классный час по теме "Байанай - аар тайҕа баһылыга"
классный час на тему
классный час для учащихся начальных классов, национальные игры
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kyunney_bayanay-aar_tay5a_baylyga.docx | 17.23 КБ |
Предварительный просмотр:
Тиэмэтэ: Байанай – Аар тайҕа баһылыга.
Күнэ: 18.12.15
Кылаас: 1 «а»
Үөрэнээччи ахсаана: 19
Сыала:
Предмети үөрэтии түмүгэ:
• Бодоруһар сатабыл: бэйэ санааны этии, атын киһи санаатын болҕойон истии, ырытыыга кыттыы, оонньуу быраабылатын быһаарыы, атын киһиэхэ көмөлөһүү.
• Билэр-көрөр сатабыл: ыйытык туруорар сатабыл, бэйэҕэ сорук туруорунуу, түмүк оҥоруу.
• Бэйэни дьаһанар сатабыл: оонньуу кэмигэр бэйэ дьарыгын хонтуруолланыы, остуол оонньуурун тэриллэрин хомуйуу, оонньууга бэйэ уочаратын тутуһуу.
• Ытык өйдөбүлү иҥэрии: Байанай – Аар тайҕа баһылыга, булт иччитэ; булт – эр киһи дьарыга.
Туттар тэрил: интерактивнай дуоска, хабылык, хаамыска, компьютер.
Этаптар | Оҕолор дьарыктара | Түмүктэр | Ньымалар | |
Тэрээһин чааһа | - Утуе кунунэн о5олор! -Ааспыт ый туох ыйы этэй? Ким билэрий? -Сааамай соп «Байанай» ыйа ааспыта дии. -Бугун биьиги эьиэхэ байанайга аналлаах кылаас чааһын ыытыахпыт. - Эһиги санааҕытыгар өбүгэлэрбит биир сүрүн дьарыктарынан туох буолуой?(Бултааһын) | -Үтүө күнүнэн! -Ааспыт ый байанай ыйа этэ. -Өбүгэлэрбит биир сүрүн дьарыктара – бултааһын буолар. | Бэлэмнэнии. | Кэпсэтии, ырытыы |
Сүрүн чааһа | Вед.2 - Эьиги билэ5ит дуо о5олор байанай диэн тугуй? -Кини туох таҥастаах буолуой? (Байанай – Аар тайҕа баһылыга, булт иччитэ буолар эбит. Кинини уус-киис тириитэ таҥастаах, олус үөрүнньэҥ. Аарыма кырдьаҕас курдук ойуулуллар. Кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри тэнитэр иччилэр бааллар диэн итэҕэйэллэрэ. Ити иччилэр уопсай ааттара Байанай эбэтэр Эһэкээн диэн этэбит. Өлгөмнүк бултуйарын дуу, кураанах илии соттон хааларбыт дуу кинилэртэн улахана тутулуктаах курдук саныыллара.) Вед.3 - Эһиги санааҕытыгар булчут киһи хайдах буолуохтааҕый?(эппиэттииллэр). - Былыр ол хаачыстыбаларын сайыннаралларыгар усулуобуйа суох, оччоҕуна эһиги санааҕытыгар кинилэр хайдах сайыннараллара буолуой? Вед.1 - Саамай сөп, былыр дьоннор илиилэрэ имигэс,сымса уонна чэгиэн буолалларыгар «хабылык”, “хаамыска”,“ойбонтон уулааһын”, “көтөх ынаҕы туруорааһын”, “бөтүүктэһии” уонна да атын оонньуулар олус табыгастаах, туһалаах буолар. - Ол курдук бүгүн биһиги ити 4 оонньууну оонньоон холонон күрүөхпүт. Вед.2 -Маҥнайгы оонньуубут «Хаамыска» буолар. -Оҕолор эһиги “Хаамыска” оонньуу быраабылатын билэҕит дуо оҕолор? -Хайдах оонньоноруй? Вед.3 - Иккис оонньуубут «Хабылык» буолар. (быһаарыы) -Онтон “хабылык” оонньуу быраабылатын ким билэр? Хайдах оонньоноруй? Вед.1 - Үһүс оонньуубут «Ойбонтон уулааһын» буолар. (быһаарыы) -“Ойбонтон уулааһын” оонньуу быраабылатын ким билэрий? Вед.2 - Төрдүс оонньуубут «Бөтүүктэһии » буолар. -Бу оонньууну хайдах оонньуулларын билэҕит дуо? | -Байанай – булт иччитэ, айылҕа тойоно. - Кинини уус-киис тириитэ таҥастаах, олус үөрүнньэҥ. -Булчут киһи түргэн, сымса, күүстээх, өйдөөх буолуохтаах. -Былыр ол хаачыстыбаларын араас оонньууларынан, күрэхтэһиилэринэн, үлэлээн сайыннараллара буолуо. -Оҕолор “хаамыска” оонньуутун оонньууллар. -Билэбит -Биэс хаамыска баар, онтон биирдэстэрэ атыттартан улахан буолар ол кубигы наар үөһэ быраҕабыт. Бастаан биириилээн хабабыт, онтон иккилии, онтон үһү уонна биири, онтон барытын. -Билэбит. -Хабылыгы барытын биир ытыһыгар хомуйар сааһылаан мунньар, онтон үөһэ өрө быраҕар, хабылыктар остуолга түһүөхтэрин иннинэ илиитн көхсүн тоһуйар. -Оҕолор “хабылык оонньууларын” оонньууллар -Билэбит. -Ойбонтон уулааһыҥҥа атаххын биир илиигинэн тутаҕын, кулгааххын биир илиигинэн тутаҕын уонна үтүлүгү ылыахтаахпыт. -Оҕолор “ойбонтон уулааһын” оонньуутун оонньууллар. -Билэбит -Күрэхтэһээччилэр аҥар атахтарыгар тураллар, хаҥас илиилэринэн уҥа кулгаахтарын туталлар, уҥа илиилэринэн сис тутталлар. Аҥар атахтарынан кылыйан, ойоҕосторунан чугасыһан, санныларынан анньыһаллар. | Байанай – Аар тайҕа баһылыга, булт иччитэ; булт – эр киһи дьарыга. бэйэ санааны этии, атын киһи санаатын болҕойон истии, ырытыыга кыттыы, оонньуу быраабылатын быһаарыы, атын киһиэхэ көмөлөһүү. оонньуу кэмигэр бэйэ дьарыгын хонтуруолланыы, остуол оонньуурун тэриллэрин хомуйуу, оонньууга бэйэ уочаратын тутуһуу. | Кэпсэтии, ырытыы, көрдөрүү, оонньооһун |
Түмүк чааһа | Вед. 3 - Оҕолоор, бүгүҥҥү кылаас чааһыгар бары кыттыыны ылбыккытыгар махтанабыт. | |||
Сыаналаныы | Тугу саҥаны бэйэҕитигэр биллигит, көрдүгүт? Бу туох дьарыга буолла? Тугу чопчу өйдөөтүгүт? Туохтан астынныгыт? -Бары маннык кыттыыны ылбыккытыгар эһиэхэ махтал буолуохтун! Көрсүөххэ диэри! | -Бүгүҥҥү кылаас чааһыгар биһиги урут өбүгэлэрбит хайдах бэйэлэрин, ханнык оонньууларынан сайыннаралларын туһунан биллибит. Араас элбэх өбүгэ оонньууларын, хайдах оонньонорун биллибит. -Көрсүөххэ диэри. | түмүк оҥоруу. | Кэпсэтии, ырытыы. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Конкурс "Самый классный классный руководитель"
В феврале 2011года в нашем городе проходил районный конкурс учителей "Самый классный классный руководитель". Интересно, местами сложно, но нужно. От СОШ №1 принимали участие два педагога начальной шко...
Сценарий классного часа "Семья без детей, как день без солнца " + анализ. На конкурс "Самый классный классный"
Классный час на конкурс "Самый классный классный".Тема "Семья без детей, как день без солнца"Э п и г р а ф: Семья без детей, как день без солнца (античный афоризм) (на правой половине доски)Ход ...
Районный конкурс «Самый «классный» классный руководитель» Классный час на тему: «Все профессии нужны, все профессии важны».
Классный час на районный конкурс...
Портфолио классного руководителя. Конкурсные материалы на районный конкурс "Самый классный классный"
Результаты педагогической деятельности, формы работы классного руководителя, достижения класса и учащихся....
Выступление на заседании городского методического совета классных руководителей «Роль классного руководителя в адаптации и социализации детей мигрантов. Диссеминация педагогического опыта» по теме «Роль классного руководителя в адаптации и социализации
Выступление на заседаниигородского методического совета классных руководителей «Роль классного руководителя в адаптации и социализации детей мигрантов. Диссеминация педагогического опыта»п...
Выступление на заседании городского методического совета классных руководителей «Роль классного руководителя в адаптации и социализации детей мигрантов. Диссеминация педагогического опыта» по теме «Роль классного руководителя в адаптации и социализации де
Если учесть, что в настоящее время, по данным статистики, дети мигрантов, недавно прибывших из стран СНГ и российских регионов, составляют 20–30 процентов общего числа учеников, т...