Обугэ утуо угэстэрин ого иитиитигэр
материал по конструированию, ручному труду (старшая группа) на тему
Предварительный просмотр:
МБДОУ «ЧЭЧИР»
Мастер - класс
« Өбʏгэ ʏтʏө ʏгэстэрин оҕо иитиитигэр»
Иитээччи Новикова Парасковья Константиновна
Киирии тыл Оҕо ʏлэ туḣунан бастакы өйдөбʏллэри, бастакы сатабыллары , ʏөрʏйэхтэри дьонуттан ылар уонна онтуката сʏтэн биэрбэт ураты кʏʏстээх. Оҕо оскуолаҕа киириэр диэри дьонун эбэтэр детсад көрʏʏтʏгэр сылдьар. Бу иитэр ʏлэ саамай эппиэттээх кэмэ. Оскуолаҕа киириэр диэри ʏлэ диэн тугун билбэтэх оҕону хойут оскуола да, дьиэ кэргэн да ʏлэҕэ иитиилэрэ ыарахан. Yлэ оҕо быḣыытын- майгытын чочуйар. Yлэḣит оҕо иллэн бириэмэтэ суох буолан, онно- манна мэнээктээбэт, бэйэтин туттунар, көрсʏөтʏк сылдьар буола ʏөрэнэр. Биḣиги өбʏгэлэрбит ол иḣин оҕолорун олох кыра эрдэхтэриттэн батыḣыннара сылдьан ʏлэҕэ ʏөрэтэр этилэр. Оҕону ʏлэҕэ такайыллыахтаах. Бу инниттэн оҕо сатабылын, дьоҕурун сайыннарыахтаахпыт. Оҕо кʏн сирин көрөрʏгэр барытыгар сатабыллаах буола төрөөбөт .Айылҕаттан кини дьоҕур, талаан төрʏттэрдээх буолар. Бу төрʏттэр дьоҕур, талаан буолалларыгар элбэх билии-көрʏʏ ,сатабыл наада. Ханнык баҕарар сайдыыга ордук ʏчʏгэй тʏмʏгʏ биэрэринэн илии ʏлэтэ буолар. 5-6 саастаах оҕолор уḣанары , оонньуур оҥороллорун , олорон эрэ тугу эрэ айа, оҥоро сатыылларын бэркэ сөбʏлээччилэр. Бу ʏчʏгэй хаачыстыбаларын өйʏʏр наада. Мин эḣиэхэ прищепка көрдөөх эйгэтин билиḣиннэриэхпин баҕарабын.Боростуой таҥас туттарар прищепкаттан көрдөөх, бэḣиэлэй кыыллары оҥоруохха сөп. Бу оҥоḣуктарынан дьиэни, бэлэҕи киэргэтиэххэ, оҕолоргутун кытта оонньуур оҥоруоххутун сөп. Папка-передвижканы ,оноруллуллубут оонньуурдары көрдөрʏʏ. Сыала: Прищепкаттан оонньуур оҥорорго ʏөрэтии. Туттуллар матырыйааллар: Прищепкалар, өҥнөөх кумааҕылар,хордуоннар, оҕуруолар,ленталар, ПВА клей,кыптыый, харандаас,киистэ.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Обугэ оонньуулара
Развлечение...
Рабочая программа фольклорного кружка «ОБУГЭ СИТИМЭ» для детей с 3 до 6 лет дошкольного возраста. Тип программы: Образовательная программа дополнительного образования.
Этнокультурная направленность образования в Республики Саха (Якутия) является неотъемлемой частью образовательной деятельности, обеспечивающей приобщение обучающихся к ценностям культуры народов, прож...
"Кунду кун утуе мичээригэр мин ийэм мичээрэ тэннэьэр". Аралдьыйыы сценарийа
Сценарий к 8 марта...