сценарий праздника 1 сентября 1 класс на якутском языке
классный час (1 класс) по теме

Яковлева Мария Никитична

сценарий классного часа для первоклассников 1 сентября 2012г . Мой первый 1 класс.  

- Үтүө күнүнэн уөрэнээччилэр!

- Кэрэ-бэлиэ күнүнэн убаастабыллаах төрөппүттэр! Эбээлэр, эдьиийдэр…

Бүгүн кырдьык да барыбытыгар олус долгутуулаах күн үүннэ!

Эһиги,  бүгүн аан маҥнай оскуола боруогун атыллаатыгыт. Күн бэ5эһээ эрэ мэниктии, оонньуу-көрүлүү сылдьыбыт буоллаххытына, бүгүҥҥэттэн Улахан дьон буоллугут!

- О5олоор, дьыл кэмнэрэ диэни истибиккит? Тугу ааттыыбытый?

- Саамай сеп. Ол курдук биһиги бары маннык бииргэ бу оскуола5а 4 сыл о.э.

4 куьуну, 4 кыьыны, 4 сааьы тэннэ атаарыахпыт. 4 сыл тухары 22 буоламмыт бииргэ сылдьыахпыт. Бары бииргэ аа5арга, суруйарга, ахсааны суоттуурга, тургэнник толкуйдуурга уерэниэхпит. Бииргэ сылдьан эйэлээхтик оонньуохпут, уеруубутун – хомолтобутун тэннэ уллэстиэхпит, бэйэ-бэйэбит  ситиьиилэрбитинэн киэн туттуохпут турда5а. Онтон, о5олоор, аан маннай бэйэ-бэйэбитин кытары билсиьиэ5ин. Хайдах билсиэххэ себуй? (о5олор холобурдара)

- Чэ, эрэ бары тэннэ ааппытын ааттаатыбыт. Ким ейдеен иьиттэй? Ким кулгаа5а ыарыйда?...Табыллынна дуо билсиьии?

- Билигин чуумпура туьуо5ун уонна сибигинэйэн ааттарбытын этиэ5ин эрэ…

Билсиьии табылынна дуо? То5о биьиэхэ кыайан табыллыбатай?

- Ити курдук, о5олоор,  бары тэннэ оонньуурбут, ыллыырбыт, хоьоон аа5арбыт  сатанар буолла5ына, бары 20 – чэ о5о тэбис-тэннэ атын-атыны санара олороллоро отой табыллыбат эбит. Бу буолар оскуола уерэнээччитин маннайгы быраабылата. «Тэннэ атын-атыны санарыма. Бэйэ-бэйэ5э ойдоон иьит.»  Оччо5о бары бииргэ эйэлээхтик, уорэ-кото бу сырдык кылааска уерэниэхпит. То5о кылааспыт сырдыга буолуой?...

- Билигин мин хас биирдиигитигэр маннык кун сарданаларын тунэтиэм. Ким илиитигэр туппут, сардана5а бэйэтин бэлиэтин хаалларыа о.э. уруучука, харандаас комотунэн аатын суруйуо эбэтэр себулуур бэлиэтин уруьуйдуо.

(учуутал эмиэ суруйар)

- О5олоор, кылааспыт иьигэр кун баар буолуон ба5ара5ыт? Билигин бу сарданаларбытын холбоон сылаас да сылаас, сырдык да сырдык кунчээни комолоон оноруохпут. (кыргыттар, уолаттар) кылааска барыта 22 о5о, онтон 11 кыыс, 11 уол иллээх дьиэ кэргэн буоларбытын бэлиэтиир.

Бол5омто5о оонньуу

- Ааттарбытын билистибит, билигин кыратык оонньуохпут уонна эьиги тускутунан оссо сиьслии билиэхпит.

«Соп» (ытыс таьыныы) уонна «Сыыьа, суох» (атах тэпсии)

- Бугун бырааьынньыкка кэлэрбэр уорэ-кото кэлбитим

- детсадка барыахпын ба5арабын

- Оскуола наьаа улахан

- Сарсыарда а5абар котохторон кэлбитим

- Элбэх кэмпиэ, шоколад сиир о5о тииьэ ыалдьыбат буолар

- Сайын элбэхтэ сотуолээбитим

-Кыьын кун куускэ тыгар

- Оскуола5а куруук 5 сыана5а уерэниэм

- улааттахпына президент буолуом

- Бары 1 «д» кылаас уерэнээччилэрэ буоллугут. Онтон эьигиттэн ким аа5ары сатыырый? Буквалары ким билэрий? (о5олор хаьытыыллар)

- ити мин эьиги оскуола уерэнээччитин 1 быраабылатын тоьо ойдообуккутун бэрибиэркэлээтим. Ол курдук 2 быраабыла: «эппиэттиэн иннинэ илиигин уун»

-дьэ эрэ ким сатаан аа5арый дуоска5а бэриллибит тыл ситимин? («планета Земля»).(бу курдук оскуола5а нууччалыы, сахалыы, омуктуу аа5арга уорэиэххит.) Ол курдук биьиги Земля планета олохтоохторобут. Остуолга шар турар. Бу ааттанар глобус. Глобус – Земля планета кыччатыллыбыт моделя буолар. Манна кестеллер араас элбэх муоралар, океаннар, дойдулар… эьиги ханнык дойдулары билэ5ит? Онтон биьиги дойдубут?

- Дойдубут Россия. Россия киин куората? Президена?Былаа5а?

Сахабыт Сирин салайааччыта? Киин куората? Былаа5а?

Онтон, о5олоор, биьиги бары тереебут дойдубут ханныгый? Салайааччыта кимий? Улууспут оссо ханнык дэриэбинэлэрин ааттыаххытын себуй?

- маладьыас да о5олор кэлбиттэр диэн олус уердум!

- о5олоор, уерэнээччи оскуола5а тугу гынарый? (аа5ар, суоттуур, ыллыыр, о5олору кытары билсиьэр….) ити барыта биир тылынан –улэ дэнэр. Уерэнээччи оскуола5а хас кун ахсын сарсыарда эрдэ туран улэлии кэлэр. Онтон ким быьаарыа5ай «оценка» диэн тылы. Истибиккит? Учугэй  оценканы улэьит о5о ылар. Сурэ5э суох, уерэнэ кэлбэт, дьиэтигэр олорор о5о сыана5а тиксибэт. Эьиги хас сыана5а уерэниэххитин ба5ара5ыт?

- билигин теье ахсааны билэргитин бэрибиэркэлиэхпит. Онно анаан кыратык оонньуохпут. Турдубут.

  • Кылааска барыта хас уол о5о уерэнэ кэлбитий?

Оччото миэстэбитигэр ыстанабыт.

  • Хас кыыс баарый 1 д кылааска? Ытыс таьынабыт.
  • Хас туннук баарый? Приседанье.
  • Хас ийэ кэлбитий? Харахпытын чыпчылыннатабыт.
  • Хас а5а баарый? Илиибит уоьээ уунабыт.
  • Хас учуутал баарый? Миэстэлэрбитигэр олоробут.

- Маладьыастар. Эьиги бугун бары олус кыраьыабай буолан кэлбиккит. Бу бастакы уруокка бары наьаа кехтеехтук кытынныгыт. Мин эьигиттэн бугун улаханнык уердум. Бэрээдэктээх, улахан киьи тылын истэр, учуутал кэпсиирин бол5омтолоохтук истэр, септеех эппиэттэри билэр о5олор детсадтан кэлбиттэр эбит диэн олус уердум.

- онтон эьиэхэ бугунну кун хайдах аастай? О5олоор, маннайгы дьиэ5э улэ биэрэбин. Дьиэ5итигэр тиийэн баран бу бугунну куну оскуола5а хайдах атаарбыккытын альбом илииьигэр еннеех кырааскалары туттанныт уруьуйдаарын. Уонна уерэнэ кэлэргитигэр илдьэ кэлээрин.

Манан биьиги маннайгы керсуьуубут тумуктэнэр.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл klass._chas_1_sentyabrya.docx24.41 КБ

Предварительный просмотр:

С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата

        Кылаас чааьа

        Аан маннай бастакы кылааска

                                          «Тереебут дойдум»

        Кылаас салайааччыта:

                                                                                                 М.Н. Яковлева

        2012с

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Выпускной (сценарий праздника 4 класс)

Выпускной 2012Ведущий: В одном глухом лесу …..(сценка на фоне слайда дремучего леса)(Леший сидит и с воодушевление решает задачу)Леший:  «К Мухе-Цокотухе на день рождение прилетели её внуки...

Сценарий праздника 1 класс "День Матери"

Задачи:      *    воспитание гражданско-патриотического сознания и развитие духовно-нравственного потенциала учащихся.      *...

Сценарии праздников (4 класс) по теме: "Сау бул, башлангыч мәктәп!"

Проведение праздника последнего звонка в школе для 4 класса....

"День матери" - сценарий праздника 2 класс

[[{"type":"media","view_mode":"media_large","fid":"5046994","attributes":{"alt":"","class":"media-image","height":"356","style":"width: 114px; height: 120px;","width":"339"}}]]Цели: •  Организаци...

Урок окружающий мир 2 класс на якутском языке. Тема здоровый образ жизни.Режим дня

План конспект урока с заданиями разработанные в программе смарт ноте бук....

Сценарий праздника Первый класс! Первый класс! Пригласил на праздник Вас!

Сценарий праздникаПервый класс! Первый класс! Пригласил на праздник Вас!...

Сценарий праздника " Сентября"

Сценарий с текстами используемых песен...