родительское собрание
материал на тему

Бережнова Кюннэй Николаевна

родительское собрание по теме "Трудовое собрание"

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл rodsobranie_trudovoe_vospitanie.docx41.58 КБ

Предварительный просмотр:

Төрөппүт мунньаҕын тиэмэтэ:  Алын кылаас үөрэнээччитин үлэҕэ иитии.

Төрөппүт мунньаҕын формата: бөлөҕүнэн үлэ

Төрөппүт мунньаҕын сыала: алын кылаас үөрэнээччитин үлэҕэ иитии уратытын өйдүүргэ төрөппүттэр дьарыгы тэрийии

Төрөппүт мунньаҕын соруктара:

  1. Анкетаны толоруу түмүгүн кытта билиһиннэрии, кылаас уопсай кыһалҕатын быһаарыы,үлэҕэ иитии туһунан уопсай өйдөбүлү быһаарарга усулуобуйаны тэрийии.
  2. Оҕону үлэҕэ иитии кыһалҕатын уонна өбүгэ үгэһин сабыдыалын быһаарарга усулуобуйаны тэрийии.
  3. Оҕону үлэҕэ иитиигэ кыһалҕата суох буоларын туһугар үлэни тэрийии, төрөппүккэ үлэҕэ иитии туһунан сөп өйдөбүл үөскүүрүгэр дьарыгы тэрийии.
  4. Оҕону үлэҕэ иитии барылын ылыныы.

Төрөппүт мунньаҕын түмүктэрэ:

Ытык өйдөбүлү иҥэрии түмүгэ: 

  • дьиэ-кэргэҥҥэ үлэҕэ иитиигэ кыыс уонна уол уратылаахтарын өйдөөһүн, бэйэҕэ ылыныы,
  • оҕону үлэҕэ иитии сыыһатыгар бэйэ дьарыгын көрүү,
  • үлэҕэ иитии уратылааҕын  өйдөөһүн
  • Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: 
  • оҕону үлэҕэ иитигэ бэйэ сыыһатын көрүү, ылыныы;
  • оҕону үлэҕэ иитии атын киһи сыыһатын сатаан булан көрүү
  • оҕону үлэҕэ иитии дьиэ-кэргэн иһигэр ыытыллар барылын оҥорон көрүү
  • уол уонна кыыс оҕону иитиигэ дьиэ-кэргэҥҥэ уонна оскуолаҕа ыытыллар үлэ былаанын ылыныы
  • Билэр-көрөр сатабыл: 
  • анкета түмүгүн кытта билсиһии, бөлөххө оҕону үлэҕэ иитии туһунан ырытыы;
  • оҕону үлэҕэ иитии барылын оҥоруу,
  • бөлөххө оҕону үлэҕэ иитии туһунан биир түмүккэ кэлии,
  • оҕону үлэҕэ иитиин саха үгэстэрин кытта ситимнээһин,
  • оҕо сылдьан бэйэ эбээһинэһин уонна оҕо дьарыгын тэҥнээн көрүү, төрөппүттэрин үлэҕэ иитиитин уонна бэйэ үлэтин тэҥнээн көрүү,
  • кыыс оҕо уонна уол оҕо эбээһинэһин, үлэтин наардааһын, арааран көрүү,ылыныы,
  • кыыс оҕо уонна уол оҕо үлэҕэ иитиитин уратытын болҕомтоҕо ууран сүбэлэр ыйынньыктарын оҥоруу
  • оҕону үлэҕэ иитии сыыһатын биричиинэтин быһаарыы,
  • Бодоруһар сатабыл: 
  • үлэҕэ иитии өйдөбүлүн туһунан санаа атастаһыыта,
  • бөлөххө оҕону үлэҕэ иитии туһунан кэпсэтии,
  • дьиэ-кэргэҥҥэ оҕону үлэҕэ иитии туһунан санаа атастаһыыта,
  • оҕону иитиигэ атын киһи санаатын истии уонна ылыныы,
  • оҕону үлэҕэ иитии сыыһатыгар бэйэ санаатын этии уонна дакаастааһын,

Төрөппүт мунньаҕын сүрүн санаата: “Үлэ киһини киэргэтэр”

Сүрүн өйдөбүллэр:

  1. Оҕо олоҕор үлэ уонна үлэ миэстэтэ.
  2. Оҕону үлэҕэ иитиигэ оскуола уонна дьиэ-кэргэн оруола.
  3. Оҕо үлэлиир үөрүйэҕин оскуолаҕа уонна дьиэ-кэргэҥҥэ сыаналааһын.
  4. Оҕону үлэҕэ иитиигэ уратылара уонна саха үгэһин сабыдыала.

Туттар тэрил: ПК, анкета түмүгүн көрдөрөр презентация, толоруллубут анкеталар, ватман, харандаастар, карточкалар, уруучука.

Түһүмэхтэр:

Түһүмэхтэр соруктара:

Учуутал дьарыга:

Төрөппүт дьарыга:

Туттуллар ньыма:

Түмүк:

Киирии

Анкетаны толоруу түмүгүн кытта билиһиннэрии, кылаас уопсай кыһалҕатын быһаарыы,

үлэҕэ иитии туһунан уопсай өйдөбүлү быһаарыы

Кылааспыт оҕолоругар уонна төрөппүттэригэр дьиэҕэ эбээһинэс туһунан анкета толотторбутум. Ол түмүгүн кытта билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Бу диаграмманы көрдөхпүтүнэ туох санааҕа кэлиэххэ сөбүй?

Дьиэҕэ эбээһинэстээх буолуу туохха үөрэтэрий оҕону?

Үлэҕэ иитии диэн тугуй?

Оҕону хаһыттан үлэҕэ үөрэтиэххэ сөбүй?

Эһиги дьиэ-кэргэҥҥитигэр туох үлэ ыытылларый?

Оҕолоргут туох эбээһинэстээҕий?

Анкета түмүгүн ырытыы,

Оҕолорун эппиэттэрин ырытыы,

Төрөппүттэр бэйэлэрин уонна оҕолорун эппиэттэрин тэҥнээн көрүү,

Кылаас аҥара дьиэтигэр эбээһинэстээх, аҥарыгар суох эбит.

Үлэһит.

Үлэҕэ иитии диэн киһиэхэ үлэһит, сыалын ситэригэр туруулаах буолууну, киһи үлэттэн чаҕыйбат буолуутун, атын киһи үлэтин сыаналыыр буолар хаачыстыбаны иитии буолар дии саныыбын.

Кыра оҕо эрдэҕиттэн, ити куһаҕан, бу һчһгэй диэн араарар буолбутун кэнниттэн дии саныыбын. Оонььурдарын, ыспытын, таҥаһын хомуйтара, сааһылата үөрэтииттэн саҕаланар.

Биһиэхэ саас, күһүн бары бииргэ тахсан тэлгэһэбитин ыраастыыбыт, мас кыстыыбыт, сайынын оҕоруоппутун көрөрбүтүгэр ким эрэ уу кутар, ким эрэ сыыс ыраастыыр, ким эрэ олордор, ким эрэ хомуйар, ону таһынан күннээҕи үлэни эмиэ бары үллэстэн толоробут, ким эрэ кыайбат түгэнигэр көмөлөһөбүт.

Кыыһым киэһээҥҥи аһылыгы бэлэмниир, муоста харбыыр, чэй оргутар, уолум күнүскү иһити сууйар, көбүөрү, дьыбааны пылесостуур, мас кыстыыр, муус киллэрэр.

Бэсиэдэ, ырытыы

Анкета түмүгүн кытта билсиһии, үлэҕэ иитии өйдөбүлүн туһунан санаа атастаһыыта

Сүрүн чааһа

Кыһалҕаҕа тахсыы

Оҕону үлэҕэ иитии кыһалҕатын быһаарыы, оҕону үлэҕэ иитиигэ өбүгэ үгэһин сабыдыалын быһаарыы

Убаастабыллаах төрөппүттэр, эһиги хамаандаларга арахсан олороҕут.

Эһиэхэ маннык сорудах биэриэхпин баҕарабын: эһиги оҕоҕут улааттаҕына ханнык киһи хаачыстыбалаах буоларын көрөҕүтүй? Уонна ол киһи хаачыстыбаны иитэргэ эһиги туох үлэтин ыытыа этигитий диэн былааннааҥ.

Бу ыйытыыга хоруйдуурга эһиэхэ остуолгутугар ватман, харандаастар сыталлар. Хамаандаҕытыгар сүбэлэһэн үлэлииргитигэр көрдөһөбүн.

Онтон былыр өбүгэлэрбит оҕолорун үлэҕэ хайдах сыһыараллара буолуой?

Оччоҕо кинилэр  кыыһы уонна уолу тэҥинэн иитэллэр этэ дуо?

бэйэлэрэ талбыттарынан олороллор

Хамаанданан оҕо иитиитин барылын оҥороллор уонна көмүскүүллэр.

Түҥ былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ сыһыараллара, үөрэтэллэрэ. Буоларын курдук уол дьиэ тас өттүгэр, ыарахан үлэҕэ сылдьара, кини сүрүн дьарыга булт-алт, ол аата аһынан дьиэ-кэргэнин хааччыйыы, тыаҕа мас кэрдии, ол аата дьиэтин сылааһынан хааччыйыы. Онтон кыыс дьиэ ис-тас өттө – дьиэ өрүү ичигэс, остуол толору астаах, оҕо аймах ыраас, сүөһү көрүллэн, дьиэ ыраас буолуута кини санныгар этэ.

Ол эрэн сайын аайы окко бары бииргэ сылдьаллара, ким да үлэттэн куоппат, хаалан хаалбат.

Суох уратылаах, уолу дьиэ кэргэнин эрллээх эркинин курдук, оттон кыыһы удьуор аналын курдук.

Кыыһы кыыс курдук иитиэххэ, уолу уол курдук, күүстээх үлэҕэ, дьиэ кэргэнин харытсыырга уонна харайарга иитииэххэ наада эбит.

Бэсиэдэ, бырайыак, ырытыы

Бөлөххө оҕону үлэҕэ иитии туһунан кэпсэтии, ырытыы, оҕону үлэҕэ иитии барылын оҥоруу, бөлөххө оҕону үлэҕэ иитии туһунан биир түмүккэ кэлии

Дьиэ-кэргэҥҥэ оҕону үлэҕэ иитии туһунан санаа атастаһыыта

Оҕону үлэҕэ иитиин саха үгэстэрин кытта ситимнээһин

Дьиэ-кэргэҥҥэ үлэҕэ иитиигэ кыыс уонна уол уратылаахтарын өйдөөһүн, бэйэҕэ ылыныы

Кыһалҕаны быһаарыы

Оҕону үлэҕэ иитиигэ кыһалҕата суох буоларын туһугар үлэни тэрийии, төрөппүккэ үлэҕэ иитии туһунан сөп өйдөбүл үөскүүрүгэр дьарыгы тэрийии

1 сорудах.

Оҕо сылдьан бэйэн дьиэгэ туох эбээһинэстээх этигиний? Оттон оҕоҕор дьиэҕэ туох эбээһинэс анаабыккыный? Ону барытын бу таблицаҕа тиһэн суруй.

Бу таблицаны толорон баран тэҥнээн көрүн, туох санааҕа кэллигитий?

2 сорудах.

Эн санааҕар, кыыс уонна уол дьиэтээҕи эбээһинэстэрэ тугуй? Ол ону тус-туспа арааран таблицаны толор.

3 сорудах.

Төрөппүттэргэ оҕону үлэҕэ иитиигэ сүбэ ыйынньыгын толорун.

4 сорудах.

Бөлөхтөр үлэҕэ иитиигэ биир түбэлтэ толкуйдуугут уонна атын бөлөххө ол оннук түбэлтэттэн хайдах тахсалларын эбэтэр сөп быһыы туһунан кэпсэнэрин дакаастыахтаахтар.

Холобур,бастаан биир түбэлтэни ырытан көрүөх, онтон толкудуургутугар бириэмэ биэриэм.

Ийэтэ оҕотугар дьиэ үүнээйитин көрөрүгэр эбээһинэс биэрбит, нэдиэлэ кэриҥинэн көрбүтэ сибэккитэ өлөр турукка киирбит. Хомойбут санаатыгар мөхпүт уонна үүнээйилэр бэйэтэ көрөргө санаммыт. Ийэ сөпкө гыммыт дуо?

Мин оҕо сылдьан дьиэтээҕи эбээһинэһим

Мин оҕом дьиэтээҕи эбээһинэһэ

  1. Иһит сууйуута.
  2. Муоста, быыл сотуута.
  3. Киэһээҥҥи аһылык.
  4. Кыра дьону көрүү.
  5. Ийэҕэ уонна эбээҕэ көмөлөһүү.
  6. От үлэтэ.
  1. Оонньуурун хомуйуута.
  2. Иһит сууйуута.

Оҕом сааһыгар сылдьан элбэҕи да ситиһэр, үлэлиир эбиппин. Оҕом дьиэтээҕи эбээһинэһин, эбээһинэһигэр эппиэтинэстээҕин туһунан толкуйдуохха баар эбит.

Уол оҕо үлэтэ

Кыыс оҕо үлэтэ

Муус, мас киллэриитэ

Дьиэ хомуйуута

Хаар күрдьүүтэ

Иһит сууйуута

Муоста, быыл сотуута

Аһылык тардыыта

Сууллубут

Холобур, уол дьиэҕэ үлэтэ дьыл кэминэн курдук дии ылан көрдөхпүнэ. Аны дьиэ иһигэр үлэтин наар кыыс киэнэ диэн атын дьоҥҥо сэлээннии сылдьар буолуо дии, бу түгэҥҥэ хайдах буолабын? Эбэтэр куорат усулуобуйатыгар эр киһи дьиэҕэ эбээһинэһэ суох курдук, кэргэнин өрө мыҥаан сытар диэххэ сөп. Маннык түбэлтэлэргэ оҕобун хайдах үлэһит гына иитэбин? Даачаҕа көһүү кэмин  манаабат буоллаҕым дии. Дьиэ тас өттүгэр үлэлэтээри. Ол иһин, мин санаабар, кыыс уонна уол үлэтэ диэн араарар сыыһа курдук.

Аны оннук буоллаҕына кыыс дьиэ үлэтин эр дьоҥҥо сэлэнниэ буолбатах дуо?

Санаа атастаһыыта.

Төрөппүттэргэ сүбэлэр:

  1. Ирдэбиллэргит тоҕоостоох буоллуннар.
  2. Оҕолор саастарынан уонна бэйэлэрин уратыларын учуоттааҥ.
  3. Үлэни оҕоҕо толотторуох иннинэ хайдах сөпкө толорулларын көрдөрүҥ, ол кэнниттэн хас эмит тэгиллээн бииргэ оҥорун.
  4. Үлэҕэ иитиини оонньуу нөҥүө ыытыахха сөбүн умнумаҥ.
  5. Атын киһи үлэтин сыаналыырга үөрэтиҥ.
  6. Бэйэҕит уонна чугас дьоҥҥут үлэтин кэпсээҥ.
  7. Оҕо үлэтин түмүгүн сэрэнэн сыаналааҥ.

Маннык быһыы сыыһа дии саныыбын, ийэ эбээһинэс анаан баран бастаан утаа ол эбээһинэс төһө уонна хайдах  толорулларын кэтээн көрүөхтээх, хонтуруоллуохтаах, ирдиэхтээх. Уонна оҕо бэйэтин сыыһатын өйдөөн, бэйэтэ эрэ көннөрөрүн курдук этиэхтээх, быһаарыахтаах, өйдөтүөхтээх этэ.

Бастакы бөлөх: Үлэтигэр хойуутаары гыммытыгар, ийэтэ кыыһыттан иһити сууйарыгар көрдөспүт. Кэлбитэ иһитэ сууллубут эрээри, иккистээн сууйуллара ирдэнэр эбит. Онуоха хоргута санаан маннык эппит: “киһи эйиэхэ кыраны да эрэммитин, ону да сатаан толрботоххун!” . Ийэ киһи сөпкө эппит дуо?

Иккис бөлөх эппиэтэ:

Оҕо төһө да куһаҕаннык толорбутун иһин хайҕыахха баар этэ, кыра сүбэ биэрэр курдук сымнаҕас куолаһынан маннык гыныахха наада диэн сууйа туран көрдөрүөххэ сөп дии саныыбыт. Тоҕо диэтэр оҕолор толорбут үлэлэринэн хайдах да буолбутун иһин киэн тутта саныыллар, ол иһин кинилэри сыаналыыр, хайҕыыр, туһалааҕы оҥорбутун суолталыыр ордук көдьүүстээх буолуо дии саныыбын.


Иккис бөлөх: 

Оҕо күннээҕи эбээһинэһин үчүгэйдик, эппиэтинэстээхтик толороруттан үөрэҥҥит өссө эбии үлэ биэрэҕит. Ол үлэҕит эһиги санааҕытыгар, олус судургу, борустуой курдук. Нэдиэлэ ааспытын кэннэ оҕоҕут эбээһинэһин аат харата толорорун, улахаҥҥа уурбат буолбутун көрөҕүт. Бу тоҕо маннык буолбутуй?

Бастакы бөлөх эппиэтэ:

Оҕо төһө даҕаны дьиэтээҕи эбээһинэһин толорбутун иһин, кини үлэттэн чаҕыйбатын, сылайбатын туһугар үлэ уустугурарын истэҕин аайы оргууй кини эбээһинэһигэр киллэрэр тоҕоостоох.

Биирбиилээн,  бүттүүн бары, бөлөҕүнэн үлэ, ырытыы,  наардааһын, кыһалҕалаах ыйытыы, бэсиэдэ, дискуссия, бэйни хонтуруолланыы, сүбэ ыйынньыгын толоруу, түгэннэртэн тахсыы

Оҕо сылдьан бэйэ эбээһинэһин уонна оҕо дьарыгын тэҥнээн көрүү, төрөппүттэрин үлэҕэ иитиитин уонна бэйэ үлэтин тэҥнээн көрүү, оҕону үлэҕэ иитигэ бэйэ сыыһатын көрүү, ылыныы

Кыыс оҕо уонна уол оҕо эбээһинэһин, үлэтин наардааһын, арааран көрүү,ылыныы

Оҕону иитиигэ атын киһи санаатын истии уонна ылыныы

Оҕону үлэҕэ иитиигэ сүбэлэри оҥоруу, кыыс оҕо уонна уол оҕо үлэҕэ иитиитин уратытын болҕомтоҕо ууран сүбэлэр ыйынньыктарын оҥоруу

Оҕону үлэҕэ иитии сыыһатын сатаан булан көрүү, оҕону үлэҕэ иитии сыыһатын биричиинэтин быһаарыы, оҕону үлэҕэ иитии сыыһатыгар бэйэ санаатын этии уонна дакаастааһын, оҕону үлэҕэ иитии сыыһатыгар бэйэ дьарыгыни көрүү, оҕону үлэҕэ иитии дьиэ-кэргэн иһигэр ыытыллар барылын оҥорон көрүү

Түмүктээһин

Оҕону үлэҕэ иитии барылын ылыныы

Үлэҕэ иитиини хайдах ыытыахха сөбүй?

Барыта баар уонна бэлэм үйэтигэр үлэни наардыыр наада дуо?

Хайдах билиҥҥи кэмҥэ үлэҕэ иитиини кылааспыт оҕолоругар ыытабытый?

 

Киһи бэйэтин холобурунан, эбээһинэс анаан, кыраттан улахаҥҥа тириэрдэн үлэһит киһини иитиэххэ сөп.

Наада, ол эрэн киһини өйдүүр, көмөлөһөр, аһыныгас, үлэни сэлээннээбэт, үлэттэн куотуммат киһини иитэр ордук суолталаах.

Кыыс ийэтинээн диэн туох эрэ интириэһинэй күрэхтэрин, үлэ быыстапкаларын ыытыахха сөп. Оннук хабааннаах уол оҕо аҕатынаан диэн үлэ ыытыахха сөп, араас күрэхтэһиилэр.

Өссө кылаас өрөмүөнүгэр уолаттары аҕаларын кытта кытыарыахха наада.

Сынньалаҥнар кэмигэр отчуот курдук оҥоруохха сөп эбит дии саныыбыт.

Элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэни кытта көрсүһүү тэрийиэххэ сөп.

Түмүк оҥоруу, бэсиэдэ

Үлэҕэ иитии уратылааҕын  өйдөөһүн

Уол уонна кыыс оҕону иитиигэ дьиэ-кэргэҥҥэ уонна оскуолаҕа ыытыллар үлэ былаанын ылыныы

Тороппуттэргэ анкета

ФИО______________________________Ж,М. тороппут

ФИО______________________________Ж,М. О5о

1)О5о5утун улэ5э сыьыарыынан дьарыгыра5ыт дуо?

2)К уннээ5и дьиэ улэтигэр о5о5ут кыттыьар дуо?

3)Туох улэни киниэхэ аныыгытый?

4)Эьиги санаа5ытыгар ханнык дьиэ улэтэ кыыс о5о5о ананыахтаа5ый?(уол о5о5о)

5)Анаммыт улэни о5о хайдах толороруй? (уерэр,кыыьырар)

6)о5о дьиэтигэр кимиэхэ ордук комолоьоро косторуй?

7)Са5алаабыт улэтин тиьэ5эр тиэрдэр дуо?

8)Дьиэ5итигэр дьахтар уонна эр киьи улэтэ диэн араара5ыт дуо?

9)О5о5ут улэтин хайгыыгыт дуо?

10)О5о5о улэни таптыырын туьугар иьэрэр маннайгы хаачыстыба?

1)дьиэбэр мин ороммун хомуйабын дуо?

2)хоспун хомуйабын дуо?

3)иьит сууйабын дуо?

4)ма5аьыынна сорукка барааччым дуо?

5)наскыларбын сууйабын дуо?

6)дьиэ сууйан комолоьооччум дуо?

7)балтылаах бырааттарбын корсон комолоьооччум дуо?

8)ас астааччым дуо?

9)дьиэ тас улэтигэр тороппуттэрбэр комолоьооччум дуо?

10)тороппуттэрим кордостохторунэ толорооччум дуо?

О5олорго аналлаах ыйытынньык

1)дьиэ улэтигэр комолоьо5ун дуо?

2)дьиэ5э улэни уорэ-кото оноро5ун дуо?

3)наар толорор эбээьинэстээххин дуо?

4)туох эмит улэни онордоххуна тороппуттэрин хайгыылллар дуо?

5)тугун эмит сатаммата5ына мо5оллор дуо?

6)тугу эмэ комолоьоору гыннаххына тороппуттэрин боболлор дуо?

7)эн санаа5ар дьиэ улэтэ ыарахан дуо?


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Родительское собрание. Тема: «Воспитание сознательной дисциплины». Родительское собрание. Разработка на тему "Воспитание сознательной дисциплины"Презентация к родительскому собранию "Воспитание сознательной дисциплины"

Родительское собрагние-разработка. Презентация создана  к собранию "Воспитание сознательной дисциплины" Содержание: название темы родительского собрания; кластер  (графическая организа...

Родительское собрание на тему: «Роль взаимоотношений в семье в духовно-нравственном становлении человека». Родительское собрание на тему "Десять ошибок в воспитании"

На собраниях рассматриваются вопросы:  ненасилия в семейном воспитании; стиль взаимоотношений родителей  с детьми; меры поощрения и наказания; формирования у родителей представлений об истин...

Конспект родительского собрания "Первое родительское собрание в начальной школе"

Конспект родительского собрания"Первое родительское собрание в начальной школе" Ход родительского собрания 1. Вступление Педагог: Добрый вечер, уважаемые родители! Добро пожаловать в......

Родительское собрание на тему: « Авторитет - как завоевать и не потерять, 4 класс» ( при составлении было использовано методическое пособие Е.О.Яременко, Е.К.Лобачевой "Родительские собрания,2009 год, Москва)

Формировать у родителей психолого - педагогические знания об истинных и ложных типах родительского авторитета;установление дружелюбных отношений между родителями и учителем; родителями и детьми....

Родительское собрание в 4 классе «Ступень вверх: трудности адаптации» ( при составлении было использовано методическое пособие Е.О.Яременко, Е.К.Лобачевой "Родительские собрания,2009 год, Москва)

Данный материал знакомит родителей с наиболее типичными причинами трудностей адаптации ребенка к основной школе; помогает в создании условий, облегчающий адаптационный период....

Родительское собрание «Современный ребенок и книга. Проблема чтения и ее решение». Нетрадиционное родительское собрание « Мозговой штурм»

Родительское собрание «Современный ребенок и книга. Проблема чтения и ее решение». Нетрадиционное родительское собрание « Мозговой штурм»...