Оhуокайдар "Нидьили барахсан", "Э5эрдэлээх эhиэкэй".Саха танаhын хоhуйуу.
материал по теме

Ефимова Евдокия Даниловна

Оhуокай "Нидьили барахсан" , "Э5эрдэлээх эhиэкэй", Саха танаhын хоhуйуу"   автор Ефимова Е.Д.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл nidili_barahsan.docx14.64 КБ
Файл e5erdeleeh_ehiekey.docx15.24 КБ
Файл saha_tanahyn_duhuyuu.docx17.99 КБ

Предварительный просмотр:

Ньидьили барахсан

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Орто туруу дойдукаам

Отум-маhым ко5орон

Киирбэт куннээх сайыммыт

Уоттаах толон куйааhа

Сирилэччи тыгыыта

Тыыгынаахтаан санарар

Бырдахчааным туhуутэ

Сайылыгым барахсан

Унаар тор5о буруота

Халын тыабыт урдунэн

Тунуйаахтаан та5ыста.

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Тыаллыын бииргэ сырсыhар

Туорэм уктэл туйахтаах,

Чороңнуурэ кулгаахтаах,

Ахсым айан до5ордоох

Соно5остуур атастаах

Сыыдам-сырыы тутуулаах

Хара бэкир сирэйдээх

Хорсун-хоодуот майгылаах

Бостуук уолбут Суодэрбит

Ынах уурэр саната

Сааhаабыты унуордаан

Сатараахтыы иhиллэр.

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Ыар5а талах быыhынан

Хоро5ордуур муостардаах

Ааныс таптыыр ына5а,

Ньидьилибит барахсан

Кугас онноох дьуhуннээх

Собо суохтуур истэрдээх,

Кыра сотолоох ата5ын

Онно-манна уурталаан,

Тусахта бэлиэ тоботун

Уна-ханас быра5ан,

Тиэтэл-бо5о буолаахтаан,

Кунускулуур ыамыгар,

Мата5а курдук синньигэр

Урун быйан кэhиилээх

Кэлэн иhэр, до5оттоор!

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Эбир ыhыах кунугэр

Иэйиэхсиппит кулуохтун,

Иитэр суоhу куруолэнэн

Уруолээх торбос элбээтин.

Солко куо5э оттордоох

Ходуhабыт иhигэр,

Хотор хотуур тырылаатын,

Кыраабыл тимир кырылаатын,

Ырыа-тойук аргыстаах,

Кургуом улэ кунугэр

Ыччат дьонум ыпсыhан

Кыстыккытын быhаарар

Толколордоох кэмнэргэ

Кыттыhыа5ын, сэгэрдээр!

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Эбээх боhуолэгэ

Тыа хаhаайыстыбатын сылыгар.

Ийэ тэнэ саныыр, тулаайах бэйэбитин ииппит, 1969 сыллаахха «Лучшая доярка ЯАССР» аатын сукпут, ыанньыксыт Слепцова Анна Васильевна сырдык кэриэhигэр ананар.



Предварительный просмотр:

Э5эрдэлээх эhиэкэй

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Самаан сайын кэлиитэ,

Кэ5э кыылбыт этиитэ,

Мутукчабыт тыллыыта,

Чэчир оппут тахсыыта,

Куммут куускэ тыгыыта,

Талыы-мааны хонуулаах

Халымалыыр дойдукаам

Халын тыатын урдунэн

Саха таптыыр оонньуутун

Оройуттан тутуо5ун!

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Эдэр-сэмэй эрдэххэ,

Кыбыстаммыт турбакка

Кэри-куру буолбакк,

Сиhи куускэ коннорон

Сири-буору корбокко,

Тонолохтон тутуhан

Илин диэки эргийэн,

Тэбис-тэннэ уктэнэн

Сирэм куохтэн тирэнэн,

Долгулдьуhан хаамсыа5ын!

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Чэйин эрэ чэкийдэр,

Алама5ай санастар,

Эдэрдиирэ кийииттэр,

Кынталдьыгас кыргыттар,

Туруйа курдук уолаттар,

Туруу-мааны эрэттэр,

Э5эрдэлээх ункуубэр

Саха дьонун сиэринэн

Уорэн-котон тураммыт,

Оhуокайы тардыа5ын!

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Ханыылаахай тылларбын

Хааhахпыттан хостооммун

Хомут уоспун хоңнорон

Хоhоон-ырыа онорон

Кылыhахтаах куоласпар

Холбуу тутан ыллыырбын

Кырдьа5астыын сэнээрэн,

Кэккэлэhэ турдаргыт

Куорэгэйдии сананан

Куох халлаанна котуо5ум.

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Халымалыыр оруhум

Халын мууhун ыытыыта,

Со5уруулуур сирдэртэн

Эриэн онноох которум

Хомуллаахтаан кэлиитэ,

Тынкынастаах саналаах

Бырдахчааным туhуутэ,

Чэчир куо5у анньаммыт

Саламаны ыйааммыт

Тунал ыhыах ыстыбыт.

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Кэлин кэрдиис кэмнэргэ,

Кэнчээрилиир ыччатыам.

Обугэбит угэhин

Умнан-тумнан турбакка,

Хомуhуннаах хомуhун,

Кылыhахтаах тойугун,

Дьиэрэнкэйдиир ункуутун

Оhуокайдыыр оонньуутун

Оhуор онноох танаhын

Саха дьоhун киэргэлин

Уйэлэргэ ааттатын!

Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Уоруулэрбин уллэстэн

Кэлэн корбут дьоннорго,

Ба5арабын эhиэхэ,

Куннээх сырдык халлааны,

Ыраас сайдам санааны,

Алама5ай кэргэни,

Олонхолуу эттэххэ,

Сэттэ кыталык кыысчааны.

То5ус туруйа уолчааны,

Уонча кыра сиэнчээни! Оhуокайдыыр оhуокай!

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Евдокия Ефимова

1995 сыл Эбээх боh.



Предварительный просмотр:

Саха танаhа

(Быhа тардыы)

Оhуокайдыыр оhуокай,

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Халымалыыр сирдэрбэр

Самаан сайын салаллан

Сирэм хонуу урдугэр

Силигилээн ситээхтиир

Сиэдэрэйдиир сибэкким

Дьикти, дьиибэ, эриэкэс

Ойууларын кэрэтин

Кэрэхсээммин короммун

Оhуор-бичик онорон

Хотойдуура соннорбор*

Таналайдыыр ойууну

Кэккэлэтэ туhэрдим .

Оhуокайдыыр оhуокай,

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

Со5уо дьа5ыл* дьуhуннээх

Кыталык ала* оннордоох

Ханаластыыр быччыннаах*

Дьоhогойдуур о5окком

Симэхтэрин, киэргэлин

Чапараактыыр кычымын

Сиэдэрэйдээх костуутун

Кэhиэччиккэ танаммын

Уна-ханас оттубэр

Ко5уор оhуор ойуутун

О5уруонан аттаран

Кэчигирэтэн кэбистим.

Оhуокайдыыр оhуокай,

Эhиэкэйдиир эhиэкэй!

*Хотойдоох сон XVII уйэ5э Орто Халыма5а суктэр кыыс кэппит са5ынньа5а. Саамай былыргы сон. Сону араас туулээ5инэн, сарыынан киэргэтэллэр эбит. Энэригэр тууллээх хотойу ылан тикпиттэр. Сахалар атын да оноhуктарыгар хотой ойуутун тигэллэр эбит. Ити кинилэр хотойу ытыктыылларын костуутэ.

    «Хотойдоох сон», ол эбэтэр, «Кула сагынньа5ын» туhунан элбэх кэпсээн уос номо5о буолан, тас дойдуларга тиийэ тахсыбыта. Ол курдук, Америкатаа5ы естественнэй наука музейыгар биэс хотойдоох сон харалла сытар эбит буолла5ына, биhиги кыраайы уорэтэр музейбытыгар биир баар. Бу сагынньа5ы, краевед Бандеров Николай Спиридонович ийэтэ, Маарыйа эмээхсин эргэ тахсарыгар энньэгэ кэтэн кэлбит. Онон, бу сон Хатыннаах боhуолэгиттэн кэлбитэ.

    Кохсугэр хотой ойуута ойууламмыт соннор Алаhыай урэх сунньугэр олорооччуларга киэнник тар5аммыт. Ол Сыбаатайга ордук элбэхтик бэлиэтэнэр. Бастакы уонна Иккис Ханалас олохтоохторо ойдууллэринэн улахан байдар, эбэтэр былыргы ойууттар уонна а5а баhылыктар айанна кэтэр сонноро дииллэр. Бу сон туhунан Иккис Ханалас олохтоо5о Алексей Ильич Гуляев 80 саастаа5ар кэпсээн турар. Историческай наука доктора Светлана Ивановна Петрова мин туhэрбит хаартыскабын бэйэтин докторскай диссертациятын комускууругэр киллэрэн турар. З.И. Иванова-Унарова маннык хотугу дойду соннорун уорэппитин туhунан улэтигэр эмиэ баар.

    «Хотойдоох сон» биир дьиктитинэн, кулун тириититтэн тигиллэр эбит. Онно сырдык-саhархайдыны эбир иэннэрдээх, кохсугэр хотой харана тириитэ, тулата буобур кытыылаах буолар. Туох суолталаа5ын ыйыппыппар, 78 сааhыгар сылдьар Филипп Егорович Третьяков: «Киhи кохсун тыната кэбирэх сирэ, ону хаххалыыр икки тына диир буолаллара» - диэбитэ. А.И. Гуляев, хотой кынаттарын саратан турарыгар майгылыырын корон: «Обугэлэрбит ордук хотой кыылга сугуруйэллэрин бэлиэтэ» - диэбиттээх. Кулун сагынньах оhуора сурдээх элбэх. Иистэнньэн хас биирдии сиик костубэтин курдук сымна5ас сарыынан сирийэн тигэр эбит. Тимэхтэрин оннугар быа эбит буолла5ына, кэлин араас тимир тимэхтэри тикпиттэр, са5атыгар сэдэхтик костор саарба, саhыл кутуруга. Манна костор оhуордар сон аллараа байбаратыгар бааллар уонна илин энээригэр, уhун уонна харана тыстан тигиллибит, араас айыл5а костуутэ, дьукээбил, булчут хайыhарын суола, ураhа, дьахтар уонна эр киhи эбэтэр, урун-хара арахсыспат ситимнэрэ сиэттиhэ сылдьаллар. Бу биир сонтон араастаан уhуйээни, номо5у холбоон элбэ5и кэпсиэххэ соп (Марина Винокурова, музей урукку научнай сотруднига 06.01.07 с. Орто Халыма куората, Н.С. Бандеров, А.Н. Бережнова «Среднеколымский краеведческий музей» 2008, 80 сир).

*Со5уо дьа5ыл, суку ма5ан, куньньугун уола – диэн былыргы саха сылгытын дьуhуннэрэ уонна ааттара (Сэhэн Боло «Лиэнэ5э нуучча кэлиэн иннинээ5и саха оло5о» 309 сир).

*Кыталык – ат (А.Е. Кулаковскай).

Кыталык Ала – Орто Халыма кыhыл элэмэс (Диалектологическай тылдьыт 140 сир).

*Быччынар урун, эбир кэрдиис онноох сылгыны ханалас быччыннаах дииллэр (Сэhэн Боло «Лиэнэ5э нуучча кэлиэн иннинээ5и саха оло5о» 315сир).


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Интегрированный урок музыки и якутской литературы "Саха норуотун ырыатын коруннэрэ"

Тема урока:«Стили якутской народной песни»Цель урока: Познакомить детей с особенностями звучания «дьиэрэтии» и«дэгэрэн» ырыа на основе примеров оперы-олонхо «Нюргун Боотур».Задачи:- образовательные: П...

Моя родина – Республика Саха (Якутия)

Данное занятие сформировывает понятие о любви к родине, как одной из главных нравственных ценностей, повествует о праздниках, городах, реках  Республики Саха (Якутии)....

Анализ мероприятий по проведенной Неделе химии в МКОУ СОШ № 10 п.Лебединый Алданского района Республики Саха (Якутия)

С 10 мая по 19 мая 2011года в МОУ СОШ № 10 была проведена «Неделя химии». Для проведения Недели химии был составлен план проведения мероприятий( прилагается), дата проведения и назначены ответст...

План проведения Недели химии в МКОУ СОШ № 10 п. Лебединый Алданского района Республики Саха ( Якутия)

В данном документе подробное планирование мероприятий, проведенных в рамках Недели химии в школе, а также сценарии мероприятий. Анализ данной Недели в отдельном документе " Анализ Недели химии в МКОУ ...

Классный час.Презентация.Интеллектуальная игра по теме:Государственное устройство Республики Саха (Якутия)

.Интеллектуальная игра для 10-11 классов по теме : Государственное устройство Республики Саха ( Якутия)...

Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия) Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия)

1) формировать понятие о любви к родине как одной из главных нравственных ценностей;2) развивать мышление, коммуникативные качества личности;3) воспитывать патриотические чувства к родному краю....

Программа элективного курса "Саха терут аьа" (Традиционная кухня саха) в 5 классе

Программа "Традиционная кухня саха" знакомит учащихся 5 класса с кухней народа саха сезонно. Программа рассчитана на 24 часа, в месяц по 2 часа. Каждый месяц занятие посвящается одному ...