План занятия "Оонньуурдар мастарыскыайдара"
учебно-методический материал (2 класс) на тему

Максимова Прасковья Дмитрьевна

План проведения занятия для учащихся 2 класса

Скачать:


Предварительный просмотр:

Саха Республикатын үөрэҕин министерствота

Чурапчы улууһун муниципальнай казеннай үөрэх тэрилтэтэ        А.П.Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата

тема: Оонньуурдар мастарыскыайдара

кылаас: 2

учуутал: Максимова Прасковья Дмитрьевна

Хайахсыт, 2015 сыл.

Дьарык  темата: «Оонньуурдар мастарыскыайдара».

Дьарык  сыала: Саҥа дьыллааҕы оонньуурдар нөҥүө оҕо айар, оҥорон таһаарар  сатабылын  сайыннарыы.

Соруктара: 1) үөрэтэр- дьүһүнү, матырыйаалы  сөпкө арааран уонна аттаран үлэлиирин ситиһии.

2) сайыннарар – оҕо айар, тутан-хабан оҥорор дьоҕурун сайыннарыы.

3)  иитэр – бэйэ-бэйэҕэ болҕомтолоох сыһыаны иитии; Бэйэтин үлэтин  сыаналанар уонна атын киһини кытта сүбэлэһэн тэҥҥэ үлэлиири үөрэтии.

        Оборудование: мультимедийнай оборудование, презентациялар, шаблоннар, киэргэтэр маллар.

Дьарык хаамыыта:

  1. Тэрээһин түгэн.

Үтүө күнүнэн, мин аатым Прасковья Дмитрьевна.Оҕолор, бүгүн биһиэхэ үтүө күн үүннэ.Чэ эрэ бэйэ- бэйэбитигэр үчүгэй настарыанньаны бэлэхтиэххэйин.Мин эһиэхэ мичээрдиибин, эһиги миэхэ.Олорун уонна бэлэмнэнин. Бүгүн биһиги элбэҕи оҥоруохпут, айыахпыт. Туттар тэриллэргит бааллар дуо?

  1. Умсугутуу.(1 слайд)
  • Оҕолоор, эһиги ханнык бырааһынньыгы саамай сөбүлүүгүт? (Музыка тыаһыыр).
  • Саҥа дьылы 18 үйэҕэ Россияҕа Петр I ыраахтааҕы бэлиэтииргэ дьаһал таһаарбыт. Онно маннык  бирикээстээбит: «Саҥа дьылынан бэйэ-бэйэҕитин эҕэрдэлэһин, хас дьиэ аайы саҥа дьыллааҕы симэхтэри бэстэн уонна харыйаттан оҥорун, түүн ортото бары болуоссакка тахсан салютта ытыҥ». Онтон ыла бу бырааһынньык сылын аайы бэлиэтэнэр буолла.
  • Оҕолоор, саҥа дьыл киэргэлэ тугуй? (2 слайд).
  1. Айар үлэ иэйиитигэр киллэрии.
  • Бу икки харыйаны тэҥнээн көрүн. Туох уратылаахтарый?
  • Симэммэтэх харыйаны киэргэтиэххитин баҕардыгыт?
  • Тыаҕа үүнэн турар харыйаны туохтар киэргэтэллэрэ буолуой?
  • Билигин биһиги кыыллар буоламмыт бу харыйаны киэргэтиэҕин.

(оҕолор атрибуттары кэтэллэр).

  • Оҕолоор, көрүн эрэ, мин эһиэхэ аптаах хоруопка аҕаллым. Иһигэр туох баара буолуой?
  • Бу оонньуурдарынан харыйабытын киэргэтиэҕин. (маҥан шаблон оонньуурдары хостуубун).
  • Бу оонньуурдары хайдах киэргэтэбит, тупсарыахха сөбүй?
  1. Айар, оҥорор  үлэ.
  • Бөлөҕүнэн үлэлиирбитигэр ханнык быраабылалары билэбитий?
  • Кылгастык үлэбит былаанын оҥоруоҕун.
  • Бары сүбэлэһэн үлэлиибит.
  • (Бөлөҕүнэн үлэ ).(Оҥорбут оонньуурдарын харыйаҕа ыйыыллар).
  • Оҕолоор, билигин оҥорбут оонньуурдаргытыгар баҕа санааҕытын этэ-этэ харыйабытыгар ыйаан иһин.
  • Харыйабытыгар туох тиийбэтий?(сулус)
  • Бу икки сулуһу оҥоро охсобут. Сүбэлэһэбит. Икки хамаанда сулуһун холбоон харыйабыт оройугар ыйыыбыт.
  1. Түмүк.
  • Төгүрүччү турабыт.
  • Куобахчааннар, бүгүҥҥү дьарыктар тугу олус сөбүлээтигит?
  • Эһэчээннэр, бүгүҥҥү дьарыктан туох саҥаны биллигит.
  • Баһыыбаларын, манан биһиги бүгүҥҥү дьарыкпыт түмүктэнэр. Көрсүөххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Примерный план оформления воспитательного плана классного руководителя

Примерный план оформления воспитательного плана классного руководителя. + социальный паспорт класса...

Рисунок и план. План местности

Рисунок и план. План местности...

Тест по литературному чтению, 4 класс. Тема: План текста. Виды планов.

Тест обеспечивает  освоение учащимися способов выполнения проверочных заданий по литературному чтению....

индивидуальный план план повышения профессионального уровня

Перспективный план реализации методической темы с 2014 года по 2017 годы...

план самообразования; план работы со слабыми и с одаренными детьми;

Татар теле фәнен авыр үзләштерүче укучылар белән эшләү планы...

3 раздел. План методической работы. План участия в методических и профессиональных мероприятиях федерального, регионального, муниципального уровней. План участия в работе РМО учителей начальных классов.

3 раздел. План методической работы.План участия в методических и профессиональных мероприятиях федерального, регионального, муниципального уровней.План участия в работе РМО учителей начальных классов....