"Кемус куьун бэлэхтэрэ". Куьунну аралдьыйыы сценарийа
методическая разработка (подготовительная группа)

Попова Наталья Владимировна

Осеннее развлечение

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл kemus_kuunne_beleh.docx21.77 КБ

Предварительный просмотр:

                       «КЕМУС КУЬУННЭ БЭЛЭХ»

  (Бэлэмнэнии белех оголоругар куьунну аралдьыйыы)

Ыыт:

Хаьын туьэн марсыарда

Хатын чаран кырыарда

Сэбирдэхтэр туруттан

Сиргэ дайан тустулэр.

Утуе киэьэнэн, кунду оголор уонна ыалдьыттар! Бугун биьиги бу залга кемус куьуммутун атаараары муьуннубут. Куьун бутэьик куннэрэ тураллар, сотору эмиэ кырыа кыьыммыт тиийэн кэлиэ.

               Ырыа

Ыыт: Таьырдьа тымныйан кетер-суурэр уонна киьи-аймах сылаас дьиэгэ саьабыт. Оголоор, эьиги санаагытыгар ким бары дьиэлээх буолуохтаах дуо? Саамай сеп, ким барыта, онноогор остуоруйа геройдара дьиэлээхтэр.Онтон Кемус Куьуммут дьиэлээгэ буолуо дуу? Билигин хартыыналары керен кини дьиэтин булуоххайын.

               Слайд

Ыыт: Куьуммут дьиэтин булбатыбыт, ол аата кини дьиэтэ суох эьит дии. Арай биьиги киниэхэ дьиэ тутан бэлэхтээтэхпитинэ хайдах буолуой? Дьиэ тутарбытыгар туох нааданый? Саамай сеп, бастатан туран биьиэхэ кытаанах истиэнэлэр уонна сарай наада. Аны ону хантан булабыт? Билигин илиибититтэн сиэттиьэн, харахпытын симэн аптаах ойуур устун баран иьэр курдук сананыаххайын эрэ, багар кими эбит керсуехпут.

               (Музыка тыаьыыр онтон ардах тыаьа).

Ыыт: Истин эрэ оголоор, ардах тыаьыыр. Туран ардагы кытары ункуулуеххэйин.

               Ункуу «Кап-кап»

Ыыт: Истин эрэ оголоор, ким эрэ кэлэн иьэр биьиэхэ.

Ардах: Дорооболорун оголоор! Миигин биллигит дуо? Мин куьун аргыьа, бадараан догоро Ардах буолабын. Онтон эьиги бачча ардахха тугу гына сылдьагыт?

Ыыт: Биьиги Кемус Куьуннэ дьиэ тутан бэлэхтээри истиэнэ уонна сарай кердуу сылдьабыт.

Ардах: Миэхэ ханна эрэ наьаа учугэй истиэнэ баар этэ, ону эьиэхэ бэлэхтиэхпин сеп этэ да… Бээ, серуукуу туьуем (таастаах ууга суунар).

Ьуу, того учугэйэй! Онтон эьиэхэ анаан мин кирдээх бадарааннах уу бэлэмнээбитим, билигин бары серуукуеххут! (оголорго таастаах сэбирдэхтэри ыьар).

Ыыт: Сурдээх да дьээбэлээххин, Ардах! Хата оголорбутун куттаатын! Кеб у, тугу гыммыккын? Сэбирдэх бегетун ыьан кэбистин дии! Оголоор, сэбирдэхтэри наардаан хомуйуохха эрэ.

               Оонньуу «Сэбирдэхтэри хомуй» (хатын, клен, дуб).

Ардах: Хата наьаа учугэй оонньуу буолла. Санаам кетегулуннэ. Ессе тугу сатыыгытый?

Ыыт: Биьиги сатыырбыт элбэх: ункуулуубут, ыллыыбыт, остуоруйа да кэпсиибит, таабырын да таайабыт. Оннук буолбат дуо, оголор? Билигин биьиги хоьоон аагыахпытын багарабыт.

               Хоьооннор.

Ардах: Наьаа да маладьыас оголор! Санаам дэлби кетегулуннэ, баьыыбаларын! Эппитим курдук, мин эьиэхэ дьиэ тутаргытыгар истиэнэ бэлэхтиибин.

Ыыт: Баьыыба, Ардах!

Ардах: Чэ, мин барар кэмим кэллэ, эьиил куьун хайаан да керсуехпут!

Ыыт: Оголоор, истиэнэбитин буллубут, анны сарайбытын буларбыт хаалла. Салгыы айанныагын (Музыка тыаьыыр онтон муора тыаьа).

               Пират киирэр.

Пират: Е-хо-хо! Манна тугу сылдьагыт?

Ыыт: Дорообо, пират! Биьиги Кемус Куьуннэ дьиэ бэлэхтээри гынабыт. истиэнэбитин буллубут, анны сарай кердуубут. Багар эн кемелеьуен дуу?

Пират: М-даа… Дьиэ диэн учугэй беге буоллага дии. Биьиги пираттар олорор сирбит – муора, дьиэбит – хараабыл. Ол эрээри ханнык да дьиэгэ сарай хайаан даганы наада. мин эьиэхэ кемелеьуем, ол эрээри бастаан эьиги миэхэ кемелеьун.

Ыыт: Тугу кемелеьебут?

Пират: Мин огуруот аьын уонна фруктаны сиирбин наьаа себулуубун. Онтум муорага шторм буолбутугар барыта ыьыллан хаалбыт. Дьаарыстаан биэрэргит буоллар, баьаалыста.

Ыыт: Кемелеьебут дуо, оголор?

               Оонньуу «Фрукты и овощи».

Пират: Е-хо-хо! Бэт да бэт! Баьыыбаларын оголоор!

Ыыт: Онтон билигин Пират, биьигини кытта хороводка тур.

               Хоровод «Уунуутэ хомуйууй».

Пират: Наьаа да учугэй оголоргут! мантан ыла огуруот аьын уонна фрукталары булкуйбат буоллум. Махтанан туран эьиги дьиэгитигэр сарай бэлэхтиибин.

Ыыт: Баьыыба, Пират!

Пират: Эьиэхэ баьыыба! Мин муорабар бардым, багар хаьан эбит керсуехпут. Керсуеххэ диэри, оголоор! Е-хо-хо!

Ыыт: Оголоор. дьиэбит бэлэм буолла. Онтон Кемус Куьуммутун хантан булабыт? Ырыата ыллыаххайын эрэ, оччогуна багар истэн кэлиэгэ.

               Ырыа

               (Куьун киирэр).

Куьун: Дорооболорун, кунду доготторум! Эьиги ырыагытын истэммин барыам иннинэ эьиэхэ ыалдьыттыы кэллим.

Ыыт: Кемус Куьун, биьиги эйигин ер да кердеетубут. Оголор эйиэхэ анаан ырыа, хоьоон арааьын уерэттилэр.

                Хоьооннор.

Куьун: Баьыыбаларын оголоор, Миигин наьаа уертугут. Билигин мин эьигини кытта оонньуохпун багарабын. Оонньуум аата «Аптаах тыл» диэн. Музыка тыаьаатагына ункуулуугут, онтон музыка тохтоотогуна мин аптаах тыл этэбин, оччого эьиги бары ол тылга кубулуйа охсогут. Бэлэмнит?

                 Оонньуу «Аптаах тыл».

Куьун: Маладьыастар! Аны билигин мин таабырыннарбын таайын.

                 Таабырыннар (сир астара).

Ыыт: Куьун, биьиэхэ манна сир астара уонна тэллэйдэр бааллар. кинилэр эйиэхэ ункуулуехтэрин багараллар.

                 Ункуу «Сир астара уонна тэллэйдэр».

Ыыт: Кунду ыалдьыппыт Кемус Куьун, эн сыл ахсын биьиэхэ бэлэх арааьын бэлэхтиигин: огуруот аьа, отон, тэллэй. Ол иьин биьиги оголору кытта эйиэхэ кыьын тымныыттан саьаргар дьиэ бэлэхтиибит.

Куьун: Баьыыбаларын! Мин эмиэ эьиэхэ кэьиилээх кэлбитим.

                Бэлэхтэрин туттарар, быраьаайдаьан тахсан барар.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Комус куьуннэ аналлаах аралдьыйыы сценарийа "Почтальон саьыл"

Кыра саастаах оголорго, куьунну айылга кэрэтин туьунан аралдьыйыы комотунэн  тириэрдии, кордоруу. Айылгага харыстабылы, тапталы иитии...

«Куьунну мозаика» дьуьуйуу. (Улахан белех о5олоругар аналлаах аралдьыйыы сценарийа)

Цель  – закрепить знания детей о сезонных изменениях в природе, о признаках осениЗадачи: -формировать навыки самостоятельного исполнения выученных стихов, песен и танцев;-создавать празднич...

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аналлаах аралдьыйыы сценарийа. Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ.

Аҕа дойдуну көмүскээччилэркүннэринэн аналлаахаралдьыйыы сценарийа.Бэлэмнэнии бөлөх уолаттар күрэхтэhиилэрэ....

"Ийэгэ бэлэх". Аралдьыйыы сценарийа

Сценарий утренника к 8 марта...