Текст с заданием по якутскому языку
материал (4 класс) на тему

Тимофеев Владимир Владимирович

Текст с заданием по якутскому языку

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл yam_yyynaa5y_syrdyk_sylaas_tuun.docx19.53 КБ

Предварительный просмотр:

Ыам ыйынаа5ы сырдык сылаас түүн. Ньидьили эбэ Хотун үрүҥ муустарын кырылас кумах кытылыгар хайа  курдук хал5аhалыы анньан сытар. Урукку саастарга халааннаан тахсыбыт сирдэригэр кумах эмпэрэ үөскээбит. Онно хатыңнар сандал саастарын  самаан сайыннарын, халыҥ хаары бүрүнэн  түhүү турбут бэйэлэрэ күөх үнүгэстээх лабааларынан далбаатыыллар. Хатың чараҥ кэнниттэн киэң хочо кэлэр. Сайын аайы манна дыргыйар арамааттаах ыт тиҥилэ5э үүнэр. Манна билигин ба5а батаhа сибэккилэнэн, биир кэм күп-күө5үнэн долгудьуйар. Хочо анараа өттүгэр томтордор субур5аларын кэнниттэн тиит ойуур турар. Мастар мутукчалара тыллан эрэр. Хойуу лабаалар быыстарыгар мо5отойдор сүүрэкэлииллэр, сылгы чыычаахтара чырыптыыллар.

Киэн –куоң ыhыах сиригэр сэргэлэр кылбаhаллар. Манна сайынын хойуу хатыҥ чараӊ суугунуур, үрэх чырылыыр .

Күн тахсарыгар халлаан илин са5ата кытара кыыhар, онтон  улам- улам тэтэрэн күн бастакы сардаҥалара тахсаллар, улам  улааттар –улаатан, тиhэ5эр күн бэйэтинэн тэмтэйэ ойон мичилийэн тахсар.

Сайын кэлэрэ биллибититтэн киhи сүргэтэ көтө5үллэр, икки илиигин өрө уунан баран күнү көрсө сүүрэ туруох курдуккун.

  1. Тиэкиhи ааттаа
  2. Ханнык  тиэкиhий?
  3. 4 этии ханнык этииний?
  4. Хойуу лабаалар быыстарыгар …  этиигэ тутаах чилиэннэри бул
  5. Урукку саастарга… этиигэ аат тыллары аннынан тарт, падежтарын ый.
  6. Манна сайынын … этиигэ туохтууру бул, ааспыт бириэмэ5э туруор.

По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Интегрированное задание по родному (якутскому) языку и математике

Предлагается пример интеграции знаний по родному языку, чтению и математике. Такие задания формируют целостное восприятие учебного материала, умение работать с текстом, умение решать задачи. А также п...

План урока по литературному чтению на якутском языке. Тема урока: Николай Якутскай «Дьукаахтыылар».

План урока  по литературному чтению на якутском языке.  Н.Г. Золотарев-Якутский "Дьукаахтыылар"...

Олимпиадные задания по якутскому языку

Авторский коллектив в составе Кривошапкиной С.С, Ноговицыной М.П., Шапошниковой М.Г. разработали олимпиадные ...

Тексты с заданием по русскому языку в 1 классе

Тексты с заданием по русскому языку в 1 классе...

Тексты с заданиями по русскому языку 1-4 классы

Тексты с заданиями по русскому языку1-4 классы...

Конспект урока по русскому языку: «Текст – повествование. Составление текста на заданную тему» во 2 классе

МКОУ «Миролюбовская основная общеобразовательная школа»        Конспект урока по русскому языку: «Текст – повествование. Составление тек...