Сценарий праздника для мам
материал
В этом материале вы найдете конкурсы и игры, подобранные для ма. Смело можете изменять и провести на праздничных мероприятиях
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
iyege.docx | 375.04 КБ |
Предварительный просмотр:
«Күн – күбэй Ийэм» ийэ күнүгэр аралдьытыы тэрийэн ыытарга уһуйаан иитээччилэригэр , учууталларга кѳмѳ хомуурунньук. Амма улууһун Мээндиги нэһилиэгин П.И.Караканов аатынан Мээндиги орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Старостина Анна Ивановна.
Бу кыра хомуурунньуктан талан ылан сценарий суруйарга табыгастаах буоллун диэн үлэм опытыгар олоҕуран матырыйааллары танан онордум.
Манна киирдилэр:
- Талыллыбыт айымньылар
- Конкурстар араастара.
- «Ийэм уонна мин» күрэх сценарийа
Ийэ туһунан хоһооннор, кэпсээннэр:
1 .А. Абаҕыыныскай хоһооно. Ийэ барахсан
2.С. Омоллоон. Эһиги ийэҕит
3. Т.Волгина. Ийэбэр бэлэх
4. П. Одорусов Биһиги маамабыт
5. А.Кондратьев. Ийэ мичээрэ
6.М. Обутова- Эверстова Ийэлэр күннэрэ.
7. С. Данилов. Икки ийэ, икки кыыс (сценка туруорарга)
8. И. Гринберг .Оля фартуга
9. С. Тимофеев. Ийэҕин харыстаа
10. Н. Якутскай. Аҕа уонна Ийэ
11. Л. Михалков. Сѳбүлэппэтэх Эбээ
12. Сэмэн Тумат. Хотун Хаан
13. П. Тобуруокап Мичээр
14. П. Тобуруокап. Танюша туһунан (сценка туруорарга)
Конкурс араастара:
- «Мин ийэбинээн», «Ийэбин таайыҥ», «Ийэм курдукпун» итинник араас тиэмэлээн интернет ситимин туһанан хаартыска күрэхтэрэ
- «Ийэбинээн астыыбыт» кылгас видеролик күрэҕэ. Онно ийэ оҕотунаан ас астыыллар.
- «Чыычааххын бул» ийэлэр харахтарын баайаллар уонна кылаас оҕолорун туруораллар. Ийэ кѳрбѳккѳ оҕолору илиилэриттэн тутан бэйэтин оҕотун булуохтаах.
- «Түргэн ийэ»- бириэмэҕэ тимэх тиктэрии, баттах ѳрдѳрүү, оҕону таҥыннарыы
- Ситуциянан сценка туруортарыы
- «Минньигэс хааһы» кыра ложканан мама оҕотун аһатар
- «Кѳмүс тарбахтар» аппликация оҥорторуу, бириэмэҕэ оҕуруо тиһиитэ,оҕону баар таҥастарынан киэргэтии
- «Матыыбынан таай» нууччалыы оҕо ырыаларын таайтарыы
- Муода кѳрдѳрүүнү араас ааттаан киллэри: «Мин оҕо сааһым», «21 үйэ оҕотобун» (аныгылыы таҥнар)
- Ийэ оҕотунаан «Фэмилилук» биир истиили тутуһан таҥнан симэнэн кѳрдѳрүүлэрэ
- «Харахпытынан ѳйдѳһѳбүт» бу оонньуу иннинэ тэрийээччи 5 тарҕаммыт боппуруостары оҕоҕо биэрэн эппиэттэрин сурунар. Ийэ тѳһѳ оҕотун эппиэтигэр сѳп түбэһэр гына эппиэттээбитэ сыаналанар. Ыйытыылара: саамай сѳбүлүүр дьүһүнүҥ?, ийэҥ астыыр астарыттан саамай таптыыр бүлүүдэҥ?, туохтан саамай куттанаҕыный?, ийэҥ саамай сѳбүлүүр дьарыга? Ийэҥ кыра сылдьан туох идэлээх буолуон баҕарар этэй?
- «Минньигэстик аһааҥ» ийэ оҕотунаан иккиэн харахтарын баайтараллар уонна бэйэ бэйэлэрин аһаталлар гречка хааһынан. Эрдэ бүппүт ийэлээх оҕо кыайаллар.
- «Таба таай» . Оҕо күннээҕи олохтон биир тылы суруйан баран дьоҥҥо кѳрдѳрѳр уонна умса уурар. Ийэтэ ыйытыы биэртэлээн хайа тыл суруллубутун таайа сатыахтаах. Оҕото ыйытыыга «сѳп» эбэтэр «сыыһа» эрэ диэн хоруйдуур.
Холобур, сиэнэр дуо?, тыынар дуо?
Хайа пара аҕыйах ыйытыынан таайбыт ол кыайар.
- «Бобуулаах хамсаныы». Ийэлэргэ сѳптѳѳх музыка холбонор. Ыытааччы эрдэ биир хамсаныыны кѳрдѳрѳн баран маны үтүктубэккит бобуулаах диир.Араастаан хамсанарын ийэлэр үтүктэн үҥкүүлүүллэр.Бобулаах хамсаныыны үтүктүбүт киһи туораан иһэр
- «үлэһит оҕолор» оҕолор биир биир үлэни саҥарбакка эрэ хамсанан кѳрдѳрѳллѳр, ону ийэлэр таайаллар.
- «Күн тэҥэ мин ийэм» Ийэлээх оҕо бэйэ- бэйэлэригэр кэтэхтэринэн тураллар, оҕо ийэтин тылынан ойуулуур. Холобур, ийэм кыһыл тэлээркэй кыраһыабай былаачыйалаах.
- «Худуоһунньуктарбыт» ийэ хаҥас илиитинэн оҕотун хаҥас илиититтэн тутан куоска уруһуйдууллар.
- «Оҕобор хоһоон» . Ийэ бэриллибит түѳрт тылынан хоһоон айарга холонор . (хаар,салааска, күн, оҕо)
- «Тылтан тыл» биир уһун тылтан ийэ оҕотунаан 30 сѳкүүндэ иһигэр элбэх тылы таһааран суруйа сатыахтаах.
- «Асчыттар» ийэ оҕотунаан бириэмэҕэ бэриллибит бородуукталарынан салат оҥороллор.
- Викторина «Эриирдээх ыйытыылар»
- «Кириэс тэбии» эдэр ийэлэргэ оҕо саастарын санатан оонньотуу. 70 см уһуннаах икки тэҥ синньигэс маһы ылан , кѳнѳ сиргэ кириэстии уураллар. Ийэ сис туттан баран,аҥаар атаҕынан ыстаҥалыыр.Ѳр ойуоккалаабыт ийэ кыайар
- «Баттах ѳрүү» 4түү ийэ кыттар .Биир ийэ лиэнтэлэри тутан турар, үс ийэ музыка тыаһынан хааман баттах ѳрѳллѳр лиэнтэлэринэн.
- «Ийэм курдук» оҕо ийэ оруолугар киирэн ийэтин хааһынан аһатар.
- «Оҕо кѳрүү». Үс ийэ хамаанда буолан кыттар. Бастакы ийэ сүүрэн кэлэн куукуланы оронтон ылар, памперс кэтэрдэр. Иккис ийэ куукулаҕа фартук кэтэрдэр, хааһы ситэр. Хааһытын бэйэтэ сиир . үһүс ийэ куукуланы сыгынньахтыыр, сүүрэн тиийэн тѳттѳрү ороҥҥо сытыарар.
Бу конкурстары араастаан уларытан, эбэн- сабан хайа баҕарар тэрээһини сэргэхситиэххэ сѳп.
«Ийэм уонна мин» күрэх сценарийа
(Уолаттар кабинеты уруок кэнниттэн хаалан бэлэмнииллэр. Олоппостор, остуоллар холбонон тураллар. Кылаас иьэ А4 кумааҕыттан кырыллыбыт сибэккилэринэн, суругунан тупсарыллыбыт)
Кунду ийэлэрбит, оҕолор!
Бүгүн биһиэхэ күүтүүлээх кэрэ кун үүннэ. Аан дойду дьахталларыгар кыттыһан туран, «Мин уонна ийэм» күрэхтэһиибитин саҕалыырбытын кѳҥүллээн.
Бары ийэлэри, эбэлэри, кыргыттары «Тапталлаах мин Аммам» ырыаларынан эҕэрдэлииллэр биһиги кылааспыт уолаттара.
Бүгүҥҥү күрэхпитигэр, эрдэ биллэриллибитин курдук, 5 түһүмэхтээх буолуоҕа. Маны барытын уолаттар сыаналыахтара (5 уолга протокол, ручка тунэтиллэр). Баал саамай улахана «5» буолуоҕа.
Кыттааччы кыргыттарга жребийинэн хаһыс кытталларын быьаарыахпыт.
Чэйин, курэхпитин саҕалыаҕын!
1 түһүмэх. Бэйэни билиһиннэрии.
Кыргыттар бэйэлэрин уонна ийэлэрин туһунан кылгастык иһитиннэрии оноруохтара (биир-биир кыттааччы кыргыттар кэпсииллэр. Уолаттар ис хоьоонунан, уус-уран тылынан сыаналыыллар). Маладьыастар! Кыргыттар кэпсээннэрэ олус интэриэһинэй буолла.
2 түьүмэх. Ас рекламата.
Хас биирдии кыттааччылар сѳбүлээн тэннэ астыыр бүлүүдэлэрин кѳрдѳрүѳхтэрэ, амсатыахтара. (ийэлэр бүлүүдэни рекламалыыллар). Биһиги ийэлэрбит минньигэс астарын оҕолор олус себүлүүллэр. Салат, бурдук астарын астыырга оҕолор кѳмѳлѳстѳхтѳрүнэ, ийэлэр олус үѳрэллэр.
«Ийэ мичээрэ» хоһоону ……ийэлэргэ анаан ааҕыахтара.
3 түһүмэх. Сыахай киэргэтии.
(Кыргыттарга сыахай, А4, фломастер, харандаас түнэтиллэр. Намыын сайынны музыка тыаһыыр.) Сотору ыһыах буолуо. Саха кыргыттара эрдэттэн ыһыахха бэлэмнэнэнэллэр эбит. Ийэлэриттэн иистэнэргэ, быысыбайдыырга, оҕуруо тиһэргэ үѳрэнэллэр. Билигин биһиги кыргыттарбыт сыахайдарыгар аныгылыы сахалыы танаһы айан оноруохтара. Ийэлэр кѳмѳлѳһѳргүт кѳҥүллэнэр. Бүппүт кыргыттар тахсан уолаттарга кѳрдѳрѳҕүт. Бэртээхэй ыһыах танастара буолан тахсыбыттар! Баһыыбаларын.
4 түһүмэх. Причёска оноруу.
Бу түһүмэххэ ийэлэр кыргыттарыгар бырааһынньык причёскатын оноруохтара. (аҕалбыт расчёскаларын, заколкаларын, резинкаларын туһаналлар. Ол кэмнэ учуутал баттаҕы кѳрүү-харайыы, саха кыыһын уһун суһуоҕун суолтатын туһунан кэпсиир). Чэйин эрэ, кыргыттар! Биир-биир причёскаларгытын кѳрдѳрѳн хаамсын эрэ. Ийэлэр араас дьикти причёскалары онорбуттар. Кыргыттарбыт тупсубуттар даҕаны!
5 түһүмэх. үнкуу күрэҕэ.
Уонна бутэһик түһүмэхпит. Билигин араас музыка тыаһыаҕа. Онно сѳп тубэһиннэрэн кыргыттар үнкүүлүѳхтэрэ. Ийэлэр кѳмѳлѳһѳргүт биһирэнэр. (Восточнай, вальс, индийскэй, аныгылыы ритмичнэй, ностальжи биллэр музыкалар тыаһыыллар). Уолаттарбыт кѳрдулэр. Бутэһик сыаналарын туруоруохтара.
(Оҕолор бары тахсан «Пусть всегда будет солнце!» ырыаны толороллор).
(Уолаттар сыаналарын түмүгүн таһаарыы. Бырааһынньык остуолун бэлэмнээһин)
Дьэ саамай долгутуулаах тугэн кэллэ. Кыргыттар уонна ийэлэр туһунан элбэх интэриэһинэйи биллибит, ас минньигэһин амсайдыбыт, танас маанытын кѳрдүбүт, үнкүүлэри да сѳбүлээтибит. Бары бэлэмнит учугэй буолан, бырааьынньыкпытын олус киэргэттигит. Түмүгү уолаттар иһитиннэриэхтэрэ, кыттааччыларга бэлэхтэрин туттарыахтара. Бу бырааһынньыгы тэрийбит уолаттарга, кыттыбыт кыргыттарга, ийэлэрбитигэр махтал. Эьиги дьиэ кэргэннэ үѳрүү-кѳтүү, дьол-соргу уйаланнын!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Сценарии праздников: "Осень, Осень, в гости просим", "Здравствуй, праздник Новогодний"
Сценарии праздников: «Осень, Осень, в гости просим!» «Здравствуй, праздник новогодний!» ...
"Праздник Букваря." сценарий праздника.
В сценарии представлен вспомогательный материал для проведения праздника в 1 классе " Прощай,Азбука!"...
Сценарий праздника "Праздник первых каникул"
Вашему вниманию предлагается ежегодное мероприятие для первоклассников, сценарий которого представлен в статье. Сценарий включает в себя стихи, песни, сценки из школьной жизни....
Сценарий праздника. «День именинника или необыкновенное путешествие по морю Фантазий на Остров Праздников».
Праздник . посвященный.дню именинника. Можно проводить в конце учебного года ....
сценарий праздника Семейного праздника
Сценарий семейного праздника. Данный сценарий содержит инсценировку по теме "Воспитание в семье", стихи, песни и музыкальное сопровождение....
Праздник матери. Сценарий праздника.
Данный сценарий был использован для создания незабываемого праздника "День матери" К празднику было подготовлено слайд - шоу, состоящее из фотографий детей с мамами. Песни можно подобрать в зависимост...
Сценарий праздника. Сценарий праздника к 8 марта «Для прекрасных Дам!»
Сценарий предназначен для проведения праздника "Лучший день - 8 Марта" для учеников 1 класса и их родителей. Данный материал будет полезен для учителей начальных классов, педагогов дополнительно...