Классный час "Айылҕа доҕотторо"
классный час (3 класс)
Айылҕаҕа тапталыы иитии
Айылҕа харыстабылын үлэһиттэрин билиһиннэрии
Айылҕаҕа сөпкө сылдьыы быраабылаларын үөрэтии
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
klassnyy_chas_ayyl5a_do5ottoro_zva.docx | 266.35 КБ |
Предварительный просмотр:
Үөһээ Бүлүү улууһун
Г.Н. Чиряев аатынан Хоро орто оскуолата
Кылаас чааһа
«Айыл5а до5отторо»
(4 кылаас- профориентационнай үлэ)
Захарова Виктория Александровна,
алын сүһүөх учуутала
Тиэмэтэ: «Айыл5а доҕотторо»
Кылаас: 4 кылаас
Дьарык сыала
-Айылҕаҕа тапталы иитии;
- Айылҕа харыстабылын үлэһиттэрин билиһиннэрии;
- Айылҕаҕа сөпкө сылдьыы быраабылаларын үөрэтии
Үлэ түмүгэ:
-Бодоруһар сатабыл: атын киһи кэпсээнин истии, ырытыыга кыттыы, боппуруостарга эппиэтээһин, бэйэ санаатын сатаан туруорсар;
-Билэр-көрөр сатабыл: бэйэҕэ сыал туруорунуу, бэйэ дьарыгын тэрийии, таабырыҥҥа сөпкө эппиэттээһин;
-Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: бэйэ дьарыгын, тылын-өһүн хонтуруолланыы, атын киһиэхэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһыы;
Кылаас чааска туттуллар тэриллэр проектор, пилотка, карта, бейджик, презентация, түһүмэх аайы туттуллар материаллар
Кылаас чааһын этаптара | Иитии -үөрэтии ньымалара, тэрийэр формата | Учуутал дьарыга | Үөрэнээччи дьарыга |
Тэрээһин чааһа
| Кэпсэтии. | Бэйэни билиһиннэрии. Үтүө күнүнэн! Бүгүҥҥү күммүт ситиһиилээхтик ааһарыгар, бэйэ бэйэбитигэр истиҥ мичээрдэ бэлэхтиэххэйин. | Оҕолор үөрэнэргэ бэлэмнэнэллэр. Учууталы болҕойон истэллэр. |
Уруокка көҕү уhугуннарыы, соругу туруоруу түһүмэҕэ | Кэпсэтии, ыйытыыга хоруйдааһын, ырытыы | Слайд Таабырын. -Кимнээҕэр да баай, күүстээҕэр күүстээх, киһини-сүөһүнү, хамсыыр – харамайы, үөнү-көйүүрү өрүү күндүүлүүр баар үһү. (Слайд)Айылҕаҕа үс эйгэ баар салгын, уу, сир. Биһиги дойдубут киэҥ нэлэмэн иэнигэр аата-ахсаана суох араас хамсыыр харамай баар. Айылҕа олус уйан, кыра да бааһырыыны тулуйбат, ол иһин харыстыы сылдьыахпытын наада. Айылҕа сылдьыы быраабыланы ким билэрий? -Айыл5аны харыстыыр киhи: сири-уоту киртиппэт, маhы-оту тоhуппат, кэрдибэт, субботниктарга кыттар, костеру көҥүлэ суох умаппат. -Бүгүҥҥү кылаас чаасптыгар туох туһунан кэпсэтиэхпитий? Слайд көстөр Айылҕабыт маннык буолбатын туһугар туох үлэлэри ыытыахтаахпытый? | (Айылҕа) - Тыаҕа сылдьан мээнэ бөҕү бырахпаппыт, барытын суулуу тутан, анал бөх тоҕор сиргэ быраҕабыт. - Айылҕаны харыстыыр туһунан Оҕолор кэпсэтиигэ киирэллэр. Тиэргэммитин хомуйуу, уулуссаҕа бөҕу бараҕыа суохтаахпыт. |
Сүрүн чаас Бөлөҕүнэн үлэ | Бэйэ-санаатын бигэргэтии. Сөптөөх эппиэти биэрии. | -Сөпкө этэҕит, айылҕаны харыстааһын хас биирдии киһиттэн саҕаланар. -(Слайд)Аан дойдуга харыстынар сирдэр заповедниктар, национальнай пааркалар бааллар. Сэдэх уунээйилэр, кыыллар Кыhыл кинигэ5э киирбиттэр. -Айылҕабыт эмсэҕэлээбэтин туһугар араас түмсүүлэр, айылҕаны харыстыыр, көрөр-истэр идэлээх үлэһиттэр айылҕабытыгар көмөлөһөллөр. -Айылҕа харыстабылын үлэһиттэрин билэҕит дуо? - Араас идэ баар эбит, хартыыналары көрөн билсиэхпит Слайд көстөр Охотовед – бултааһыны хонтуруоллуур киһи. Төһө кыыл баарын, төһө кыыл аҕыйаабытын учуоттуур. Булт сокуонун кэһэр дьону тутар. Лесник-ойуур хаһаайыстыбатын хонтуруоллуур киһи. Кини ойууру кэрийэр, кыыллары, мастары көрөр. Сокуону кэһэн мас кэрдээччилэри хонтуруоллуур. Баһаар саҕаланан эрэрин биллэрэр. Ихтиолог- балык хаһаайыстыбатын үөрэтэр идэ. Күөллэргэ, өрүстэргэ ханнык балык баарын билэр. Эколог-айылҕа харыстабылын туруорсар үлэһит. Айылҕа эмсэҕэлээбэтин ситиһэ сатыыр. Ыксаллаах быһыы- майгы үлэһиттэрэ-ойуур баһаара буоллаҕына, уу кэлээһинэ буоллаҕына көмөлөһөр үлэһиттэр. Волонтердар- түргэн көмөнү, ыраас туттууну ирдиир хамаанда, биир санаанан үлэлииллэр. | Лесник,..... |
-Айылҕа доҕотторо буоламмыт, билигин бары от күөх пилотка кэтэбит. Айылҕаны үөрэтэр, көрөр –харайар үлэһиттэр буолуохпут. Икки хааманда буолан үлэлиибит. Бэлэм буоллаххытына бейджик биэрэбин. Ким туох идэлээх үлэһит буоларын быһараҕыт. 1 сорудах – Лесниктэргэ -Каартаҕа кыыллар бааллар, бол5ойон көрүҥ. (Учуутал оҕо хараҕын шарфигынан баайар, кыыллар миэстэлэрин уларытар) 2 сорудах – Ихтиологтарга Пазл оонньуу ньыматын туһаныы. -Балык чаастарынн сөпкө булан холбуугут. Ким бастакы уонна сөпкө бүппүт хотор. 3 сорудах – Охотоведтэргэ -Араас элбэх кыыллартан, Саха сирин кыылларын бириэмэҕэ уонна сөпкө булаҕыт. 4 сорудах – Экологтарга 1 хамаандаҕа- массыына 2 хамаандаҕа – борохуот Массыына, борохуот айылҕаҕа туох буортуну аҕалалларын быһаараҕыт. 5 сорудах- МЧС -Ууга уста сылдьар теннис мээчиктэрин, ньуосканан ылан баран сүүрэн атын иһиккэ уураҕыт. 6 сорудах-Волонтердарга Криптограмма ньыматынан тыл таһаараҕыт. | Оҕолор оруолларга киирэллэр, сорудах толороллор. Лесник оҕо туох уларыйбытын быһаарар Ихтиолог оҕо сордоҥ, собо, хатыыс балыктар чаастарын сөпкө булар. Охотовед оҕо түргэнэн, билиитэ сыаналанар Уопсай сүбэнэн үлэлииллэр, бэйэлэрин санааларын этинэллэр. Уу халааныгар түбэспит кыыллары быыһылларын көрдөрөллөр. «Айыл5аны харыстаа!» диэн тыл тахсар. | ||
Бэйэни сыаналаныы | Кылаас чаас түмүгэр ханнык санааҕа кэлбитин быһаарар | -Бүгүҥҥү дьарыктан тугу биллигит? -Ханнык идэлэри биллигит? -Туох түмүккэ кэллигит? | Оҕолор санааларын этэллэр Кылаас чааска хайдах улэлээбитин сыаналанар. |
Түмүк | Кэпсэтиигэ көхтөөхтүк кыттар. Сөптөөх түмүгү оҥорор. | «Мин айыл5а о5отобун» диэн хоһоонунан кылаас чааспытын түмүктүүбүт -Хоһоону бары бииргэ ааҕабыт Мин айылҕа оҕотобун, Тэһийбэппин соҕотоҕун Тыаҕа тахсыым- чырып чыычаах Чырылыктай атастаахпын, Күөлгэ киириим-көмүс уорҕа Күстэх балык доҕордоохпун Кэрии сиргэ кэлэн кэҕэ Киэһэ аайы кэтэһэр, Күөх сыһыыга көр күөрэгэй Көҕүтүһэ көһүтэр. -Бары олус үчүгэйдик үлэлээтигит, маладьыастар | Хоһоон ааҕаллар |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конкурс "Самый классный классный руководитель"
В феврале 2011года в нашем городе проходил районный конкурс учителей "Самый классный классный руководитель". Интересно, местами сложно, но нужно. От СОШ №1 принимали участие два педагога начальной шко...
Сценарий классного часа "Семья без детей, как день без солнца " + анализ. На конкурс "Самый классный классный"
Классный час на конкурс "Самый классный классный".Тема "Семья без детей, как день без солнца"Э п и г р а ф: Семья без детей, как день без солнца (античный афоризм) (на правой половине доски)Ход ...
Районный конкурс «Самый «классный» классный руководитель» Классный час на тему: «Все профессии нужны, все профессии важны».
Классный час на районный конкурс...
Портфолио классного руководителя. Конкурсные материалы на районный конкурс "Самый классный классный"
Результаты педагогической деятельности, формы работы классного руководителя, достижения класса и учащихся....
Выступление на заседании городского методического совета классных руководителей «Роль классного руководителя в адаптации и социализации детей мигрантов. Диссеминация педагогического опыта» по теме «Роль классного руководителя в адаптации и социализации
Выступление на заседаниигородского методического совета классных руководителей «Роль классного руководителя в адаптации и социализации детей мигрантов. Диссеминация педагогического опыта»п...
Выступление на заседании городского методического совета классных руководителей «Роль классного руководителя в адаптации и социализации детей мигрантов. Диссеминация педагогического опыта» по теме «Роль классного руководителя в адаптации и социализации де
Если учесть, что в настоящее время, по данным статистики, дети мигрантов, недавно прибывших из стран СНГ и российских регионов, составляют 20–30 процентов общего числа учеников, т...