Сценарий внеклассного мероприятия
материал (4 класс) на тему

Захарова Мотрена Николаевна

Сценарий школьного мероприятия «Күн кэриэтэ күндүгүн», посвященного дню Матерей и девочек.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon stsenariy_shkolnogo_meropriyatiya.doc42.5 КБ

Предварительный просмотр:

Сценарий школьного мероприятия «Күн кэриэтэ күндүгүн»,

посвященного дню Матерей и девочек.

Буолар күнэ – алтынньы 16 күнэ

Ыытыллар сирэ – Абаҕа орто оскуолата

Кыттааччылар – кылаастан 1 кыыс, ийэ

Ведущий 1.         Күн сирин үрдүгэр,

                Күн курдук саныырбыт,

                Күндүттэн күндүбүт

                Күн күбэй ийэбит.

Ведущий 2.         Ийэҕэ бу сиргэ

                Кэрэттэн кэрэтэ.

                Сүрэҕин сорҕото –

                Төрөппүт оҕото.

Ведущий 2.  Үтүө киэһэнэн, күндү оҕолор, учууталлар, ыалдьыттар уонна дьүүллүүр сүбэ.

Ведущий 1. Үтүө киэһэнэн, күн күбэй ийэлэрбит, кэрэ, нарын-намчы кыргыттарбыт.  Манна мустубут бары ийэлэри, эбээлэри ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник Ийэлэр күннэринэн эҕэрдэлиибит.

Ведущий 2.  Кыталык кыргыттарбытыгар Аан дойду кыргыттарын күнүнэн истиҥ эҕэрдэ! Бу киэһэ үөрүүлээх күнүнэн ийэлэрбитин, кыргыттарбытын эҕэрдэлээн туран ис сүрэхтэн кутуллар иһирэх тыллары, хомоҕой хоһооннорбутун, ылбаҕай ырыаларбытын бэлэх уунабыт.

Ведущий 1. ____________________________ ырыанан бэйэтин эҕэрдэтин тириэрдэр Алеша Калашников.

Ведущий 1. Махтал буоллун! Онтон билигин күүстээх ытыс тыаһынан сценаҕа ыҥырабыт бүгүҥҥү үөрүүлээх түмсүүбүт буруйдаахтарын күн күбэй ийэлэрбитин, нарын-намчы кыргыттарбытын! Мантан киэһэ  ийэ, ону тэҥэ  кыргыттар икки хамаандаҕа арахсан бэйэлэрин анал ааттарын көрдөрүөхтэрэ.

Ведущий 2. Күндү ийэлэрбитигэр, кыргыттарбытыгар ыҥырыыбытын ылынан, бырааһынньыкпытын киэргэтэ кэлбиккитигэр махтанабыт уонна ситиһиини баҕарабыт.

Күрэхпитин кылгастык билиһиннэрдэххэ ___ түһүмэҕинэн ыытыллыа.

Бастакы түһүмэх - Көмүс сүүтүк.

Иккис - Ас киэнэ амтаннааҕа.

Үһүс түһүмэх - Толбоннурар уһун суһуох.

Төрдүс түһүмэх – Эҕэрдэ тыл бастыҥа.

Бэһис - Платье от Юдашкина.

Уонна алтыс түһүмэх - Иирэ имигэс кыргыттар.

Ведущий 2. Күрэхпитигэр киириэхпит иннинэ дьүүллүүр сүбэни билиһиннэрэбит

                ______________________________________________________________________

                ______________________________________________________________________

                ______________________________________________________________________

Ведущий 1. Бастакы «Көмүс сүүтүк» түһүмэхпитигэр киирэбит. Хайа баҕарар ийэ, кыыс оҕо иистэнньэҥ буолуохтаах диэн биһиги бэккэ диэн билэбит.  Онтон бүгүҥҥү киэһэҕэ иистэнньэн ийэ, кыыс бэлиэтэ тимэх буолуо. Хайа хамаанда – кыргыттар ду, ийэлэр ду – түргэнник, кылгас бириэмэ иһигэр тимэх тигэрин билиэхпит. Сыаналанар – түргэн туттуу-хаптыы, тигии хаачыстыбата. Бириэмэни көрөбүт. (тимэх, таҥас)

Ведущий 2.  Киһи сүрэҕин минньитэр, санаатын табар биллэн турар минньигэс ас буолар. Сылаас-сынаҕас тарбахтарынан астаммыт ас олус да минньигэс!

Ведущий 1. Ол эрээри кухняҕа араас буолуон сөп, маннык эмиэ баар (ристээх гречканы сценаҕа көрдөрөллөр). Бу күрэххэ ийэлэрбит, кыргыттарбыт минньигэс астарынан буолбакка, түргэн туттууларынан-хаптыыларынан үөрдүөхтэрэ.

Ведущий 2. Хайа хамаанда түргэнник буккуллубут риһи, гречканы араарар эбит. Чэ эрэ, бэлэмнэнэбит, саҕалаатыбыт.

        (дьүүллүүр сүбэ бириэмэни көрөр).

Ведущий 1.  Аан дойду үрдүнэн биллэриллибит кыргыттар күннэригэр анаммыт кууколка выставката турар. Манна көхтөөх кыттыыны ылбыт оҕолорго махталбытын тирэрдэбит.

Ведущий 2.  Кууколка күрэҕин түмүгүн билиһиннэрэргэ тылы биэрэбит дьүүллүүр сүбэҕэ

        ________________________________________________________________________

Ведущий 1.  Ийэ – сир үрдүгэр күндү тыл,

        Ийэ – күҥҥэ тэҥнээх күндү тыл,

        Ийэ - сүрэҕи минньитэр күндү тыл.

        Амарах истиҥ иһирэх тыл.

Ведущий 2. Күн күбэй ийэлэри эҕэрдэлээн туран хомоҕой хоһоонун бэлэхтиир Стас Старостин.

Ведущий 1. Куба кыыл нарына нарыҥҥын,

        Кыталык кэриэтэ кэрэҕин,

        Сибэкки уйана уйаҥҥын,

Суһуохтаах күндүтэ күндүгүн.

Былыр былыргыттан саха дьахтара көстөр көстүүтэ, киэн туттара буолар тобоннурар уһун суһуох.

Ведущий 2. Тоҕус былас суһуохтаах да буолбатарбыт, билигин, суһуохтаргытын холбоон-силбээн, эбэн-сабан, барытын бииргэ ааҕан суоттаан ханнык хамаанда суһуоҕа сураҕыра субулларын быһаарыахпыт. Сценаҕа ыҥырабыт _____________________.

        (сценаттан уол оҕону ыҥыран суһуох мээрэйдииллэр)

Ведущий 1. Салҕыы баран иһэбит. Эҕэрдэ тыл бастыҥын түһүмэхпитигэр киирэбит. Хайа да бырааһынньык эҕэрдэтэ суох ааспат. Ол эрэн бүгүн аман өс,  уус-уран тыллаахтар күрэхтэрэ буолабатах. Бу иннигитгиэр сытар матырыйааллартан бэриллибит бириэмэ иһигэр эҕэрдэ открытка оҥорого күрэхтэһиэххит.

        (сценаҕа туттар материал: кумааҕы, клей, кыптыый уо.д.а. )

Ведущий 1. Бу кэмҥэ эһиэхэ анаан бэйэтин эҕэрдэтин тириэрдэр __________________________

Ведущий 1. Бэһис  “Платье от Юдашкина” түһүмэхпитигэр киирэбит. Хайа баҕарар киһи талба талааннаах буолар, ол курдук билигин кытааччыларбыт дизайнерскай дьоҕурдарын көрүөхпүт. Бэриллибэт бириэмэҕэ ийэлэрбит, кыргыттар сыахай куукулаҕа былаачыйа оҥорон дьүүллүүр сүбэ иннигэр көрдөрүөхтэрэ.

 

Ведущий 2. Кэрэ кыысчаан, килбик кыысчаан

        Үчүгэйиэн сааскы суһуоҕун.

        Күлэн-үөрэн тырыбынаа

        Санньыар хатыҥ долгуйуоҕун.

        Кыталык кыргыттары эҕэрдэлиир __________________________________________

Ведущий 2. Түмүктүүр түһүмэхпитигэр киирэбит. Иирэ курдук имигэс диэн мээнэҕэ эппэттэр. Дьахтар аймах кыра кыыс эрдэҕиттэн имигэс буолара кини доруобуйатыгар да тас сэбэрэтигэр да туһалаах буолар. Билигин  күн күбэй ийэлэрбит, кыталык мааны кыргыттарбыт талба талааннарын, иирэ имигэстэрин көрүөхпүт.

Ведущий 1. Ийэлэри, кыргыттары барыларын сценаҕа үҥкүү күрэҕэр ыҥырабыт.  Музыка холбонноҕуна, биир  биир үҥкүү хамсаныытын көрдөрүөхтэрэ, кэннигэр турар кыттааччыларбыт үтүктэн иһэллэр. Дьүллүүр сүбэ сыаналыыр имигэс туттууну, көхтөөх кыттыыны.

Ведущий 2. Манан биһиги күрэхпит түмүктэнэр, дьүүлүүр сүбэ түмүк таһаарыар диэри кыракый сынньалаҥ.

Ведущий 1. Кыыс, дьахтар аймах айылҕаттан айдарыллыбыт саамай нарын, уйан дууһалаах, биир тылынан эттэххэ чувствительнай буолар. Онон билигин ___ саамай чувствительнай кыргыттары олоппоскутун туппуккутунан сценаҕа тахсарга ыҥырабыт. (шаригы алдьатыы)

Ведущий 2. Тылы биэрэбит дьүүлүүр сүбэҕэ.

Ведущий 1. Күндү күбэй ийэлэрбит, нарын – намчы кыргыттарбыт, бу курдук көрдөөх-көхтөөх, кыайыылаах буола турун диэн баҕарабыт ыраас күннээх халлааны, дьиэ кэргэҥҥитигэр иллээх-эйэлээх олоҕу, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, кыргыттарбытыгар үөрэххэ үрдүк ситиһиилэри, баҕа санаа бастыҥын, үтүө санаа үтүмэнин!! Ангыс көрсүөххэ диэри.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сценарий внеклассного мероприятия – праздника по теме:«Все работы хороши, выбирай на вкус»

Сценарий внеклассного мероприятия – праздника по теме:  «Все работы хороши, выбирай на вкус».  ...

Сценарий внеклассного мероприятия "Чаем угощаем"

Внеклассное мероприятие о традициях русского гостеприимства поможет детям ответить на такие вопросы: "Откуда чай попал в Россию?", "Как раньше приготавливали чай?", "Как правильно заваривать этот бодр...

Сценарий внеклассного мероприятия "Спасибо тебе, АЗБУКА!"

Сценарий праздника АЗБУКИ для ребят 1 класса с участием сказочных героев и игровой программой....

Сценарий внеклассного мероприятия в 1 классе: "Праздник дружбы".

Вместе со сказочными персонажами любимых детских мультфильмов: Котом Леопольдом и весёлыми Скоморохами ребята учатся понимать значение слова "дружба", исполняют песни и частушки, читают стихи о настоя...

Звуковое оформление к сценарию внеклассного мероприятия в 1 классе: "Праздник дружбы".

Звуковое оформление к сценарию внеклассного мероприятия в 1 классе: "Праздник дружбы: музыка к песне "Настоящий друг" (Из мультфильма «Тимка и Димка» Слова М. Пляцковского. Музыка Б. Савельева) и "Про...

Сценарий внеклассного мероприятия в 3 классе: "Праздник мам и бабушек".

Цели: Способствует воспитанию уважительного отношения к матери, к женщине. ...