ суох бас-баттах майгыттан туттунар, сиэрэ суох быһыыттан тардынар киһилии киһини иитэн таһаарыы буолар. Утуе сиэрдээх-майгылаах киьини уйэттэн- уйэ5э ере туталлар, сыаналыыллар. Кэрэ киьи диэн ейдебулэ киэн, киьи тас керунунэн эрэ буолбакка, кини ис дууьатын, майгытын , дьонно сыьыанын кердерер. Киьи тас кестуутэ эрэ кэрэтэ татым. Ис дууьа кэрэтэ диэн ейдебул баар. Ол аата эйэ5эс, аьыныгас, олоххо кэрэни, кэскиллээ5и кемускуургэ бэлэм, оруннаах тус санаалаах, ыраас суобастаах, сэмэй, боччумнаах, дуоспуруннаах итинтэн да атын утуе хаачыстыбалардаах киьини ааттыахха сеп. Киьи дууьатын кэрэтэ этическэй уонна эстетическэй иитиититтэн тутулуктаах.
Сиэр-магы туьунан туьунан уерэтэр- такайар, ыйар-кэрдэр, утуе субэлэр, куьа5антан туора турар соргулаах этиилэр, мунаарпыт, мунчаардыбыт то5олор эппиэттэрин барытын кинигэттэн булабыт..
Бу курдук, кинигэ киьини ис хоьоонунан утуе5э угуйар, кэрэ5э уорэтэр.
Билигин угус о5олор кинигэни олох аахпат буоллулар.Урут о5о барыта библиотека5а сылдьар, аа5ааччы дневнигын оностор, тоьо кинигэни аахпытынан куоталаьар эбит буолла5ына, билинни о5о сыл устата биир да5аны кинигэни аахпатах тубэлтэтэ эмиэ баар.Кинигэни аахпат о5о билиитин-коруутун таьыма молтох, учугэйгэ тардыьыыта, кэрэ5э умсугуйуута ээл-дээл буолар.
Бу маннык тугэннэ , оскуола, дьиэ –кэргэн, общественность, библиотека буттуун кууьу, субэни тумэн улэлээтэхтэринэ эрэ биллэр – костор ситиьиилэниэн соп.
Ол курдук, кылаас таьынан литература5а ыытыллар улэлэр коруннэрэ араастар. Кэмиттэн – кэмигэр ыытыллар аа5ааччылар конференциялара, литературнай, юбилейнай биэчэрдэр, нэдиэлэлэр, литературнай аа5ыылар куннэрэ, куруьуоктар, кинигэни таптааччылар обществоларын, литературнай тумсуулэр уонна музейдар улэлэригэр кыттыы буолуохтарын соп.
Литературнай куруьуоктарга, кулууптарга маннык улэлэр тэриллиэхтэрин соп:
-кинигэ быыстапкатын тэрийии;
-булугас ойдоохтор курэхтэьиилэрин тэрийии;
-литературнай биэчэрдэр сценарийдарын оноруу;
-литературнай сонуннары иьитиннэрии;
-«Кинигэ, уьун уйэлэн!» операцияны тэрийии;
-кинигэни харыстааьын, харайыы туьунан бэсиэдэлэри ыытыы;
-сана тахсыбыт кинигэлэри билиьиннэрии.
Маны таьынан, библиотека – оскуола урдунэн кылаас таьынан аа5ыы тэрээьинигэр учууталы кытта тэннэ эпиэттэьэр биир сурун куус.
Библиотекарь сыллаа5ы улэтин былаанын онороругар учууталы кытта субэлэьэн, кинилэр былааннарын учуоттаан онордо5уна эрэ, биир суруннээх улэ тутуьуллар кыахтанар.
Библиотека о5о аа5аачы быьыытынан культуратын урдэтиигэ, киниэхэ билиини инэриигэ анал программалаах. Бу программаны кытта учуутал эмиэ билсиьэрэ наада.Программа толоруллуутугар анардас библиотечнай уруоктарынан мунурдаммакка, араас кылаас чаастарын, предметнэй уруоктары уонна да атын тугэннэри библиотекарь туьанар.
Оттон, уорэнээччи дьиэтээ5и аа5ыытын, аа5ар усулуобуйатын тэрийиигэ, хонтуруоьуллааьынна тороппуту быьаччы комо5о тардыллар.
Дьиэ – кэргэн сахалыы уус – уран кинигэ мунньунан библиотека тэриниитэ, тороппут хайдах, тугу, тоьо аа5ара, аахпытын туьунан о5олорун кытта санаатын уллэстиитэ кинигэ5э интэриэьи, аа5ар ба5аны уоскэтэр, ко5улуур.
Холобур, Тороппут Моякунова Христина Захаровна СР доруобуйатын харыстабылын туйгуна, урдук категориялаах мед.сиэстэрэ кинигэ туьунан маннык санаалаах: Бу элбэх кинигэ уйэтигэр о5олорго олус наадалаах, жанрынан, ис хоьоонунан соп тубэьэр кинигэни талан аахтарар ыарахан. Бу сана уунэн эрэр киьиэхэ, кини ыйытар, интириэьиргиир боппуруостарыгар эппиэттииир кинигэлэр наадалар.
Аа5ыллыбыт кинигэлэртэн о5олор аан дойдуну анааран коруулэрэ, майгылара, толкуйдуу уорэнэллэрэ, араас кыаллар-кыаллыбат боппуруостарга ойдоон-тойдоон эппиэт булалларыгар комолоьор. О5о5о бары жанр барыта наада: хоьоон, остуоруйа, фантастика, улуу дьон оло5о, история, наука, сэрии, кинигэ-субэ, кинигэ-инструкция, аа5ааччы бэйэтин туьунан, о5о саас туьунан. Психологическай сэьэннэр, кэпсээннэр, дьиэ-кэргэн, оскуола туьунан.О5олору до5ордоьуу, таптал, улахан дьону кытта сыьыан, хорсун быьыы, «биьиэнэ-миэнэ», чиэьи харыстааьын — барыта интириэьиргэтэр.
Мин санаабар, о5ону сана киьини ойдоон коруо5уттэн ыла кинигэни билиьиннэриэхтээхпит, о5о 3 сааьыгар ордук бол3омтолоохтук ылынар эбит.О5о ыраас кырааскалаах, онноох кинигэни, сурунаалы интириэьиргиир, учугэй музыканы истэ уорэнэр.
Кинигэ аа5ыыта буолла5ына, тороппут кинигэ дуу, сурунаал дуу о5о5о эмиэ кордорон кэпсии уорэтэр. Кинигэни интириэьиргэтии табыгастаах кэминэн о5о санарар буолбутун кэннэ, оскуола5а киириэн иннинээ5и кэм. Билигин кинигэ арааьа элбэх, наадалаа5ы талан эрэ ылыахха наада.
Манан тумукпэр этиэхпин ба5арабын бу бырайыакпытынан соптоох хайысханы тутуспут буоллахпытына, уорэх сылын бутуутугэр уорэнээччилэрбит кинигэни аа5ыылара эбиллиэ5э. Ону таьынан бэйэлэрэ ба5аран туран аа5алларын ситиьиэхпит.Улэ сылын аайы утумнаахтык сал5анан барда5ына, оскуоланы бутэрэллэригэр сиэр майгы ортунэн иитиллиилээх, киэн билиилээх- коруулээх, литератураны сатаан туьанар, улэлиир, уорэнэргэ бэлэмнээх дьон иитиллэн тахсалларыгар комо-тирэх буолуо.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ньымалара.
Норуот утуо угэстэригэр тирэ5ирэн о5ону иитии ханнык да кэмнэ кодьууьэ улахан буолуо5а ....
Доклад на тему "Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии"
Саха народнай суруйааччыта Н.А.Лугинов айымньыларыгар уол о5ону иитии үгэстэрэ...
Сылгыны иитии - уруулуу омуктардыын
Уруулуу омуктардыын сылгыны иитиигэ маарыннаһар өрүттэри тэҥнээн көрүү, тыл-өс өттүгэр үгүс холобурдары булуу....