урок по литературному чтению (якутский)
план-конспект урока по чтению (3 класс) на тему

Бережнова Кюннэй Николаевна

Кылаас, оскуола:

 

3 кылаас, Айыы Кыһата

Уруок темата:

 

Олоҥхо – төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ.

Аа5ыллар айымньы:

 

 

УМК (учебник аата, автора)

 

Литература ааҕыыта (Л.В.Избекова, У.М.Флегонтова)

Уруок тиибэ:

 

Ырытыы уруога

Учуутал сыала:

Оҕолор Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр олоҥхотун чиҥэтэллэригэр усулуобуйаны тэрийии.

О5о соруга: 

 

 

Уруок тумуктэрэ:

 

1.Предмети уэрэтии тумуктэрэ:

Олоҥхо тутулун билии, олоҥхо сүрүн санаатын билии,

2. Уэрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ:

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: боппуруоска сөпкө эппиэтээһин; бэйэ санааны этии; учуутал соругун болҕойон истии; Бэйэни сатаан хонтуруолланыы; Бэйэни сөпкө сыаналааһын

Билэр-кѳрѳр сатабыл: айымньы сүрүн санаатын ырытыы, түмүк оҥорор,

·         Бодоруһар сатабыл: атын киһи санаатын истии, ылыныы, бэйэ санаатын сааһылаан этии, ырытыыга кыттыһыы,

3.Ытык эйдэбулу инэрии тумугэ:

Олоҥхо тутулун өйдөөһүн

 

Скачать:


Предварительный просмотр:

Аа5ыы уруога

Кылаас, оскуола:

3 кылаас, Айыы Кыһата

Уруок темата:

Олоҥхо – төрөөбүт тыл кэрэтэ, өбүгэ үгэһэ.

Аа5ыллар айымньы:

УМК (учебник аата, автора)

Литература ааҕыыта (Л.В.Избекова, У.М.Флегонтова)

Уруок тиибэ:

Ырытыы уруога

Учуутал сыала:

Оҕолор Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр олоҥхотун чиҥэтэллэригэр усулуобуйаны тэрийии.

О5о соруга:  

Уруок тумуктэрэ:

1.Предмети уэрэтии тумуктэрэ:

Олоҥхо тутулун билии, олоҥхо сүрүн санаатын билии,

2. Уэрэх сатабылларын сайыннарыы тумугэ:

Бэйэни салайынар-дьаһанар сатабыл: боппуруоска сөпкө эппиэтээһин; бэйэ санааны этии; учуутал соругун болҕойон истии; Бэйэни сатаан хонтуруолланыы; Бэйэни сөпкө сыаналааһын

Билэр-кѳрѳр сатабыл: айымньы сүрүн санаатын ырытыы, түмүк оҥорор,

  • Бодоруһар сатабыл: атын киһи санаатын истии, ылыныы, бэйэ санаатын сааһылаан этии, ырытыыга кыттыһыы,

3.Ытык эйдэбулу инэрии тумугэ:

Олоҥхо тутулун өйдөөһүн

УРУОК ХААМЫЫТА

Уруок этаптара

Учуутал дьарыга

(сорудахтар, ыйытыылар)

Уэрэнээччи дьарыга

Уэрэтии ньымалара,

тэрийэр формата

Тумугэ

1. Тэрээьин чааьа

-Үтүө күнүнэн оҕолоор!

-Уруокпутун алгыстан саҕалыаххайын оҕолоор, бары мин кэннибиттэн хатылыыбыт

Кэлбит күн кэрэ кэпсээн кэһиилэннин,

Үүммүт күн үчүгэй сурахтаннын,

Турбут күн табыллыыны түстээтин,

Эргийбит күн эйэлээҕи эҥэрдээтин!

ДОМ! ДОМ! ДОМ!

-Үтүө күнүнэн!

-Алгыс тылы учуутал кэнниттэн хатылыыллар.

Кэлбит күн кэрэ кэпсээн кэһиилэннин,

Үүммүт күн үчүгэй сурахтаннын,

Турбут күн табыллыыны түстээтин,

Эргийбит күн эйэлээҕи эҥэрдээтин!

ДОМ! ДОМ! ДОМ!

 бары бүттүүн, тылынан

Уруокка бэлэмнэнии, уруокка көҕүлээһин

2. Уэрэнэр соругу туруоруу

Сыала:

Уруок тематыгар тахсыы

1.Уруок тематыгар таьаарар тугэн

Сорудах

Оҕолоор, бу иккини ааҕабыт уонна толкуйдаатыбыт, туох уратылаахтарый?

-Олоҥхо буоларын эһиги хантан биллигит?

-Сөп, маладьыастар.

2.Уруок соругун туруоруу  

-Оҕолоор, ааспыт уруокка тугу барбыппытый?

-Дьиэҕэ үлэҕэ туох бэриллибитэй?

-Чээрэ, оҕолоор, дьиэтээҕи үлэбитин бэрэбиэркэлиэх эрэ.

Маҥнай, өрт уотунуу, хонууну салаата.

Онтон тыаҕа таҕыста күһүн кутаата.

Хатыҥнар кыымынан ыһылла-буралла,

Чүмэчи буоланнар сандаара тураллар.

Биһиги киһибит, оун көрөн баран,

Аҕыс уон ордуга аҕыс

Алып албаһын аҕылынна.

Үҥкүрүйэ түстэ,

Күөлэһийэ түстэ

Тааҕыллаах убаһа аттаах,

Талах оноҕостоох,

Чаачар саалаах,

Уҥуохтаах оччугуйа,

Дьүһүннээх бүрэтэ,

Сордоох-муҥнаах

Сорук-боллур уол буола оҕуста.

-Биирэ хоһоон, иккиһэ олоҥхо.

-Олоҥхо уратытат диэн тыла-өһө баай буолар, тылыттан биллибит.

-Нуоҕалдьын кугас аттаах тойон Дьаҕарыма бухатыыр олоҥхотун барбыппыт, аахпыппыт.

-Дьиэҕэ үлэҕэ ааҕыы бэриллибитэ 66-68 сирэйгэ дылы.

-Оҕолор олоҥхону ааҕан, бэйэлэрин тылларынан кэпсииллэр.

Кэпсэтии, бары бүттүүн, тэҥнээн көрүү, боппуруоска эппиэттээһин.

атын киһи санаатын истии, ылыныы, бэйэ санаатын сааһылаан этии, ырытыыга кыттыһыы;

айымньы сүрүн санаатын ырытыы, түмүк оҥорор,

-Оҕолоор, олоҥхо диэни хайдах өйдүүгүтүй?

-Олоҥхоҕо хас дойду баарый?

-Ханныктарын ааттаталаан уонна ханнык дойдуга кимнээх олороллоруй?

-Олоҥхоҕо туох туһунан кэпсэнэрий?

-Олоҥхо остуоруйаттан туох уратылааҕый?

-Олоҥхону этэр киһини ким диэн ааттыылларый?

-Олоҥхо диэн саха тылын биир көрүҥ жанра буолар.

-Үс, үөһээ, орто, аллараа дойду

-Уоьээ дойду. Олонхо ус дойдутуттан биирдэстэрэ – айыылар олорор сирдэрэ.

Орто туруу дойду. Айыы дьоно (ураанхай саха) олорор сирдэрэ.

Аллараа дойду. Абааьы айма5а олорор сирэ.

-Айыы айма5ын комускуур улуу бухатыыр быьылааннаах сырыытын хоьуйар норуот суду айымньыта.

-Олоҥхо остуоруйаттан уратыта диэн хоһоон курдук суруллар уонна онно бухатыырдар абааһыны кытта охсуһуулара суруллар

Бэсиэдэ, айымньы аатынан үлэ

атын киһи санаатын истии, ылыныы, бэйэ санаатын сааһылаан этии, ырытыыга кыттыһыы;

айымньы сүрүн санаатын ырытыы, түмүк оҥорор,

3.2.Тиэкси кытта айымньыны аа5а олорон улэ

Сыала:

Айымньы ис хоьоонун эйдээьун

 

2.Айымньыны хайдах ылыммыттарын бэрэбиэркэлээьин

Сорудах Викторина

  • Уот Кудулу бай5ал иччитэ?
  • Сорук боллур уол ата?
  • Тойон Дьа5арыма ата?
  • Тойон Дьа5арыма бухатыыр Умсары Холорукка ким буолан кубулуйан кэллэ?
  • Сорук боллур уол сэбэ-сэбиргэлэ тугуй?
  • Умсары Холорук тугу аьаары-сиэри бэлэмнэнэ сылдьарый?
  • Хас күн охсуспуттарый?

  • Умсары Холорук
  • таа5ыллаах убаьа
  • Нуо5алдьын кугас ат
  • Сорук боллур уол
  • талах оно5ос, чаачар саа
  • то5ус байтаьын суоьу
  • үс ый  тоҕус уон хонук

викторина

Бэйэни сатаан хонтуруолланыы;

боппуруоска сөпкө эппиэтээһин;

4.Сыаналаныы

1.О5олор бэйэлэрин эйдэбуллэрин сыаналаныылара

   Мин биллим....

   Мин өйдөөтүм....

-Мин биллим....

Мин өйдөөтүм...

Бэйэни сөпкө сыаналааһын


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Конспект урока по литературному чтению в 4 классе. 1. Предмет: литературное чтение. Тип учебного занятия: Урок обобщения и систематизации учебного материала. 2. Тема: Обобщение и систематизация материала по разделу «Устное народное творчество»

Специфика проведения данного урока состоит в том, что такого полного обобщения и систематизации материала по разделу «Устное народное творчество» в Программе не предусмотрено, на выпуске из первой сту...

Конспект урока по литературному чтению по теме "Алексей Толстой. Золотой ключик, или Приключения Буратино (главы)" для обучающихся 2 - го класса (Р. Н. Бунеев, Е. В. Бунеева. Литературное чтение. Маленькая дверь в большой мир. 2 класс Часть 1

Тип урока - изучение нового материала. Направлен на то, чтобы создавать условия для проявления познавательной активности учащихся как основы формирования и развития учебной компетентности и ключевых к...

Урок по литературному чтению. ( ФГОС., учебник Р.Н. Бунеев, Е.В.Бунеева «Литературное чтение» 2 класс, ч.2) Тема: «Какие вопросы задают сказки?» ( урок обобщения)

В уроке использованы современные приемы и методы коллективной работы, соответствующие требованием ФГОС....

Технологическая карта урока по литературному чтению по теме: «И.А.Крылов. Басня «Зеркало и Обезьяна». Учитель:Лаан Софья Анатольевна( МБОУ «2 Пристанская ООШ») Класс: 3 класс. УМК : «Школа России» Предмет: литературное чтение Ресурсы урока: «Литературно

Пояснительная записка  Автор материала (ФИО) *на этапе актуализации знаний при проверке арифметического диктанта. Цифры появляются по щелчку. Очень удобна именно такая проверка, так как даль...

Технологическая карта урока по литературному чтению по теме: «И.А.Крылов. Басня «Зеркало и Обезьяна». Учитель:Лаан Софья Анатольевна( МБОУ «2 Пристанская ООШ») Класс: 3 класс. УМК : «Школа России» Предмет: литературное чтение Ресурсы урока: «Литературно

Пояснительная записка  Автор материала (ФИО) *на этапе актуализации знаний при проверке арифметического диктанта. Цифры появляются по щелчку. Очень удобна именно такая проверка, так как даль...

План урока по литературному чтению на якутском языке. Тема урока: Николай Якутскай «Дьукаахтыылар».

План урока  по литературному чтению на якутском языке.  Н.Г. Золотарев-Якутский "Дьукаахтыылар"...