Родительское собрание на тему "Трудовое воспитание"
методическая разработка на тему
Основы трудового воспитания закладываются в семье. Семья – дружный трудовой коллектив. Любовь к труду необходимо начинать воспитывать очень рано. Подражание, свойственное ребенку, является одним из важнейших мотивов, побуждающих детей к активной деятельности. Наблюдение за трудом взрослых рождает желание делать то же самое. Не погасить это желание, а развить и углубить его – основная задача родителей, если они хотят вырастить ребенка трудолюбивым.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
rodsobranie_trudovoe_vospitanie.docx | 121.94 КБ |
Предварительный просмотр:
Родительское собрание.
Тема: трудовое воспитание детей младшего возраста.
Утуе кунунэн, убаастабыллаах тереппуттэр.
О5о5о үлэ суолтата.
О5о үлэ туьунан бастакы ейдебүллэри, бастакы сатабыллары, үерүйэхтэри чугас дьонуттан ылар. Дьиэ кэргэңңэ о5о туьа киьитэ буолуута – бастакы улахан үерүү. Туьа киьитэ буолартан олоххо, үлэ5э бэлэмнээьин са5аланар.
Билиңңи олох сиэринэн, «Ким үлэлиир – ол аьыыр, ким үлэлиир – ол дьоллоох», «Үлэ киьини киэргэтэр» диэн ох тылларга оло5уран, чахчы үлэьит киьи сатаан бэйэтин бэйэтэ иитинэн олорор кэмэ кэллэ дии саныыбын, ол иьин бу туьунан кэпсиэхпин ба5арабын.
Оскуола5а киириэр диэри үлэ диэн тугун билбэтэх о5ону хойут үлэ5э үерэтэр ыарахан. Ол иьин о5ону олох эрдэттэн үлэ5э үерэтиллиэхтээх.
Үлэ о5о быьыытын-майгытын чочуйар. Үлэьит о5о, иллэң бириэмэтэ суох буолан, онно-манна мэнээктээбэт, бэйэтин туттунар, керсүетүк сылдьарга үерэнэр. Оттон үлэтэ суох о5о мэниктиирин эрэ билэр буолар. Ол сылдьан араас сабыдыалга түбэьэр, бэрээдэги кэьэр, маннык о5ону - «Сүрэ5э суох сүүс сүбэлээх» дииллэр.
Сибиэьэй салгыңңа үлэлээьин кими ба5арар чэбдигирдэр, эт-хаан еттүнэн сайыннарар, ей үлэтин сынньатар. Үлэьит о5о доруобай, кыайыгас, илиитэ-ата5а модьу, чэбдик керүңнээх, үчүгэйдик аьыыр-сиир буолар.
О5о дьиэ5э толорор үлэтин хас да белеххе араарыахха сеп. О5о үлэтэ бэйэтин харанарыттан са5аланар, ньуосканы тутар буолуо5уттан бэйэтэ аьыыр, 2-3 сааьыттан таңнарга, суунарга, оонньуурун хомуйарга уерэнэр. 4-5 сааьыттан оронун хомунар, хоьун бэрээдэктиир, тас таңаьын, ата5ын таңаьын харанар, утуйарыгар бэрээдэктээн уурар идэлэнэр. 8-9 сааьыттан кыра таңаьы суунара, етүүктэнэрэ, кыраны абырахтанара, үлэлиирэ, уруок аа5ар сирин бэрээдэктэнэрэ ирдэнэр.
О5о кыратыттан дьонугар кемелеьер, кинилэр үлэлэрин чэпчэтэ сатыыр ейге-санаа5а иитиллиэхтээх.
О5о5о 11-12 сааьыттан харчыны туттарылыахтаах, онно бэйэтин керүүтүнэн күннээ5и килиэби, саахары эңин атыылаьыннара үерэтиллиэхтээх. Харчыны тутарга итэ5эллээх буолла5ына, ордук харыстыыр, сатаан туттарга уерэнэр. Бу кэлин бэйэтин бэйэтэ керүнэр киьи буоларыгар туьалаах.
10-чалаах о5о эбиэти бэлэмнээьиңңэ, массынаннан таңас сууйарга, тиэргэни, дьиэни хомуйарга, о5уруокка күех үүнээйини харайарга ону тэңэ мууьу-маьы бэлэмнииргэ кемелте буолуон сеп.
О5о үлэтин дьиэ-кэргэн мустан олорон сыаналыыра, үчүгэй-куьа5ан ерүтүн ырытан ал5астарын хайдах туоратарын хайаан да сүбэлиир наадалаах. Үлэ о5о таптыыр дьарыгынан үерүүтүнэн буолуохтаах. Оннук эрэ үлэ ордук суолталаах. Септеехтүк хай5ааьын, ордук туора киьи үрдүк сыанабыла, үлэ5э ке5үлүүр о5о сүргэтин кете5ер.
Уол-кыыс үлэтэ диэн араарбакка дьиэ үлэтигэр тэңңэ үлэлэтэ үерэтиллиэхтээх.
Саха киьитэ былыр-былыргыттан сүеьү ииттинэн аьаан-сиэн, таңнан-саптан олорор. Сибиэьэй аьылыгынан аьаан, ыраас салгынынан тыынан дорүобай, уьун үйэлээх, киэң-холку майгылаах, тулалыыр эйгэтин харыстыыр, онон сүгүрүйэр үтүе майгылаах.
О5олор кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үерэниэхтээхтэр. Үлэни таптыахтаахтар, накаастабыл курдук саныа суохтаахтар. Тереппүттэрин үлэлэрин сыаналыахтаахтар, харчы «хантан кэлэрин» ейдүехтээхтэр.
Түмүгэ.
Олох ханнык да5аны түгэннэригэр биьиги олорор, үерэнэр сирбит, дойдубут үчүгэй буолара ыал оло5ун илгэтиттэн тутулуктаах. Тереебүт терүт дойдубутун чэлгитэ сайыннарыа5ың.
Тереппуттэргэ кэккэ субэлэр:
- О5оттон тугу ирдииргитин толкуйдаан баран этин.
- О5о5ут кыа5ынан септеех соруда5ы, улэни биэрин.
- Сана соруда5ы, улэни биэриэх иннинэ сепке толорорун кердерен, быьааран биэрин.
- Улэ, оонньуу курдук буоларын умнуман!
- Улэ тумугун септеехтук сыаналаан.
- О5о5о улэ, дьарык туьунан элбэхтик кэпсээн. Чугас дьонун, аймахтарын профессияларын киэн туттан кэпсээн. Ханнык ба5арар профессия туьалаа5ын о5о кыратыттан билиэхтээх, дьон улэтин сыаналыы уерэниэхтээх.
О5ону улэ5э уерэтии
сааьынан араарыы
- О5о үлэтэ бэйэтин харанарыттан са5аланар, ньуосканы тутар буолуо5уттан бэйэтэ аьыыр, 2-3 сааьыттан таңнарга, суунарга, оонньуурун хомуйарга уерэнэр.
- 4-5 сааьыттан оронун хомунар, хоьун бэрээдэктиир, тас таңаьын, ата5ын таңаьын харанар, утуйарыгар бэрээдэктээн уурар идэлэнэр.
- 8-9 сааьыттан кыра таңаьы суунара, етүүктэнэрэ, кыраны абырахтанара, үлэлиирэ, уруок аа5ар сирин бэрээдэктэнэрэ ирдэнэр.
- О5о5о 11-12 сааьыттан харчыны туттарылыахтаах, онно бэйэтин керүүтүнэн күннээ5и килиэби, саахары эңин атыылаьыннара үерэтиллиэхтээх. Харчыны тутарга итэ5эллээх буолла5ына, ордук харыстыыр, сатаан туттарга уерэнэр. Бу кэлин бэйэтин бэйэтэ керүнэр киьи буоларыгар туьалаах.
- 10-чалаах о5о эбиэти бэлэмнээьиңңэ, массынаннан таңас сууйарга, тиэргэни, дьиэни хомуйарга, о5уруокка күех үүнээйини харайарга ону тэңэ мууьу-маьы бэлэмнииргэ кемелте буолуон сеп.
О5ону улэ5э уерэтиигэ субэлэр:
- О5о кыратыттан дьонугар кемелеьер, кинилэр үлэлэрин чэпчэтэ сатыыр ейге-санаа5а иитиллиэхтээх.
- О5о5ут кыа5ынан, сааьынан септеех соруда5ы, улэни биэрин.
- Сана соруда5ы, улэни биэриэх иннинэ сепке толорорун кердерен, быьааран биэрин.
- О5о5о улэ, дьарык туьунан элбэхтик кэпсээн. Чугас дьонун, аймахтарын профессияларын киэн туттан кэпсээн. Ханнык ба5арар профессия туьалаа5ын о5о кыратыттан билиэхтээх, дьон улэтин сыаналыы уерэниэхтээх.
- О5о үлэтин дьиэ-кэргэн мустан олорон сыаналыыра, үчүгэй-куьа5ан ерүтүн ырытан ал5астарын хайдах туоратарын хайаан да сүбэлиир наадалаах.
- Үлэ о5о таптыыр дьарыгынан үерүүтүнэн буолуохтаах. Оннук эрэ үлэ ордук суолталаах. Септеехтүк хай5ааьын, ордук туора киьи үрдүк сыанабыла, үлэ5э ке5үлүүр о5о сүргэтин кете5ер.
- Уол-кыыс үлэтэ диэн араарбакка дьиэ үлэтигэр тэңңэ үлэлэтэ үерэтиллиэхтээх.
МБОУ «Крестяхская средняя общеобразовательная школа имени И.Г.Спиридонова»
2012 с.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Родительское собрание на тему "Воспитание культуры поведения у младших школьников"
http://www.k-yroky.ru/load/84-1-0-5487...
Конспект к презентации родительского собрания "Стили семейного воспитания"
Материал конспекта соответствует слайдам презентации. Готовый материал для работы....
Родительское собрание. Тема:"Методы воспитания в семье"
Материал обращает внимание родителей на нравственные аспекты воспитания детей в семье,позволяет ознакомиться с основными методами их воспитания,а так же понять причины которые стимулируют п...
Родительское собрание "Методы семейного воспитания"
Преднозначено для родителей учащихся 1 - 4 классов. Позволяет родителям повысить психолого - педагогический уровень. Знакомит их с методами семейного воспитания....
Родительское собрание "Проблемы семейного воспитания"
Рассматриваются причины проблем семейного воспитания....
Родительское собрание на тему: "Воспитание без насилия".
Родительское собрание на тему: "Воспитание без насилия"....
Родительское собрание "Методы семейного воспитания (ситуационная игра)"
РОДИТЕЛЬСКОЕ СОБРАНИЕ - СИТУАЦИОННАЯ ИГРА на тему "Методы семейного воспитания: одобрение(осуждение), слово и убеждение, наказание, пример взрослых, создание воспитывающих ситуаций....