Сылгы- саха танарата
статья по теме
Сылгы- саха норуотун миинэр минэтэ, ампаардаах аьа. колунэр колото. Саха о5ото кыра эрдэ5иттэн сылгыга сыстан, таптаан обугэлэрин утуо дьарыгын сал5ыырыгар кыым са5ыы наадалаах.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
scenariy_doogoy_o5oto_biecher.docx | 24.46 КБ |
Предварительный просмотр:
«Дьөһөгөй о5ото- саха үӊэр таӊарата» дьоро киэһэ сценарийа
Музыка тыаһыыр. Ат үӊкүүтүнэн биэчэр аһыллар. ( 8 кылаастар толорууларыгар)
Костя. «Олоӊхо бухатыырын ата» тема5а оскуола5а ыытыллыбыт олоӊхо нэдиэлэтин «Дьөһөгөй о5ото –саха үӊэр таӊарата» диэн түмүктүүр дьоро киэһэтин са5алыырбытын көӊүллээн.
Люда Биһиги сахалар сүдү духовнай баайбыт –Олоӊхобут- киһи- аймах айбыт чулуу айымньыларын шедевринэн ааттаммыта. Бу -бүтүн саха норуотун киэн туттуута , өрөгөйө.
Олонхо -улуу айымньы. Саха норуотун олорбут оло5о, сырдыкка тардыһыыта, ба5а санаата барыта түмүллүбүтэ.
Костя Олонхо сүрүн геройа –бухатыыр. Олоӊхо бухатыырын арахсыбат аргыһа, көтөр кыната, сүүрэр ата5а, эрэллээх до5оро сылгы буолар. Сылгы олоӊхо биир сүрүн уобараһынан буолар. Хас биирдии олоӊхо бухатыырын ата тус-туспа ойууланар.
Люда Кун Дьирибинэ « Күөнэ кө5өччөр аттаах. Күөнэ кө5өччөр диэн түөһүн өӊө күөхтүӊү өӊнөөх сылгыны ааттыыллар.
Буура Дохсун ата- буулуур өӊнөөх.
Ону субу курдук хоһуйуллар:
«Дьөһөгөй о5отун
Буурай ча5аан кө5үлүн
Буур5а тыал бурайа о5уста,
Курбуу көмүс кутуругун
Холорук тыал хомуйа о5уста.»
Костя Сергей Васильев Айыы Дьура5астай бухатыыр олоӊхотугар ат сындалыйбат сэниэтин, кө5үрээбэт күүһүн бу курдук суруйар:
«Ат сылгы алыстаа5а быһыылаах,
Кэтит түөстэх киппэ агдалаах,
Киэӊ таныылаах,
Уһунньукка уорбаланыах,
Сүүрүккэ сөптөөх сүөһү о5ото буолла.»
Люда П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур олонхотугар Ньургун Боотур ата:
«Дьулусханнаах дьулуо маӊан халлаан
Дьураатыгар тура төрүөбүт
Дьулусхан субуйа сүүрүк
Дьураа хара ат барахсан» диэн хоһуйуллубут.
Урун Уолан ата «Үрумэччи маӊан ат»
Үрүмэччи маӊан ат диэн үүт манан сиэллээх кутуруктаах, ханан да кыырпа5а суох ыраас манан сылгыны ааттыыллар.
Костя 5 кылаас коллективын толоруутугар «Урумэччи манан ат.»
Люда Саха киьитэ сылгытын хоьуйан тойук гынан туойар, чабыр5ахтаан ча5аарар.
Тиис хамнатар дьэллик элэмэс
Уос хамнатар уьун улан
Мурун хамнатар мускулла буулуур
Иэдэс хамнатар элгиэлимэ элэмэс
Харах хамнатар халыан хара.
Аман Иванов, Гриша Амбросьев толорууларыгар…………………………..
Костя Сылгы дьыл кэмиттэн дьуьунэ уларыйан иьэр.
Костя Аман Иванов толоруутугар «Кулунчук»
Люда Ат барахсан саха киьитин мииниллэр минэтэ буолан түөрт түөрэм туйа5а лочугураан хоту- со5уруу сындалл5аннаах айан суолун сыыйда5а. Ат тэрилэ олус элбэх. Сайын кыьын келуйуллэр тээбиринэ үгүс. Бугун о5олор дьоьогой о5отугар сыьыаннаах малы-салы тумэн выставка тэрийбиттэрэ, бэйэлэрин илиилэринэн тигэн чаппараах онорбуттара, уруьуйдабыттара хай5аллаах суол.
(Людмила Афанасьевна Слайданан корон кылгастык кэпсээьин)
Карина Михайлова толоруутугар……………………………………………….
Костя Саха сылгыга тапталын хоьоонугар эрэ холбообото5о, ырыатыгар эрэ ыпсарбата5а, киэргэтэн -симээн баран дьоруолата эрэ айаннаабата5а. Хохуоралаах тыллаах, хоӊкунас тыастаах хомуьун дьүрүскэннээх тойугар дьүрүһүтэ туойбута.
(Айархаан болох толоруутугар «Ат тэтииминэн» дьуьуйуу)
Люда Олонхо5о саха Дьөһөгөй о5отун киьилии санардар, көтөр кынаттыыр, үс дойдуну түөрэ ытыйар ахсым сырыылыыр кулгаа5ын иьигэр иччитин саһыарар алыптаах албастыыр. Атын ар5аьыгар хап гына хатана туьэн, «тиит ойуур устун тилигирэтэ дьоруолатар, куруӊ тыа устун куйаарда көтүтэр.»
6 кылаастар толорууларыгар……………………………………………………..
Костя Уордаах Дьоьогой Айыы о5олорун ат сылгы туьунан төһөлөөх алгыска ахтылынна5а, олонхо тойугар хоьулунна5а буолла. Саха тылынан айымньыта бүтүүнэ да5аны саханы саха гыммыт сылгы барахсанна өрөгөйдөөх гимн кэриэтэ.
Киэргэлин -симэ5ин толору симэнэн, оһуордаах сэргэ5э хантаччы бааллан туран, сиэлэ -кутуруга бураллан, таныыта тардыр5аан, көрөн- истэн чөрбөӊнөт турар сылгы барахсаны хайа харах хай5аабат буолуой?!
(Людмила Афан-а Ат симэ5ин туьунан презентацияны коруу)
Афоня Егоров толоруутугар…………………………………10 кыластар………………
Люда Сылгы баар буолан саха киьитин оло5о уьаабыта, уйгута тупсубута. Ар5аьыттан тэьииннээ айыы айма5ын самнан биэрбэт саргытын сылгы салайсыбыта, ат барахсан араначчылаабыта. Сыспай сиэллэхпит сыьыы-сыьыы мунунан сырыыр5ыырын тухары саха дэтэн сатарыахпыт, ураанхай буолан ууьуохпут.
Ат туьунан ырыа тыаьыыр.
Костя Манан дьоро киэьэбит тумуктэнэр, нэдиэлэни тэрийсибит Галина Яковлевна Коколова5а, Людмила Афанасьевна Данилова5а, музыкальнай нүөмэрдэри бэлэмнээбит Зинаида Георгиевна5а, кыттыбыт бары о5олорго махтанабыт.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Интегрированный урок музыки и якутской литературы "Саха норуотун ырыатын коруннэрэ"
Тема урока:«Стили якутской народной песни»Цель урока: Познакомить детей с особенностями звучания «дьиэрэтии» и«дэгэрэн» ырыа на основе примеров оперы-олонхо «Нюргун Боотур».Задачи:- образовательные: П...
Моя родина – Республика Саха (Якутия)
Данное занятие сформировывает понятие о любви к родине, как одной из главных нравственных ценностей, повествует о праздниках, городах, реках Республики Саха (Якутии)....
Анализ мероприятий по проведенной Неделе химии в МКОУ СОШ № 10 п.Лебединый Алданского района Республики Саха (Якутия)
С 10 мая по 19 мая 2011года в МОУ СОШ № 10 была проведена «Неделя химии». Для проведения Недели химии был составлен план проведения мероприятий( прилагается), дата проведения и назначены ответст...
План проведения Недели химии в МКОУ СОШ № 10 п. Лебединый Алданского района Республики Саха ( Якутия)
В данном документе подробное планирование мероприятий, проведенных в рамках Недели химии в школе, а также сценарии мероприятий. Анализ данной Недели в отдельном документе " Анализ Недели химии в МКОУ ...
Классный час.Презентация.Интеллектуальная игра по теме:Государственное устройство Республики Саха (Якутия)
.Интеллектуальная игра для 10-11 классов по теме : Государственное устройство Республики Саха ( Якутия)...
Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия) Воспитательное занятие Моя родина – Республика Саха (Якутия)
1) формировать понятие о любви к родине как одной из главных нравственных ценностей;2) развивать мышление, коммуникативные качества личности;3) воспитывать патриотические чувства к родному краю....
Программа элективного курса "Саха терут аьа" (Традиционная кухня саха) в 5 классе
Программа "Традиционная кухня саха" знакомит учащихся 5 класса с кухней народа саха сезонно. Программа рассчитана на 24 часа, в месяц по 2 часа. Каждый месяц занятие посвящается одному ...