Выпуск в школу (на якутском языке)
материал (подготовительная группа) на тему
Предварительный просмотр:
Выпуск в школу 30 апреля 2014 г.
Ведущий – Үтүө күнүнэн күндү төрөппүттэр, ыалдьыттар уонна «Туйаара» детсаат коллективын улэhиттэрэ. Бүгүн биhиэхэ долгутуулаах күн үүннэ. Дьааhыла грууппатыттан са5алаан бүөбэйдээн ииппит-үөрэппит о5олорбутун оскуола5а атаарар күммүт тиийэн кэллэ. Көрсүөххэйиң выпускниктары!
(ведущай выпускниктары биирдиилээн ааттарын, кыра харахтеристика этэн кииллэртиир, онтон улахан бөлөх о5олорун ыңырар)
Ырыа «Кэнчээри ырыата» (ырыа кэнниттэн ст.гр. о5олоро олороллор)
Ведущий – Бу заалга биhиги элбэх бырааhынньыгы көрсүбүппүт, ол гынан баран бүгүңңү курдук бырааhынньык эhиэхэ өссө буола илигэ. Бу тиийэн кэллэ эhигини оскуола5а атаарар күммүт. Тылы биэрэбит эhиэхэ, выпускниктарга!
Хоhооннор.
Вальс выпускников
Ырыа «Үчүгэй»
Ыытааччы - Бүгүн эhигини, выпускниктары, о5олор эрэ буолбакка ооннььуурдар, остуоруйа геройдара атаара кэлиэхтэрэ. Мин аптаах зонтикпын эргитэбин остуоруйа геройун ыңырабын!!!
(Зонтигы эргитэр, музыка тыаhыыр, Карлсон киирэр)
Карлсон – Привеет, привеет! Миигин биллигит дуо? Мин – крыша5а олорор Карлсонмын. (оголору кытта дорооболоhор - илиилэриттэн, атахтарыттан, муннуларыттан, кулгаахтарыттан)
Крышага олороммун эhиги улаатаргытын, оонньуургутун, ыллыыргытын-үңкүлүүргүтүн барытын көрөн олорбутум. Эhиги бу детсаакка сылдьыбыт сыллар устата 10 тыыhынча булочка-кэмпиэт сиэбиккит, барыгытын холбоотоххо 5 миэтрэ улааппыккыт, 20 киилэ эбиллибиккит, тус бэйэ5ит ытааңңыт 1 биэдирэни толорбуккут, онтон аахпыт, уруhуйдаабыт, алдьаппыт кинигэлэри холбоон тэлгэттэххэ Дьоккуускай куоракка тиэрдиэххэ сеп.
Онтон мин крыша5а аптаах мөhөөччүктэри кытта олоробун ээ, итэ5эйэ5ит? Итэ5эйбэт буоллахытына, аллее-ап, смертельный номер - мин аптаах мөhөөччүктэрим.
Көрдөөх номер «Аптаах мөhөөччүктэр» (2 ст.гр. о5ото - араас хамсаныылары музыканан оңороллор: эргийэллэр, ойоллор итд)
Карлсон – Аллее-ап! Мөhөөччүктэр, төптөрү крыша5а барың!
Онтон эhиги, о5олор, миэхэ детсаат туhунан ырыа ыллаан иhитиннэриэххитин ба5ара5ыт дуо?
Ырыа «Мин о5о саадым» (ырыа кэнниттэн туран хааллаллар, Карлсон оонньуу ыытар)
Оонньуу «школьное - нешкольное»?
Карлсон – Мин барар бириэмэм тиийэн кэллэ, покаларын, оскуола5а үчүгэйдик үөрэнээриң! (барар)
Ыытааччы – Карлсонмыт барда, салгыы ким кэлэрэ буолуой? Аптаах зонтикпытын эргитэбит, остуоруйа геройун ыңырабыт!!!
(Зонтигы эргитэр, музыка тыаhыыр, Баба-Яга миинньигинэн көтөн киирэр,
үрүң фартуктаах, төбөтүгэр бантиктаах)
Баба Яга – Һуу, хойутаабатым дуо?! Оскуола5а бараргытын истэммин эhигини кытта 1 кылааска барсаары ыксаан а5ай кэллим.
Ыытааччы – Тохтоо, уоскуй, Баба-Яга. Онтон эн хас саастааххыный?
Баба-Яга – 100.
Ыытааччы – Хас, хас диэтин?
Баба-Яга – Ммм.. эээ… 200, онно туохтаах үhү…
Ыытааччы – Сааhың олус элбэх эбит
Баба-Яга – Ону баара, хас ба5ар сааскар үөрэниэххэ сөп.
Ыытааччы – Ааа, чэ сөп. Онтон эн тугу сатыыгыный? Аа5а5ын, суруйа5ын дуо?
Баба-Яга – Суох. Ол оннугар мин рогатканан ытары, хаhыытыыры, иhиирэри, миинньигинэн көтөрү сатыыбын.
Ыытааччы – Оскуола5а ити олох туhата суох.
Баба-Яга – Онтон эhиги бэйэ5ит тугу сатыыгытый?
Ыытааччы - О5олор араас задача суоттууллар. Холобура, бу: мас лабаатыгар барабыайдар олорбуттар – маамалара, паапалара уонна о5олоро, кинилэргэ атын барабыай көтөн кэлбит, 3 о5отун кытта…
Баба-Яга – Ону мин рогаткабын хостооммун, бу курдук кыңаан-кыңаан баран…. (көрдөрөр)
Ыытааччы – Суох, сыыhа. О5олору истэн, суоттурга үөрэн.
Задачалар (Ыытааччы задача аа5ар, о5олор эппиэттииллэр.)
Баба-Яга – Ууу, олус да өйдөөх эбиккит дии. Аны билигин «Көрдөөх ахсаан» оонньууга миигин кытта оонньуургутугар ыңырабын
Оонньуу ««Көрдөөх ахсаан»
(участвует вся группа. Детям раздают 2 набора цифр от 1 до 10 двух цветов. Под веселую муз. все танцуют, с окончанием муз. дети должны построиться в 2 команды – цифры по порядку. Кто быстрее?
Баба-Яга – Маладьыастар, о5олор, аны ырыа ыллаан иhитиннэрэргит буоллар.
Ырыа «Ыhыахха барабыт»
Ыытааччы – Баба Яга, биhиги бырааhынньыкпытыгар кэлэн ыалдьыттааңңын о5олору олус үөртүн. О5олор эйиигин уңкүүнэн төптөрү остуоруйа5ар атаарыахтарын ба5араллар, онно эмиэ оскуола баар дии.
Үңкүү «Полька» (Б.Я. барар)
…………………………………………………………………………..
Ыытааччы - Ыалдьыттарбыт олус көрдөөхтөр, наhаа үчүгэй. Өссө ыңырабыт дуо, о5олор? Аптаах зонтикпытын эргитэбит, остуоруйа геройун ыңырабыт!!!
(Зонтигы эргитэр, музыка тыаhыыр, Буратино бартыбыаллаах киирэр)
Буратино – Үтүө күнүнэн, о5олор! Мин эмиэ оскуола5а барсаары кэллим, онно «5» эрэ сыана5а үөрэниэм, уонна бу бартыбыалбын бэлэмнээн илдьэ сылдьабын.
Ыытааччы – Көрүөххэйиң эрэ, тугу бэлэмнээбиккин…
Буратино бартыбыалыттан хостуур ….
Буратино - … пистолет – ким да миигин ата5астаабатын диэн…
… массыына – оонньурбар наада буолуо…
… сыттык – утуйуохпун эмиэ ба5арабын…
Ыытааччы – Буратино, бу таhаарбыт малларын оскуола5а олох наадата суохтар. О5олор, онтон эhиги билэ5ит дуо, үөрэнээччи суумкатыгар туох баар буолуохтаа5ын?
Оонньуу «Бартыбыалгын бэлэмнээ»
Буратино – Кырдьык да, оскуола5а барарга бэлэмнээх эбиккит.
Ыытааччы – Күндү о5олорбут, бүгүңңү бырааhынньык улааппыккытын, оскуола5а барарга бэлэм буолбуккутун көрдөрдө. Арахсар кэммит улам чугаhаатар чугааhаан иhэр. Тылы өссө биирдэ эhиэхэ биэрэбит.
Хоhоон?
Ырыа «До свиданья, детский сад»
төрөппүттэри грамотанан награадалааhын;
төрөппүттэр эппиэт тыллара.
торт киллэриитэ;
Буратино – Тохтоон, тохтоон, бырааhынньыгы бүтэримэң, олох умнан кэбиспиппин. Билии Королевата бэйэтин бэлэ5ин ыыппыта, сип-сибилигин а5алыам….
(Буратино сүүрэн тахсар, улахан киэргэтиллибит хоппону киллэрэр. Буратино арыйар, хоппо иhигэр гелиеаой шардарга баайыллыбыт подароктар. Подарок туттарыыта, шаардары таhардьа тахсан ба5а санааларын санаан баран халлааңңа ыытыы)
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Несколько сценариев выпускного праздника: выпуск в школу, выпуск из яслей, выпуск из старшей группы.
Сценарии интересных праздников: выпуска в школу в форме концерта с любимыми героями, выпуск из яслей, выпуск нескольких детей в школу из старшей группы....
новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)
«Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...
Новогодний праздник по сказке "Снегурочка" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Снегурочка" для младшего, среднего дошкольного возраста...
Новогодний праздник " Аптаах хаар чеме5е" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника для старших дошкольников...
8 марта "день подарочный, сюрпризный" (на якутском языке)
сценарий утренника к 8 марта для средней группы...
8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)
сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...
Зимнее развлечение «Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй» (на якутском языке)
сценарий зимнего развлечения...