Интегрированный урок окружающего мира и экономики
план-конспект урока по окружающему миру (2 класс) на тему

В начальной школе, опираясь на изучаемые предметы, житейские экономические понятия, учителю предстоит ввести ребенка в мир экономической жизни, связанной с переходом к рыночным отношениям. Важно знакомить детей с экономической азбукой, т.е. с помощью игр, решения простейших задач, разбора социально-экономических ситуации побуждать к освоению экономических понятий и категорий. Младшие школьники начинают осознавать зависимость благосостояния человека и общества от качества труда. Они учатся распределять работы во времени, измерять время и осуществлять его затраты, организовывать рабочее место. Дети овладевают рациональными приемами, повышающими качество и производительность труда, основами экономической культуры

Скачать:


Предварительный просмотр:

Интегрированный урок природоведения и экономики

В начальной школе, опираясь на изучаемые предметы, житейские экономические понятия, учителю предстоит ввести ребенка в мир экономической жизни, связанной с переходом к рыночным отношениям. Важно знакомить детей с экономической азбукой, т.е. с помощью игр, решения простейших задач, разбора социально-экономических ситуации побуждать к освоению экономических понятий и категорий. Младшие школьники начинают осознавать зависимость благосостояния человека и общества от качества труда. Они учатся распределять работы во времени, измерять время и осуществлять его затраты, организовывать рабочее место. Дети овладевают рациональными приемами, повышающими качество и производительность труда, основами экономической культуры.

Уже в начальных классах на уроках экономики начинают освоение основных терминов, составляющих суть экономики: собственность, производство, торговля, товар, рынок, деньги, пена и др.

Они получают элементарные представления о видах собственности, семейных доходах и расходах, разумных тратах, карманных деньгах и рациональном их расходовании.  Решают стоимость школьного имущества, учебников, расходов на учебные принадлежности, на одежду.

На интегрированном уроке природоведения и экономики ребята познают значение природных богатств для человека, проникаются бережным разумным отношением людей к природе. Бережливость, организованность, рачительность и другие качества человека  воспитываются с младших лет.

Учуутал: Попова Людмила Семеновна

Кылаас: 2 кылаас

Уруок: айыл5а уруога, экономика

Уруок темата: Уу свойствата

Уруок тиибэ: интегрированнай

Соруктар: 1. Уу туругун уонна свойстватын туһунан ѳйдѳбүлү о5олор бэйэлэрэ быһааралларыгар үлэни тэрийии.

2. Бѳлѳххѳ үлэлииргэ: бэриллибит сорукка бэйэтин санаатын этэргэ, боростуой саба5алааһыны оҥорорун, модель быһыытынан кѳрдѳрѳр үлэтин тэрийии.

3. Кэтээн кѳрѳр үѳрүйэхтэри сайыннарыы

4. Экономическай хабааннаах задачалары суоттаан, ууга харыстабыллаахтык сыһыаннаһар туһунан ѳйдѳбүлү иҥэрии.

Туттуллар тэрил: глобус, опыт оҥорорго тэриллэр, билгэ органнарын карточкалара, задачалаах карточкалар.

Уруок хаамыыта.

  1. Тэрээһин чааһа
  2. Тема5а киирии.

Саха дьонун сиэринэн ѳйбүтүн эрчийиэххэ, таабырын таайаргытын сѳбүлүүгүт дуо? Бу таабырыннары таайдахпытына эрэ уруокпут тематын быһаарар кыахтаахпыт.

(3 бѳлѳххѳ таабырыннаах карточкалар түҥэтиллэллэр:

1.Таба буолбатах да сүүрэр, тыа буолбатах да куугунуур баар үһү.

2. Устар-устар да5аны устан бүппэт, сүүрэр-сүүрэр да сүүрэн бүппэт баар үһү.

3. Күнү быһа хара5ын уутун то5ор баар үһү)

  1. У: -Таабырыннаргыт таайыыта туохха сыһыаннаах эбитий? (Ууга)

-Онон бүгүҥҥү уруокпут темата  туох эбитий? (Уу)

(дуоска5а уруок темата суруллар)

У: (глобуһу кѳрдѳрѳр) бу тугуй?

(о5олор эппиэттэрэ)

У: Үгүскүт билэр эбит. Бу биһиги олорор сирбитин куччатан кѳрдѳрѳр модель. Ону глобус дэнэр. Глобуска ханнык ѳҥ баһыйарый? (Халлаан күѳх)

-Ити ѳҥүнэн тугу кѳрдѳрѳллѳрүй? (Ууну)

-Уу сир шарын ньуурун 3\4 сабардыыр Онтон атына кураанах сир. Глобуска кѳрдѳххѳ уу ханна баарый? (Уу океаннарга, муораларга, күѳллэргэ, үрэхтэргэ баар)

-Уута суох тыыннаах олох табыллыбат. Биһиги эппит-сииммит 2\3-тин кэриҥэ ууттан турар. Хааммыт үксэ уу. Ѳскѳтѳ киһи ыйааһына 70 кг буолла5ына, онтон 50 кг – уу. Тириибит таһыттан уу, паар буолан кѳтѳн, эппит-сииммит температуратын сѳптүк тутар. Уу организмтан араас буортулаах веществолары суурайан таһаарар. Сорох харамайдарга, холобур балыктарга, уу баар-суох со5отох олорор сирдэрэ буолар. Уута суох үүнэйи үүммэт, 4\5 кэриҥин уу ылар.

        Ууну иһэбит, уунан суунабыт, таҥаспытын сууйабыт. Уу суолтата сүүнэ!

-Уруокпут ууга ананарын быһыытынан, уу туһунан ѳссѳ элбэ5и билиэхпит. Уу араас свойствалардаах, олору бэйэ5ит чинчийэн быһаарыаххытын сѳп.

  1. –Үлэни сал5ыахпыт иннинэ билгэ органнарын хатылыахпыт, олор бүгүн элбэхтик кѳмѳлѳһүѳхтэрэ.

(бѳлѳхтѳр билгэ органнарын уруһуйдаан кѳрдѳрѳллѳр. Бүппүт бѳлѳх тахсан кэпсиир, атын бѳлѳх ырытар, түмүк оҥорор)

Бѳлѳҕүнэн үлэни тэрийии. Хас биирдии бѳлѳх анал бэлиэ оҥорор, тахсан кѳмүскүүр.

1 опыт. (Уу формата). Араас формалаах иһиттэргэ уу кутуллар. О5олор бѳлѳххѳ үлэлээн, сүбэлэһэн уу формата суо5ун таһаараллар. Анал бэлиэ оҥороллор, билгэ органа: харах.

2 опыт. (Уу ѳҥѳ). Ыстакааннар, акварель кырааска бэриллэр. Ууну кырааскалаан, ыраас ууну кытта тэҥнээн уу ѳҥѳ суо5ар тахсаллар. Билгэ органа: харах.

3 опыт. (Уу дьэҥкирэ). 1 ыстакааннаах уу, билгэ органа –харах. Уу дьэҥкирин быьаараллар.

4 опыт. (Уу сыта). Ыстакааннаах уу, билгэ органа- мурун.

5 опыт. (Уу устумтуота). Учуутал иһиттэн-иьиккэ уу кутан кѳрдѳрѳр. Билгэ органа-харах.

6 опыт. (Уу амтана). Ыстакааннаах уу, билгэ органа-айах.

7 опыт. (Уу суурайааччы). Ыстакааннаах уу, туус, сахар бэриллэр.

(Бары бэлиэ дуоска5а тахсан сыстан иһэр. Ол түмүгэр уу бары свойствалара кѳстѳн иһэр. Хас сырыы аайы учуутал түмүк оҥорон суруйан иһэр).

  1. У: -Сир үрдүгэр уу олус элбэх. Кѳрѳргүт курдук океаннар, муоралар толору уулаахтар. Ол эрээри ити уу туустаах, онон киһи туһаммат. Киһи туһанар тууһа суох уута айыл5а5а дэлэйэ суох. Хас 100 л ууттан 2 л эрэ тууһа суох. Бу да уу барыта туһаныллар кыа5а суох. Үгүс чааһа киһи ылан туһаммат ледниктара буолан тураллар. Ити ууну эмиэ ахсаантан таһааран баран, Сир бары уутун 100 литриттэн (10 толору улахан биэдэрэ) киһи туһаныан сѳптѳѳх уута балтараа ыстакаан эрэ буолар. Кѳрѳргүт курдук, киһи туһаныан сѳптѳѳх уута олус а5ыйах. Ол иһин үгүс киһи ууну харыстыы сатыыр. Эһиги ууну сатаан харыстыыгыт дуо? (о5олор санааларын истии).

Ууга дьалбаатык сыһыаннаһар киһини сэрэтиэхтээххит, ууну то5о харыстаныллыахтаа5ын ѳйдѳтѳн, быһааран биэриэхтээххит. Билигин задача суоттуохпут.

(бѳлѳхтѳргѳ задачалаах карточкалар бэриллэллэр)

  1. Биирдии да тамма5ынан уу тохтор буолла5ына, ый устата 400 л уу туһата суох тохтуо. Сыл устата тѳһѳ литр уу туһата суох барыай? (400х12=4800 л)
  2. Сайын биир күҥҥэ ыал 2 буочука ууну туттар. Сайын устата (3 ыйга) тѳһѳ литр ууну туттабыт, ѳскѳтѳ буочукуга 200 литр уу киирэр буолла5ына? (200х2=400 л,                         400х90=36000 л)
  3. Биир оскуола о5олоро кыраантан уу мээнэ тохтубатыгар кыһаналлар. 2 ыйга кинилэр 1200 л ууну кэмчилээбиттэр. Ый аайы ууну итинник кэмчилээн, кинилэр 9 ыйга хас литр ууну кэмчилиэхтэрэй? (1200:2=600 л, 600х9=54000 л)
  4. Биир суукка устата киһи тириитэ 600 гр ууну таһаарар, онтон тыҥа-2 тѳгүл а5ыйа5ы. Суукка устата холбоон тѳһѳ литр уу тахсарый? (600:2=300 гр, 600+300=900 гр)

Ууну то5о харыстыырга наадатын задача кѳмѳтүнэн суоттаан итэ5эйдибит.

Түмүк:

-Уруокка туох саҥаны биллигит?

-Уу ханнык свойствалардаах эбитий?

-Туох түмүккэ кэллигит? (о5олор санааларын истии)

Киһи туттар уута олох а5ыйах. Күн устата олус элбэх ууну ороскуоттуур эбиппит. Онон хас биирдии киһи ууну харыстаан туттарга эбээһинэстэниэн сѳп эбит. Бу уруокка ылбыт билиигитин күннээ5и олоххо туһаныахтара диэн эрэнэбин.

Таким образом, формы и методы экономической подготовки младших школьников достаточно многообразны и основаны на деятельностном подходе, активном участии детей в процессе приобретения и присвоения ими экономической информации.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Интегрированный урок познания мира, экологии, экономики по теме: « Производство и окружающая среда» 3 класс

Цель: Формирование представления о мире как о единой системе, где все взаимосвязано, ознакомление с основными примерами оскудевания ресурсов -  перерасходом природных ресурсов для нужд прои...

Конспект урока окружающего мира. Тема: «Экономика родного края». 3 класс (УМК Школа России)

Тема урока: «Экономика родного края»Цели урока: познакомить детей  с важнейшей отраслью экономики – промышленностью, учить различать продукцию каждой отрасли промышленности....

Конспект урока окружающего мира. Тема: «Экономика и экология. Экологическая катастрофа».. 3 класс (УМК Школа России)

Тема урока: «Экономика и экология. Экологическая катастрофа».Цели урока: познакомить с двумя сторонами экономики – полезной и опасной; систематизировать и расширить знания учащихся о...

Конспект урока окружающего мира. Тема: «Экономика родного края». 3 класс (УМК Школа России)

Тема урока: «Экономика родного края»Цели урока: познакомить детей  с важнейшей отраслью экономики – промышленностью, учить различать продукцию каждой отрасли промышленности....

Конспект урока окружающего мира "Проект «Экономика родного края»" (3 класс)

Цель деятельности учителя: ознакомление учащихся с различными отраслями промышленности Челябинской области.Планируемые результаты:Предметные:-уметь ориентироваться в различных отраслях промышленн...

Конспект урока окружающего мира "Проект «Экономика родного края» (УМК «Школа России», 3 класс)

Цели деятельности учителя: формирование представлений учащихся об экономике Увельского района, формирование любви к своему краю.Планируемые результаты·...

Презентация к уроку окружающего мира "Отрасли экономики" 2 класс

Презентация к уроку окружающего мира "Отрасли экономики" 2 класс...