Рабочая программа родная речь 3 класс
календарно-тематическое планирование (3 класс) на тему
рабочая программа по родной речи 3 класс
по учебнику "Кустук"
в неделю 2 часа, за год 68 ч.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
rp_rod_rech_3_klass.docx | 71.17 КБ |
Предварительный просмотр:
МБОУ Чериктейская средняя общеобразовательная школа им. В.Ф. Афанасьева-Алданского
«Принято» «Согласовано» «Утверждаю»
на заседании МО Заместитель директора по УР Директор МБОУ ЧСОШ
учителей начальных классов _________ Л.Е. Лугинова ___________ В.В. Ушницкая
«___» _____________ 2015г. «___» ______________ 2015г. «___» _______________ 2015г.
Руководитель МО
Рабочая программа
на 2015-2016 учебный год
Предмет: Родная литература
Класс: 3
Общее количество часов: 68
Количество часов в неделю: 2
Учебник: Л.В. Захарова, Л.К. Избекова «Кустук»
Учитель: Горохова С.Д.
2015-2016 у.г.
Иhинээ5итэ
- Быьаарыы сурук (Пояснительная записка)……………………………………………….……………………………………………………….
- Үерэх предметин уопсай ейдебулэ (Общая характеристика учебного предмета)……………………………………………………………..…………………….………………………………………………………..
- Yерэх былааныгар уерэх предметин миэстэтэ (описание места учебного предмета)……………………………………………………………………………………………………………………………………………..
- Ытык ейдебуллэри инэрии, уерэх сатабылларын сайыннарыы, тустаах уерэх предметин уерэтии тумуктэрэ (Личностные, метапредметные, предметные результаты освоения учебного предмета)……………………………………………………………………………...…………...
- Уерэх предметин ис хоьооно (Содержание учебного предмета)………………………………………………………………………………..……..…………………………………………………….
- Учебнай тематическай былаан…………………………………………………………………………………………………………………….
- Календарнай тематическэй былаан (Календарно-тематический поурочный план)…………………………………………………….……….…………………………...………………………………………………………
- Учебно-методическэй хааччыйыы (перечень учебно-методического обеспечения)…………………………………………………………………………………………………………………………………………
- Туьаныллыбыт литература (использованная литература) ……………………………………………………………………………………….
Быьаарыы сурук
О5о тэрилтэтигэр, оскуола5а тереебут тылынан иитии-уерэтии сурун ирдэбил быьыытынан билиниллэн, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын уерэххэ уонна тылга сокуоннарыгар ити ейдебул туспа ыстатыйанан киирэн, быраап быьыытынан кемускэллээх, билинни усулуобуйа5а угус норуот тыла чел туруктаах хааларыгар тирэх буолар.
Оскуола5а уус-уран литератураны уерэтии Российскай Федерация уонна Саха Республикатын Терут сокуоннарыгар, Уерэх туьунан сокуоннарыгар, «Россия гражданинын личноьын сиэрин-майгытын сайыннарыыга уонна иитиигэ концепцията», федеральнай государственнай уерэх стандартара курдук государственнай суолталаах докумуоннарга оло5урар.
Ити ааттаммыт докумуон быьыытынан, начаалынай уорэхтээьин таьымыгар нуучча уонна торообут литератураны уорэтиигэ тэн таьымнаах тумук ирдэнэр. Тереебут литература атын уерэх предметтэрин кытта бииргэ о5о личность быьыытынан сайдыытын хааччыйыахтаа5а этиллэр, ону сэргэ урукку еттугэр ирдэммэт сана булгуччулаах ирдэбили - уерэнээччигэ уерэх дэгиттэр дьайыыларын инэриини киллэрэр.
Уус уран литература уерэх предметин быьыытынан сурун сыала – о5ону сырдыкка, ырааска, кэскиллээххэ, уйэлээххэ киллэрии. Ол инниттэн о5о5о бэрт кыратыттан уус-уран литератураны тус бэйэтигэр суолталаахтык ылынар кыа5ын оло5урдар ньымаларынан уерэтии эрэйиллэр, сыыйа кылаастан кылааска, суьуехтэн суьуеххэ тахсан ситэ5ин аайы айымньыны ылынарга дьо5ура диринээн, эстетическай таьымна тиийэн, урдук культуралаах аа5ааччы, айааччы буолан тахсар кэриннэ тиийэригэр тускуланыахтаахпыт.
Программа сурун сыала кини соруктарын быьаарар:
- аа5ыы культуратыгар дьулуьуу, аа5ааччыны иитии;
- уус уран айымньыны о5о тус суолталаахтык эстетическай таьымынан ылынар дьо5урун сайыннарыы;
- тереебут норуотун духовнай кууьунэн ийэ тыынын иитийээхтээбит сахалыы саналаах, айыы тыыннаах киьини иитии;
- бииргэ олорор аймах, уруу омуктар (эбээн, эбэнки, юкагир, долган о.д.а.), нуучча уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын утуе тыынын инэриммит, норуоттар утуе, до5ордуу сыьыаннаьыыларын олох сайдыытын тутулун курдук ейдуур личноьы иитии.
Билигин тереебут литература, федеральнай государственнай уерэх стандартын (ФГОС) ирдэбилинэн, уопсай уерэхтээьин булгуччулаах чааьыгар киирэн, базиснай уерэх былааныгар (федеральнай) миэстэтэ, уерэтиллэр чааьа чопчу ыйыллан уерэтиллэр таьыма урдээтэ. Алын суьуех оскуола таьымыгар тереебут литератураны уерэх предметин быьыытынан уерэтиигэ тумук ирдэбили эмиэ федеральнай государственнай уерэх стандарта суруннуур.
Программа5а «аа5ыы,сэьэргэьии», «бэйэ аа5ыыта» салааларга киирбит билинни литература айымньыларын, педагогическай, психологическай кедьуустэрин быьааран, атын айымньыларын уларытылынна, айымньылар чаастарын аттаран бэрилиннилэр.
Уерэх былаанынан алын суьуех оскуола5а литературнай аа5ыыны уерэтиигэ барыта 234 ч. керуллэр. Ол иьигэр:
- кылааска — 30 чаас
- кылааска — 68 чаас
- кылааска — 68 чаас
- кылааска — 68 чаас.
Туруоруллубут сыалы – соругу ситиьиигэ 3 кылааска Захарова Л. В.; Избекова Л. К. «Кустук». Дьокуускай: Бичик, 2006с. 3 кылааска уаа5ар кинигэ туьаныллар.
Уорэнээччи билиитин, сатабылын бэрэбиэркэлииргэ, хонтуруоллуурга мунуутэ5э аа5ыы, бэрэбиэркэлиир улэлэр, тестэр ыытыллаллар.
Үерэх предметин уопсай ейдебулэ
«Литературнпй аа5ыы» предмети уерэтэргэ оноьуллубут улэлиир бырагыраамма «Саха тыла: 1-4 кылаас: саха оскуолатын программата» уонна «Захарова Л. В. Литература аа5ыыта: улэлиир бырагыраамма: 1-4 кылаас» тирэ5ирэн оноьулунна.
Уус-уран литература оскуола5а о5ону кыра сааьыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга уьуйар, иитэр-уерэтэр сурун хайысха. Умсугуйан аа5ар о5о ейе-санаата сайдыылаах, билиилээх-керуулээх, олох бугуннутун эрэ буолбакка, бэ5эьээннитин ырыналыыр, сарсыннытыгар эрэллээх буолар. Онон «Литературнай аадыы» уерэх предметин анала – о5о5о ааар дьоуру олохсутуу, аа5ыы бэйэ кыа5ын сайыннарыыга суолталаа5ын ейдетуу.
Оскуола5а «Литературнай аа5ыы» уерэх предметин сыаллара:
- аа5ыы уопсай култууратын инэрии; аа5ар уеруйэ5и олохсутуу; сана араас керунун сайыннарыы;
- о5о5о септеех научнай литератураны хабан туран аа5ыы араас эйгэтигэр киллэрии;
- уус-уран айымньыны аа5ыы ненуе уйул5аны хамсатан иэйиини уьугуннарыы; тыл искусствотыгар эстетическэй сыьыаны уескэтии; тылынан айар дьо5урун сайыннарыы;
- аа5ыы ненуе сиэр-майгы утуе еруттэрин олохсутуу, Саха сирин, Россия уонна тас дойду норуоттарын култуураларыгар убаастабылы иитии.
Сыалы ситиьэргэ маннык соруктар тураллар:
- аа5ыы араас ньыматын бапылаапын;
- тиэкиьи кытта улэ сурун сатабылларын инэрии;
- наадалаах литератураны булан туьаныы;
- аа5ыыга интэриэьи уескэтэн, кинигэьэ тапталы инэрии;
- айан кэпсиир уонна суруйар уеруйэхтэри сайыннарыы;
- норуот тылынан уонна уус-уран айымньытын духуобунай ис номо5ун ненуе иэйиини уьугуннаран, олох араас кестуутугэр сиэрдээх сытыаны уескэтии;
- уус-уран айымньы тылыгар бол5омтолоох буолууну cитиhии;
- тереебут уонна араас омук литературатын араара ейдеен, ол ненуе норуоттар до5ордуу cыhыаннарын олохсутуу.
Программа5а уус-уран айымньылары киллэрии ус суолунан оноьулунна: аа5ыы уонна ырытыы (сурун); аа5ыы уонна сэьэргэьии; бэйэ аа5ыыта.
Аа5ыы уонна ырытыы- бу сурун буолар, сиьилии аа5ыллар, ырытыллар айымньылар. Манна уус уран еттунэн энкилэ суох, дьин тыл искусствотын кэринэр киирбит, норуот биьирэбилин ылбыт, норуот духуобунай, култуурунай, историческай ейун, угэьин билиигэ, инэриигэ тускулаах айымньылар киирэллэр.
Аа5ыы уонна сэьэргэьии – сурун жанр, тема, ис хоьоон, эстетическай духуобунай кэрин быьыытынан чугас, атылыы эбэтэр ураты керуулэри куоьар айымньыларынан танылынна.
Бэйэ аа5ыыта – икки инники испииьэккэ киирбит айымньыларга эмиэ жанр, тема, ис хоьоон, эстетическай, духуобунай кэрин быьыытынан чугас, атылыы эбэтэр ураты керуулэри куоьар айымньыларынан танылынна.
Yерэх былааныгар уерэх предметин миэстэтэ.
Уорэх федеральнай базиснай былаана булгуччулаах уонна уруок таьынан улэ чаастарыттан турар. Торообут литератураны уорэтии уорэх федеральнай базиснай былаанын булгуччулаах чааьыгар коруллубут.
Тереебут литература предметигэр уерэтиллэр матырыйаал 3 кылааска маннык наарданна:
Нэдиэлэ5э 2 чаас. Сылга 68 чаас.
1 чиэппэр – 18 чаас
2 чиэппэр – 14 чаас
3 чиэппэр – 20 чаас
4 чиэппэр – 16 чаас
- Ытык ейдебуллэри инэрии, уерэх сатабылларын сайыннарыы, тустаах уерэх предметин уерэтии тумуктэрэ
Ытык ойдобуллэри уорэнээччигэ инэрии тумугэ:
- киьи сайдыылаах уонна ситиьиилээх буоларыгар тереебут тылынан аа5ыы суолтатын ейдуур;
- уус-уран литератураны тылынан искусство ураты керунун быьыытынан сыаналыыр;
- тулалыыр эйгэ туьунан билии-керуу аа5ыы кеметунэн кэниирин-дириниирин ейдуур;
- норуот айымньыта уонна уус-уран литературата саха терут оло5ун-дьаьа5ын, историятын, тылын-еьун, култууратын кестуутэ буоларын ейдуур, сыаналыыр;
- Саха сирин, Россия уонна аан дойду норуоттарын чулуу айымньыларын аа5ан, атын норуот култууратын, литературатын ытыктыыр;
- утуену-мекуну, сырдыгы-харананы арааран, сиэри тутуьуу, амарах, аьыныгас, дьонно кыьамньылаах майгы учугэйгэ тиэрдэрин ейдуур.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ:
- аа5ыы улэтин араас керунэр сыал-сорук туруорунар, былаанныыр, тумугун саба5алыыр;
- улэтин хонтуруолланар, сыаналана уерэнэр;
- уруокка, уруок таьынан улэ5э бэриллибит соруда5ынан араас информационнай эйгэ кыа5ын талар, туьанар;
- уус-уран айымньыга меккуер теруетун, сайдыытын быьаарар, уескээбит кестуулэри, дьон сыьыанын ырытан дакаастыыр;
- уус-уран айымньы сурун ис хоьоонун, геройдар араас сыьыаннарын, сурун сюжет сайдыытын ырытан, анал бэлиэ, графика кеметунэн быьаара, ситимнии (типиктии) уерэнэр;
- аахпытыгар уонна тус уопутугар оло5уран, тэнниир уонна ойуулуур, учебнигынан улэлиир;
- уус-уран айымньыны ырытыы кэмигэр алтыhыы сиэрин тутуьан, бииргэ улэлиир кыахтанар;
- до5отторун, тереппуттэрин, кылаас иннигэр кылгас иьитиннэриини онорор;
- бэриллибит тиэмэ5э санаатын сааьылаан айан кэпсиир, суруйар.
Тустаах уерэх предметин уерэтии тумугэ:
- аа5ыы сурун уеруйэхтэрин баьылыыр;
- айымньы араас керунун бол5ойон истэр;
- норуот айымньыта уонна уус-уран литература, тереебут уонна атын омук литературата диэн араарар;
- аахпыт уус-уран айымньытын суруйааччытын (саха уонна омук) аатын уонна керунун (жанрын) бол5ойор уеруйэхтээх;
- сааьыгар септеех араас керуннээх (уус-уран, уерэх, научнай-популярнай) тиэкиьи учугэйдик ейдуур, ырытар, туьанар;
- кэпcээhин араас керунун (сиьилии, кылгатан, талан, быьа тардан) билэр;
- сорудах быьыытынан туhааннаах керуннэ сеп тубэьиннэрэн кэпсиир;
- себулээн аахпыт айымньытын туьунан аа5ааччы дневнигэр (альбом, тэтэрээт) уьуктубут иэйиитин уллэстэн санаатын суруйар;
- сааьыгар сеп тубэьэр айымньы тылын араас дэгэт суолтатын ейдуур, то5оостоох миэстэ5э кубулуйбат эпитети, ес хоьоонун, уус-уран ньыма арааhын кэпсииригэр туhанар;
- айымньыттан себулээбит кэрчигин талан уерэтэр, ейтен хоьоонноохтук аа5ар;
- чопчу тиэмэ5э араас керуннээх суругунан айар улэни толорор.
- Уерэх предметин ис хоьооно
Тереебут литератураны уерэтии маннык ис хоьоонноох буолар:
Санарыы уонна аа5ыы улэтин коруннэрэ:
- туора сананы истэргэ, ылынарга;
- истибит айымньы туьунан ыйытыыга сатаан хоруйдуурга, буолбуту сааьылаан быьаарарга;
- истибит уерэх, научнай-биллэрэр, уус-уран айымньы туьунан ыйытыы биэрэргэ уерэтэр.
Таска суьуехтээн аа5ыыттан сыыйа бутун тылынан аа5ыыга кеьеругэр, аа5ыы тэтимин тургэтэтэригэр, орфоэпияны, интонацияны, сурук бэлиэтин тутуьа, тиэкистэр ис номохторун ейдуу, аа5ыы керунун быьаара уерэнэригэр билиини биэрэр.
Искэ аа5ыы. Кээмэйинэн уонна керунунэн септеех айымньылары таска аа5ыыттан сыыйа искэ аа5ыыга кеьуу. Аахпыт тиэкиьи ейдуургэ ис хоьоонун санатыьан уонна ыйытыыларга хоруйдаан хонтуруолланар уонна кеннерунэр ньымалары туьаныы. Аа5ыы араас керунун уратытын ейдееьун: факт, ойуулааьын, этиини толоруу уо.д.а.
Араас тиэкиьи кытта улэ:
- тиэкис ейдебулун, уус-уран тиэкис тиэмэтин, сурун санаатын, тутулун, кэрчиктэргэ арааран кыра тиэмэлэри быьаарарга, аат биэрэргэ;
- уерэх, научнай-популярнай тиэкис диэн араарарга уерэтэр;
- уопсай ырытыыга кыттан, ыйытыыга хоруйдуурга, тыл этэргэ, атын о5о этэрин сатаан истэ уерэнэргэ олук уурар;
- уус-уран ньыманы туьанан айымньы геройун ойуулуурга, кэпсээьин араас керунун (сиьилии, талан, кылгатан) баьылыырга терут уурар.
Библиографическай култуура кинигэ искусство биир керунэ, билии терде буоларын, керунун, тутулун, тииптэрин (ыйынньык-кинигэ, уерэх кинигэтэ, уус-уран кинигэ) туьунан биллэрэр.
Санарыы диалог, монолог диэн сана араас керунэ буоларын биллэрэр, былааннаан санарар, уус-уран ньыманы туттар, айымньыны сал5аан, ейтен этэр дьо5уру, кэпсэтии этикетин тутуьар култуураны олохсутар.
Сурук суругунан сана литературнай нуорматын, ис хоьоон уонна тиэкис аата сеп тубэсиьиилэригэр (тиэмэ, кэпсэнэр сир, герой быьыыта-майгыта), тэттик ейтен суруйууга (ойуулааьын, сэьэргээьин, толкуйдааьын) уус-уран ньыманы (синоним, антоним, тэннээьин) туьанарга, бэриллэр тиэмэ5э кэпсээн, сыанабыл онорорго уерэтэр.
О5о аа5ар эйгэтэ норуот тылынан айымньытын, Саха сирин, Россия уонна тас дойдулар о5о литературатыгар классическай айымньыларын, о5о аа5ар тиэмэлэрин быьаарар.
Литературнай ойдобуллэринэн улэ:
- тиэкистэн уус-уран ньыма керуннэрин булууга;
- литература ейдебуллэринэн (уус-уран айымньы, уус-уран уобарас, тылынан искусство, кэпсээччи, сюжет, тиэмэ) сирдэтинэргэ;
- айымньы геройын (мэтириэтэ, тыла-еье, дьайыыта, ейе-санаата) быьаарарга уерэтэр;
- ааптар геройга сыьыанын;
- кэпсээн уонна хоьоон тылын уратытын, айымньы керунун (жанр) туьунан биллэрэр.
Уерэнээччи айар улэтэ оруолунан аа5арга, тылынан ойуулуурга, бэриллибит тиэмэ5э ейтен суруйарга, тиэкиьи инсценировкалыырга, айар улэтинэн араас тэрээьиннэ кыттарга, тыл этэргэ олук уурар.
Уерэтии тумугэр салгыы уерэнэргэ бэлэм буолууну кэрэьэлиир сайдыы таьыма:
- тулалыыр эйгэни билиигэ уус-уран литератураны аа5ыы суолтатын ейдуур;
- уус-уран литература киьи-аймах ытык ейдебуллэрин билиьиннэрэр суолтатын инэринэр;
- айымньы керунун бытаарыыга, геройу ойуулааhынна ырытыыны, тэннээьини туттары сатыыр;
- араас тиэкистэн туhааннаах информацияны ылар;
- ыйынньыгынан, энциклопедиянан о.д.а. матырыйаалларынан сатаан улэлиир.
3 кылаас
3 кылааска аа5ыы уруога тематическай принципкэ оло5урар. Лексическэй тема ахсын уорэнээччи онно сыьыаннаах норуот айымньытын, араас суруйааччы кэпсээнин, хоьоонун, тылбаас айымньыны аа5ар. Онон суруйааччыны кытта билсии салгыы кэниир, биир тиэмэлээх тус-туспа айымньыны тэннээн корер кыах баар буолар. Тиэмэ араас еттуттэн арыллан, о5о билиитэ-керуутэ сааьыланарыгар туьалыыр.
I тиэмэ.
Кемус куьун куллэ-уердэ алтан чуораан тыаьынан (8 ч).
Руфов С. Т. Дорообо, оскуолабыт! Ефимов М.Д. Биьиги кэьиибит. Руфов С. Т. Куьунну тыал кэпсээнэ. Суорун Омоллоон. Кемус куьун барахсан. Ефимов М.Д. Куьун кутаата. Федоров В. Ыра санаа. Сметанин Т.Е. Керудьуес кун.
Суорун Омоллоон. Бирээнньик буола5а хайдах ууммутэ.
Филиппов Ф. Салаа от.
Федоров А. О5уруот улэьитэ.
Пушкин А. С. Номнуо куьун буолан.
Сосин ИМ. Туруйалар.
Черемкин Т. Туруйалар.
II тиэмэ. Алтынньы барахсан айхаллан,
А5аллын ахтыбыт кыьыммын (10 ч).
Тобуруокап П.Н. Тула еттум тула хаар. Сэмэн Тумат. Хаар барахсан. Николай Якутскай. Кыраьа. Данилов Софр.П. Быыстапка5а. Федоров В. Саарбахха. Алынах собото. Былатыан Ойуунускай. Бултаах сир. Попов Л.А. Хоптолор. Данилов Сем. П. Кыьын. Данилов Сем. П. Кыраьа суруга. Игнатьев Н. Куоба5ы бастакы керуум. Ефимов М.Д. Силлиэ уонна булчут уол.
IIIтиэмэ. Сахам сирэ киэн кыраай,
Сонун, сонун кестуулээх (6 ч).
Тимофеев М.Е. Ийэ дойду хантан са5аланар? Черемкин Т. Тереебут буор таптала. Суорун Омоллоон. Биьиги дьиктибит. Николай Якутскай. Алмаас куората. Данилов И. К. Уйгу-быйан суола. Ча5ыл5ан. Дьокуускай урдунэн. Апросимов Н. Ойуму. Курилов Н.Н. Им-балай харана. Сэмэн Тумат. Туундара о5о5о.
Попов Л.Л. Кыталыктар кырдаллара. Гоголев ИМ. Лена. Лена очуостара.
- тиэмэ. Улэлиир учугэй,
Уеруутэ дэлэгэй (8 ч).
Тобуруокап П.Н. Ким хайдах улэлиирий?
Данилов И. Нууралдьын Куо уонна Бугуру Куо (остуоруйа).
Федоров В. Кыьалда бухатыыр.
Крылов И. А. Аьыналаах кымырдадас (угэ).
Данилов И. Соборукаан балыксыт.
Тобуруокап П.Н. Ким ханна улэлиирий?
Протодьяконов В. Сылгыьыт.
Куннук Уурастыырап. Долгунча.
Винокуров И. Упкаал бостуук.
Тимофеев СИ. Улэ барыта учугэй.
Миронов В. П. Улэ утув кээмэйэ.
Софронов А. Сана дьыл.
- тиэмэ. Учугэйтэн уерэбит,
Куьа5антан хомойобут (10 ч).
Матахова М. Обугэ са5аттан. Носов Н. Сыырга. Алексеев И. Туул.
Амма Аччыгыйа. Хабырыыс то5о куотта? Постников Ф. Дьулус туту сыыста? Слепцова А. Сурэ5э суох туьунан. Амма Аччыгыйа. Коля то5о барда? Амма Аччыгыйа. Медпунна. Винокуров С. Сэмэн. Федоров А. Тайах мас. Крылов И.А. Тураах икки саьыл икки. Винокуров С. Куескун эрдэ ерунумэ. Чуковский К. Суундьукку.
VI тиэмэ. Былыргыны былыт саппат,
Уруккуну уу суурайбат (10 ч).
Неустроев Н.Д. Омо5ой икки Эллэй икки. Пестряков Н. Бэрт Хара еруьу туоруур. Эллэй. Ол туун.
Былатыан Ойуунускай. О5о куйуурдуу турара.
Данилов Софр.П. Торбостор. Сметанин Т.Е. Манчаары. Эллэй. Саьыл сыьыы.
Данилов Софр.П. Советскай Союз Геройа Федор Попов.
Куличкина М. Герой Попов туьунан ырыа.
Федосеев И.Е. Кэриэстэбил.
Одорусов П.П. Тыыннаахтар умнубат сыллара.
Тимофеев СИ. Эйэ, дьол иьин.
- тиэмэ. Кундэл сааспыт эргиллэн,
Куммут кулум уоттанна (10 ч).
Дедюкин В.Г. Таммахтар. Захаров Ф. Саас.
Эллэй. Саас («Прометей» поэматтан была тардыы).
Федоров В. Кемуел.
Никифоров И. Орус эстэригэр.
Кулаковскай А.Е. Урэх эстиитэ.
Суорун Омоллоон. Хатын.
Тобуруокап П.Н. Манан мастар.
Сыромятникова В. Улэьит.
Эллэй. Куорэгэй.
Далан. Сааскы сахсаан.
Эрилик Эристиин. Бээрийэ урэххэ.
Тимофеев М.Е. Бу — саас тыала, бу — Маай тыаьа.
- тиэмэ. Саргылаах ырыанан
Сайыны уруйдаан (8 ч).
Куннук Уурастыырап. Таптыыбын сайыны. Амма Аччыгыйа. Сайын Амма5а. Данилов Сем. П. Ардах. Рафаэль Ба5атаайыскай. Сайын. Архип Аба5ыыныскай. Куех. Попов М. Бар дьонно.
Константин Туйаарыскай. Куех тыаны кемускээн! Захаров Ф. Сайылыкка.
Федоров В. Ийэ сурэ5э.
Уйбаан Ороьуунускай. Ийэ сурэ5э.
Макаров Е. Кыра ыанньыксыт.
Софронов Ф.С Оччутуй отчут.
Одорусов П.П. Бугун — о5о ыьыа5а.
Дмитриев П. Туьулгэ таабырыннара.
Сыллаа5ыны тумуктуур матырыйаал
Эбии аа5арга айымньылар
Былатыан Ойуунускай. Тураах тууьута.
Габышев НА. Буеккэ киьиргэс дуо?
Куннук Уурастыырап. Куьун уонна кыьын.
Николай Якутскай. Дьукаахтыылар (остуоруйа).
Данилов Сем.П. Тымныы.
Болот Боотур. Таабырыннар.
Данилов Г. Ким киэргэттэ?
Мигалкин И.В. Куоска уонна кутуйах (остуоруйа).
Федоров В. Муоьааьын.
Лугинов НА. Аддьархай. Николай Якутскай. Кыьын ытыыр — чооруос уерэр. Пестряков Н. Кыталык уйата. Федосеев И.Е. Летчик буолуом. Сметанин Т.Е. Куоскалар уонна саьыл. Левин И.Н. Чэй суута.
Далан. Кыракый хорсун кыыс Ньырбачаан туьунан кэпсээн.
Суорун Омоллоон. Тымныы муоьа.
Тарабукин ВА. Айыл5а барахсан.
Былатыан Ойуунускай. Саас.
Тролуков М. Чыычаа5ым.
Соловьев В. Тустуук туьунан (чабырдах).
Кылаас тапынан аа$ыы (9 ч).
Аа5ар, толкуйдуур, айар дьо5уру сайыннарыы
Аа5ыы, интонацияны тутуьуу.
1 кылаас | 2 кылаас | 3 кылаас | 4 кылаас |
Суьуо5у ургулдьу холбоон, бутун тылынан (2-3 суьуохтээх) сопко аа5ар. Этии бутэр интонациятын тутуьар. Хорунан уонна ойтон аа5ар. | Тиэкиьи сопко, ойдоон (сыыьа аахпытын бэйэтэ коннорон) таска доргуччу аа5ар. Туочука5а, соппутуойга тохтоон, тыын ылар, куолаьын уларытар. Ыйытыы, кууьурдуу, соруйуу этии интонациятын тутуьар. Оруолунан уллэстэн аа5ар. | Тиэкиьи сопко, ойдоон, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн тургэнник аа5ар. Биир уустаах чилиэннээх этиигэ субуруччу аа5ыы. Туьулуу интонациятын тутуьар. Искэ (бастакы аа5ыы) аа5ан баран ыйытыыга эппиэттиир эбэтэр кэпсиир. Былааны тутуьан аа5ар. | Тиэкиьи сопко, ойдоон, тургэнник, хоьоонноохтук (наадалаах сиргэ тохтоон, куолаьын уларытан, бытааран), аа5ар.холбуу этии интонациятын тутуьар. Учуутал эппит миэстэтин талан аа5ар. |
Кылааьы таьынан аа5ыы
1 кылаас | 2 кылаас | 3 кылаас | 4 кылаас |
Учуутал аа6ан биэрбит кыра кинигэтин кылаас таьыгар бэйэтэ аа5ар. Учугэй кинигэ ейдебулу ылар. | Учуутал ис хоьоонун кылгастык кэпсээбит эбэтэр соро5ун кэпсээбит киигэтин кылаас таьыгар аа5ар. Айымньы авторын аатын ейдуур. Учугэй суруйааччы диэн ейдебул уескуур. Библиотека5а сылдьар бэрээдэги тутуьар. | Себулуур тиэмэтигэр суруллубут кинигэни талан аа5ар. Таптыыр суруйааччым диэн ейдебул уескуур. Кинигэни аа5ыы культуратын тутуьар (аа5ар миэстэни, бэрээдэги тутуьар, кинигэни харыстыыр, абырахтыыр…). | Ба5арар кинигэтин сатаан талан аа5ар. Урут билбэт суруйааччым диэн ейдебул уескуур. Кинигэ ыйар аппараатын (тахсыбыт сирэ, сыла, аадырыьа, айымньы керунэ, аннотацията, иьинээ5итэ) сатаан туьанар |
Учебнай тематическай былаан
№ | Раздел темата | Чааьа |
1 | Кемус куьун куллэ-уердэ алтан чуораан тыаьынан | 9 |
2 | Алтынньы барахсан айхаллан, а5аллын ахтыбыт кыьыммын | 7 |
3 | Сахам сирэ киэн кыраай, сонун, сонун кестуулээх | 11 |
4 | Улэлиир учугэй, уеруутэ дэлэгэй | 8 |
5 | Учугэйтэн уерэбит, куьа5антан хомойобут | 8 |
6 | Былыргыны былыт саппат, уруккуну уу суурайбат | 8 |
7 | Кундэл сааспыт эргиллэн, куммут кулум уоттанна | 8 |
8 | Саргылаах ырыанан, сайыны уруйдаан ( | 9 |
Уопсайа | 68 |
Календарно-тематическай поурочнай былаан
№ | Раздел аата/ Уруок темата | чааьа | Уруок сыала | Уерэнээччи улэтин керунэ | Туттуллар тэрил | Хонтуруол керунэ | Кунэ-дьыла | |
план | факт | |||||||
Кемус куьун куллэ уердэ алтан чуораан тыаьынан | ||||||||
1 | Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: айыл5аны хоьуйууга уус-уран айымньылар | 1 | Тиэмэ сурун ейдебуллэрин, ханнык айымньылар киирбиттэрин билиьиннэрии | Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Айымньы ааптарын уонна кинигэ аатын билэр. Искэ, таска аа5ар. Пейзаж, уус-уран ньыма диэн ейдебул ис хоьоонун, уратытын быьаарар. Тэннээьин, тыыннаа5ымсытыы диэн ейдуур, бэйэ холобурун булар. Худуоьунньуктар айыл5а туьунан хартыыналарын ойуулаан кэпсиир. Кэпсииригэр туьанар тылларын булар. Уус-уран тиэкискэ хартыына уларыйарын кэтээн керер. Тиэкискэ туттуллар этиилэри быьаарар. Уус уран уонна ойуулуур дьуьуннуур ньымалары тэнниир. Кинигэ быыстапкатын тиэмэтин уонна аатын быьаарар. Кинигэлэри белехтуур. Наадыйар кинигэтин булар. | Айыл5а туьунан айымньылар Суруйааччы мэтириэтэ Суруйааччы мэтириэтэ Куьун туьунан хартыына Суруйааччы мэтириэтэ Окко сыьыаннаах, о5уруот астарын уруьуйдара Айыл5а хартыыналара Туруйа уруьуйа Суруйааччы мэтириэтэ | Аахтарыы Тылынан ойуулааьын | ||
2 | Руфов С.Т. Дорообо оскуолабыт! Ефимов М.Д. Биьиги кэьиибит | 1 | С. Руфов уонна м. Ефимов хоьооннорун кытта билиьиннэрии, хоьооннорго поэт тиэрдэр санаатын сепке булан этэргэ уерэтии; дор5оонноохтук аа5ыы дьо5урун сайыннарыы; тереебут оскуола5а тапталы иитии | Хоьооннохтук аахтарыы Хоьооннору ырытыы | ||||
3 | Руфов С.Т. Куьунну тыал кэпсээнэ. Суорун Омоллоон. Кемус куьун барахсан Ефимов М.Д. Куьун кутаата | 1 | Куьунну айыл5а кэрэтин ейдетуу; куьуну ойуулуур тыллары кытта билсии; хоьоону дор5оонноохтук аа5арга уерэнии; о5о тылын саппааьын байытыы; дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; куьунну айыл5а5а тапталы иитии | Искэ аахтарыы Айымньы ис хоьоонунан ыйытыылар | ||||
4 | В. Федоров. Ыра санаа Т. Сметанин. Керудьуес кун | 1 | Кылгатан уонна сиьилии кэпсииргэ уерэтии; тылы байытыы; аа5ар дьо5уру сайыннарыы; до5ордуу сыьыаны иитии | Тылы быьаарыы Айымньы ис хоьоонун ырытыы | ||||
5 | Суорун Омоллоон. Бирээнньик буола5а хайдах ууммутэ. | Суруйаанньыны кытта салгыы билсии; тиыэкис чаастарыгар ис хоьоонунан былаан оноро уерэнии; былааны тутуьан аа5ар дьо5уру сайыннарыы; бурдук улэтин о5олорго ейдэтуу, улэ5э тапталы иитии | Айымньы ис хоьоонун чаастарынан кэпсээьин | |||||
6 | В. Филиппов. Салаа от А. Федоров. О5уруот улэьитэ | 1 | Айымньылары дор5оонноохтук аа5ыы; аа5ар, кэпсиир дьо5уру сайыннарыы; дьон улэтигэр харытабылы иитии | Кэпсээннэри ырытан тэннээн керуу Дор5оонноохтук аахтарыы | ||||
7 | Бибилэтиэкэ5э дьарык. Айыл5а туьунан кинигэлэр, альбомнар | 1 | Куьунну тема5а кэпсэтии, тыллары ситимнээн этии онорор дьо5уру сайыннарыы; | Уруьуйунан айыл5аны ойуулааьын | ||||
8 | И. Сосин. Туруйалар Т Черемкин. Туруйалар | 1 | Ейдебуллээхтик, доргуччу, хоьоонноохтук аа5ыы уеруйэ5ин сайыннарыы; тыл саппааьын байытыы; туруйалар быраьаайдаьыыларын оло5у кытта тэннээн керуу; кетердерге интэриэьи, харытабылы иитии | Дор5 аа5ыы Ис хоьоонун быьаарыы | ||||
9 | Бэйэ аа5ыыта. Куннук Уурастыырап Куьун уонна кыьын | 1 | Текси сепке, ейдеен, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн тургэнник аа5ар дьо5уру сайыннарыы; кинигэни аа5ыыга интэриэьи иитии | Тылы быьаарыы Ис хоьоонун кылгастык кэпсээьин | ||||
Алтынньы барахсан айхаллаан, а5аллын ахтыбыт кыьыммын | ||||||||
10 | Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: кыьын, кыьынны айыл5а | 1 | Тиэмэ сурун ейдебуллэрин, ханнык айымньылар киирбиттэрин билиьиннэрии | Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Кыьын туьанан элбэ5и билэр, кыьынны айыл5аны ойуулуур. Кыьын хайдах дьыл кэмин туьунан тугу билэрин кэпсиир. До5орун санаатын ситэ истэр, пааранан улэлиир. Бэйэ иьитиннэриитин бэлэмнииригэр атын кинигэлэри сепке туьанар, талар. Кыьын туьунан быыстапканы быьаарар. Бэриллибит тиэмэ5э биир айымньыны талан билиьиннэрэр. | Кыьын туьунан хартыыналар, айымньылар суруйааччы мэтириэтэ суруйааччы мэтириэтэ собо ойуута кыьын туьунан хартыыналар кыраьа суруга уруьуй куобах ойуута
| Бэсиэдэ, Кыьын туьунан кэпсээьин | ||
11 | Тобуруокап П.Н. Тула еттум тула хаар Сэмэн Тумат. Хаар барахсан Л. Попов. Хоптолор | 1 | Хаар киьи оло5ор суолтатын ейдетуу; хоьоонноохтук аа5ыы дьо5урун сайыннарыы; тэннээн керуу; оло5у кытта сибээс тыл саппааьын байытыы, тереебут дойдуга тапталы иитии | Хоьоонноохтук аахтарыы Хаар туьунан хоьоон айыы | ||||
12 | Н. Якутскай. Кыраьа С. П. Данилов. Быыстапка5а | 1 | «Кыраьа» диэн тыл суолтатын быьаарыы; ейдебуллээхтик, доргуччу аа5ар дьо5уру сайыннарыы; улэ5э тапталы иитии | Тылы быьаарыы Ис хоьоонун ыйытыы кеметунэн ырытыы | ||||
13 | В. Федоров. Саарбахха. Алынах собото | 1 | Айымньыны дор5оонноохтук аа5ыы; аа5ар, кэпсиир дьо5уру сайыннарыы; аьыныгас буолууну иитии | Искэ аа5ыы, ис хоьоонун кылгастык кэпсээьин | ||||
14 | Былатыан Ойуунускай. Бултаах сир С.П. Данилов. Кыьын. Кыраьа суруга | 1 | Ейдебуллээхтик, доргуччу аа5ар дьо5уру салгыы сайыннарыы; айымньыны сиьилии кэпсииргэ уерэнии; булка интэриэьи иитии | Дор5оонноохтук аа5ыы Айымньылары тэннээн керуу | ||||
15 | Н. Игнатьев. Куоба5ы бастакы керуум М.Д. Ефимов. Силлиэ уонна булчут уол | 1 | Сурук бэлиэтин тутуьан айымньыны дор5оонноохтук аа5ар уеруйэ5и салгыы сайыннарыы | Ыйытыыларга эппиэт | ||||
16 | Бэйэ аа5ыыта. Габышев Н.А. Буеккэ киьиргэс дуо? | 1 | Текси сепке, ейдеен, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн | Айымньы сурун санаатын буьаарыы, Ыйытыыга хоруй | ||||
Сахам сирэ киэн кыраай, сонун, сонун кестуулээх | ||||||||
17 | Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: хоьоон. иьитиннэрии | 1 | Тиэмэ сурун ейдебуллэрин, ханнык айымньылар киирбиттэрин билиьиннэрии | Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Тереебут дойдутун, дьиэ кэргэнин туьунан, тереебут уонна улааппыт дойдутугар иэйиитин, тереппуттэригэр, бииргэ тереебуттэригэр тапталын кэпсиир. Хоьоон иэйиитин сепке тиэрдэн аа5ар. «Тереебут дойду», «А5а дойду», «Ийэ дойду» диэн тыллар суолталарын быьаарар. Олорор дойдутун, куоратын, тереебут улууьун сирин-уотун билэр. Киин куорат туьунан хоьооннору ейтен аа5ар. Сэьэргэьэр киьиэхэ бол5омто уурар. Бэйэ санаатын этэн, аахпыт айымньы туьунан ыйытыы биэрэн, паара5а улэлиир. Биир тиэмэ5э суруллубут айымньылары тэнниир. Кинигэни тиэмэтинэн наардыыр. Ситиьиилэрин сыаналанар уонна бэрэбиэркэлэнэр. | Саха сирин туьунан хартыынкалар Мирнэй куорат хаартыската Дьокуускай куорат туьунан хаартыскалар Лена ерус хаартыската Ленские столбы хаартыска | Саха сирин туьунан тугу билэллэрин кэпсээьин Мун аа5ыы | ||
18 | М. Тимофеев. Ийэ дойду хантан са5аланар? Черемкин Т. Тереебут буор таптала | 1 | Хоьоону дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру салгыы сайыннарыы; «рифма» диэн тыл суолтатын билиьиннэрии; хоьоону тэннээн керен ырытарга уерэтии; тереебут дойдуга тапталы иитии | Хоьоонноохтук аа5ыы Ис хоьоонун ырытыы | ||||
19 | С. Омоллоон. Биьиги дьиктибит Н. Якутскай. Алмаас куората | 1 | Сурук бэлиэлэрин тутуьан текси дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; Саха сирин айыл5атын баайын кытары билиьиннэрии; тереебут дойдубут баайын харыстааьын | Биирдиилээн аа5ыы | ||||
20 | И. Данилов. Уйгу-быйан суола И. Ча5ыл5ан. Дьокуускай урдунэн | 1 | Оруолунан хоьоонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сиьилии кэпсиир уеруйэ5и сайыннарыы; туту Саха сиригэр суолтата | Искэ аа5ыы Ыйытыыга хоруй | ||||
21 | Н. Апросимов. Ейуму Н. Курилов. Им-балай харана | 1 | Текси дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; былаанынан кэпсииргэ уерэнии | Дор5оонноохтук аа5ыы | ||||
22 | С. Тумат. Туундара оьо5о Л. Попов. Кыталыктар кырдаллара | 1 | Кэпсээни чааьынан арааран кэпсиир дьо5уру салгыы сайыннарыы; дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; хоту дойду олохтоохторугар интэриэь иитии | Лена ерус туьунан суруйуу Хоьоонноохтук аа5ыы | ||||
23 | И. Гоголев. Лена. Лена очуостара | 1 | Айымньыны дор5оонноохтук аа5ар, кэпсиир дьо5уру сайыннарыы; тыл саппааьын байытыы; кэпсииргэ тэннэбили тута уерэнии; Лена ерускэ кэрэхсэбили иитии | Ыйытыыга хоруй Биирдиилээн аа5ыы | ||||
24 | В.Ф.Афанасьев-Алданскай – биир дойдулаахпыт | 1 | Виктор Федорович Афанасьев оло5ун, айар улэтин кытта билсии, айымньыларын аа5ыы | Суруйааччы мэтириэтэ кинигэлэрэ | Хоьоонун уерэтии Айымньытыгар уруьуй | |||
25 | В.Ф.Афанасьев-Алданскай айымньылара | 1 | ||||||
26 | Бибилэтиэкэ5э дьарык. «Сатира» кинигэ быыстапката. | 1 | Сатира айымньылары булуу, дор5оонноохтук аа5ыы. Тыл саппааьын байытыы. | Сиьилии аа5ыы Айымньылары ырытыы | ||||
27 | Айар дьо5уру сайыннарыы Хоьоон, кэпсээн айыы | 1 | О5о айар дьо5урун сайыннарыы; ситимнээнг суруйууну салгыы сайыннарыы; | Тереебут дойду туьунан суруйуу | ||||
Улэлиир учугэй, уеруутэ дэлэгэй | ||||||||
28 | Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: улэ, улэ уеруутэ | 1 | Тиэмэ сурун ейдебуллэрин, ханнык айымньылар киирбиттэрин билиьиннэрии | Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Тиэкиьи таска уонна искэ аа5ар. Тиэкискэ тирэх тыллары булар. Тирэх тыллары туьанан бэйэ этиитин онорор. Сиэр-майгы чопчу ис хоьоонун быьаарар: чиэьинэй быьыы, эппит тылга туру. Кэпсээн дьоруойдара теье сепке быьыыламмыттарын дьууллэьэр; туох ал5ас оноьуллубутун, ону хайдах кеннеруеххэ себун быьаарар. Хомуурунньуктан ис хоьоонун булар. Ес хоьооннорун суолталарын быаарар. Бэриллибит тиэмэ5э кэпсээн онорор. Тиэкис аатын быьаарар. Тиэкис былаанын онорор, чаастарга араарар, былаанна оло5уран тиэкиьи толору кэпсиир. Аа5ыллыбыт кэпсээннэ бэйэ санаатын суруйар. Кинигэ быыстапкатын аатын уонна тиэмэтин быьаарар. | Идэлэр тустарынан уруьуйдар Суруйааччы мэтириэтэ Идэлэр ойуулара Сана дьыл туьунан уруьуйдар | Ыйытыыларга хоруй Мунуутэ5э аа5ыы | ||
29 | П. Тобуруокап. Ким хайдах улэлиирий? И. Данилов. Нууралдьын Куо уонна Бугуру Куо | 1 | Хоьоонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; араас идэ баарын ейдетуу; оруолунан аа5ар уеруйэ5и чинэтии; айымньылар ненуе улэтуьалаа5ын ейдетуу | Идэлэри быьаарыы Дор5оонноохтук аа5ыы | ||||
30 | В. Федоров. Кыьал5а бухатыыр И. Крылов. Аьыналаах кымырда5ас | 1 | Айымньыны дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру салгыы сайыннарыы; угэ диэн тугун быьаарыы; улэ5э тапталы иитии | Искэ аа5ыы Айымньыны ырытыы | ||||
31 | И. Данилов. Соборукаан балыксыт. П. Тобуруокап. Ким ханна улэлиирий? | 1 | Айымньыны сепке, ейдеен, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн тургэнник аа5ар дьо5уру сайыннарыы; араас идэлэр баалларын билиьиннэрии; улэ5э тапталы иитии | Аыймньылар ис хоьооннорун ырытыы Дор5оонноохтук аа5ыы | ||||
32 | В. Протодьяконов. Сылгыьыт К. Уурастыырап. Долгунча | 1 | Ейдебуллээхтик, доргуччу, хоьоонноохтук аа5ыы уеруйэ5ин сайыннарыы; тыл саппааьын байытыы | Дор5. аа5ыы Ис хоьоонун кылгастык кэпсээьин | ||||
33 | Бэйэ аа5ыыта. С.Данилов. Тымныы Г. Данилов. Ким киэргэттэ? | 1 | Текси сепке, ейдеен, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн тургэнник аа5ар дьо5уру сайыннарыы; кинигэни аа5ыыга интэриэьи иитии | Хоьоонноохтук аа5ыы | ||||
34 | Н. Винокуров. Упкаал бостуук С. Тимофеев. Улэ барыта учугэй В. Миронов. Улэ утуе кээмэйэ А. Софронов. Сана дьыл | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Улэ туьунан ес хоьооннорун этии Сиьилии аа5ыы | ||||
35 | Бибилэтиэкэ5э дьарык «Уус уран айымньыга – олох араас кестуутэ» быыстапка | 1 | Аахпыт айымньылары чинэтии Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Талбыт айымньыны ис хоьоонун кэпсээьин Ойтен суруйуу «Кыра да кеме – улахан уеруу» | ||||
Учугэйтэн уерэбит, куьа5антан хомойобут | ||||||||
36 | Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: тирэх тыл, этии. Тиэкис былаана. | 1 | Тиэмэ сурун ейдебуллэрин, ханнык айымньылар киирбиттэрин билиьиннэрии | Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Кэпсээн, кэпсээн дьоруойа, айымньыга сиэр-майгы кестуутэ, айымньы сурун санаата, тиэкис былаана диэн сала сурун ейдебуллэрин чопчу ейдуур. Дьоруойдарын быьаарар. Айымньы дьоруойун санатынан, быьыытынан характеристикалыыр. Кэпсээннэри тылынан ойуулуур. До5ор диэн кими этэри дьууллэьэр, дьиннээх до5ордоьуу диэн быьаарар. Учугэйи уонна куьа5аны араарар. Бэйэ уонна атын киьи быьыытын сыаналыыр. До5ордоьуу, кыьамньы, хардарыта кемелеьуу, амарах быьыы диэн ейдебуллэр суолталарын до5орун кытта ырытар; аахпыт кэпсээннэриттэн холобурдуур. Улэьит – сурэ5э суох, чиэьинэй – сымыйаччы, алама5ай – киннээх диэн утары суолталаах тыллары тэнниир, кинилэр суолталарын быьаарар. Кэпсэтэр киьини хомоппокко эрэ алтыьар. Бэйэ бэйэни ейуур, бэйэ-бэйэ5э кемелеьер. | Суруйааччы мэтириэтэ | Ыйытыыларга хоруй | ||
37 | М. Матахова. Ебугэ са5аттан Н. Носов. Сыырга | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Ис хоьоонун кэпсээьин | |||||
38 | И. Алексеев. Туул А. Аччыгыйа. Хабырыыс то5о куотта? | 1 | суруйааччыны кытта салгыы билсиьии; айымньыны дор5оонноохтук тургэнник аа5ар дьо5уру салгыы сайыннарыы; сиьилии кэпсииргэ уерэнии | Айымньы сурун санаатын этии | ||||
39 | Ф. Постников. Дьулус тугу сыыста? А. Слепцова. Сурэ5э суох туьунан | 1 | текси сепке, ейдеен, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн тургэнник аа5ар дьо5уру салгыы сайыннарыы; учугэй майгылаах, улэьит киьи буолууга иитии | Айымньы ыйытыытыгар хоруй | ||||
40 | А. Аччыгыйа. Коля то5о барда? Медпунна | 1 | текси сепке, ейдеен, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн тургэнник аа5ар дьо5уру салгыы сайыннарыы; учугэй майгылаах, улэьит киьи буолууга иитии | Суруйааччы мэтириэтэ | Айымньы дьоруойдарын ырытыы Дор5 аа5ыы | |||
41 | Бэйэ аа5ыыта. Б. Боотур. Таабырыннар И. В. Мигалкин. Куоска уонна кутуйах | 1 | Текси сепке, ейдеен, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн тургэнник аа5ар дьо5уру сайыннарыы; кинигэни аа5ыыга интэриэьи иитии | Хоьоонноохтук аа5ыы | ||||
42 | С. Винокуров. Сэмэн А. Федоров. Тайах мас И. Крылов. Тураах икки саьыл икки | 1 | суруйааччыны кытта салгыы билсиьии; айымньыны ис хоьоонун сиьилии кэпсииргэ уерэнии; ситимнээх сананы сайыннарыы | Кыыллар ойуулара | Дор5оонноохтук аа5ыы Ис хоьоонун кэпсээьин | |||
43 | С. Винокуров. Куескун эрдэ ерунумэ К. Чуковскай. Суундьукку | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Суундьукку уруьуйа | Айымньы сурун санаатын этии Сиьилии аа5ыы | |||
Былыргыны былыт саппат, уруккуну уу суурайбат | ||||||||
44 | Кирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебуллэрэ: хоьоонунан остуоруйа, угэ, угэ санаата | 1 | Тиэмэ сурун ейдебуллэрин, ханнык айымньылар киирбиттэрин билиьиннэрии | Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. Хоьоон ритмин быьаарар. Хоьоон ритмигэр оло5уран хоьоонноохтук аа5ар. историческай ырыа уратытын этэр. Утуе дьыала, хорсун быьыы диэн ейдебуллэри быьаарар. Иьитиннэрии онорорго научнай биллэрэр литератураттан наадалаах информацияны булар. Литература уонна ойуулуур-дьуьуннуур искусство айымньыларын тэнниир. хартыына туьунан, онно ойууланар тугэн туьунан кэпсиир уонна айымньыга сыьыаран санаатын этэр. Айымньылаахтык кэпсээьин: айымньы дьоруойдарын аатыттан кэпсиир. | Кинигэлэр Куйуур диэн тема5а уруьуй Ф.Попов мэтириэтэ Ф.Попов туьунан ырыа Ырыа | Ыйытыыга хоруй Мунуутэ5э аа5ыы | ||
45 | Н. Неустроев. Омо5ой икки Эллэй икки Н. Пестряков. Бэрт Хаара еруьу туоруур | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Сиьилии кэпсээьин | |||||
46 | Эллэй. Ол туун П. Ойуунускай. О5о куйуурдуу турара | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | «Мин уерэххэ ба5ам» ейтен суруйуу | ||||
47 | С. Данилов. Торбостор Т. Сметанин. Манчаары | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Сиьилии аа5ыы Ис хоьоонун ырытыы | ||||
48 | Эллэй. Саьыл сыьыы С. Данилов. Советскай Союз геройа Федор Попов | 1 | Герой Попов туьунан салгыы билиьиннэрии; былааны тутуьан кэпсээни дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; герой саллааттарга убаастабылы иитии | Хоьоонноохтук аа5ыы | ||||
49 | М. Куличкина. Герой Попов туьунан ырыа И. Федосеев. Кэриэстэбил | 1 | Герой Попов туьунан салгыы билиьиннэрии; былааны тутуьан кэпсээни дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; герой саллааттарга убаастабылы иитии | Ырыаны ыллааьын | ||||
50 | П. Одорусов. Тыыннаахтар умнубат сыллара С. Тимофеев. Эйэ дьол иьин | 1 | айымньыны дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; эйэлээх оло5у иитии | Ырыаны ыллааьын | ||||
51 | Айар улэ умсул5ана. «Албан ааттаах биир дойдулаа5ым» | 1 | О5о айар дьо5урун сайыннарыы; ситимнээх суруйууну салгыы сайыннарыы | Ойтен суруйуу | ||||
Кундэл сааспыт эргиллэн, куммут кулум уоттанна | ||||||||
52 | Киирии уоурок. Тиэмэ сурун ейдебулэ: айар улэ. | 1 | Тиэмэ сурун ейдебуллэрин, ханнык айымньылар киирбиттэрин билиьиннэрии | Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньыларыагр киирбиттэрин саба5алыыр. Уус уран уонна сурутуу литература диэн ейдебуллэр чопчу ис хоьооннорун быьаарар. Айымньыны бол5омтолоохтук аа5ар, ис хоьоонун быьаарар. Тиэкис былаанын онорор, чаастарга араарар, былааны тутуьан кэпсиир. Айымньы дьоруойдарын туьунан пааранан уонна беле5унэн улэ5э дьууллэьэр, дьоруой туьунан бэйэтин тус санаатын этэр, быьаарар. | Саас туьунан ойуулар Орус эстиитэ ойуу Суруйааччы мэтириэтэ Куерэгэй ойуута Маай бырааьынньыга уруьуй | Ыйытыыга хоруй | ||
53 | В. Дедюкин. Таммахтар Ф. Захаров. Саас | 1 | доргуччу аа5ар, ис хоьоону сиьилии ецдуур дьо5уру салгыы сайныннарыы; сааскы айыл5а кэрэтин ейдетуу | Хоьоонноохтук аа5ыы | ||||
54 | Эллэй. Саас В. Федоров. Кемуел | 1 | доргуччу аа5ар, ис хоьоону сиьилии ецдуур дьо5уру салгыы сайныннарыы; тыл саппааьын байытыы; сааскы айыл5а кэрэтин ейдетуу | Саас тематыгар уруьуй | ||||
55 | И. Никифоров. Ерус эстэригэр А. Кулаковскай. Урэх эстиитэ | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Дор5оонноохтук аа5ыы | ||||
56 | С. Омоллоон. Хатын П. Тобуруокап. Манан мастар | 1 | доргуччу аа5ар, ис хоьоону сиьилии ецдуур дьо5уру салгыы сайныннарыы; тыл саппааьын байытыы | Хатын туьунан хоьуйуу Хоьоонноохтук аа5ыы | ||||
57 | В. Сыромятникова. Улэьит Эллэй. Куерэгэй | 1 | доргуччу аа5ар, ис хоьоону сиьилии ецдуур дьо5уру салгыы сайныннарыы; тыл саппааьын байытыы | Сиьилии аа5ыы Ыйытыыга хоруй | ||||
58 | Далан. Сахсаан Э. Эристиин. Бээрийэ урэххэ | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Айымньы ис хоьоонун ырытыы | ||||
59 | М. Тимофеев. Бу саас тыала, бу – Маай тыаьа | 1 | Ейдебуллээхтик, доргуччу, хоьоонноохтук аа5ыы уеруйэ5ин сайыннарыы; тыл саппааьын байытыы | Хоьоону доргуччу аа5ыы | ||||
Саргылаах ырыанан сайыны уруйдаан | ||||||||
60 | Киирии уруок. Тиэмэ сурун ейдебулэ: Кинигэ арааьа. Кинигэ туьунан бэргэн этии, ох тыл | 1 | Тиэмэ сурун ейдебуллэрин, ханнык айымньылар киирбиттэрин билиьиннэрии | Тиэмэ аатыгар оло5уран, туох туьунан айымньылар киирбиттэрин саба5алыыр. аа5ыы араас керунун сайыннарар. «Айыы, айар улэ, айымньы» диэн ейдебуллэр суолталарын быьаарар. Бэйэтэ араас историяны айар Аахпыт айымньыларын суруйааччыларын утугуннэрэн, дьо5ус кэпсээни эбэтэр остуоруйаны айан кэпсиир. Бэйэни бэрэбиэркэлэнэр уонна уерэх кинигэтигэр баар хонтуруоллуур улэ5э оло5уран, ситиььилэрин сыаналанар. | Кинигэ арааьа Сайын туьунан ойуулар Ыьыах туьунан ойуу | Ыйытыыга хоруй | ||
61 | К. Уурастыырап. Таптыыбын сайыны А. Аччыгыйа. Сайын Амма5а С. Данилов. Ардах | Ейдебуллээхтик, доргуччу, тургэнник аа5ыы уеруйэ5ин сайыннарыы; тыл саппааьын байытыы | Дор5оонноохтук аа5ыы | |||||
62 | Р. Ба5атаайыскай. Сайын А. Аба5ыыныскай. Куех М. Попов. Бар дьонно | 1 | Ейдебуллээхтик, доргуччу, тургэнник аа5ыы уеруйэ5ин сайыннарыы; тыл саппааьын байытыы дьонно убаастабыллаах сыьыаны иитии | Ыйытыыларга хоруй Айымньыга уруьуй | ||||
63 | К. Туйаарыскай. Куех тыаны кемускээн! Ф. Захаров. Сайылыкка | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии; айыл5аны харыстыырга иитии | Айыл5аны харыстааьын туьунан кылгастык суруйуу | ||||
64 | В. Федоров. Ийэ сур5э У. Ороьуунускай. Ийэ сурэ5э | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии; ийэ5э тапталы иитии | Айымньы ис хоьоонун ырытыы Сиьилии кэпсээьин | ||||
65 | Е. Макаров. Кыра ыанньыксыт Ф. Софронов. Оччугуй отчут | 1 | Дор5оонноохтук аа5ар дьо5уру сайыннарыы; сатаан сааьылаан кэпсииргэ уерэтии | Дор5оонноохтук аа5ыы Сиьилии кэпсээьин | ||||
66 | П. Одорусов. Бугун – о5о ыьыа5а П. Дмитриев. Туьулгэ таабырыннара | 1 | Ейдебуллээхтик, доргуччу, хоьоонноохтук аа5ыы уеруйэ5ин сайыннарыы; тыл саппааьын байытыы | Хоьоонноохтук аа5ыы | ||||
67 | Бэйэ аа5ыыта. Далан. Кыракый хорсун кыыс Ньырбачаан туьунан кэпсээн | 1 | Текси сепке, ейдеен, сатаан тыынан, тылын чуолкай этэн тургэнник аа5ар дьо5уру сайыннарыы; кинигэни аа5ыыга интэриэьи иитии |
| ||||
68 | Сыллаа5ы тумуктуур уруок | 1 | 3 кылааска аахпыт айымньылары хатылааьын | Сыллаа5ы хатылааьын |
- Учебно-методическэй хааччыйыы
«Литературнай аа5ыы» уерэх предметин материальнай-техническэй хааччыйыы ирдэнэр. Литература уруогун байытыыга, уруок таhынан улэни тэрийиигэ араас кердерер-иьитиннэрэр тэриллэри септеехтук керен, талан тутаныллар.
Учебнай, методическай пособиелар
- Захарова Лариса Владимировна. Литература аа5ыыта: улэлиир бырагыраамма: 1-4 кылаас
- Кустук». 3 кылаас. Захарова Л. В.; Избекова Л. К. Дьокуускай: Бичик, 2006.
- Эбии литература
- суруйааччылар хаартыскалара
Литературнай аа5ыы уруогар туьаныллар техническэй тэриллэр:
- компьютер
- интерактивнай дуоска
Туьаныллыбыт литература
- Захарова Лариса Владимировна. Литература аа5ыыта: улэлиир бырагыраамма: 1-4 кылаас
- Захарова Л. В.; Избекова Л. К. «Кустук». 3 кылаас. Дьокуускай: Бичик, 2006.
- Поликарпова Е.М. Норуот тылынан айымньыта уонна уус-уран литература: 1-9 кылаастарга программа/ Е.М. Поликарпова, У.М. Флегонтова, Л.В. Захарова. – Дьокуускай: Бичик, 2007
- Саха тыла: 1-4 кылаас: саха оскуолатын программата /программаны онордулар: Л.В. Захарова уо.д.а./ - Дьокуускай: Бичик, 2006
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Рабочая программа "Родничок" (для дополнгительного образования учащихся 1-4 классов)
Фольклор является богатейшим источником познавательного, нравственного развития учащихся и, конечно же, развития их творческих возможностей....
Рабочая программа для 1 класса по родному (татарскому) языку и литературному чтению
Рабочая программа по татарскому языку создана на основе: □ Федерального государственного образовательного стандарта начального общего образования; (утвержден приказом МО и Н РФ 06.10.2009 г. №373...
Рабочая программа для 2 класса по родной литературе (тат.)
Рабочая программа по родному языку для 2 класса(ПНШ)...
Рабочая программа_Родная литература на родном языке (русский)_3 класс
Рабочая программа по родной литературе на родном языке (русском) для 3 класса составлена в соответствии с требованиями Федерального государственного образовательного стандарта начального о...
Рабочая программа Родной язык и родная литература 2-4 УМК школа России.
Рабочая программа Родной язык и родная литература 2-4 УМК школа России....
Рабочая программа по Чтению на родном языке. Рабочая программа Родной русский язык 3 класс УМК Школа России
Рабочая программа по Чтению на родном языке. Рабочая программа Родной русский язык 3 класс УМК Школа России...