"Кунду кун утуе мичээригэр мин ийэм мичээрэ тэннэьэр". Аралдьыйыы сценарийа
методическая разработка (средняя группа)
Предварительный просмотр:
«КҮНДҮ КҮН ҮТҮӨ МИЧЭЭРИГЭР
МИН ИЙЭМ МИЧЭЭРЭ ТЭҤНЭҺЭР»
бырааһынньыктааҕы аралдьытыы сценарийа.
(Ырыа догуьуолунан оголор киирэн полукруг тураллар)
Ыытааччы: Ийэ баар бу сиргэ
Аан дойду аанньала,
Ананар киниэхэ
Барыбыт махтала.
Утуе кунунэн кун-кубэй ийэлэр, эйэгэс эбээлэр уонна кунду ыалдьыттар! Эьигини барыгытын кэлэн иьэр сааскы бастакы, саамай нарын бырааьынньыгынан итиитик-истинник эгэрдэлиибит!
Ырыа «Ийэ мичээрэ».
(Оголор олороллор, «Сонуннар» музыката тыаьыыр).
Ыыт: Сонунарга киирэбит. Музыкальнай залтан быьа биэрии. Бастакы биэриибит ананар – тылынан уус-уран айымньыга. Туох баар кэрэ тылларбытын аныыбыт биьиги кун-кубэй ийэлэрбитигэр.
Атаахтатар, уерэтэр
Амарах сурэхтээх ийэккэн
Аан дойдуну ититэр
Аламай куннэ эрэ тэн!
Учугэй киьи буоларгар
Еруу кини кыьанар
Арыт арыт мехтер да
Атаас, иьигэр аьынар
Аччыктыага огом диэн
Араас аьынан аьатар
Сыллаан-уураан киэьэтин
Сылаас оронно утутар.
Ыарыйдаххына кини эрэ
Ыксыа, ытыа, айманыа
Тууну быьа арахпакка
Таскар олорон ыарыылыа.
Ийэ диэн кунду киьи
Киниэхэ тэннээх ким баарый?
Ийэ диэн кун киьи
Кинини еруу харыстаарыый!
Ыыт: Кердубут, иьиттибит, хайдах курдук оголор ийэлэрин таптыылларын. Биьиги ийэлэрбит олус кыраьыабайдар, кэрэлэр, утуе санаалаахтар, кыьамньылаахтар, биьиги туспутугар еруу кыьаллаллар.
Билигин рекламнай пауза. «Полька». Уолаттар кыргыттары ыныраллар.
Ункуу «Полька»
Ыыт: Мээнэгэ эппэтэхтэрэ, «Ого саната чахчыны этэр» диэн. Билигин биьиги бырааьынньыктаагы биэриибитигэр «Ого санатынан» диэн рубрика.
(«Устами младенца» музыката тыаьыыр).
Ыыт: Биьиги эрдэ ийэлэрбит портреттарын уруьуйдаабыппыт. Бугун бу выставка эьиги иннигитигэр турар. Билигин ийэлэр тахсанныт бэйэгит портреккытын булан ылыахтааххыт.
(Ийэлэр тахсан портреттарын булаллар).
Ыыт: Портреттар кэннилэригэр огогут аата сурулла сылдьар. Ким сепке таайбыт маладьыас! Билигин эьиэхэ махтанан туран музыкальнай номербытын бэлэхтиибит.
Ункуу «Танец-шутка».
Ыыт: Онтон биьиги биэриибитин салгыыбыт уонна кунду ийэлэрбитин ооннььууга ынырабыт. Ооньуубут аата «Музыканы таай».
(«Угадай мелодию» музыката тыаьыыр).
Ыыт: Бу оонньууга 4-5 ийэни ынырабыт. Билигин эьиги таайыаххыт оголорго анаммыт биллэр ырыалары. Музыка тыаьыыр, ким таайбыт тургэнник чуораанчыгы тыаьатар уонна ырыа аатын эбэтэр тылларын этэр.
Оонньуу «Угадай мелодию».
Ыыт: Этин эрэ оголоор, ийэттэн ураты саамай чугас киьибит кимий? Саамай сеп, эбээ. Билигин эйэгэс эбээлэрбитигэр «Эбээм барахсан» диэн ырыабытын аныыбыт.
Ырыа «Эбээм барахсан».
Ыыт: Аны билигин, кунду ийэлэр, маннык боппуруоска эппиэттээн эрэ: эьиги ас астыыргытын теье себулуугут? Ити мээнэ ыйыппатыбыт, билигин биэриибитигэр «Минньигэстик аьаан» диэн рубрика.
(«Минньигэстик аьаан» музыката тыаьыыр).
Ыыт: Бу оонньуга ийэлэр бары кытталлар.Билигин аукцион ыытыллар. Бэриллибит астартан ханнык булуудэни астыахха себун этиэхтээххит. (яблоко, сайра, свекла, кефир).
Кулинарный аукцион.
Ыыт: Аны сынньана таарыйа оголорбут хоьооннорун истиэххэйин.
Этин эрэ, оголоор,
Эьигини биьиктээн
Киммит маннык оголоон
Киьи гынар буебэйдээн?
Кунду ийэ барахсан!
Этэр сылаас тылынан
Эмиэ киммит саататар
Энин нарын ырыанан
Эьигини утутар?
Кемус ийэ барахсан!
Этин киммит кичэйэн
Утуе суолга уерэтэр
Эьигини тэрийэн
Уерэтэргэ кегутэр?
Кини, кини барахсан,
Кини ийэ барахсан!
Ыыт: Ханнык бырааьынньык ункуутэ суох буолуой? Билигин биьиги эьигини «Сулустары кытта ункуулээ» диэн рубрикабытыгар ынырабыт.
(«Танцы со звездами» музыката).
Ыыт: Манна 3 ийэни ынырабыт. Эьиги иннигитигэр сулустар сыталлар. Мантан биир сулуьу талан ылагыт уонна кэннигэр сурулла сылдьар ункууну толорогут.
(Ийэлэр бэлэмнэнэр бириэмэлэригэр ФЛЕШМОБ «Мы маленькие звезды).
Ыыт: Маладьыастар! Наьаа учугэйдик ункуулээтигит, бары да ункууьут эбиккит! Таьынан биэриэххэйин!
Аны билигин эьиги болгомтогутугар эгэрдэ нуемэр – оркестр.
Оркестр.
Ыыт: Аны билигин тумуктуур «Пока все дома» биэриибитигэр «Очумелые ручки» рубрика.
(«Пока все дома» музыката тыаьыыр. Оголор ийэлэригэр открыткаларын туттараллар).
Ыыт: Биьиги биэриибит тумуктэнэрэ бу кэллэ. Аны халлаан туругун истиэххэйин. Биьиги детсадпыт иьигэр куруук чагылхай кун, былыта суох ыраас халлаан, тумана суох, сенуу туьэрэ куутуллубэт. Кырыа кыьын ааьыа, сандал саас кэлиэ. Еруутун бэйэ бэйэгитигэр кетегуулээх настырыанньаны уонна сурэххит сылааьын бэлэхтээн!
Танец «Стиляги».
Ыыт: Биьиги бугунну биэриилэрбит
Ис сурэхтэн тагыстылар
Эьиэхэ уерууну бэлэхтээри
Эьигини кытта уерээри
Эьигинниин бииргэ буолаары!
Ыыт: Манан биьиги ийэлэргэ аналлаах бырааьынньыктаагы биэриибит тумуктэнэр, аныгы эфирга керсуеххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Комус куьуннэ аналлаах аралдьыйыы сценарийа "Почтальон саьыл"
Кыра саастаах оголорго, куьунну айылга кэрэтин туьунан аралдьыйыы комотунэн тириэрдии, кордоруу. Айылгага харыстабылы, тапталы иитии...
«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)
Цель – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...
Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.
Аҕа дойдуну көмүскээччилэркүннэринэн аналлаахаралдьыйыы сценарийа.Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ....
"Ийэгэ бэлэх". Аралдьыйыы сценарийа
Сценарий утренника к 8 марта...
"Кемус куьун бэлэхтэрэ". Куьунну аралдьыйыы сценарийа
Осеннее развлечение...
Сана дьыллаа5ы аралдьыйыы сценарийа "Остуоруйа алыптаах дойдута"
Сана дьыллаа5ы аралдьыйыы...
2022 сылы көрсөр саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа: «Королевскай баалга айан»
Саҥа дьыллааҕы аралдьыйыы сценарийа...