О5ону сайыннарар конструктор
статья

Елисеева Марина Михайловна

Статья

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon ay-tut_oonnoo.doc29.5 КБ

Предварительный просмотр:

Сайдыы аартыга

ОҔОНУ САЙЫННАРАР  КОНСТРУКТОР

Үрдүк категориялаах иитээччи Марина Михайловна Елисеева уонна иитээччи Анна Петровна Иннокентьева Дьокуускай куорат 89 нүөмэрдээх оҕо уһуйааныгар үлэлииллэр. “Ай – тут – оонньоо” оонньууларынан “Ааптарыскай оонньуулар уонна оонньуурдар иитэр-үөрэтэр инникилэрэ” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаҕа лауреат буолбуттара:

– Билиҥҥи кэм учуонайдара этэллэринэн, аныгы иитээччи үөрэхтээһин систиэмэтигэр киирэр уларыйыылары, ону кытта олох саҥа сүүрээннэрин барытын иилэ-хабан ылан иһэр, үлэтин онтон сиэттэрэн аттаран, тупсаран иһэр, имигэс өйдөөх буолуохтаах. Билигин былыргы курдук оҕону паартаҕа, остуолга хам олордон үөрэппэккин. Оҕоҕо талар кыаҕы биэриҥ дииллэр. Ол аата оҕо сүүрэ да сылдьан дьарыктаныан сөп.

Оҕо тус санаатын истэр, киниэхэ тугу таптыырын талларар үөрэхтээһин кэмэ кэллэ. Ол иһин биһиги билигин талларабыт – хас да барыйааны биэрэбит, онтон талан ылан сорудаҕы толороллор. Бу барыта оҕо бэйэтин иннин билинэр, быһаарынар, бэйэтэ талбыт суолунан барарыгар судургу буоллун диэн киирдэ.

 “ Конструкторы таҥыы – оҕону личность быһыытынан сайыннарар, тулалыыр эйгэни барытын хабан далааһыннаахтык толкуйдуурга үөрэтэриттэн саҕалаан, кэлэктиибинэн үлэҕэ, бэйэ-бэйэни кытта уопсай тылы буларга, биир санааҕа кэлэргэ үөрэтэр.

Айбыт оонньуубутунан Норуоттар икки ардыларынааҕы ЮНЕСКО чэрчитинэн ыытыллар конференцияҕа кыттарбытыгар уһуйааммыт салалтата – сэбиэдиссэй П.И. Филиппова, Иитэр үлэҕэ отдел салайааччыта Т.В. Платонова олус өйөөбүттэрэ. Ситиһиилээхтик кыттан кэлбиппит.

Арассыыйа үөрэхтээһинин тосхолугар “үөрэхтээһин систиэмэтэ Арассыыйа патриоттарын, демократическай уопсастыба, социальнай судаарыстыба, личность быраабын уонна көҥүлүн ытыктыыр, сиэрдээх дьону иитэн таһаарыахтаах” диэн этиллэр. Маннык үөрэхтээһин бэйэбит төрөөбүт дойдубут, түөлбэбит  историятын билииттэн уонна үөрэтииттэн саҕаланар дии саныыбыт. Биллэн турар, маннык уустук тиэмэҕэ оҕо интэриэһин тардар ыарахан. Ол иһин оҕо толкуйугар сөп түбэһиннэрэн, кини таптыыр уонна сүрэҕэ тардыһар дьарыгар олоҕуран, онно тирэҕирэн үөрэтиини торумнуохтаахпыт. Конструкторынан дьарык оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго билэргэ-көрөргө, саҥаны арыйарга интэриэһи күөдьүтэр, оҕо тулалыыр эйгэни барытын хабар толкуйа сайдар. Тутан-хабан бэйэтин илиитинэн оҥорон таһаарыы – оҕоҕо олус туһалаах дьарык. Бары бииргэ конструктор тула оонньоотохторуна оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта тапсарга, элбэхтэн биири таларга, биир санааҕа кэлэргэ, биир уопсай сыалы ситиһэргэ үөрэнэллэр. Ким тугу оҥорорун, ким тугу булуохтааҕын эмиэ бэйэлэрэ быһаарсаллар.

Биһиги айбыт “Ай – тут – оонньоо” конструктор оонньуурбут 5 саастарыттан үөһээ саастаах оҕолорго ананар. Норуодунай худуоһунньук Х.Д. Степанов ойууларын туһанныбыт. Уолуттан-кыыһыттан тутулуга суох барыларыгар барсар. Бэс мастан, хатыҥтан уонна таҥастан оҥоһуллубута. Оҕолар мас ураҕастары кубиктарга холбууллар. Таҥаһынан тигиллибит устуоралары кэтэрдэллэр. Регион уратытын көрдөрөөрү, Саха сирин былааҕын, гербэтин, кыылларын, ытык кэрэ сирдэрин  хартыыналарын киллэрбиппит.

Кэнники манна таҥастарын уларыта сылдьан, тиэмэлэринэн атын-атын ойуулары туһаныахпытын сөп. Холобур, ахсааҥҥа, дорҕоону үөрэтэргэ кытта туттуллар оонньуур буолар.

Туох да синтетикэтэ суох буолан, оҕо доруобуйатыгар буортута суох. Тутарыгар-хабарыгар натуральнай бэс уонна хатыҥ мас табыгастаах, алдьаммат-кээһэммэт, олус бөҕө.

Бу конструкторбытынан биһиги “Мичээр” бөлөхпүт оҕолоро “Лабиринт”, “3 этээстээх дьиэ”, “Балаҕан”, “Аптаах замок”, “Ирбэт тоҥ саарыстыбата”, “Хайа хаспаҕа”, “Көньүүһүнэ. Пиэрмэ”, “Ким дьиэтэ улаханый (уһунуй?)”, “Байыаннай тиэхиньикэ (тааҥка, сөмөлүөт, бронетранспортер, авианосец)”, “Почта. Аптека. Маҕаһыын”, “Сонуннар телестудиялара” диэн оонньуулары оонньууллар. Оонньуубутун толкуйдуурбутугар оҕолор бэриллибит схеманан, сорудаҕынан үлэлииллэригэр дьулуспуппут. Оҕолор олус үлүһүйэллэр, араас конструкциялары тутан таһаараллар.

Маннык оонньууга оҕолор тылларын саппааһын, билиилэрин хаҥаталлар. Бэйэлэрэ да билбэккэ сылдьан, элбэх саҥаны арыйаллар. Киһи предметтэри уларыта сылдьан тугу баҕарар айан-тутан таһаарар кыахтааҕын өйдүүллэр. Сахабыт сирин атын уһуйааннарыгар биһиги уопуппут туһалаатын, маннык хабааннаах оонньуулары оҕолору сайыннарыыга туттуҥ диэн сүбэлиибит.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

О5ону улэ уеруйэхтэригэр иитии

О5ону улэ уеруйэхтэригэр иитии...

О5ону иитэр угэстэр

                       О5ону иитэр угэстэр....

О5о толкуйдуур дьо5урун сайыннарар математическай логикалаах оонньуулар

Ученай, педагог, Саха Республикатын оскуолатын утуолээх учуутала П. И. Шадрин «Основные проблемы начального образования в Якутской АССР» диэн научнай популярнай улэтигэр: «…бэ...

Биьик ырыата – о5ону иитэр суолтата

Биьик ырыата – о5ону иитэр суолтата. Аянитова Раиса АфанасьевнаЫтык – Куеллээ5и «Кэнчээри» ОСКмузыкальнай салайааччыта.       Биьик  ыры...

Саха оьуохайын этиитин уонна ункуутун нецуе чел туруктаах о5ону иитии.

Чѳмчуук саастаах оҕону   иитэргэ  норуот уйэлэргэ  айбыт,  үѳскэппит уран фольклорун – оьуохайы  бары ѳттүнэн үѳрэтэри коҕулээн чѳл туруктаах,  чиӊ доруобуйала...

Консультация для родителей «Современные конструкторы: конструкторы с суставным соединением, модели для сборки, решетчатый конструктор».

Каждого ребёнка с детства окружают игрушки. Игра является одним из способов познания окружающего мира. Хорошая игрушка должна не только приносить удовольствие, но и развивать. Различные разновидности ...

Саха норуотун хамсаныылаах оонньууларыгар олоҕурбут, эти хааны сайыннарар аралдьытыылар сценарийдара.

Оҕону эт- хаан өттүнэн сайыннарыыга, билии - көрүү өттүнэн сайдыытыгар өбүгэ оонньууларын иллэҥ кэмҥэ эрэ буолбакка, дьарык уонна аралдьытыы быһыытынан киллэриэххэ сөп....