Сана дьыллаа5ы аралдьыйыы сценарийа "Остуоруйа алыптаах дойдута"
материал (подготовительная группа)

Егорова Любомира Михайловна

Сана дьыллаа5ы аралдьыйыы

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_ostuoruya.docx37.71 КБ

Предварительный просмотр:

        Арай биирдэ ыраах ойуур иьигэр о5онньор сиэнинээн машенькалыын олорбуттара эбитэ уьу. Биир утуе сарсыарда кун тахсыыта буеккэ уол санардыы хакааран эрдэ5инэ эмискэ сарай быыьыттан саьыл ойон тахсыбыт да бетуукчээни сулбу ойо тардан уоран илдьэ барбыт. Бетукчээн кутталыттан туох баар куолайынан сана-инэ бе5е таьаарбытын о5онньордоох сиэнэ туннугунэн енес гына кербуттэр. Таьырдьа тахсан саьылы сырса сатаабыттар да5аны сатаан сиппэтэхтэр.

О5онньор: дьэ сэрэнин син биир булаттыа5ым.

Машенька ампаарга ойон киирэр бетуугун кердуук саьыл хаба тардан ыларыгар а5ыйах кутугурн туунэ туспутун булан этэр.

-Бетуукчээним барахсан.

О5онньор: ытаама санаар5аама Машенька.

Маша: бетуукпун аьынаммын ытыыбын.

О5онньор: хата кер бу миэх туохэрэ баар. Мин билигин эйиэхэ оонньуур онорон биэриэм.

(Машенька оонньуурун керен уерэр)

О5онньор: Кер бу эйиэхэ оонньоотун диэн о5усчаан онорон биэрдим. Хата бу о5ускун кытта баран оонньоо хонууга.

(Ункуу уолаттар о5устар)

О5онньор: бу о5ус кеннеру о5ус буолбатах аптаах о5ус ону ейдее машенька.

Баран оонньоон хонууга.

(Хонууга илдьэ барар соьон)

(бабочкалар ункуулэрэ кырыттар)

Машенька хонууга сытан утуйан хаалар. О5уьа хонуу ортотугар туран хаалар.

Арай ойуур быыьыттан эьэ о5ото кэлэр.

Эьэ: ьа бу ким турарый? Кэл оонньуохха. Миигин ытта оонньуу барса5ын дуо? Ооньуоххун ба5арбат буоллаххына мин хонуубуттан бар.

Эьэ о5уьу уурэ сылдьан ата5ыттан о5ус быатыттан иннн хаалар. Ол сырытта5ына ойуур иьиттэн саьыл уемэн тахсар.

Саьыл: туох айдаана буолла чуумпурун. Бетуукчээммин  куоттарыаххыт . баарыанныттан кердуубун да булбаппын дэлби сылайдым диир.

Эьэ: миэх кемелес быабын суерэн биэр

Саьыл: олр итиннэ иннибит буоллаххына. Мин бетуукчээммин кердуу бардым. Хас биирдии кыыл бэйэтин эрэ керунэр-харанар бууолла5а дии суох кемелеспеппун. Диэн баран о5ус аттынан баран иьэн кутуруан о5ус иьин таарыйбытыгар кутугун тебете кырааска5а сыстан хаалар.

Куобах суурэн кэлэр. Хайа бу тугу гына сыльа5ыт. Дьэ куотун о5онньор саалаах манна кэлэн иьэр. Куотуун.

Саьыл: биьиги то5о куотуохптуй. Хата кэл манна тутус уонна бары бииргэ куотуохха.

Куобах тутуьаары гыммыта эмиэ кырааска5а иннэн хаалар.

Куобах: оо дьэ саьыл мин о5онньортон куотуохтаах эти дии. Эн миэхэ мэьэйдээбэтэ5ин буоллар.

О5онньор суурэн кэлэр: аьаа дьэ тутулуннугут ээ. Дьэ уонна миигиттн куоппаккыт. Минэьэни сон оностуом, саьылы са5а оностуом куоба5ынан машенька5а утулук тигиэм.

Маша: эьээ кыыллары ыыт.кинилэр уонна хаьан да уоруохтара суо5а.

Кыыллар бырастыы  кердеьеллер.

О5онньор: суох бастаан мин бетуукпун а5аллын саьыл.

Сарсыарда кыыллар бетуугу дьиэлэригэр а5алаллар. Уонна ытлларын биэрэллэр. Хаьан да уоуруохпут суо5а диэн.

Бары санараллар.

Кэлэн иьэр о5ус сылынан  барыгытын э5эрдэлиибит. Доруобай буолун.

(Музыка тыаЬыыр, кулиса кэнниттэн ведущай санарар)

Кунду до5оттор!

Ынырабыт барыгытын залга,

Кулумурдуу киэргэммит

Дьикти кэрэ елка5а.

Ынырабыт залга

Ырыа – тойук бэлэхтии,

Керу – нары ке5улуу,

Сана дьыллаа5ы э5эрдэни бэлэхтии!

(муз.фон уларыйар, ведущайдар тахсаллар)

Вова: Ууммут дьоро кунунэн, саргылаах сана дьылынан кунду уерэнээччилэр, учууталлар, тереппуттэр уонна ытык мааны ыалдьыттар!

Вед: Саргылаах Сана дьылынан тереебут терут сирбит бугуннутэ уонна кэлэр кэскиллээх, эрчимнээх эдэр ыччата! Саргы – дьаалы теруттэнэр, дьол – соргу тосхойор, кулумурдэс кемус уоттаах киэЬэтэ чугаЬаан кэлбитинэн бука барыгытын уруйдуубут!

Сана дьыл!

Сана дьыл!

Саргылаах сана дьыл,

Сана дьыл кэрэтиэн!

ГЯИ: Билигин саамай кылгас куннээх уонна уьун тууннээх кыыдааннаах кырыа кыьын кэмэ. Ол эрээри биьиги бу дьыл кэмин олус собулуубут, то5о диэтэр бу бириэмэ5э биьиэхэ сана дьылбыт салаллан кэлэр уонна кинини кытта уоруу-котуу, дьол-соргу, сана уларыйыы, дьоллоох тугэннэр тосхойоллор.

ЖВ: Бу эрэ куннэ биьиэхэ сана корсуьуулэр, ба5а санаа туолуута, араас алыптаах тугэн тосхойуута буолар. Итэ5эйбэккит да? Бугунну сана дьыллаа5ы карнавалга кытыннаххытына кырдьыгын итэ5эйиэххит диэн эрэнэбит.

КУНЧЭЭН

ГЯИ- Дорообо, сана дьыл,

Эйэни элбэтэн,

Оло5у киэргэтэн,

Сахабыт кыраайын

Саргытын айсыахпыт,

Дорообо, сана дьыл!

Сана дьылбыт утуе – мааны киэЬэтинэн эЬигини э5эрдэлиир оскуолабыт директора Андрей Николаевич. . (поздравление, грамоты)

Начинаем церемонию вручения номинации

«Лучший ученик 2016 года», «Лучший спортсмен» «Лучший в творчестве» «Лучший активист -оющественник»

ЖВ: Сана дьыл, о5олоор, саамай бэьиэлэй, куутуулээх, саамай кердеех-нардаах бырааьынньык буолар. Сана дьылга элбэх араас дьиктилэр, куутуллубэтэх ыалдьыттар да баар буолуохтарын сеп. Ол эрээри бугунну биьиги ыалдьыттарбыт бары эйэ5эс-сайа5ас буолуохтара диэн эрэнэ саныа5ын.

ГЯИ: Бугунну бырааьынньыкка остуоруйа алыптаах дойдутугар ыалдьыттыахпыт, сэргэх курэхтэргэ кыттыахпыт, ырыалаах-ункуулээх сюрпризтары онордубут. Ол иьин бугун ким да5аны санаар5ыа, со5отохсуйуо суо5а.

Вова: Ба5арабыт эЬиэхэ бу кэлэр 2016 сыл тэлгэЬэбитигэр уерууну – кетууну, доруобуйаны, ситиЬиилээх, айымньылаах уерэ5и-улэни утэн кэлиэхтин. Бу сылга санаабыт санаа5ыт туолуохтун, дьол – саргы тосхойдун!

( «Пираты» ырыа тыаЬыыр, пираттар киирэллэр).

  1. пират - Ыччуу – ычча! Уой, биЬиги бу ханна кэлэн хааллыбыт?
  2. Пират – Кырдьык олус тымныы дойдуга тиийэн хааллыбыт быЬыылаах. Кер эрэ, ол симэммит а5ай елка турар! (ыйан кердерер)

1 пират – Аа.. АрааЬа сотору Сана дьыл буолаары киэргэммиттэр а5ай быЬыылаах дьи. Моруос о5онньор кэлиэ5э уонна сиэнин Хаарчаанатын а5алыа5а. Онтон кини наЬаа маннык! (кыйбараннаан кердерер). Наьаа кыраЬыабай уонна эйэ5эс. Боруоста кере-кере ньиэрбэм ыалдьар!

2 пират - Ээй мин толкуйдаатым! Дабаай биЬиги Хаарчаананы уоран ылыахха уонна Моруос о5онньору шантажтыахха! Меьееччуктээх подарагын биэрдэ5инэ эрэ Хаарчаанатын биэриэхпит! Хата бугун быраат, минньигэс сакалааттары сиэн тотор куммут буолбутунан э5эрдэлиибин! (куустуЬаллар)

1 пират – Чэ, дабаай, оннук гыныахха! Моруос о5онньору маныы барыахха. Ыччуу-ычча, аата тымныы да дойду эбит. Бай, ол кимнээх эрэ иЬэллэр! Куотуохха быраат! (шпагаларын ере тута-тута суурэллэр)

__Морозко__-5 кылаас______________________________________

Вед

Сана дьыл киэьээ

Барыбыт ба5а санаата туолар

Сана дьыл киэьээ

Аптаах остуоруйабыт са5аланар

Ведущай: Олорбуттара эбитэ уьу о5онньордоох эмээхсин. Кинилэр икки Машенька уонна Марфуша диэн кыргыттардаахтар эбит.

_________

Дед Моруос о5онньор киирэр: Абытаай – абытай! Туох улугэрдээх куйааЬа буолла?! Эбисийээнэ сыла сылаас илдьитэ сыл учугэй буоларын билгэлиир буолла5а! Утаппытым да бэрт, утахпын ханнарбыт киЬи. (Муннуктан пираттар киирэллэр).

2 пират: Ааа… Хата, Моруос о5онньорбут утаппыт быЬыылаах. (чугаЬаан тиийэн) Эьэккээм, бу эйиэхэ эрэ анаан утах а5аллым. «Арсикола» диэн ааттаах. Кто не знает, тот много потеряет. Ха – ха (кулэр).

Моруос о5: Чэ, до5ор, ити утаххыттан а5ал, иЬиим да5аны… (ута5ы иЬэр). Ьуу, бу тугуй?! Тулам барыта устан барда. Аны утуйуох санаам кэллэ! (дьааЬыйа-дьааЬыйа тахсан барар).

Пираттар ыллыыллар:

Эх, роза – мимоза

Моруос о5онньор утуйда! - 2 раза (ыллыы – ыллыы тахсаллар)

_12 месяцев -6 кылаас___________________________________________

Хаарчаана киирэр.

- Сана дьылынан! Сана дьолунан!

Э5эрдэ буолуохтун до5оттоор!

Ой.., бу эЬэккэм хайдах буолбутуй? Утуйа сытар эбит дьи… (пираттар киирэллэр)

1 пират: Утуйдун, утуйдун. Манна мэЬэй буолбатын. Чэ эрэ, биЬигини кытта бардыбыт. ЭЬэккэн меЬееччуктээх подароктарын биЬиэхэ биэрдэ5инэ эрэ эйиигин ыытыахпыт! Ейдеетун дуо?!

Хаарчаана: (Аргыыйдык санарар) Эьиги хайдах ейдеебеккутуй? Подароктар о5олорго кэЬиитэ эЬэккэм, онтон миигинэ суох сана дьыл буолбат.

2 пират: Подумаешь, бырааЬынньык буолбат диэбит буола-буола ( кыйбараннаан кердерер). Буолар! Еще как буолар! Только Хаарчаана онно мин буолабын. Чэ эрэ, туруон дуо?! Ити кыыЬы хаайан кэбиЬиэххэ (илдьэллэр)

Бременские музыканты -7 кылаас_________________________________

Моруос о5онньор: Ой, бу мин тугу онордум! Утуйан хаалбыппын буолбат ду?! БырааЬынньыгы ыытыахтаах этим дии. Хаарчаанам ханна баара буолла? Баччаанна дылы ханна сылдьарый? Кердуу барыахха.

Буратино -8 кылаас______________________________________________

(Снегурочка танаЬын кэтэн пират киирэр)

1 пират: (куолаЬын оносто-оносто санарар, кыйбаранныыр) Эьэкэм, бу сылдьар эбиккит ду? Бырастыы гын, хойутаабыппар, киэргэнэ сырыттым

Моруос о5: Бу ама эн дуо, мин сиэним Хаарчаана?!

1 пират: Эйиэнэ, эйиэнэ. Хайа, хайдахпыный? Илиилэрим бааллар, атахтарым бааллар.

Моруос о5: Дьэ теЬе кырдьык этэргин бэрэбиэркэлээн керуехпут. Эт эрэ сиэним кыыс, киэЬэ тугунан себулээн дьарыктанаргын?

  1. пират: Хаарты оонньуурбун туохтаа5ар да ордоробун.

Моруос: Оо, иэдээн эбит! Сиэним кыыс киэЬэ аайы миэхэ остуоруйа аа5арын туохтаа5ар да ордорор буолара.

1 пират: Мин эмиэ таптыыбын ээ. КиэЬэ аайы пираттардаах остуоруйаны эйиэхэ кэпсиибин. Кырдьан хааланнын ситэ истибэккэ утуйан хаала5ын. Умнуганын о5отун киЬи да эппэт.

Ол туЬуттан Золушка остуоруйаны керуе5ун -9 кылаас

Моруос о5: Таак… ! Мин уопсайынан сиэммин Хаарчаананы уорбуккутун биллим! Ханна кистээтигит?! Билинин!

1 пират: Биьиги кинини кере да иликпит! Уопсайынан уонна бу Хаарчаананы утуктэрбиттэн олус салтым. Айа, бардым! О5онньор ол гынан баран улаханнык кэмсинэрин буолуо. Эн сиэнин аны тью-тью, кербетун эрэ ханнык! (Ойуоккалыы 2 тахсан барар).

Моруос о5: Оо дьэ, буолар да эбит! Сиэммин хантан булабын? Герда уонна Кай о5олорбуттан кердеЬен керуем. КемелеЬеллер ини.

Снежная королева _10 кылаас_____________________________________


(Моруос о5онньор киирэр, дэлби сылайбыт)

- Айуу – айа, аата бу пираттарга тубэЬэммин эрэйи кердум! Сиэним кыыс теЬе эрэ ытаан эрэр! Кай уонна Герда барахсаттар пираттар кэпсэтиилэрин истибиттэр. Бу киитэрэйдэри кер! Бадаарактарбын аны ылаары гыммыттар ди! (толкуйдуур). Бээтэр хайдах гыныахха себуй? Дьэ толкуйдаатым! Бадаарактары кинилэргэ тохтуу туЬэн баран биэрэрим буолуо! Хаарчаанабын уорбуттарын кердеруем!

Белоснежка и 7 гномов -11 кылаас_____________________________________

Пираттар киирэллэр.

Дед Моруос улахан меЬееччугу соЬон таЬааран эрэрин керен баран Хаарчааналарын таЬаараллар.

  1. пират: Хайа, о5онньор бадаарактаргын бэлэмнээтин дуо?
  2. пират : Кэмпиэт сиэх санаабыт дэлби кэллэ.

Моруос о5: А5алан бе5ете буолла5а. Хаарчааната суох бырааЬынньыкпыт буолбат буолла5а.

  1. пират: А5ал эрэ бадаарактаргын! Тургэнник хамсанан ис!
  2. пират: Хаарчаанан хаайылла сытар сиригэр бу картанан сирдэтэн тиийээр! (картаны биэрэр, Моруос тахсар)
  1. пират: Оо, Кунчээн ансаамбыл ырыаьыттара иЬэллэр! Бадаарактарбытын былдьаан ылыахтара. Куотуохха!

КУНЧЭЭН

  1. пират: (ытыЬын суурана - суурана) Оо, улахан да меЬееччук. АрааЬа элбэх да элбэх минньигэс сакалаат баар быЬыылаах!
  2. пират: Чэ-чэ тургэнник таЬааран ис! Туруон дуо?! Сии охсуохха!

1 пират: (улахан суулаах кэмпиэти таЬаарар)

Оо, кер аата улахан да кэмпиэт…. Аата (суЬуехтээн аа5ар) «ПИ – ТУ - ШОК». Дьэ, билигин арыйан баран сиэхпии – ит!

( арыйбыттара онно иччитэх, 2 пират иккис кэмпиэти арыйта эмиэ иччитэх)

2 пират: Бу тугуй? Бу туеЬэйбит о5онньор биЬигини албыннаабыт буолбат дуо?!

1 пират: Оо дьэ кэм да буолуохпут! Билигин подароктаах о5олортон былдьаан сиирбитигэр эрэ тиийэбит!

  1. пират: Туруон дуо?! Тургэнник бардыбыт! Эмиэ кимнээх эрэ иЬэллэр!

кунчээн

ГЯИ : Араас еннеех уоттарынан, кыьыл кемус шариктарынан симэммит харыйа уонна бары о5о – айма5ы уердэр бэлэхтэр Сана Дьылбытыгар улахан миэстэни ылаллар. Ону таЬынан Сана Дьыл киэьэ саамай - саамай куутуулээх-кэтэЬиилээх ким буоларый? (керееччулэртэн ыйытыы)

Вова : Саамай сеп! Дьэ эрэ, кунду керееччулэр, Дед Морозпутун уонна кини сиэннэрин ынырыаххайын эрэ! Бары бииргэ - Дед Мороз!...

(Дед Мороз э5эрдэлиир, Снегурочка ункуулуур, Сана дьыл хоЬоон аа5ар)

Хаарчаана:

Дорооболорун, о5олоор,

Хара тыа5а, халыц сискэ

Эьэм Тымныы о5онньордуун

Иккиэйэ5ин эрэ биьи

Хаар уутээццэ олоробут.

Онтон бугун эьигинниин

Саца Дьылы керсееру

Эьэкээммин кытары

Оскуола5а тиийэн кэллибит.

.

Дед Мороз:

Дорооболоруц, о5олоор! Хайа биир сыл иьигэр бары улааппыккыт да5аны.

Ыраах сиртэн Тымныы о5онньор

Сиэмминээн Хаарчааналыын кэллим.

Эһиги көргүтүн – наргытын истэн,

Күлүмүрдэс хаарынан,

Талба сытыы тайахтанан,

Үөмэр – чүөмэр үктэнэн,

Үөрүү - көтүү аргыстанан

Тиийэн кэллибит эһиэхэ!

Тымныы Моруоhу ким эрэ хаарынан быра5ар.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Хайа, бу ким миигин хаарынан быра5арый?

О5олор саhан турар Баба-Яганы көрөллөр,этэллэр,.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Кэл эрэ бэттэх, эн то5о бырааhынньыгы буортулуу сылдьа5ын.

БАБА ЯГА: Бырааhынньыгы син биир ыhыам, бу харыйаны алдьатыам…

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Быракаас оңоро сылдьыбыккын билигин тоңорон кэбиhиэм!!!

Торуоскатынан таарыйар, Баба-Яга күлүүлээх поза5а «тоңон» хаалар

ХААРЧААНА: Эьээ, кини аны быракаастыа суо5а, ириэр баhаалыста.

Посо5ынан таарыйар, Баба-Яга «ирэр», дэлби тоңмут, илибириир

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Чэ, бу сырыыга бырастыы гынабын, аныгыскыгэ дьэ сэрэнээр.

БАБА ЯГА: Онтон миигин ким да5аны бырааhынньыкка ыңырбата5а, мин эмиэ бырааhынньыктыахпын ба5арабын. Буруйбун билинэбин, мантан ыла учугэй буолуом (коридорга сүүрэн тахсар, төптөрү мөһөөччүк тутуурдаах киирэр)…. Мин эhиэхэ подарок а5аллым, учугэй да учугэй! Бу керун (мөһөөччүктэн эргэ ырбаахы таhаарар), наьаа учугэй былааччыйа, эдэр сылдьан кэппитим. Ким ылар? Ким да наадыйбат дуо?!

– Онтон бу керун, сковородка баар, сууйа туьэн баран сиэркилэ курдук керунуэххэ сеп…

– То5о мин кэьиилэрбин ким да себулээбэтэ? Онтон мин кэhии хомуйарга олус кыhаллыбытым.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Оннук буолла5ына санаар5аама, мин эйиэхэ кемелеhуем.

Мөһөөччүк тула сылдьан «аптыыр», торуоскатынан муостаны тоңсуйар,

онтон мөһөөччүгү таарыйар.

ТЫМНЫЫ МОРУОС: – Чэ, көруң эрэ.

Подарокторы киллэрэллэр –САША, ДЬУЛУС, ДЕНИС. КОЛЯ, ВОВА. ДАВИД, АРТУР

БАБА ЯГА: Ураа! Дьиннээх подароктар!

Дед Мороз подароктары тунэтэр

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Сана дьылбыт чугаhаата, чэйин эрэ, до5оттоор ункуулээн битийиэ5ин!

Ункуу флеш-моб!

Хаартыска5а түhүү

Хоровод

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Барар кэммит тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлиэхпит!

ХААРЧААНА: Саңа Дьылынан!

ТЫМНЫЫ МОРУОС: Көрсүөххэ диэри! Билигин барыгытын, маскарадтары елка тула хороводка ыцырабыт

ХОРОВОД

ВЕД: Кунду керееччулэр, манан саргылаах Сана дьылы керсер кылаастар представлениялара тумуктэнэр.

Сотору кэминэн «Сана дьыллаа5ы бал» са5аланыа Бугун эЬиэхэ анаан минньигэс астаах – уеллээх « » кафе улэлиир. БаЬаалыста киирэн « » кафе баай астаах – уеллээх бырааЬынньыктаа5ы остуолугар тото – хана аЬаан тахсаргытыгар ынырабыт!

Ыллык" уьуйаан о5олоро хайдах "САНА ДЬЫЛЫ" быыьаабыттарый?

27.12.2018

Ыалдьыттарга анаан атракционнар, сылаас астаах кафе, Сана дьыллаа5ы фотозоналар уонна тутатына тахсар хаартыска5а туьэрии улэлээтилэр. 

Иитээччилэр о5олорго анаан олус кордоох музыкальнай аралдьытыыны туруордулар. Хас биирдии иитээччи маскараднай костуумун бэйэтэ тиктэн, ыллаан-туойан, ункуулээн бэйэлэрин сатабылларын урдук таьымна кордордулэр. 

О5олор кэтэьиилээх Тымныы кырдьа5астан кэьиитин тутан бырааьынньыктара олус кордоохтук ааста. 

Тороппуттэр астынан, махталларын биллэрдилэр

«Ыллык» уьуйаан о5олоро хайдах «САНА ДЬЫЛЫ» быыьаабыттарый?

(кыра орто улахан болох о5олоругар аналлаах)

 Сана дьыллаа5ы аралдьытыы сценарийа

О5олор, тороппуттэр залга киирэн олороллор.

Музыка торж. открытия представления

Торжественная новогодняя музыка

                      Сыана5а  Свинка уонна  Снеговиктар уорэн котон  киирэн кэлэллэр.

Музыка Новогодняя

Снеговиктар уонна Свинка ункуулууллэр

 1 Снеговик;   - Утуо кунунэн О5олоор!  Утуо Кунунэн тороппуттэр! Уаа наьаа да кыраьыабай о5олор!  Араас дьэрэкээн маскалар! О5олоор бугун биьиги эьиэхэ кими эрэ илдьэ  кэллибит. Эьиэхэ туох буоларый бугун?

О5ОЛОР ЭППИЭТТЭРЭ

2 Снеговик;   - Кини топ-тогурук,

                            Кини розовай онноох
                           Кини до5оро Крош диэн ааттаах

                           Кини навьаа кырасыабай кыыс!

                           Таайын эрэ о5олоор! Кимий?

НЮША  Хрю…хрю…хрю… Миигин ким билэрий? Мин ханнык мультиктан  кэллим? Уаа эьиэхэ наьаа да учугэй! …

Мин Сана дьылы наьаа собулуубун! Ыллыырбын ункуулуурбун наьаа собулуубун!

Дь.Б музыката тыаьыыр

    (Эмискэ туман тахсар, Дьэгэ баба кулэрэ иьиллэр) Дь.Б  суурэн киирэн Свинканы хаьыытаппытынан ильдэ барар.

Дь.Б музыката тыаьыыр

Снеговиктар айманаллар, ытаьаллар, о5олортон кордоьоллор

1Снег. Уаай о5олооор бу иэдээни, хайдах гынабыт? Свинка биьиги уунэр сана дьылбыт бэлиэтэ этэ дии. Кинитэ суох Дед Морозпут кэлбэт буолла5а дии…….Бырааьынньыкпыт буолбат буолла5а… кими ынырабыт?

О5олортон ыйыталлар  (Ответы)  (Полиция, телефон…)

 

2 Снеговик. Ким биьиэхэ комолоьуой?   (Ответы)

1 Снеговик; Ээ кырдьык да5аны «Щенячий патрулларга биллэриэххэ!!!

(ТАДААААМтыаьыыр)

( Уонна сигнал кнопкатын баттыыр) (Кыьыл кнопканы баттаабытыгар..)

Музыка « Щенячий Патруль»  тыаьыыр

Кылгас ункуу

Снеговиктар орусуьэ2 кэпсииллэр.

Щ; Тохтоон эрэ бытааннык кэпсээн  (бэйэтэ рациятын ылан бэлэмниир)

Снег; О5олоор комолоьун эрэ! Туох буолбутун кэпсээн биэрин эрэ.

О5олор; (Эппиэттииллэр)

Щ; Куттаныман, долгуйуман мин билигин Дьэгэ Баба5а телефоннуом. Билиэххэ.

Рациятын ылан набирайдыыр (сотов набор тыаьа иьиллэр, ынырар гудок иьиллэр) Биир оттуттэн Дьэгэ Баба саната иьиллэр)

Дь.Б.; Алло Кимниний?

Щ; Утуо Кунунэн Ягуся Бабусевна! Биьиэхэ манна «Ыллык» уьуйаан о5олоруттан унсуу киирдэ! О5олорго ыалдьыттыы кэлбит НЮШАНЫ  ханна гыннын!? ОЛох сип сибилигин а5ала о5ус!

Дь.Б. Суооох! Биэрбэппииин! Миигин бырааьынньыктарыгар ынырбатахтара! НЮША  миэхэ баар буолла5ына Дед Мороз миэхэ эрэ кэлиэ!, Миэхэ эрэ кэьии биэриэ!

Щ; Дьэ сип сибилигин биэрэ иликкинэ … ХАЙЫЫБЫТЫЙ О5ОЛООР? О5олортон ыйытар. (Ответы…)

Дь.Б. (Куттаммыттыы..) Суоох ! Мин биэриэм биэриэм, (Кордоьор), Ол гынан баран НЮШАНЫ  сундуукка кистээн  биспитим , 4 кулууьунэн хатаан биспитим. 4Сорудахпын толордоххутуна эрэ кулуус сундуугу арыйар!!! Кулуустэрбин кордоон булун!!! (Трубканы ууран биьэр)

Сыана5а СУНДУУГУ киллэрэллэр(?)

Бары туран толкуйдууллар (Толкуйдуур музыка тыаьыыр)

Щ; Дьэрэ о5олоор сорудахпыт ыарахан эбит. Миэхэ комолоьооччулэр наадалар Лунтик наада, Лунтиктаа5ы  ынырыахха эрэ

БАРЫ;  ЛУНТИК! МУПСЕНЬ! Кэлин !!! Кылгастык ункуулээн киирэллэр…

       Кулуустэрбит ханна ,бааллара биллибэт.  Кордуоххэ эрэ. Олоппосторгут аннын игин корун эрэ! Ба5ар ханна эрэ кистээбитэ буолуо.

Биир скамейка анныттан кулуус булуохтаахтар(ТАДААААМ тыаьыыр)

Онно суруктаах; Аа5аллар; (Толкуйдуур музыка тыаьыыр)

                                 - Бу кулуус мээнэ кулуус буолбатах, ырыанан эрэ арыллар кулуус   (Ырыа ст гр)  «Мэник-тэник бэдиктэр»

Ыллаан буппуттэрин кэннэ сундуук биир кулууьун арыйаллар.

Фанфар, кыайыы музыката тыаьыыр

2Снег;  О5олоор Иккис кулууспут уоьээ ханна эрэ баар уьу.

(Толкуйдуур музыка тыаьыыр)Хочу такой сайт

 Учугэйдик корун эрэ. (Иккис кулуус уоьээттэн быа5а ыйанан турар)

                       (Булан а5алаллар)( ТАДААААААМ тыаьыыр)

Бу кулууспут Боппуруостарга  Сопко эппиэттээтэххитинэ эрэ арыллар эбит. «ДА»   «НЕТ» эрэ эппиэттиигит.

Бары бииргэ эппиэттиибит.

1.     Дед Мороьу бары билэ5ит?  (ДАА)

2.     Кини биьиэхэ сайын кэлэр дуо?  (CУОХ)

3.     Кини утуо санаалаах дуо   (ДАА)

4.     Кини сэлээппэ уонна холуоьа кэтэр дуо   (СУОХ)

5.     О5олорго елк4а маьын а5алар дуо   (ДАА)

6.     Кини боро диэн сиэннээх дуо   (СУОХ)

7.     Дед Мороз тымныыттан куттанар дуо  (СУОХ)

8.      И.Т.Д.

1Снег ; Маладьыастар!  иккис кулууспутун арыйар буоллубут! Урааа!

Снеговиктар( Баран арыйаллар )  (ФАНФАР)

Иккис кулуускэ баар суруктарын аа5аллар

Бу кулуус ункуунэн эрэ арыллар эьит дии, уонна саамай кыра эрэ ункууьуттэр буолуохтаахтар эбит. Саамай кыралар кимнээх баалларый?

(Младшая группа ункуу «До5ордуулар ункуулэрэ»)

Лунтиктаах баран уьус кулуустэрин арыйаллар (ФАНФАР) Урааа! Сана дьылбыт кэлэрэ чугаьаан эрэр! Аны биир эрэ кулуус наада. Кулуустэригэр баар суругу аа5аллар;

- Остуоруйа геройдара бары киирэн ункуулээтэхтэринэ эрэ арыллар эбит дии

Щ; Мин билэр Понибар эрийиэм, кини мээнэ Пони буолбатах, Аптаах

Рациятын ылан набирайдыыр (сотов набор тыаьа иьиллэр, ынырар гудок иьиллэр) Биир оттуттэн Аптаах музыканы кытта Пони саната иьиллэр.

Пони ; Алло

Щ; Пони (Пинки Пай) Утуо кунунэн! (Щ. барытын кэпсиир) О5олорго  комолоьуоххут дуо?

Пони; КОМОЛОЬОН буолла5а дии. Сип сибилигин баар буолуохпут.

Аптаах музыка тыаьыыр Понилар музыкалара тыаьыыр

Кылгастык хамсанан ункуулууллэр.

Щ; Пинки ПАЙ  биьиэхэ кулууспутун буларга Комолоьун эрэ

Пони; Учугэйдик кыьалыннахпына баар оноруом этэ. Онно миэхэ Сана дьыллаа5ы ырыа наада, оччого эрэ аптаах кууьум кыайар. ГЕРОЙДАР БАРЫ КИИРЭЛЛЭР

Снеговиктар; ( Дьэрэ биьиэхэ манна ыллыыр о5олор бааллар, корсун Орто болох о5олорун толоруутугар « Сана дьыллаа5ы харыйа» туьунан ыллыахтара» (Смеш группа )

Ыллаан буппуттэрин кэннэ ПОНИ биирдэ круг онорон ыстаналыыр Араас мультик геройдара киирэн кэлэллэр

Новогодняя музыка тыаьыыр

Бары ункуулууллэр. Снеговиктар сыанаттан 4с кулууьу булан сундуугу арыйаллар. Свинка тахсар.

ФАНФАР, МУЗЫКА, ТОРЖЕСТВЕННАЯ,

Бары Уорэллэр ытыстарын таьыналлар.

ФЛЕШМОБ ВСЕ

Щ.П. рациятынан Дед Морозка эрийэр. (ДЕД Мороз «Ыллык» уьуйаан о5олоро Сана дьыллаары Эйиигин кэтэьэн бэлэмнэр. Кэлэн иьэ5ин дуо?

(Телефон нонуо Д.М. Саната иьиллэр ону кытта,

Экранна Дед Мороз айаннаан чугаьаабыта костор)

Сотру со5ус буолан баран Снеговиктар торуоска тыаьын истэллэр,

 Бары бииргэ ынырыахха;  ДЕД МОРОЗ.3раза

  Д.М.  Э5ЭРДЭТЭ, Ырыа ункуу коруом сэргиэм…

Снеговиктар;  биирдиилээн номердары ыыталлар

1.     Ср гр « Мооруос кэллэ»

2.     Ср.гр уолаттара Ункуу

3.     Ст.гр «Хаарчаана»

4.     УНкуу

5.     ХОЬООННОР

6.     ПОДАРКИ

7.     ФИНАЛ

8.     УРАААА ВСЕ!!!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Сана дьыллаа5ы сценарий «Диснейленд» алыптаах дойтута

Оруолларга:Микки Маус Минни Маус Куhа5ан санаалаах Королоева Хаарчаана Белоснежка Гномиктар Русалкалар Феялар Аладдин Восток красавицалара Принцессалар Пахохонтос Индеецтар Питер Пэн Пираттар...

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа.

Африка декорацията кестер: Обезьяна ыстаналаан оонньуу сырытта5ына  холууп кетен кэлэн обезьяна5а сурук туттурар. Холууп санарар – Обезьянка «Жанна» ханна баарый? Обезьянка –Баарбын. Туох баары...

Сана дьыллаа5ы утренник сценария «КОЛОБОК» остуоруйа (улахан уонна бэлэмнэнии болох)

сценарий утренника подготовительной группы в якутских детских садов...

Сана дьыллаа5ы утренник сценарийа

1 кыра белех о5олоругар "Куобах дьиэтэ" остуоруйа5а оло5уран суруллубут сана дьыллаа5ы сценарий...

кружок "Олонхо алыптаах дойдута"

Киириитэ         Олонхо уус уран айымньы, хас биирдии олонхо угус ураты дьоруойдаах тус туhунан ис хоьоонноох – олонхо ѳбугэ тѳрутпут кэлэр кѳлуѳнэлэргэ к...

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»

Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»...