Роль лирических произведений в развитии личности современного юноши
методическая разработка на тему

Роль лирических произведений в развитии личности современного юноши

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon liricheskay_ayymny_o5o_saydyytygar_oruola.doc60 КБ

Предварительный просмотр:

Лирическай айымньы о5о сайдыытыгар оруола.

Аан дойдуга киһи-аймах олорон ааспыт олоҕо, билбит билиитэ, өйө-санаата барыта уус-уран литератураҕа сөҥөн сылдьар. Онон ааҕар киһи билиитэ-көрүүтэ кэҥиир, өйө-санаата үрдүүр, тыла-өһө сайдар. Ааҕыыга ылларбыт ыччат бириэмэни билбэт, тугу гыныан булбакка күнү-дьылы ыыта сатаабат, араас дьаллыкка сыстыбат. Хомойуох иһин, аныгы кэмҥэ ааҕар дьон ахсаана аҕыйаан иһэрин истэ-билэ, көрө сыдьабыт.Онтон аахпат, кинигэни тутан көрбөт дьиэ кэргэҥҥэ оҕо ааҕар, кинигэни таптыыр киһи буолара уустук. Ааҕыы таһыма түспүт төрүөтэ туохханый?

Биир курдук, о5о аа5ыан ба5арда5ына да5аны, уус-уран айымньы тылын-өһүн суолтатын өйдөөбөт. Кини тылын саппааһын татыма, уус-уран тыл ситимин, сомоҕо домохтор, өс хоһооннор суолталарын ситэри өйдөөбөтө оҕо ааҕыыны кыайан баһылаабатын биир сүрүн төрүөтүнэн буолар.Күннээҕи саҥа таһымынан эрэ кэпсэтэр, онтукатын даҕаны  үгүс өттүн нууччалыы тыллары кыбытан саҥара сылдьар оҕо, биллэн турар, уус-уран айымньы тылын-өһүн ситэри дириҥник өйдөөбөт. Ол иһин үксүн оҕо айымньы сүрүн хаамыытын(сюжетын) эрэ батыһар кыахтанар.Онтон геройдар санааларын-оноолорун, иэйиилэрин, дууһаларын туругун хамсааһынын кыайан ситэрэн өйдөөбөт, кинилэр тустарыгар дууһалыын-сүрэхтиин тэҥҥэ ыалдьыбат. Баҕар, ол да иһин буолуо, аныгы дьон ортотугар бэйэ-бэйэҕэ хаҕыс сыһыан билигин кими да улаханнык соһуппат.

Иккис курдук, ааҕар таһыма мөлтөх оҕону үксүн айымньы кээмэйэ эмиэ салыннарар, ордук эпическай айымньылар. Баҕар төрөппүтү кытта бииргэ ааҕара буоллар, ити өрүт мэһэйгэ аахсыллыа суох этэ. Хомойуох иһин, аныгы төрөппүт үгүс өттүгэр солото суоҕар сигэнэн, оҕо ааҕыытыгар кыттыбат,оҕону “бэйэҥ аах” эрэ диэн хайысхалыы сатыыр. Ол билэрбит курдук, туох да көдьүүһү аҕалбат. Бэйэ холобура дьиҥэ саамай дьайыылаах буолуоҕун  аахайбат. Бастаан утаа кыра киһи дьонун тылын эрэ толорон ааҕар, кэлин ол киниэхэ туох да саҥаны-сонуну биэрбэт дьарык буолан, ааҕа сатыыр баҕата ханар.

Үһүс курдук, аныгы кэмҥэ ааҕыыны солбуйар, оҕоттон улахан сыраны эрэйбэт дьарык элбээбитэ эмиэ улахан оруолу ылар. Ол аныгы сонуну тарҕатар техникаларбыт- телефоннар, телевизор, компьютер, интернет буолаллар. Билигин бары билэбит, кырачааннарбыт саҥара да иликтэриттэн ити аныгы тэриллэргэ сысталлар. Онтон олор оҕо доуобуйатыгар туох дьайыылаахтарын истэ-билэ сырыттарбыт даҕаны, син биир таспытыгар иилиҥкэйдэһэр оҕолорбутун бэйэбит илиибитинэн онно сирдээн киллэрэбит. Мин санаабар, о5о аахпат буолбутун сүрүн төрүөттэрэ итилэр. Биллэн турар, итинтэн  атын төрүөттэр суохтар диэн этэр табыллыбат. Билиҥҥи кэмҥэ оскуола оҕотугар сыһыаннаан итилэр ордук дьайыылаах курдуктар.

Онон үлэбэр маннык  сыалы туруордум:

Оҕону сайыннарыыга лирическэй айымньы оруолун арыйыы.

Б улэ практическай суолтата:

Саха суруйааччыларын лирическэй айымньыларын нөҥүө оҕону тыл-өс, сиэр-майгы өттүнэн сайыннарар, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ көмө буолуон сөп.

Кэнчээри ыччаппытыгар ааҕар баҕаны хайдах күөдьүтэбит диэн санаа иитэр-үөрэтэр дьону үүйэ-хаайа тутар. Биллэн турар, үгүс уопут ити хайысхаҕа мунньуллар. Оскуолаҕа аа5ыыга интириэһи күөдьүтэр үлэ-хамнас арааһа былаан быһыытынан  куруук ыытылла турар: кылаас таһынан ааҕыы уруоктара, ааҕар дневниктэр, ааҕаччылары кытта араас көрсүһүүлэр, кинигэ нэдиэлэтэ, викториналар, хаһыакка , сурунаалга суруттарыы, редакциялар тэрийэр уонна атын да араас күрэхтэргэ кыттыы, о.д.а.

Онтон бүгүн мин бэйэм үлэм уопутуттан үллэстиэхпин баҕарабын.

Үөһэ ааттаммыт төрүөттэргэ олоҕуран,  кэлин кэмҥэ оҕо санаата ордук хотор дии санаан,  лирическай (хоһоонунан) айымньылары ааҕыыга оҕо болҕомтотун туһаайа сатыыбын. Этиллибитин курдук, хоһоон кээмэйэ кыра буолан, оҕону салыннарбат, кини үөрэ-көтө хоһоону ааҕыыны саҕалыыр. Хоһоону хос-хос,  хаста да ааҕарыгар сыыһата аҕыйыыр, ааҕыы кэмигэр оҕо тыла түргэнник өҕүллэр, онон ааҕыытын түмүгүн тута көрөр, үөрэр-көтөр, астынар, санаата көтөҕүллэр, ол эбэтэр үөрэтии хамыытыгар “ситуация успеха” диир түгэммит үөскүүр.

Бастаан утаа уруок саҕаланыытыгар үөрэппит хоһооннорун барытын оҕолорго 3-5 мүнүүтэ устата хором доргуччу аахтарар этим.Уруокка тугу кэпсэппиттэрин, аахпыттарын дьиэҕэ чиҥэтэн хатыылаабат буоланнар, кэлэр уруокка умнан кэбиспит буолаллар, ону хатыылыырга син биир бириэмэ баран хаалар, ол иһин умуннарымаары, өйгө тутар дьоҕурдарын сайыннараары ити ньыманы киллэрбитим. Кырдьык, оҕо өйгө тутар дьоҕурун сүрдээҕин сайыннарар, сыл устата үөрэппит хоһооннорун өйдөрүттэн иҥнибэккэ ааҕа сылдьар буолаллар. Онно бэлиэтии көрбүтүм, тыллара имиллэн, хоһоон уус-уран ойуулааһыннарын, ситимнэрин кэбэҕэстик саҥарар буолалларын.

Онтон саҕалаан, хоһоону ааҕыы, үөрэтии методикатыгар улахан болҕомтобун туһаайан барбытым. Хоһоону маҥнай ааҕыах иннинэ кылгастык автор, хоһоон суруллубут кэмин туһунан, туох эрэ ураты түгэнин бэлиэтээн ааһыы дьайыыта ордук көдьүүстээх буолар. Ол кэнниттэн оҕолору турукка киллэрэн баран, учуутал бэйэтэ хоһоонноохтук ааҕан иһитиннэрэр. Манна учуутал эрдэ ааҕан, хоһоон тылын-өһүн ылынан, иэйиитин туругар киирэр гына бэйэтэ бэлэмнээх буолара ордук суолталааҕын бэлиэтиир тоҕоостоох. Кистэл буолбатах, сороҕор оҕо хоһооно диэн биһиги, улахан дьон, соччо суолталаабат түгэммит баар буолар. Оччоҕо ыһыллаҕастык ааҕыы, сыыһа-халты интонацияны туруоруу, биллэн турар, үчүгэй түмүккэ, оҕо хоһоону сөпкө өйдүүрүгэр, ылынарыгар тиэрдибэт.

Учуутал ааҕыытын кэннэ, кыратык чуумпутук саҥата суох олордо түһэн, истибиттэрин өссө салгыы иҥэринэллэригэр бириэмэ биэрэ түһэр наадалаах. Ол эрэ кэнниттэн оҕолор туруктарын, иэйиилэрин, санааларын кытта үллэстэр кэпсэтии тэриллэр. Оҕолорго санааларын чуолкайдык этэллэригэр тирэх, көмө буолар ыйытыылары:- Хараххар тугу көрдүҥ?  -Тугу ордук сөбүлээтиҥ?  –Тоҕо автор иннэ диэбитэ буолуой? –Эн туох дии санаатыҥ? биэриэххэ сөп. Ону салҕаан, учуутал тылы кытта үлэҕэ болҕомтотун туһаайар. Манна билбэт тыл суолтатын, тыл ситимнэрин быһаарыы ыытыллар. Сороҕун тылдьыттан, сороҕун тиэкис ис хоһоонуттан быһаарыахха сөп. Итиннэ эбии ураты этигэн ньымаларга-араас уус-уран тэҥнээһиннэргэ, сомоҕо домохторго, этиигэ тыл бэрээдэгин быһаарыыга о.д.а. болҕомтону туһаайар көдьүүстээх: –Тоҕо автор маннык диэбитий, тэҥнээбитий, тылын маннык сааһылаабыта буолуой? –Атыннык эппитэ эбитэ буоллар хайдах буолуо этэй? Итинник ыйытыылар хоһоон иэйиитин сөпкө өйдүүргэ, ылынарга көмөлөһөллөр. Ол эрэ кэнниттэн: – Онтон эн бу хоһоону хайдах ааҕыаҥ этэй?-диэн тус бэйэтэ аа5ыытыгар туһулаан, искэ аахтарыы ыытыллар. Оччоҕо оҕо өйдөөн  уонна тус бэйэтигэр сыһыаран, бэйэтин сыһыанын көрдөрөр ааҕыыга бэлэм буолар. Ол хоһоонноохтук ааҕыы эрэ буолбакка, өйдөөн ааҕыы таһымыгар таһаарар. Онтон  өйдөөн ааҕыы- ааҕыы хаачыстыбатын  биир үрдүкү таһыма, ол иһин  ааҕыыга дьиҥнээх интириэһи уһугуннарар суолунан буолар.

 Ону таһынан оҕо тыла-өһө сайдарыгар суолтата күүһүрэр. Тыл суолтатын өйдөөһүн- бу тыл хомуһунун, ол эбэтэр тыл ис күүһүн ылыныы буолар. Тыл этэр хомуһунун чуолаан поэзия айымньылара иҥэринэн илдьэ сылдьаллара биллэр. Ис күүстээх тыл, иччилээх тыл диэн баарын саха тыллаах барыта билэр, өйдүүр суола.Дьиҥэр, оҕо  тыл суолтатын өйдүүр кыаҕа ийэтин үүтүн кытта иҥэрэ  айылҕа бэйэтин хаамыыта. Ол гынан баран, бу айылҕа анаабыт бэлэҕин, күннээҕи саҥабытыгар сүтэрэн-оһорон, быстар быһаҕаһын эрэ илдьэ сылдьарбыт-билиҥҥи кэм хомолтолоох көстүүтэ. Ол иһин учуутал төһө кыалларынан оҕо тыла-өһө сайдарыгар үлэтин күүһүрдүөхтээх. Лирическай айымньыга элбэхтик туттуллар кубулуйбат тыл ситимнэрин (эпитеттары), уус-уран ойуулааһыннары, тэҥнээһиннэри, тыыннааҕымсытан, кубулутан  көрдөрөр ньымалары булан көрө, быһаара үөрэнэрин наадатыгар туспа тэтэрээт, тылдьыт курдук оҥотторор ордук. Онтон өйүгэр хааларын наадатыгар сотору-сотору нойосуус үөрэттэрэн, суругунан араас үлэлэргэ ону тутталларын ирдиир көдьүүһэ улахан. Оччоҕо оҕо тус  бэйэтигэр киллэрэн иҥэрэн, саҥатыгар-иҥэтигэр тутта үөрэнэр.

Хоһооннорго, сүрүннээн, автор иэйиитэ, санаата-оноото, дууһатын ис хамсааһына бэриллэр. Бу барыта хоһооҥҥо уобарас –иэйии, уобарас-дууһа буолан кутуллан ааҕааччыны тэҥҥэ долгутар, күүрдэр эбэтэр төттөрүтүн мунчаардар, санаарҕатар. Хоһоон строкалара кэмчи тылынан элбэҕи, улаханы, суолталааҕы эҥсэн этэллэринэн  уратылаахтар. Лирика киһи дууһатын, санаатын, иэйиитин, олоххо тус бэйэ сыһыанын көрдөрөр. Манна киһи иэйиитин олох ханнык түгэнигэр, ханнык быһыыга-майгыга, айылҕа көстүүтүгэр, чугас киһитигэр көрдөрөрө ордук суолталаах. Хоһоон нөҥүө оҕо буолар түгэҥҥэ, этиллэр иэйиигэ тус бэйэтин сыһыанын тэҥнии тутар, бэйэтигэр чугаһы ылынар, иҥэринэр. Улаатан иһэр оҕо олоххо көрүүтэ, тус сыһыана олохсуйар,  бэйэтин суолун тобулунарыгар тирэх ылар. Ити биллэн турар, оҕону иитиигэ «оннук гыныма, маннык гыныма, итинник гын, маннык гын» диэн буойан-хаайан, көннөрү тылынан үөрэтэрдээҕэр-такыйардааҕар ордук тиийимтиэ ньыма кытта буолуон сөп. Онон лирическай айымньы оҕону сиэр-майгы өттүнэн иитэр суолтата улахан.

Итини таһынан, хоһоону өйдөөн, уус-ураннык ааҕыы оҕо тус бэйэтин иннигэр сыаллаах-соруктаах,  дьаныардаах, дьулуурдаах буоларга уһуйуллар,  үөрэнэр. Ааҕыы диэн өй үлэтэ, сырыы аайы саҥаны, билбэти арыйыы-ол хаһан да чэпчэки буолбат. Онон хоһоону сатаан ааҕа, үөрэтэ үөрэммит үөрүйэхтэрэ, сатабыллара атын да предметтэри баһылыылларыгар тирэх буолар дии саныыбын. Баҕар ол да иһин буолуо, хоһоону ааҕыынан дьарыктанар оҕолор тылга сыһыана да суох математика, физика предметтэригэр биллэр ситиһиилэнэн эрэллэрэ үөрдэр.

Кэлин кэмҥэ мин үлэм ситимин быһымаары, алын кылаастан орто кылааска  таһааран баран, төрөөбүт тыл уонна литература уруоктарын бэйэм үөрэтэбин. Ол үлэбин  салгыы сайыннаран, уус-уран ааҕыы дьарыктарын ыытабын, оҕолору көҕүлээн араас күрэхтэргэ кытыннарабын. Кэлин улуус иһинэн ордук уолаттар ааҕыыларын көҕүлүүр үлэ күүһүрбүтэ үөрдэр. Кыахпыт баарынан кытта сатыыбыт, ситиһиилэннэхпитинэ, үөрүүбүт өссө кынаттыыр, оҕолор баҕалара муҥура суох үрдүү турар. Оскуола, нэһилиэк иһинэн араас тэрээһиннэргэ үөрэ-көтө, киэн тутта хоһоон ааҕаллар, дьоннорун-сэргэлэрин үөрдэллэр. Төрөппүттэр эмиэ сүрдээҕин өйүүллэр, бары саҕалааһыннарбытыгар күүс-көмө буолаллар, таҥас-сап, айан ороскуотун барытын бэйэлэригэр ылыналлар.

Ситимнээх үлэм биир үтүө түмүгүнэн-үөрэппит оҕолорум тыл уонна литература улуустааҕы олипиадаларыгар ситиһиилээх кыттыылара буолар. Киэн туттабын тыл эйгэтин баһылаан үлэлии-хамсыы сылдьар выпускниктарбынан.

Түмүкпэр этиэхпин баҕарабын - лирическэй айымньы оҕо сайдыытыгар ылар оруола улахан:

  1. Оҕо тыла-өһө сайдар.
  2. Хоһоон нөҥүө оҕо этиллэр иэйиигэ тус бэйэтин сыһыанын тэҥнии тутар, бэйэтигэр чугаһы ылынар, онон олоххо сиэр-майгы өттүнэн көрүүтэ олохсуйар,  бэйэтин суолун тобулунарыгар тирэх ылар.
  3. Уус-уран ааҕыы оҕо сыаллаах-соруктаах,  дьаныардаах, дьулуурдаах буоларыгар уһуйар,  үөрэтэр.
  4.  Хоһоону ааҕа, үөрэтэ үөрэммит үөрүйэхтэрэ, сатабыллара атын да предметтэри баһылыылларыгар тирэх буолар.

Туттуллубут матырыйаал:

  1. Архипова Е.А. Хоһоонунан айымньы тутулун ырытыы: Дьокуускай: СГУ издательствота, 2006
  2. Гурьев Г.И.Саха тылын үөрэтии методиката: Дьокуускай: СГУ издательствота, 2005.
  3. Кондратьев П.П. Ийэ тылы үөрэтиигэ үгэстэр уонна саҥа суоллар: Дьокуускай: ҮөСИҮИ издательствота, 2012
  4. Петрова Т.И. Өлөр-хаалар күҥҥэ өрүһүлтэ буолуо: Дьокуускай: СГУ издательствота, 2004
  5. Чехордуна Е.П. Мэник-тэник о5о саас: Дьокуускай: Бичик, 2014


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Роль подвижной игры в развитии личности ребёнка

Статья адресована педагогам, работающим с младшими школьниками. Информационный материал статьи можно использовать для родительских собраний и оформления родительских уголков....

Статья: "РОЛЬ ДИДАКТИЧЕСКОЙ ИГРЫ В РАЗВИТИИ ЛИЧНОСТИ"

РОЛЬ ДИДАКТИЧЕСКОЙ ИГРЫ В РАЗВИТИИ ЛИЧНОСТИ...

ДОКЛАД «Роль образовательной организации в развитии личности ребенка с ОВЗ для успешной социализации и адаптации в современном обществе».

В современном мире даже здоровому человеку непросто найти свое место под солнцем, а если человек серьезно болен, то часто адаптация в обществе становится для него большой проблемой. Люди с ограниченны...

Доклад «Роль образовательной организации в развитии личности ребёнка с ОВЗ для успешной социализации и адаптации в современном обществе».

доклад "роль образовательной организации в развитии личности ребёнка с ОВЗ для успешной социализации и адаптации в современном обществе"...

«Роль музыкального воспитания в развитии личности ребёнка»

Музыка – величайший источник эстетического и духовного наслаждения. Она сопутствует человеку на протяжении всей его жизни, вызывает эмоциональный отклик, взволнованность, стремление к действию. ...

Роль художественной литературы в развитии личности ребенка младшего школьного возраста

Книга – это открытие мира”. Действительно, читая, ребенок знакомится с окружающей жизнью, природой, трудом людей, со сверстниками, их радостями, а порой и неудачами. Художественное слово в...