Программа внеурочной деятельности "Мин төрөөбүт дойдум"
календарно-тематическое планирование (1 класс)

Дария Христофорова

Рабочая программа, календарно-тематический план внеурочного занятия "Мин төрөөбүт дойдум". Программа по патриотическому воспитанию малдших школьников.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon Мин төрөөбүт дойдум80.5 КБ

Предварительный просмотр:

 «Мин төрөөбүт дойдум»

Алын сүһүөх кылаастарга (1-4) кыраайы үөрэтэр, чинчийэр хайысхалаах дьарык программата

Быһаарыы сурук

Программатын актуальноһа

Российскай Федерацияҕа Федеральнай государственнай үөрэхтээһин стандарта киириэҕиттэн, иитэр үлэҕэ биллэр уларыйыылар таҕыстылар. Стандартка үөрэҕи, билиини эрэ биэрии буолбакка, иитиини тэҥҥэ тутуллар. Оҕону духуобунай сиэр-майгы өттүнэн сайыннарыыга уонна иитиигэ улахан болҕомто уурулунна.  

Программа сонуна, уратыта

Алын сүһүөх кылаастарга иитэр үлэ бары хайысхатын арыйар программалар элбэхтэр. Ол оскуола үлэлиир сүрүн хайысхатыттан, туһааннаах кылаас уратытыттан тутулуктаах буолуон сөп.

Бу программа сонуна:

  • Кыраайы үөрэтэр, чинчийэр тэрээһиннэр ыытыллаллар
  • Кылаастарынан ыытыллар тэрээһиннэр (мероприятиелар) сыл ахсын хатыланан, сыыйа кэҥээн иһэллэр;
  •  Иитэр үлэ үөрэҕи, уруок таһынан ыытыллар тэрээһиннэри кытта ыкса сибээстээх;
  •  ФГҮӨС ирдэбилигэр эппиэттиир портфолио туттуллар;
  •  Төрөппүтү кытта үлэ киэҥник ыытыллар.

Программа сүрүн принциптэрэ:

1. Оҕо сайдыытыгар, интэриэһигэр, билэр-көрөр баҕатыгар эппиэттиир темалар (принцип доступности);

2. Кылаастар икки ардыларыгар сибээс үөскэтэр (принципы преемственности, последовательности);

3. Иитэр үлэ системалаах буолар (принцип системности);

4. Үөрэҕи кытта сибээс (межпредметная связь).

Программа сыала:

Төрөөбүт дойду ураты историятыгар, кэрэтигэр, бэриниилээх, үлэһит дьонугар тирэҕирэн, Төрөөбүт дойдутунан киэн туттар, харыстыыр, чөл туруктаах патриот үөрэнээччини иитии.  

Соруктара:

1. ФГҮӨС ирдэбилигэр эппиэттиир иитэр үлэ ис тутулун, форматын байытыы, кэҥэтии;

2. Социальнай эйгэлэри кытта ыкса алтыһыннарыы;

3. Оҕо тутта-хапта сылдьар, кэпсэтэр культуратын сайыннарыы;

4. Төрөппүтү кытта үлэни дириҥэтии;

5. Хас биирдии оҕоҕо инникитин тус сайдар программатын оҥоруу.

Иитэр үлэни темаларынан былааннааһын кылаастарынан сыл ахсын кэҥээн иһэр:

1 кылаас – оҕо төрөөбүт түөлбэтэ

2 кылаас – оҕо олорор улууһа

3 кылаас – республика улуустара "Саха сирин улуустара"

4 кылаас – республика киин куората "Дьокуускай куорат"

Учуутал иитээччи быһыытынан, кылаас оҕолорун кыаҕын, интэриэһин, баҕатын учуоттаан, темаларын көрөн уларытар, ситэрэр.

ФГҮӨС ирдэбилинэн, иитэр үлэ уруок нөҥүө эмиэ көстүөхтээх. Атын уруоктары кытта сибээһэ маннык түгэҥҥэ дьүөрэлэһиэн сөп: нуучча, саха тылларыгар, литератураларыгар – Төрөөбүт дойдунан киэн туттуу, араас омуктар кульутараларын, итэҕэллэрин, историяларын кытта билсиһии, ахсаан – тэҥнээн көрүү, таблица, график, диаграмма оҥоруу, задача ис хоһоонунан сиэр-майгы тематыгар эбии матырыйаал, тулалыыр эйгэ – олорор сир-уот туругун, айылҕатын чинчийиигэ проектар, музыка – дойду ырыаларын, гимнэри үөрэтии, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство, технология – олохтоох худуоһунньуктар үлэлэрин ырытыы, дойдубут ураты кэрэтэ уо.д.а.

Үөрэнээччи араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыыта, хаһыаттарга, сурунаалларга үлэтин бэчээттэтиитэ, ааҕыыларга, чинчийиилэргэ көхтөөхтүк кыттыыта,оҕо – дойду сорҕото буоларын толору өйдүүрүгэр, бэйэтин сыаналанарыгар улахан суолталаах.  

Оҕону иитиигэ төрөппүтү кытта үлэ хайысханы барытын хабар,киэҥ, баай ис хоһоонноох буоллаҕына эрэ, тэрээһиннэр түмүктээх буолаллара саарбаҕа суох. Төрөппүттэр кыттааччы эрэ оруолун ылбакка, тэрийээччи буолаллара көҕү, интэриэһи күүһүрдэр.    

Үөрэнээччилэр сылы быһа билбиттэрин-көрбүттэрин чиҥэтэр, салгыы сайыннарар сыаллаах, үөрэх дьылын түмүктэниитэ араас айаннар былааннаналлар:

1 кылаас - нэһилиэк тэрилтэлэрэ, дойдубут кэрэ көстүүлээх, ураты историялаах сирдэригэр экскурсиялар, походтар.

2 кылаас - нэһилиэктэргэ, улуус киинигэр айан.

3 кылаас - чугас сытар улууска айан.

4 кылаас - Дьокуускай куорат музейдарыгар, театрдарга, сынньанар паркаҕа сылдьыы.

Программа хайысханы барытын арыйар

Үөһэ ахтыллыбытынан муҥурдаммакка, учуутал араас тэрээһиннэри ыытар, оҕолору кыахтарыттан көрөн “Аман өс”, чинчийэр, айар-тутар күрэхтэргэ кытыннарар.Иитэр үлэни маннык тэрийэр быдан көдьүүстээх, оҕоҕо сыал-сорук туруорунарыгар өйдөнүмтүө, көмөлөөх, бары өттүнэн сайыннарар уратылаах.  

Программа

хайысхаларынан күүтүллэр түмүктэрэ

Гражданственноска, патриотизмҥа, киһи быраабыгар, көҥүлүгэр уонна эбээһинэһигэр ытыктабылы иитии:

- Дойдутун историятын, культуратын, сокуоннарын, ытыктыыр, символларын билэр;

- Төрөөбүт дойдутун, норуотун таптыыр, ытыктыыр, киэн туттар.

Сиэр-майгы быраабылаларын, алтыһыы культуратын иитии:

-  Культурнайдык тутта-хапта сылдьар;

- Доҕотторун, дьиэ кэргэнин, саастаах дьону ытыктыыр, сыаналыыр;

- Атын омуктар культураларын ытыктыыр.

Үлэҕэ тапталы, үөрэххэ, үлэҕэ, олоххо айымньылаах сыһыаны иитии:

- Идэ арааһын, ким буолуон баҕарарын билэр;

-  Киһи үлэтин сыаналыыр;

- Үлэлиирин таптыыр;

- Тэрилтэ диэн өйдөбүлү билэр.

Айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ сыанабыллаах сыһыаны иитии:

  • Айылҕа – киһи баайа буоларын өйдүүр;
  • Айылҕаны харыстыыр;
  • Айылҕаҕа сылдьыы сиэрин-туомун, быраабылаларын тутуһар;
  • Тулалыыр эйгэ туругун сыаналыыр, тупсарар баҕалаах.

Кэрэҕэ сыанабыллаах сыһыаны иитии, идеал уонна сыаннастар өйдөбүлү иҥэрии:

  • Кэрэни таба көрөр, сыаналыыр;
  • Культура, искусство эйгэтин билэр;
  • Айар-тутар үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар.

Календарнай-тематическай былаан

Былаанынан күнэ-дьыла

Ыытыллыбыт күнэ-дьыла

Дьарык темата

1

1.09.21.

Мин түөлбэм. Дойдубут көмүс күһүнэ. Экскурсия.

2

8.09.

Мин дэриэбинэм, төрөөбүт дойдум. Экскурсия.

3

15.09.

Дойдум историята, уулуссалар ааттара. Памятниктарга экскурсия.

4

22.09.

Былыргы олох. Музейга экскурсия.

5

29.09.

Дойдум сирэ-уота. Х.Максимов уһаайбата. Экскурсия.

6

6.10.

Биһиги айылҕабыт. Айылҕабыт кэрэтэ, уратыта. “Саһыл” экскурсия.

7

13.10.

Айылҕабыт ото-маһа, үүнээйитэ. Энциклопедиянан үлэ.

8

20.10.

Биһиги тыабыт кыыллара.

9

27.10.

Ханнык көтөрдөр биһиэхэ баалларый? Кормушка оҥорон ыйааһын туһата.

10

3.11.

Өрүспүт, күөллэрбит балыктара. Муҥха – саха норуотун дьарыга.

11

10.11.

Дойдум экологията.

12

17.11.

Кыһыҥҥы уларыйыылар. Кэтээн көрүү.

13

24.11.

Дьон кыһыҥҥы үлэтэ.

14

1.12.

Сотору Саҥа дьыл! Дьиэни, хоһу киэргэтии арааһа.

15

8.12.

Хоспун киэргэтэбин. Хаар кыырпаҕын, гирлянда оҥоруу.

16

15.01.

Саҥа дьыллааҕы открытка оҥоруу.

17

22.12.

Саҥа дьыллааҕы оҥоһуктар.

18

12.01.22.

Мин дьиэ кэргэним. Мин сахабын! Сахабынан киэн туттабын. Саха омук уратыта.

19

19.01.

Мин дьиэ кэргэним, аймахтарым. Төрүччүнү саҕалааһын.

20

26.01.

Мин дьонум идэлэрэ, үлэлэрэ, дьарыктара.

21

2.02.

Дьиэбэр мин кемем, туһам.

22

16.02.

Аҕаларбытыгар бэлэх.

23

2.03.

Ийэлэрбитигэр бэлэх.

24

9.03.

Кырдьаҕас дьон үтүө сүбэтэ. Эбээлэр, эһээлэр.

25

16.03.

Иллэҥ кэм туһата. Сынньалаҥы туһалаахтык атаарыы. Иллэҥ кэмҥэ дьарыгым.

26

23.03.

Хаар ууллуутун кэтээн көрүү. Экскурсия.

27

6.04.

Ааҕар дьиэ кэргэн. Күрэх.

28

13.04.

Кэрэни кэрэхсиир дьоллоохпун. Кэрэ эйгэтэ. Галереяҕа экскурсия.

29

20.04.

Сааск үлэлэр. Оҕуруот үлэтэ.

30

4.05.

Сааскы тыаҕа экскурсия.

31

11.05.

Муу устуута. Экскурсия.

32

18.05.

Ыһыах. Ыһыах – саха омук күүтүүлээх бырааһынньыга.

33

25.05.

Ыһыахха салама оҥоруу.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Рабочая программа внеурочной деятельности образовательная программа по конкретным видам внеурочной деятельности кружок «Детская риторика»

Предлагаемая программа кружка "Детская риторика" имеет культурологическую направленность. Предполагает развитие у детей способностей в общении, ориентации в конкретных речевых ситуациях....

Рабочая программа внеурочной деятельности по спортивно-внеурочной деятельности

Программа внеурочной деятельности по спортивно-оздоровительному направлению для  учащихся начальных классов в соответствии с ФГОС....

АВТОРСКАЯ РАБОЧАЯ ПРОГРАММА внеурочной деятельности «ФОРМИРОВАНИЕ СОЦИАЛЬНО-ЛИЧНОСТНЫХ КОМПЕТЕНЦИЙ СРЕДСТВАМИ ВНЕУРОЧНОЙ ДЕЯТЕЛЬНОСТИ»

Авторская программа внеурочной деятельности  может быть рекомендована к применению и тиражированию....

АВТОРСКАЯ РАБОЧАЯ ПРОГРАММА внеурочной деятельности «ФОРМИРОВАНИЕ СОЦИАЛЬНО-ЛИЧНОСТНЫХ КОМПЕТЕНЦИЙ СРЕДСТВАМИ ВНЕУРОЧНОЙ ДЕЯТЕЛЬНОСТИ»

Мной представлена педагогическая модель формирования социально-личностной  компетентности младших школьников во внеурочной деятельности.  Наблюдения за формированием компетенций  я...

Конспект и презентация занятия внеурочной деятельности по теме :"Лес. Словообразование" по программе внеурочной деятельности "Речевые игры".

Данный урок является развивающем, на котором педагог в игровой форме развивает те психические функции детей, которые необходимы им  для усвоения навыков письма и чтения....

РАБОЧАЯ ПРОГРАММА ВНЕУРОЧНОЙ ДЕЯТЕЛЬНОСТИ Тематическая образовательная программа Динамическая пауза Срок реализации программы: 1 год Возраст обучающихся: 7-8 лет Учитель Зуева О.В.

Актуальность программы состоит в том, что динамические паузы проводятся в виде отдельного занятия, во время которого помимо увеличения двигательной функции у детей используются игры на развитие памяти...

Направления, формы внеурочной деятельности и их роль в достижении планируемых результатов освоения программ внеурочной деятельности обучающимися начальных классов в соответствии ФГОС УО (интеллектуальными нарушениями)

Направления, формы внеурочной деятельности и их роль в достижении планируемых результатов освоения программ внеурочной деятельности обучающимися начальных классов в соответствии ФГОС УО (интеллектуаль...