Олоҕурбут ньыманан толорууга олоҥхо сценарийа
учебно-методический материал

Владимирова Евдокия Николаевна

 М.Обутова -Эверстова "Үрүлү Бэргэн" олоҥхотун уһуйаан оҕотугар сөптөөх гына кылгатан оҥоһуллубут сценарий

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл ologurbut_nymanan_toloruu.docx16.92 КБ

Предварительный просмотр:

 Владимирова Евдокия Николаевна

Соморсуннааҕы “Чэчир”уһуйаан музыкальнай салайааччыта.

Амма улууһа.

 Олоҕурбут ньыманан толорууга олоҥхо сценарийа

               Олоҥхо – норуоппут муҥура биллибэт баай тылын иҥэриммит  айымньы буолар. Оҕолорбут барахсаттар ийэ тылларын муҥура суох күүһүн-кэрэтин кыра саастарыттан эттэригэр - хааннарыгар, сүрэхтэригэр-быардарыгар иҥэрэн дириҥник билэ-өйдүү улааталларыгар бары күүспүтүн биэрэн үлэлиибит.  Оҕо кыратыгар, ордук биэс сааһыгар диэри  тулалыыр эйгэни өрүһүспүттүү сорунуулаахтык ылынар кэмигэр уһуйааҥҥа сылдьар, ол кэмҥэ олоҥхону араас ньыманан үөрэтэбит, мындырыгар уһуйабыт. Ол курдук олоҥхону постановка курдук оонньоон көрдөрүү таһынан биирдиилээн олоҕурбут ньыманан толорууга үөрэтиини эмиэ оҕону кыра сааһыттан үөрэтэбит. Олоҥхо толоруутугар тылынан эрэ буолбакка, геройдар кэпсэтиилэрэ араас тойугунан, матыыбынан толоруллар. Онон олоҕурбут ньыманан толорууга бастаан оҕону туойарга үөрэтэбит, ол эрэ кэнниттэн сатаан кылыһахтыыр, туойар буоллаҕына үөрэтэр ордук.  Онно анаан оҥорбут  сценарийбын иитээччилэргэ, музыкальнай салайааччыларга, фольклор куруһуогун салайааччыларыгар көмө буолаарай диэн ыытабын.

«Үрүлү Бэргэн» М.Обутова-Эверстова

Олоҥхоһут: Долгуйар ньуурдаах

Туймаада эбэ хотуҥҥа

Аатыран, аарыгыран олорор

Аргый тойон аҕалаах

Аргыйа хотун ийэлээх

Аҕыс уолаттар

Аҕыс былас суһуохтаах

Аралы Куо балтыларын

Аллараа дойду

Аҥаарыйар ааттааҕа

Аҥаар Харах Арсаала

Аҥаардастыы атаҕастаан

Былдьаан талаан барда.

Аралы Куо:

 Аай-аай- аайыкпыан,

Ыый-ыый- ыыйыкпыан

Аан Ийэ дойдубар

Аймах билэ дьоммор

Кимнээх буолан кимим

Кэлэн быыһаан  ылыа баарай?

Олоҥхоҥут: Үс  үүт күрүөнү

Үрдүнэн көтөр

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүлү Бэргэн бухатыырга

Күпсүйэр күөртээх

Күкүрүллэ уустар

Куйах кутан аҕаллылар

Кылаан бухатыыр буоллун диэн

Алгыс баһын сыалаатылар.

Үрүлү Бэргэн:

 Дьээ-буо, көр бу!

Күнтэн тэһииннээх күндү аҕастарым

Орто туруу дойдуга

Ааҥнаабыт алдьархайга

Араҥаччылыы

Аттанар күнүм дьэ кэллэ.

Айыы Намыһын удаҕан аҕастарыам,

Алҕаан, арчылаан айаным аартыгар

Атаарыҥ диэн ааттаһа турабын!

Айыы Намыһын удаҕан:  

Дом ини дом ини  дуомал!

Оҕолообут оҕобут,

Аччыгыйкаан сурдьубут!

Айыы аймаҕын атаҕастаабыт

Абааһы ааттааҕын кытта

Аахса   барар күннэргэр

Алгыстаах тылларбыт

Арчылаахтыы сылдьыахтын

Дом ини, дом

Домноотохпут буоллун!

Олоҥхоһут:

Үс  үүт күрүөнү

Үрдүнэн көтөр

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүлү Бэргэн бухатыыр

Айыы сирин араҥаччылыы,

Күн дьонун көмүскүү

Алҕатан, арчылатан

Айан аартыгар турунна.

Арбай-Куоҕай

Иҥнэликпин-таҥналыкпын

Иэхэйикпин-чуохайыкпын

Кылаан ньуурдаах барҕа күүстээх

Бухатыыр бэрдэ иһэр дииллэр

Иһилик-таһылык,

Иэхэй-чуохай

Бухатыыр бэрдин

Көрсө бардым! Бардыым!

Олоҥхоһут:

Абааһы кыыһа Арбай куоҕай

Үрүлү Бэргэҥҥэ үтүөмсүйэн

Аралы Куону

Баһын быһан, уҥуоҕун оборон

Ый ыһыаҕа, күн күдэнэ гынаары

Үөмэн истэҕинэ

Үрүлү Бэргэн тааска кыһайан

Арбай баһын быһа охсон бырахта,

Ону көрөн соһуйан

 Аҥаар Харах Арсаала

Үөһүн таттарда

Аҥаар Харах Арсаала:

Һуо-уо-уо-уо-аа-аа!

Хаарыаннаах балтыһаҕым

Суорума суолланан

 Сытаахтыыр эбит буолбаат!

Аай-аай-аай-аайыкпыан ини!

Ити буоллаҕына

Иэһи иэс курдук иэстээн

Искитин тыырталыам,

Итии хааҥҥытын иһиэм!

Олоҥхоһут:

Охсуһуу  гиэнэ улахана

Кыргыһыы гиэнэ кытаанаҕа  буолла.

Эдэр киһи Үрүлү Бэргэн

Өһөс хаанын ылынан

Кырыктаах кылыһынан

Кыайыыга  тиийдэ.

Сиргэ түспүт сэрэбиэйинэн

Окко түспүт оҥоһуунан

Үс  үүт күрүөнү

Үрдүнэн көтөр

Үрүмэччи маҥан аттаах

Үрүлү Бэргэн бухатыыр

Арылхайдыыр харахтаах

Аҕыс былас суһуохтаах

Аралы Куо барахсан

Сүрэхтэринэн сөбүлэһэн

Харахтарынан таптаһан

Уруйдара улааппыт,

Айхаллара арыалласпыт

Дьоллоро доҕордоспут!

             

                     


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

"Үрүҥ уолан" күрэх сценарийа

Сценарий развлечения посвященный ко Дню защитников отечества...

«Шагаа-2014» тураскааткан байырлалынын сценарийи

«Аленушка» аттыг уруглар садынын«Шагаа-2014» тураскааткан байырлалынын сценарийи.            Сорулгалары: Уругларга чаа чылдын шагаазынын дугайында билиндирер. Тыва улуст...

Өлкән төркөм өсөн көҙгө байрам иртәлегенең сценарийы "Йырлап уҙғарған йәй"

Нисек итеп сиңерткәнең йәй буйы йырлап,аҙаҡ ҡырмыҫҡаларға ярҙам һорап килеүе тураһында...

« Ҡарға бутҡаhы » фольклор байрамы. (байрам сценарийы ) - «Воронья каша» народный праздник (Сценарий праздника)

« Ҡарға бутҡаhы » фольклор байрамы. (байрам сценарийы ) - «Воронья каша» народный праздник (Сценарий праздника)Маҡсат: Халыҡтыӊ боронғо йолаларын ҡыҙыҡhыныу уятыу, тирə-яҡ мөхиткə hөйөʏ həм hаҡсыл мөн...

Саха норуотун хамсаныылаах оонньууларыгар олоҕурбут, эти хааны сайыннарар аралдьытыылар сценарийдара.

Оҕону эт- хаан өттүнэн сайыннарыыга, билии - көрүү өттүнэн сайдыытыгар өбүгэ оонньууларын иллэҥ кэмҥэ эрэ буолбакка, дьарык уонна аралдьытыы быһыытынан киллэриэххэ сөп....