Главные вкладки
Хобусаров Софрон Романович
Учитель якутского языка и литературы
Профессия: учитель
Профессиональные интересы: Современные образовательные процессы
Увлечения: Охота
Регион: Республика Саха(Якутия)
Населенный пункт: Хоро
Место работы: МОУ Хоринская СОШ им. Г.Н. Чиряева
Навигация
Ссылка на мой мини-сайт:
https://nsportal.ru/soppuruon«Учуутал килиэбэ – эрэйинэн кэлэр килиэп. Ол эрээри ити килиэби чахчы боруостаатым дии саныыртан ордук улахан дьол суох...»
О себе
Работаю учителем якутского языка вот уже 18-й год. Закончил факультет якутской филологии и культуры Якутского государственного университета.
Книги, которые сформировали мой внутренний мир
"Сүрэх тэбэрин тухары", "Дьону үөрдэ сырыттарбын" Софрона Данилова
Мой взгляд на мир
Оҕо куһаҕан кэмэлдьилэнэн төрөөбөт. Кини хайдах киһи буолара биһигиттэн, улахан дьонтон, бастатан туран, учууталлартан уонна төрөппүттэртэн тутулуктаах. Биһиги үчүгэйдик ииттэхпитинэ, кинилэр үчүгэй дьон буолуохтара...»
Моё портфолио
Сүрэх тэбэрин тухары... (Пока бьётся сердце)
«Учуутал үлэтэ үөрэх, өй үлэтэ эрэ буолбатах, сүрэх үлэтэ.
Бу үлэҕэ ыраас сүрэхтээх эрэ киһи үлэлиэхтээх...»
(Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин тухары» романыттан)
Оҕо сааспыттан саха суруйааччыларын айымньыларын умсугуйан туран ааҕарым. Ордук Софрон Данилов романнарын, Иван Гоголев драмаларын, Алампа хоһооннорун. Ол гынан, улааттахпына туох идэлээх үлэһит киһи буоларым туһунан санаа киирбэтэ.
Ø «Учуутал оҕоҕо саамай өйдөөх, саамай билиилээх, саамай кырасыабай киһи буолан көстүөхтээх. Кини бэйэтин бириэмэтин дьиҥ-чахчы бастыҥ киһитэ буолар. Кини оҕоҕо тыыннаах холобур буолуохтаах...»
Ø «Учуутал түөһүгэр хайа да киһи киэнинээҕэр уйан уонна тыйыс, үтүө уонна дьэбир, чуор уонна аһаҕас сүрэх тэбиэхтээх...»
Ø «Оҕо куһаҕан кэмэлдьилэнэн төрөөбөт. Кини хайдах киһи буолара биһигиттэн, улахан дьонтон, бастатан туран, учууталлартан уонна төрөппүттэртэн тутулуктаах. Биһиги үчүгэйдик ииттэхпитинэ, кинилэр үчүгэй дьон буолуохтара...»
Төрөөбүт тыл уонна литература учуутала оҕо киһилии сиэрдээх-майгылаах, дьон-сэргэ иннигэр эппиэтинэстээх буола улаатарыгар уус-уран литература көмөтүнэн оҕоҕо дьайыахтаах.
Хас биирдии тыл учуутала үлэтигэр бэриниилээх буоллаҕына, уруогар сырыы ахсын кыра да сонун ньыманы, албаһы туһаннаҕына, үөрэнээччигэ айымньыны ылынар, өйүн күүһэ, кыаҕа, айар умсулҕана уһуктуутугар тирэх биэрэр. Кини киһи быһыытынан бэйэтин сыаналанарыгар, онтон сиэттэрэн аттынааҕы дьону ытыктыы, убаастыы үөрэнэр.
Ø «Куһаҕан архитектор буорту гыммыт дьиэтин акылаатын көтүрэн көннөрүөххэ сөп. Оттон куһаҕан учуутал буорту гыммыт дууһатын көннөрөр күчүмэҕэй...»
«Учуутал килиэбэ – эрэйинэн кэлэр килиэп. Ол эрээри ити килиэби чахчы боруостаатым дии саныыртан ордук улахан дьол суох...» -диэн Софрон Данилов тылларыгар сөбүлэһэн туран, бэйэм санааларбын түмүктүүбүн
Добавить творческую работу ученика
Код для вставки списка публикаций на другие сайты