Сахалыы хамсаныылаах оонньуулар
картотека по физкультуре (старшая группа)
Күлүүстэһии
Утарылаһар дьон ойоҕосторунан тураллар, аҥар атахтарын хатыйа тутан тирэнсэн баран, орто тарбахтарынан ыга ылсан тардыһаллар.
Миэстэтиттэн хамсаабыт, тарбаҕын төлө ыыппыт эбэтэр сулбу тардыбыт киһи хотторор. Атын илиинэн тардыһыахха эмиэ сөп. Бу сүнньүнэн күүһү быһаарсар киирсии буолар.
Оонньуу ыытааччы 2 м 50 см эбэтэр 3 метрдээх сир уһугар сурааһын тардар. Күрэхтэһэр дьон - икки киһи тардыллыбыт сурааһыннар истэригэр киирэн тураллар. Уҥа илиилэрин ортоку тарбахтарынан тардыһаары ыгыта тутуһан тураллар. Оонньуу ыытааччыта "Чэ!" - диирин кытта иккиэн тэҥҥэ сыыйа тардыһыахтаахтар. Тарбаҕар, илиитигэр күүстээх күрэхтэһээччи утарылаһааччытын бэйэтин кэннигэр баар сурааһыҥҥа диэри соһон аҕаллаҕына уонна ол состорон иһээччитэ сурааһыны атаҕынан таарыйдаҕына кыайыылааҕынан тахсар. Өскөтүн тардыһыы кэмигэр утарылаһааччы ортоку тарбаҕынан тардыспыта буола сылдьан көннөрөн, ыһыктан кэбистэҕинэ, ол киһи кыайтарыылааҕынан ааҕыллар. Бу оонньууну былыр күүстээх дьон оонньууллара үһү. Онтон билиҥҥи кэмҥэ спортивнай көрүҥҥэ киллэрэн хамаанданан күрэхтэһиэххэ сөп.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
kartoteka_igr.docx | 28.64 КБ |
Предварительный просмотр:
Ханна туох тыаһыыр?
Оҕолор төгүрүччү эбэтэр иитээччигэ көхсүлэринэн тураллар. Иитээччи чуорааны тыаһатар уонна ыйытар: “Чуораан ханна тыаһыыр?”
Оҕолор хайа диэки хайа өттүгэр тыаһыырын көрдөрүөхтээхтэр. Ол кэнниттэн иитээччи тыаһатар тэрилин уонна тыас хайысхатын уларытар уонна ыйытар: “Хайа диэки кырыымпа тыаһыырый? Хайа диэки барабаан охсоллоруй” о.д.а.
Мээчиги биэрии
Бу оонньуу дидактическай соругунан оҕолор хамсаныылара чуолкайданыытыгар, бэйэ-бэйэтин кытта дьүөрэлэһиитигэр дьарыктаныы буолар. Бу оонньууга оҕолор, көрөн эрэ буолбакка, шар быһыытын тутан-хабан билэллэр. Оҕолор, төгүрүччү туран эбэтэр олорон эрэ, эргиири тула икки мээчиги бэйэ-бэйэлэригэр утары ыыталлар. Мээчиктэр утары көрүстэхтэринэ: “Көрүстүлэр”, - диэн этэллэр. Икки кэккэлэһэ олорор оҕолор кэлбит мээчиктэри охсуһуннараллар уонна: “Охсустулар”, - дииллэр. Ити кэнниттэн мээчиктээх оҕолор эргимтэни тула утарыта сүүрэллэр. Бу кэмҥэ оҕолор бары: “Сүүрэллэр, сүүрэллэр...”- диэн этэллэр оттон били мээчиктээх оҕолор көрсүһээт: “Көрүстүлэр”, - дииллэр. Ити кэнниттэн иитээччи мээчиктэри атын оҕолорго биэрэн эргиттэрэр.
Ким ыҥырарый?
Бу оонньууга иитээччи оҕолору киһи саҥатын арааран истэр буоларга үөрэтэр. Оҕолору төгүрүччу олордор. Биир оҕо хараҕын быһа симэр уонна төттөрү хайыһар. Оҕолортон биирдэстэрэ ити оҕо аатын ааттыыр. Ким саҥарбытын таайыахтаах.
Ким тугу истэрий?
Иитээччи остуол үрдүгэр хахха туруорар уонна кини кэннигэр араас тыаһы тыаһатар чуорааны, өтүйэнэн охсор, гороҕу эбэтэр өрүс тааһын сүөкүүр, талах кырыымпаны тыаһатар о.д.а. Оҕолор туох тыаһын истибиттэрин этиэхтээхтэр.
Ким билэрий?
Иитээччи ыйытар: “Врач, шофер, иистэнээччи, учуутал тугу гыналларый?” о.д.а. Оҕолор уочаратынан кэпсииллэр. Сөпкө эппиэттээбит оҕо значок ылар.
Хаһан бу буоларый?
Хаһан оҕуруот аһын, фруктаны хомуйалларын, араҕас сэбирдэхтэр хаһан элбэх буолалларын, хаһан хаары күрдьэллэрин о.д.а. иитээччи ыйытар. Оҕолор эппиэттэрэ кинилэр киһи үлэтин, арааһынай көстүүлэри дьыл хайа бириэмэтигэр сөп түбэһиннэрэллэрин көрдөрүөхтэрэ.
Ханна туох үүнэрий?
Бу оонньууга иитээччи ханна туох үүнэрин туһунан оҕолор билэллэрин бэрэбиэркэлиир уонна чиҥэтэр, ити ыйытыыга оҕолор сөптөөх эппиэти биэрэллэригэр эрчилиннэрэр. Кини оҕуруот аһа, фрукта, отон, тэллэй ойууламмыт хартыынатын көрдөрөр. “Ханна үүнэллэрий?” – диэн ыйытыыга оҕолор тыаҕа, садка, оҕоруокка уо.д.а. сирдэргэ диэхтээхтэр. Сөпкө эппиэттээбит оҕо хартыына ылар. Элбэх хартыынаны ылбыт оҕо кыайыылааҕынан ааҕыллар.
Үлэлииргэ кимиэхэ туох нааданый?
Врач, ас астааччы, дьиэ таһын ыраастааччы ойууламмыт хаартыыналарын иитээччи оҕолорго көрдөрөр уонна кинилэр үлэлииллэригэр туох наадатын ыйытапр. Оҕолор эппиэккэ сөптөөх хартыынаны көрдөрөллөр. Онньууну хартыыната суох эмиэ ыытыахха сөп. Иитээччи ыйытар: “Врачка, ас астааччыга, тутуу үдэһитигэр, уу сүүрэр турбатын оҥорооччуга туох нааданый?” о.д.а.
Бэйэн флажогуҥ курдугу бул
3-4 араас өҥнөөх кыһыл, күөх, араҕас флажоктары иитээччи оҕолорго биэртэлиир. Хос муннуктары аайы оҕолор 4-6 буолан холбоһон тураллар. Хас муннук аайы олоппос үрдүгэр кыһыл, күөх, араҕас флажоктар ууруллаллар. Иитээччи: “Күүлэйдии бардыбыт”,- диэтэҕинэ, оҕолор хос устун көҥүллүк хаамса сылдьаллар. “Бэйэҥ флажогуҥ курдугу бул”,- диэтэҕинэ, оҕолор бэйэлэрин флажоктарын курдук өҥнөөх флажоктарга сүүрэн тиийиэхтээхтэр.
Өҥнөөх автобиллар
Оҕолор истиэнэ таһыгар тардыллыбыт ыскамыайкаларга олороллор. Кинилэр – “автомобиллар”. Хас биирдии оҕоҕо араас өҥнөөх флажоктар бэриллэллэр. Иитээччи илиитигэр үс араас өҥнөөх флажоктары туппутунан хос ортотугар оҕолорун диэки хайыһан турар. Кини биир флажогу үөһэ уунар. Бу флажок курдук өҥнөөх флажоктаах оҕолор хос устун, автомобиль курдук бээҕинии-бээҕинии, мээнэ сырсаллар. Иитээччи флажогун аллара туһэрдэҕинэ, оҕолор сүүрэллэрин тохтотоллор, “гаражтарыгар” (олоппосторугар) хаамыынан тиийэн олороллор. Онтон иитээччи эмиэ атын өҥнөөх флажогу үөһэ уунар. Оонньуу саҥалыы барар. Иитээччи үс флажогун үһүөннэрин үөһэ көтөҕүөн сөп, оччоҕо “автомобиллар” бары гаражтарыттан тахсаллар. Өскөтүн оҕолор флажок аллара түспүтүн өйдөөн көрбөккө хааллахтарына, иитээччи тылынан этэр: “Автомобиллар (өҥүн ыйар) тохтоотулар”. Иитээччи, холобур, этиэн сөп: “ Халлаан күөҕэ өҥнөөх автомобиллар гаражтарыттан тахсаллар”, эбэтэр “Кыһыл өҥнөөх автомобиллар гаражтарыгар төҥнөллөр”. Ардыгар “трактордынан” солбуйуохха сөп.
Трамвай
Оҕолор, илиилэриттэн тутуһан, пааранан истиэнэни кыйа тураллар. Оттон аҥар илиилэринэн быаттан тутуһаллар. Иитээччи араҕас, кыһыл, от күөҕэ өҥнөөх флажоктары туппутунан хос биир муннугар турар. Кини от күөҕэ өҥнөөх флажогу үөһэ күөрэттэҕинэ, оҕолор сүүрэллэр – “трамвай” хамсаан барар. Өскөтүн от күөҕэ өҥ уларыйан араҕас, эбэтэр кыһыл буоллаҕына, “трамвай” тохтуур. От күөҕэ өҥнөөх флажок көһүннэҕинэ эрэ, оҕолор хамсааһыннарын салгыыллар. Өскөтүн оҕо барыта оонньуон баҕарар буоллаҕына, оонньууну арыыйда уустугурдуохха сөп. Холобур, “трамвай” кэлиитин кини тохтуур сиригэр сорох оҕолор кэтэһэн олороллор. “Трамвай” тохтоотоҕуна, сорох “пассажирдар” “трамвайтан” тахсаллар, сорохтор киирэллэр. Оҕолор “трамвай” диэн ааты, “троллейбус”, “автобус” уо.д.а. диэхтэрин син.
Туос ынахтар
Өбүгэлэрбит туостан оҕолоругар ынахтары оҥороллоро.Ол туос ынахтарынан маннык оонньууллара. Бу оонньууга икки киһи оонньуур. Биирдии киһиэхэ биирдии туос ынахтаахтар. Ынахтарын аатын этэллэр. Остуолга тардыллыбыт сурааһыҥҥа утарыта туруораллар. Хамаанда бэрилиннэҕинэ ынахтарын үрэллэр. Сурааһынтан таһаарбыт киһи ынаҕа кыайар. Бу оонньууга ким уһун тыыннаах кыайар. Бу оонньуу оҕо доруобуйатыгар тыҥата сайдарыгар көмөлөһөрө. Ыаллаах оонньуулларыгар кэтэх хаһаайыстыбаларыгар сүөһү оҥостоллоро; кыра оҕолор быалаан баран соһо оонньууллара;
Оҕустар харсыһыылара
Бу онньууга икки оҕо оонньуур. Талахтан оноһуллубут оҕустарын ааттыыллар уонна күрэххэ киллэрэллэр. Муостаҕа тардыллыбыт сурааһыҥҥа аҕалан утарыта туруораллар. Хамаанда бэрилиннэҕинэ харсыһыннараллар. Муостаҕа тардыллыбыт сурааһыны аһарбыт оҕус кыайыылаах буолар. Бу ооннууга ким күүстээх илиилээх, тулуурдаах кыайар.
Тырыынка
Тырыынка мас ахсаана 30-40 буолуон сөп. Бу оонньууга хас да буолан оонньуохха сөп. Бастакы оонньооччу тырыынканы барытын уҥа илиитигэр хам тутар. Үөһээттэн остуолга быраҕар. Бастаан мэһэйэ суох сытар тырыынкалары хомуйар. Онтон мэһэйдэри биир атын тырыынка көмөтүнэн туоратар, хамсаппакка ыла сатыахтаах. Ким элбэх тырыынканы ылбыт киһи кыайар.
Бэрбээкэй оонньуур “Бэрбээкэйи”
Өбүгэлэрбит сүөһү туйаҕын уҥуоҕун илдьи буһаран ылаллара. Ону мээнэ сүөһү киэнин ылбаттар. Мааны, үүттээх, сымнаҕас ынахтарын кэриэстээн ыланнар оҕолоругар оонньотор эбиттэр. “Бэрбээкэйи ” оҕолор оонньуулларыгар “дьоннору” оҥостоллор. Уол, кыыс оонньуура диэн арахсыбаттар, бары бииргэ оонньууллар. Онтукаларын чохунан сирэйдээн, харахтаан, муннулаан, айахтаан уруһуйдууллар эбит. Кэлин “бэрбээкэйдэригэр” туостан биһик оҥорон, онтукаларын түүлээх сыыһыттан таҥастаан, таҥас сыыһыгар суулаан ыаллаах буола оонньууллара.
Сыахай (тряпичная кукла) Кэлин “Сыахай”
Куукула хас биирдии оҕолоох ыалга баар буолбута. Тоҕо эрэ бу сыахай барыта биир оҥоһуулаах буолбат этэ. Сыахайы оҥорорго хас биирдии ыал тус-туһунан улахан дьон оҥороллоро. Сыахай араас быһыылаах – таһаалаах, образтардаах уонна оҕо традиционнай оонньуута буолбута. Ол эбэтэр сыахайдарын аҕа, ийэ, оҕо диэн араартаан дьоннорун күннээҕи олохторун үтүктэн, кинилэр образтарыгар киирэн, дьиэ кэргэн олоҕун, “ийэ – аҕа” оруолун инники олохторугар бэлэмнээх буола улааталлара.
Тыксаан
Тыксаан оонньууга талаҕы ортотунан аҥаардаан, уһуна 2см гына оҥоһуллубут фишкалар наадалар. Биир фишка бэлиэлээх буолар. Фишкалары остуолга быраҕабыт. Биир бэлиэлээх фишканан атын фишкалары тарбахпытынан тыгабыт. Хаһан сыыһыаххар диэри таба - таба бара тураҕын. Ким элбэх фишкалаах кыайар. Сыыһа таппыт киһи уочараттан туораан иһэр.
Сыалы табыы
Бу оонньууга икки киһи утарыта көрсөллөр. Быаҕа баайыллыбыт сиэл төкүнүк мээчиги ынах муоһугар киллэриэхтээхтэр. Мээчиги ким түргэнник киллэрбит киһи кыайар.
Быаны эрийии
Бу оонньууга икки киһи утарыта тураллар. Икки өттүгэр мастаах быалаахтар. Хамаанда бэрилиннэҕинэ быаларын мастарыгар эрийэллэр. Ким түргэнник ортотугар баар мээрэйи ааспыт киһи кыайар.
Иэс баайсыы
Оонньууга биир оҕо эккирэтээччи талыллар. Кини көхсүнэн туран баран үскэ диэри ааҕар уонна оҕолору сырсар. Сиппит оҕотун илиитинэн таарыйат: «Иэс», диэт куотар. Таарыйыллыбыт оҕо эккирэтэр. Бу оонньууга эккирэтээччи элбэхтик уларыйар. Онон оҕолор куота сылдьан ким эккирэтэрин түргэнник өйдөөн көрүөхтээхтэр.
Суолтата: Оҕолору түргэнник сүүрэргэ, кытыгырас, болҕомтолоох уонна чиэһинэй буоларга иитэр-үөрэтэр. Оонньууга 20-25 оҕо кыттыан сөп.
Орой охсуһуу
Оҕолор бары кэккэлэһэ олороллор. Утары 8-10 метр, тэйиччи олоппос уураллар. Оонньууну саҕалааччы оҕо былаатынан олорор оҕолортон биирдэстэрин таарыйар уонна түргэнник сүүрэр тиийэн былаатын олоппоско уурар. Таарыйтарбыт оҕо былааттаах оҕону эккирэтэр. Ситтэҕинэ былаатынан таарыйар уонна төттөрү илдьэн олоппоско уурар. Сиппэтэх тубэлтэтигэр атын оҕону охсон, оонньууну салгыыр. Икки төгүл таарыйыллыбыт оҕо ыстараабы толорор.
Үһүс киһи ордон иһэр
Оҕолор иккилии буолан төгүрүктүү тураллар. Маҥнайгы паараттан бастакы оҕо тутааччы, иккис оҕо куотааччы буолар. Куотааччы оҕолору эргийэ сүүрэр. Сүүрбэхтии туһэр баран пааранан турар оҕолору иннилэригэр үсүһүнэн турунар. Үһүс буолбут кэнники турар оҕо ордон хаалан, кинилэргэ мэһэйдиир,онон аны кини куотаччы. Өскөтүн тутааччы оҕо куотааччыны ситэн илиитинэн таарыйдаҕына, кинилэр оруолларын атастаһаллар. Оонньууга 15-20 оҕо кыттыан сөп.
Ситтэримэ – таптарыма
Оҕолор истиэнэ кыйа кэккилэччи олороллор. Иннилэригэр 8-10 метр тэйиччи сиргэ олоппос уураллар. Оонньууну саҕалааччы оҕо олорор оҕолортон биирдэстэрин былаатынан таарыйар уонна сүүрүүнэн тиийэн былааты олоппоско уурар, тоннон кэлэн, таарыйтарбыт оҕо миэстэтигэр олоро охсор. Таарыйтарбыт оҕо олорон хаалбакка кинини эккирэтэр, ситэ баттаан олоппостон былааты ылан, куотан иһэр оҕону таарыйар уонна төннөн, былааты олоппоско уурар.
Саҕалааччы оҕо иккитэ ситтэрэн таптардаҕына, ыстараабы толорор. Онтон эккирэтээччи оҕо кыайан сиппэтэҕинэ, атын оҕону былаатынан таарыйан оонньууну салгыыр.
Оонньууга 15-20 оҕо кыттыан сөп.
Тутааччылар буолабыт
Оонньооччулар икки командаҕа тэн гына хайдаллар уонна субуруччу тураллар. Оҕо ахсаанынан бөдөн кубиктар ууруллаллар. Команда быһыытынан маҥнайгы оҕо кубигы иккис киһиэхэ биэрэр, иккис киһи үһүскэ, үһүс киһи төрдүскэ… Ити курдук кубиктар бүтүөхтэригэр диэри маҥнайгы оҕо биэрэ турар. Бутэһик оҕо кубиктары ыла-ыла түргэнник уонна сымсатык туттан, урут-үрдүгэр уурталаан, дьиэ тутан таһаарыахтаах. Түргэнник уонна учугэйдик тутууну оҥорбут команда кыайыылааҕынан тахсар. Хамаанда аайы10-12 оҕо баар буолуон сөп. Суолтата: Оонньуу түргэнник, лоп-бааччы туттары, булугас өйү сайыннарар.
Капитан мээчигэ
Оонньооччулар икки тэҥ бөлөххө хайдаллар уонна субуруччу бэйэ-бэйэлэриттэн 2-3 метр 10-12-лии киһилээх тэйиччи тураллар. Оҕолор икки ардыларын ырааҕа 2-3 хаамыы. Иннилэригэр сурааһын тардыллар. Хамаанда аайыттан биирдии капитан талыллар. Кинилэр иккис сурааһын таһыгар мээчиктээх оҕолору утары тураллар. Сигнал быһыытынан капитаннар мээчиги бэйэлэрин хамаандаларыгар бастакы турар оҕоҕо быраҕаллар. Оҕо хабан ылар, капитана төттөрү быраҕар уонна бөлөх кэннигэр баран турар. Капитан иккис оҕоҕо быраҕар, онтон үһүскэ.., төрдүскэ… Ити курдук оҕолор бары бүтүөхтэригэр диэри мээчигинэн хардарыта бырахсаллар. Урут тиксибит мээчиктээх капитанхамаандата кыайар. Оонньуу үстэ хатыланар.
Куоскалар уонна ыттар
10-12 оҕо куоска, 2-3 ыт буолаллар.
Бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи соҕус куоскалар уонна ыттар уйалара миэлинэн төгүрүтүллэллэр. Куоскалар уйаларыттан тахсан, ньааҕынаһа-ньааҕынаһа аргыый аҕай сыбдыһа сылдьаллар. Аналлаах хамаанда кэнниттэн ыттар үрэ-үрэ, уйаларыттан ойон тахсаннар куоскалары эккирэтэллэр. Тутуллубут куоска оонньууттан туоруур.
Ким тугу гынарый?
Сыала: Араас идэлээх дьон тугу гынарын, улэлиирин тыл көмөтүнэн хомоҕойдук ааттыылларын ситиһии, булугас буолууну сайыннарыы. Оонньуу барыыта: Иитээччи ханнык эмэ идэни ааттаатаҕына, оҕолор оннук идэлээх киһи тугу гынарын көрдөрөр тыллары тоһо кыалларынан элбэҕи ааттыыллар. Холобур, иитэччи: «Иистэнньэн» (бортунуой)- диир. Оҕолор: «Кэмниир, быһар, кырыйар, тигэр, иистэнэр», -диэхтэрин сөп.
Кыаһыланыы
Итии-куйаас кэмнэргэ ынах - сүөһү эмиийэ хатан эбэтэр кыымаайы, күлүмэн сиэн, дэлби бааһыран, кыайан ыаппат буолан хаалааччы. Ол иһин тэбиэлэммэтин, улаханнык мөхсүбэтин диэн кэлин атахтарын такымнарын үөһэ өттүнэн быанан кыаһылаан кэбиһэллэр.
Оҕолор элбэх буолан түмүстэхтэринэ «кыаһыланыы» диэн күрэхтэһии тэрийэллэр эбит. Икки бөлөххө арахсаллар. Оонньуу ыытааччы күрэхтэһээччи дьону барыларын атахтарын бэрбээкэйдэриттэн кыаһыланалларыгар этэр. Хаҥас бэрбээкэйдэрин куустаран ылан, иккитэ эрийэ тардан. уҥа атахтарын бэрбээкэйдэригэр аҕалан, сөллүбэт гына ыга баайан кэбиһэллэр. Оччоҕо атахтарын икки арда кыра арыттаах буолар.
Оонньуу ыытааччы 15 - 20 метр сиргэ күрэхтэһэр сир бэлэмниир. Икки бөлөх дьонун тус-туспа субуруччу туруортуур уонна бэлиэтэммит сири эргийэн кэлэн, урут турар икки киһи илиилэрин тэҥҥэ таарыйар. Кыаһылаах киһи, баҕар ойуоккалаан сүүрдүн, баҕар, хаамтын, ол бэйэтиттэн тутулуктаах. Оҕуннаҕына даҕаны туран сүүрүөх тустаах. Урут кэлбит бөлөх дьоно кыайаллар.
Өскөтүн сүүрэн истэҕинэ кыаһыта сөллөр күннээх буоллаҕына, көрө охсон тута бааныахтаах уонна салгыы сүүрүөхтээх. Бу оонньууну билигин кулууптарга, спортзалларга оонньотуохха сөп. Саха оонньууларыттан биир дьикти оонньуу. Кыахтаах эрээри, кыаһылаах буолуу...
Тоҕус былас суһуоҕу өрүү
Олоҥхоҕо этиллэринэн, тоҕус былас суһуохтаах Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо диэн күн бүгүнүгэр диэри уос номоҕо оҥостон, былыргы да, аныгы да ырыаларга ыллыыллар. Кыыс оҕо суһуоҕа төһөнөн уһун, намылхай да, соччонон кини өссө киэркэйэр, дууһалыын ырааһырар.
Былыргы биһиги өбүгэлэрбитбаай дьону кинилэр кыыстарын суһуоҕунан сыаналыыллара үһү. Улахан баай дьон кыыстарын баттаҕын тоҕус суһуох гына өрөллөрө. Оттон орто баай кыыһын баттаҕын сэттэ суһуох гына өрөллөр эбит. Сөбүгэр баайдаах дьон кыыстарын баттаҕын үс суһуох гына өрөллөрө дииллэр.
Оонньуу ыытааччы тоҕустуу киһилээх икки бөлөҕү тэрийэр. Бөлөхтөргө биирдиилэригэр төгүрүк иини биэрэллэр. Хас биирдии төгүрүк иигэ биир метр уһуннаахх сүүрбэ сэттэ сүмэх баттаҕы, сиэли, быаны (таҥас ыйыыр быа өрөргө ордук) сөллүбэт гына уһуктарыттан баайталаан кэбиһэллэр. Төгүрүк иилэри уунан тиийэр сиригэр биэтэҥнии турар гына ыйыыллар.
Оонньууну ыытааччы икки бөлөҕү төгүрүк иилэртэн уон метр тэйиччи субуруччу туруорар. Бөлөхтөртөн биирдии киһи сүүрэн тиийэн үс сүмэҕи кытаанах гына өрүөхтээх. Өрөн бүтэрээт, эргиллэн кэлэн, бэйэтин бөлөҕүн киһитин ытыһын тыастаахтык охсуохтаах, оччоҕо ол киһитэ суһуох өрө сүүрүөхтээх. Икки бөлөх дьоно суһуохтарын өрөн бүппүттэрин кэннэ, оонньуу ыытааччы хайа бөлөх төһө үчүгэйдик, кытаанахтык суһуохтары өрбүтүн уонна хайалара урут бүтэрэноннуларыгар турбуттарын бэлиэтиир.
Урут бүтэрбит гынан баран, суһуохтарын мөлтөхтүк өрбүт бөлөх кыайтарыылааҕынан ааҕыллар.
Суһуох өрүүтүн ханнык баҕарар саастаах дьон оонньуохтарын сөп.
Оҕустар харсыһыылара
Өбүгэлэрбит кыстыктан көһөн, сайылыктарыгар киириилэрэ туспа биир кэрэ бырааһынньык буолара. Атыыр оҕус айаатааһына, оҕолор үөрбүт-көппүт аймалҕаннара, күөрэгэй ырыата, айылҕа, киһи - сүөһү үөрүүтэ - барыта биир тыын буолара.
Атыыр оҕустары харсыһыннарыы сайылык иһигэр биир дьикти түгэн этэ. Оҕустар харсыһан бүттэхтэринэ аны оҕолор харсыһа оонньууллара.
Оҕолор оҕустары үтүктэн, айаатыы-айаатыы буору ытыстарынан хаһыйан, тобуктаан сылдьан кынчыаттаһан кэлээт, төбө-төбөлөрүттэн тирэһээт, харсыспытынан бараллара. Харсыһар кэмнэригэр оонньууну ыытааччы үс метр сири мээрэйдиир уонна ортотунан сурааһын тардар. Икки харсыһар оҕолору ол сурааһын икки ардыгар туруорар, төбөлөрүн холботон баран: "Чэ!" - диэн хамаандалыыр. Харсыһааччылар эмискэ төбөҕө түһүө суохтаахтар.
Өскөтүн бастакы оҕо иккис оҕону сурааһыныттан 1 м 50 см тэйиччи үтүрүйэн илтэҕинэ, оччоҕуна иккис оҕо кыайтарбытынан ааҕыллар.
Бу оонньууну улахан да дьон оонньуохтарын сөп.
Куобах
Куобах - турар сиртэн эбэтэр чугастан сүүрэн кэлэн, икки атаҕынан тэҥҥэ тирэнэн, тохтообокко эрэ уон биирдэ ойуу. Тирэнэр кэмҥэ киһи тобуга бокуйар, икки илиитэ кэннин диэки буолар. Ойор киһи атаҕын күүскэ, түргэнник көннөрөн, илиитин иннин диэки эрчимнээхтик дайбаан саҕалыыр.
Көтүү кэмигэр атаҕы кумуччу тутуллар. Куобахтааһын икки суол көрүҥнээх: атаҕынан утары соҕус тирэнэн, дэгэйэн барыы эбэтэр батары түһүөлээн, атах күүһүнэн тирэнэн силлиргэччи ойуу. Саҥа саҕалааччы сүрүн алҕаһа диэн, илиитин сатаан хамсаппат. Хас ойуу кэнниттэн спортсмен илиитин маятник курдук хамсатан, олус түргэнник кэннин диэки илдьэ охсуохтаах. Сорох олус төҥкөччү туттан, умса хоруйа түһэрин эмиэ маҥнайгыттан ыйан, сатаан тирэнэрин ситиһиэххэ наада.
Ыстаҥа
Сүүрэн кэлэн икки атахха олбу - солбу уон төгүл түһүөлээн баран, уон биириһигэр икки атахха тэһһэ түһүллэр. Сүүрүүтэ кылыы сүүрүүтүн курдук. тирэнэр атах уллуҥаҕар малтаччы соҕус үктэниллэр. Тирэнэн баран, өттүгү хамсатан, босхо атаҕы инники күүскэ быраҕыллар.
Киһи иннин диэки төҥкөччү соҕус туттан, киэҥник атыллаан ойор. Үрдүк кылаастаах спортсмен икки илиитин тэҥҥэ дайбанар, оттон саҥа саҕалаан эрэр оҕо олбу-солбу дайбаныан сөп. Үгүс киһи наһаа үөһэ эбэтэр сүүрэн эрэр курдук намыһахтык ойор, сототун олус инники быраҕар, атаҕынан тэҥэ суохтук анньынар буолар, ол сыыһа.
Кылыы
Кылыы - сүүрэн кэлэн аҥар атаҕынан уон төгүл ойон баран, уон биириһигэр икки атахха тэҥҥэ түһүллэр. Маҥнайгы сүүрүү 20-30 м уһун буолуон сөп. Тирэнэр атах уллуҥаҕар бүтүннүүтүгэр үктэниллэр, босхо атах тобуга токуйан, биэтэҥнээн - такыҥнаан, ойору күүһүрдэр.
Хайдах эрэ табыйар курдук буолан баран, чэпчэкитик дэгийэн тирэниллэр. Илиини атахха сөп түбэһиннэрэн кэнниттэн инники диэки дайбаныллар. Үчүгэйдик, сатаан кылыйарга туох ханнык иннинэ атах, илии былчыҥа хамсыыра, салгыҥҥа көтүү, тыыныы - барыта сөпкө дьүөрэлэһэрэ наада. Саҥа саҕалаан эрэр кылыыһыт маҥнай наһаа түһүнэн, сүһүөҕэ уйбат буолааччы эбэтэр сүүрэн эрэр курдук намыһахтык баран бүдүрүйэн хаалар. Наһаа үөһээ күөрэйэн кылыйар эмиэ соччото суох.
Маамыкта быраҕыы
Уһук хоту сир уонна Саха сирин соҕуруулуу - илиҥ өттүн аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар киэҥник тарҕаммыт көрүҥ. 15 м ыраахха 1,5 үрдүк остуолбаҕа таба муостаах макет саайыллар.
Үөрэнээччи биир сиргэ туран эрэн эбэтэр сүүрэн кэлэн быаны иилэ быраҕыахтаах. Кыттааччы үстэ холонор кыахтаах. Өскөтүн маамыкта көстөрө уустук буоллаҕына суон соҕус капрон быаны туһаныахха сөп. Быа биир төбөтө уктааланар, иккис төбөтө ону нөҥүө таһаарыллар. Маамыктаны иилистибэт гына төгүрүччү тутан түүрүллэр. Бырахтахха тас дьоҕус иитэ барыта субуруйан, маамыкта сыалга иилистэ түһүөхтээх.
Маамыктаны элбэхтик эрчиллэн таба быраҕар буолуохха сөп. Саха оҕотун мээчигинэн, маһынан таба быраҕарга кыра эрдэҕиттэн үөрэтиэххэ наада. Кэнники төбөтүгэр кыра дьаакырдаах быаны онно - манна быраҕа оонньуохтаах. Ол курдук сыыйа-баайа маамыктаны сатаан тутта үөрэнэр. Маамыктаны таба быраҕыыга конкус, күрэхтэһии тэрийэн ыытар сөптөөх.
Мас тардыһыы
Сахаларга ким күүстээҕин билэргэ ханна да буоллун: дьиэ иһигэр, таһырдьа, муостаҕа, хонууга, хаарга - мас тардыһаллара. Сороҕор быа эмиэ тардыһар буолаллара. Дьигиҥнэтэн тардыы, биэрбитэ буолан иһэн эмискэ төлө тардыы, маһы эрийии, туора төҥкөйүү уо.д.а. араас албас баара.
Кырдьаҕастар этэллэринэн, түөр уоҥҥа чугаһыыр албас баара эбитэ үһү. Мас тардыһыыта кэнники спорт көрүҥэ буолбутугар, соччо сөбө суох быраабыланы олохтооннор, бу киирсии көрөргө интириэһэ сүтэн хаалбыта.
Билигин сорох албас көҥүллэнэн, тирэнэр маска атаҕы араастык сыҕарыҥнатар буоланнар, мас тардыһыы наһаа кэрэхсэнэр күрэхтэһии буолла. Мас тардыһааччы урут кылгас, босхо хаптаһыҥҥа тирэнэн олорон, утарылаһааччытын сороҕор өрө тэбэн кэбиһэр этэ. Аныгы быраабыланан атах хамсыыра көҥүллэнэн, былчыҥы сөптөөх кэмҥэ сатаан күүрдэр, булугас, түргэн өйдөөх, олус сэргэх киһи кыайар буолан эрэр. Ардыгар алҕас хотторуу эмиэ баар. Ол аата бу спортка сөптөөх бэлэмнэнии наада. Тура күүһү быһаарсарга, кэпсэтии быһыытынан билигин да араас албаһы туттубакка тардыһыы эмиэ көҥллэниэх тустаах.
Тардыһыы ыытыллар сирэ 4 м уһун, 2 м кэтит көнө муоста буолар. ортотугар 2 м уһуннаах, 20-25 см кэтиттээх, 3-4 см халыҥ тирэх мас туруоруллар. Тардыһар мас төгүрүк, суона 2,3-3,5 см, уһуна 50 см кээмэйдээх тиит эбэтэр хатыҥ буолар. Сэрэбиэй кэнниттэн маһы ис эбэтэр тас өттүнэн ылыллар. Төлөрүппэт гына аҥар илиини үөһээттэн, аҥар илиини алларааттан тутуллар. Судьуйа хамаандатынан утарылаһааччылар бэйэ бэйэлэрин тардан ыла сатыыллар. Маһы төлө ыыппыт киһи хотторор.
Мас тардыһыы спорт биир ыарахан көрүҥэ буолар. Икки тэҥ киһи өр баҕайы ыгыстан олороро сүрэх үлэтигэр, хаан эргииригэр, сис иҥииригэр улахан буорулаах. Холобур, ыараханы көтөҕүүгэ 20-30 сөкүүндэттэн уһуннук ыгыстар олох сатаммат диэн дакаастаммыта ыраатта. Ол иһин мас тардыһыы кыргыттарга, дьахталларга спорт көрүҥүнэн киирбэт.Саастаах эр дьону да мас тардыһыннарар табыллыбат. Эдэр да дьон тоҥ иҥиирдэринэн тардыһаллара сыыһа. Эти - хааны үчүгэйдик ититэн, ордук сиһи имитэн баран киирсиллэр.
Мас тардыһыыга эрчиллии ньымата диэн былыр да, аны да суох. Ол гынан баран сиһэ, атаҕа күүстээх, илиитин табаҕайа, тарбаҕа сайдыбыт киһи тардыһыык буолара чахчы.
Ыарахан атлетикаҕа ити былчыҥы сайыннарар сөптөөх ньыма үөскээбитэ ыраатта. Холобур, табаҕайы, тарбах былчыҥын эрчийэргэ икки бууттаах гиирэни ыйаан баран эрийэн таһаара оонньуур тренажеры киһи бэйэтэ ханна баҕарар оҥостуон сөп.
Атах күүһүн сайыннарарга нэдиэлэҕэ иккитэ муҥутаан көтөҕөр ыйааһыҥҥыттан 80-90% штангаҕа ууран баран, биэс-алта төгүл төхтөрүйэн, иккилиитэ - үстүүтэ хатылаан, санныга сүгэ сылдьан дириҥник олоро олоро турар сөп. Бу эрчиллиини 3-4 ый оҥордоххо, атах биллэ сэниэлэнэр.
Сис күүһүн сайыннарарга ыарахан ыйааһыннаах штанганы атаҕынан, сиһинэн өрө тардыалааһын эбэтэр санныга ууран баран төҥкөйө-төҥкөйө төттөрү кэдэрийии көмөлөһөр. Эмиэ хас да ыйы быһа нэдиэлэҕэ иккилиитэ дьарыктаныахха наада. Хатылааһын, төхтүрүйүү ахсаана эмиэ били үөһээ этиллибитин курдук.
Аны былчыҥы күүрдэн, олорон эбэтэр туран эрэн ыарахан, хамсаабат эттиги тарда сатааһын (изометрическэй үлэ) улахан көдьүүстээх. Оскуола оҕото туран эрэн тардыһа, сосуһа оонньууртан, хомуур канат тардыһыыттан, хааһах хостоһууттан саҕалаан үөрэниэхтээх. Үрдүкү кылааска күрэхтэһии, конкурс тэрийэн ыытыахха син. Иккилии буолан тардыһар бэрт көхтөөх буолааччы. Тардыһыы техникатын, практикатын субу баар диэн киһи кыайан чопчу этэн үөрэппэт. Элбэх киирсии, күрэхтэһии түмүгэр халбархай, былчыҥынан, атаҕынан сатаан оонньуур буола үөрэниллэр. Хас биирдии утарылаһааччы туспалааҕын учуоттаан туттар албас наада. Дьэ ол эрээри мас тардыһыы сүрүн техниката - атаҕы эрдэ көннөрбөккө, сис күүһүн ыһыктыбакка тэбинии, сөпкө тыыныы, эмискэ түллэр түргэн күүһү туттуу, утарылаһааччы албаһын таба туһаныы.
Мас тардыһыытыгар бобуулаах албастар
1. Мас тардыһыытыгар бобуллар:
а) өттүгэстии охтуу
б) тэбилик хаптаһынтан атаҕы араарыы
в) тардыһар маһы туппут сиргиттэн илиини сыҕарытыы
г) эмискэ эмискэ дьигиҥнэтэн тардыы
д) тардыһар маһы иҥнэри тутан, тэбилик хаптаһыҥҥа эбэтэр сиргэ тирээн тардыы
е) тардыһар маһы эмискэ ыһыктан кэбиһии
ж) хамаанда бэриллиэн иннинэ тардыы
з) тардыһыы кэмигэр кэпсэтии, судьуйаны кытта мөккүһүү уо.д.а.
2. Бобуулаах албастары тутуннахха, быраабыланы кэстэххэ кыттааччыга сэрэтии бэриллэр. Иккис сэрэтии кэнниттэн күрэхтэһииттэн уһуллар.
Күлүүстэһии
Утарылаһар дьон ойоҕосторунан тураллар, аҥар атахтарын хатыйа тутан тирэнсэн баран, орто тарбахтарынан ыга ылсан тардыһаллар.
Миэстэтиттэн хамсаабыт, тарбаҕын төлө ыыппыт эбэтэр сулбу тардыбыт киһи хотторор. Атын илиинэн тардыһыахха эмиэ сөп. Бу сүнньүнэн күүһү быһаарсар киирсии буолар.
Оонньуу ыытааччы 2 м 50 см эбэтэр 3 метрдээх сир уһугар сурааһын тардар. Күрэхтэһэр дьон - икки киһи тардыллыбыт сурааһыннар истэригэр киирэн тураллар. Уҥа илиилэрин ортоку тарбахтарынан тардыһаары ыгыта тутуһан тураллар. Оонньуу ыытааччыта "Чэ!" - диирин кытта иккиэн тэҥҥэ сыыйа тардыһыахтаахтар. Тарбаҕар, илиитигэр күүстээх күрэхтэһээччи утарылаһааччытын бэйэтин кэннигэр баар сурааһыҥҥа диэри соһон аҕаллаҕына уонна ол состорон иһээччитэ сурааһыны атаҕынан таарыйдаҕына кыайыылааҕынан тахсар. Өскөтүн тардыһыы кэмигэр утарылаһааччы ортоку тарбаҕынан тардыспыта буола сылдьан көннөрөн, ыһыктан кэбистэҕинэ, ол киһи кыайтарыылааҕынан ааҕыллар. Бу оонньууну былыр күүстээх дьон оонньууллара үһү. Онтон билиҥҥи кэмҥэ спортивнай көрүҥҥэ киллэрэн хамаанданан күрэхтэһиэххэ сөп.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
«Хамсаныылаах оонньуу оҕо ситимнээх саҥатыгар дьайыыта»
Хамсаныылаах оонньуулар оҕо тыла-өһө сайдарыгар улаханнык дьайаллар. Маны таба туһаннахха, оҕо тылын-өһүн байытыахха сөп. Ситимнээх саҥатын эмиэ сайыннарыахха сөп. Оҕо бэйэтин дьайыытын саҥара-саҥара ...
Ханты норуоттарын хамсаныылаах оонньуулара
О5олорго уонна тороппуттэргэ аналлаах аралдьытыы...
Сахалыы алфавит. Презентация
Электронное пособие...
о5олорго олонхо хамсаныылаах оонньуулара
Оҕолор эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдалларыгар маннык хамсаныылаах оонньуулар олус туһалаахтар. Оҕо оонньуу сылдьан бары өттүнэн сайдар.Аллараа дойду олохтооҕо уонна дьөһөгөй оҕолоро – или...
«Айыы бухатыыра» хамсаныылаах сонор сценария
Олонхонон «Сонор» хамсаныылаах оонньууга интэриэьи уоскэтии. Олонхо сурун ойдобулун, тылын-оьун, геройдарын, Айыы бухатыырын танаьын-сабын, туттар сэбин сэбиргэлин чинэтии. О5о тылын-оьун ...
Авторская игра домино "Сахалыы ыйдар бэлиэлэрэ"
авторская игра...
Сахалыы ырыа
Бэрэски (перевод песни "Я пеку, пеку, пеку") Бэрэскитэ астыаххаОҕолорго бэрсээри,Онтон таптыыр ийэбэрИкки пряник бэлэмниэм Таптыыр кэрэ ийэбинМинньигэстик аһатыам,Доҕотторбун ыҥыра...