План-конспект урока "Сомо5о домохтор"
план-конспект урока (3 класс)
Урок по развитию речи учащихся. Тема: Сомо5о домохтор.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
tyly_sayynnaryy_uruoga_somogo_domohtor.docx | 32.83 КБ |
Предварительный просмотр:
Тылы сайыннарыы уруога.
Уруок темата: Сомоҕо домохтор
Уруок сыала: Сомоҕо домохтору кэпсэтэр тылга тутта үөрэнии, хомуурунньук оҥоруу.
Соруктара:
Үөрэтэр: Инники уруокка ылбыт билиини сааһылааһын;
Сомоҕо домох туһунан билиини дириҥэтии;
Саҥа сомоҕо домохтору билиһиннэрии.
Сайыннарар: Тыл саппааһын байытыы;
Тыллары сатаан тэҥнээн көрөр, ырытар дьоҕуру сайыннарыы;
Бөлөҕүнэн үлэлиир сатабылы сайыннарыы.
Иитэр: Бэйэ – бэйэҕэ убаастабыллаахтык сыһыаннаһарга, истиһэргэ, үлэни сөпкө
аттарынарга үөрэтии.
Туттар тэриллэрэ: ПК, экран, проектор, словарь, карточкалар, паапка, цв. кумааҕы, кыптыый, цв. харандаастар, А4, клей, атрибуттар.
Уруок хаамыыта
1 этап – ситиһиилээх үлэҕэ угуйуу:
- Бүгүҥҥү уруокпутугар ыалдьыттар кэллилэр. Дорооболоһуоххайыҥ.
Бары ситиһиилээхтик үлэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
2 этап – тугу билэ илиги быһаарыы:
-Кыракый түөртээх Сардаана кыыс ийэтиттэн ыйытар
- Ийээ, сайын хаһан буоларый?
- Ээ, көрүөх бэтэрээ өттүгэр буолуоҕа.
Сардаана муодарҕаан тула өттүн көрө сатаата да сайына кэлбэтэ.
- Ийээ, көрө сатыыбын да сайын кэлбэтэ дии.
- Сардаана кыыс то5о сайыны көрбөтө, ийэтин этэрин то5о өйдөөбөтө?
- Көрүөх бэтэрээ өттүгэр диэни атын тылынан солбуйуохха сөп дуо?
- Маннык тыллары биһиги туох диэн ааттыыбытый? (Өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйан арахсыбакка туттуллар тыллары сомоҕо домох дэнэр.)
- Бүгүҥҥү уруокпут темата тугуй? (Слайд 1)
- Эһиги төрөппүттэргит сомоҕо домохтору төһө тутталларый?
- Эһиги бэйэҕит туттаҕыт дуо?
- Оччоҕуна биһиэхэ саҥарар саҥабытыгар туох проблема баар эбитий?
- Биьиги хантан сомо5о домохтору билиэхпитин себуй? (дьоммутуттан, кырдьаҕастартан, тылдьыттан.
- Маннайгы тылдьыты 1974с үс томунан 128 стр. Григорьев Н.С. онорбута. (слайд 2)
- Онтон Нелунов Анатолий Гаврильевуич саҥардан таьааттарбыта.
Ол гынан баран бу хомуурунньуктар олус а5ыйахтар, манна туттарбытыгар суох. Онон биьиги бэйэбит хомуурунньук оностуохпут.
3 этап. Уруок сыалын туруоруу.
- Туох сыал – сорук туруорунабытый (С/д билии, тутта үөрэнии, хомуурунньук оноруу)
(Слайд 3)
4 этап – проблематтан тахсыы:
- Тэҥнээьин
А) - Сомоҕо домох диэн тугуй?
- Бииргэ арахсыбакка туттуллар тыллары сомо5о домох диэн ааттыыбыт
Б) Тэҥнээ (Слайд 4)
Кулгааҕын ыйаабыт Таҥаһын ыйаабыт
Бэйэҕин илиигэр ыл Оонньууру илиигэр ыл
Холуоһаҕа олордум Олоппоско олордум
- Ханнык столбикка көнөтүнэн этиллэрий?
- Хайатыгар көспүт суолтатынан этиллэрий?
- Сомоҕо домох көнөтүнэн этииттэн туох уратылааҕый?
Б) Сомоҕо домохтору ханныктары билэҕит?
2. Бөлөҕүнэн үлэ.
А) - Бөлөҕүнэн үлэлиэхпит. Бөлөххө үлэлииргэ туох быраабылалары билэбитий?(Слайд 5)
1. Сүрүннүүр киһини талабыт.
2. Былаанныыбыт.
3. Үлэбитин үллэстэбит.
4. Доҕотторбут этиилэрин болҕойон истэбит.
5. Чуумпутук сүбэлэһэн үлэлиибит.
4. Бырайыагы көмүскүүбүт.
Б) - Бары көмөлөөн хомуурунньук оҥоруохпут. Биир лиискэ сомоҕо домоҕу көнө суолтатынан уруһуйдуугут. Иккис лиискэ сомоҕо домоҕу кыраһыабай гына суруйаҕыт. Кэннигэр сомоҕо домох быһаарыыта баар буолар.
- Хомуурунньук оҥорорбутугар туох идэлээх дьон улэлиэхтэрэй? (редактор, художник, сэкэрэтээр).
В) Бөлөх үлэтин көмүскээһин.
- Бары бөлөхтөр оҥорбут үлэлэрин бииргэ түмэн хомуурунньук оҥордубут. Маны ханна, хайдах туттуохха сөбүй?
- Бэриллибит темаҕа сомоҕо домохтору туттан инсценировка туруоруу.
- Билигин хас биирдии бөлөх сомоҕо домохтору туттан кыракый инсценировка туруоруоҕа. Театрга туох идэлээх дьон улэлииллэрий? (режиссер, артыыстар, кестуум тигээччи…)
- Эһиги ким туох идэлээх буоларын үллэстэҕит. Режиссер туруорааччы буолар, атыттар артыыстар буолаҕыт. Остуолга туттар маллар, атрибуттар бааллар. Хас биирдии бөлөххө көмө сомоҕо домохтор карточка бэриллэр, ону туһаныаххытын сөп.
1 бөлөх: Перемена кэмигэр.
- Кураана5ы куустарда. Албыннаата.
- Ис минэ киhи. Эйэ5эс, үчүгэй киhи.
- Абааhыта киирдэ. Кыыhырда, уордайда.
- Икки хара5а тэстэринэн. Наhаа түргэнник.
- Сонун тэллэ5э салыбырыыр. Куттанар, толлор.
- Оройунан (төбөтүнэн) көрбут. Мэник, улдьаарбыт о5о.
- Күөх оту тосту үктээбэт киhи. Көрсүө, сытыары-сымна5ас киhи.
- Тииҥ мэйии. Өйдөөх киһи.
- Илии-атах буолла. Көмөлөестө.
2 бөлөх: Сайын тыа5а.
- Отуойка5а олорто. Албыннаата.
- Күөх оту тосту үктээбэт киhи. Көрсүө, сытыары-сымна5ас киhи.
- Киңэ – наара алдьаммыт (холлубут). Кыыhырбыт.
- Кыл тиэтэлинэн. Муң кыраайынан, ыксаан.
- Сүрэ5э айа5ар та5ыста. Куттанна.
- Айа5а хам буолбат. Куруутун тугу эрэ кэпсии, саҥара сылдьар.
- Халлаан киhитэ. Мэник, оттомо суох быhыыны сэмэлээн (сымна5астык) этии.
- Һуу-һаа буолла. Айманар, түбүгүрэр.
- Ыаҕастаах уунан кутта. Дохсун, күүстээх самыыр түстэ.
3 бөлөх: Сааскы оонньуулар.
- Салааскатыгар олорто. Албыннаата.
- Сытар ына5ы туруорбат. Сымна5ас, көрсүө, сэмэй.
- Сүрэ5э айа5ар та5ыста. Куттанна.
- Быарым быстыар диэри. Күүскэ, элбэхтик (күллүм).
- Бэйэтэ да билбэккэ. Өйдөөбөккө хаалла.
- Икки ардыларыгар уу тохтубат. Олус доҕордуулар.
- Эйэ дэмнээхтик. Эйэлээхтик
4 бөлөх: Кыьыҥҥы булт.
- Ис минэ киhи. Эйэ5эс, үчүгэй киhи.
- Тимир тириитин кэппит. Кыыhырбыт.
- Тиңилэ5э харааран хаалла. Түргэнник сүүрдэ, куотта.
- Кутуйах иинин кэңэтэр. Куттанан, уолуйан, барыах – кэлиэх сирин булбат.
- Көрүөх бэтэрээ өттүгэр. Олус түргэнник.
- Буута быстарынан. Олус түргэнник сүүрэр.
- Алдьархай ааҥнаата. Улахан иэдээн буолла.
- Санаа булла. Тугу эрэ оҥорорго сананна.
- Саба түс. Элбэх буолан көмөлөөн.
5 бөлөх: Оонньуур маҕаһыыныгар.
- Эрдиитэ суох тыыга олорто. Албыннаата, кыhал5а5а киллэрдэ.
- Тарбаабыт ынах курдук. Кыhаллыбат, көрсүө.
- Уйатыгар уу киирдэ. Ыксаата, куттанна.
- Көрөн баран чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр.
- Ааннарын саппат буолла. Субу-субу, сотору буола-буола сылдьар буолла.
- Биир санаанан. Бары сөбүлэһэн, мөккүспэккэ. Этиспэккэ.
- Атаҕа сири билбэт буолла. Олус үөрдэ.
Инсценировканы көрүү, сыаналааһын.
№ | Сыаналааһын түһүмэхтэрэ | Баал 1-5 |
1 | Теманы арыйыы | |
2 | Сомоҕо домоҕу сөптөөхтүк туттуу | |
3 | Артыыстар оонньооһуннара | |
4 | Уопсай баал |
- Бөлөххө үлэни сыаналааһын
№ | Сыаналааһын түһүмэхтэрэ | Баал 1-5 |
1 | Бары сүбэлэһэн үлэлээтибит | |
2 | Хомуурунньукпут | |
3 | Инсценировкабыт | |
4 | Уопсай баал |
Түмүк.
- Туох саҥаны биллибит, туохха үөрэннибит?
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
План-конспект урока по физической культуре для 4 класса. Конспект - урока: Использование современных танцевальных фитнес программ на уроке физической культуры
Цель: Повысить интерес к занятиям физическими упражнениями, через музыкально - двигательную деятельность учащихся, содействовать поддержанию и развитию их активности.Задачи:1.Формировать двигате...
Конспект открытого урока русского языка в 6 классе по теме: "Этот удивительный мир.... фразеологизмов" план-конспект урока по русскому языку (6 класс)
Өсөнсө класс. Миҙгелдәр. Сифат темаһын ҡабатлау....
План-конспект урока по чтению (1 класс) по теме: Конспект урока литературного чтения в 1 классе ."Школа 2100"
Урок литературного чтения в 1 классе «Школа 2100»Тема: Недолгая красота весны.( Николай Иванович Сладков «Бегство цветов» )Цель: формирование читательской компетенции учащихсяЗадачи: - форм...
План-конспект урока математики по теме "Сложение вида 61+7 и соответствующие случаи вычитания; план-конспект урока чтения по теме "Е. Пермяк. Случай с кошельком"
Возможно, урок в помощь начинающему педегогу коррекционной школы....
План-конспект урока по физкультуре (1 класс) на тему: Конспект образовательного урока по физической культуре. Технологическая карта урока
Предмет физическая культура Класс...
План-конспект уПлан-конспект урока Математики 4 класс Единицы массы. Тонна. Центнер.
План-конспект урока Математики 4 класс Единицы массы. Тонна. Центнер.Предметные задачи: 1. Организовать деятельность учащихся по планированию изучения темы: « Единицы массы. Тонна. Центнер»...
План - конспект урока музыки по теме: Конспекты уроков музыки в начальной школе
Здесь вы найдете конспекты уроков музыки в начальной школе!...