Зимнее развлечение «Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй» (на якутском языке)
материал на тему
сценарий зимнего развлечения
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
snegovik_munnun_khaydakh_kordoobutuy.docx | 28.68 КБ |
Предварительный просмотр:
«Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй»
Кыhыңңы аралдьытыы
Кытталлар: ыытааччы, Снеговик, куукулалар (куобах, саhыл, ыт, эhэ, бөтүүк)
Туттуллар маллар: хаардар, моркуоптар, тэллэй, эриэхэ, ширма, остуоруйа декорацията.
Музыка тыаhыыр.
ЫЫТААЧЧЫ: Халын хаар сирбитин тыаhа суох бүрүйдэ
О5олуу бүөбэйдээн сэрэнэн саппыта.
Манан хаар туьэрин кэрэхсии керебун
Чэпчэки бэйэтин олус да се5ебун!
- О5олор, биһиэхэ эмиэ кырыа кыhыммыт тиийэн кэллэ, мастары, дьиэлэри хаарынан бүрүйдэ. Эhиги кыhыны сөбүлүүгүт дуо? Онтон остуоруйалары? Кыhыңңы остуоруйаны көрүөххүтүн ба5ара5ыт? Оччого ытыспытын күүскэ таhынан остуоруйабытын ыңырыаххайың!
Бары ытыстарын таhыналлар.
Музыка тыаhыыр, коридорга ким эрэ ытыыра иhиллэр.
ЫЫТААЧЧЫ: О5олор, истиң эрэ, ким эрэ ытыыр. Ким эрэ кэлэн иhэн мунан хаалбыт быһылаах. Ытыспытын өссө күүскэ таһыныахха, ыраахтан истэн тиийэн кэлиэ.
Музыка тыаhыыр, Снеговик киирэн кэлэр,
кини ытыыр, муннун үтүлүгүнэн бүөлүүр.
ЫЫТААЧЧЫ: Кини ытыыр эбит дии. О5олор, биллигит дуо, бу кимий?
О5олор – Снеговик!
ЫЫТААЧЧЫ: Дорообо, Снеговик! Эн туохтан хомойдун, санаар5аатын?
СНЕГОВИК (ытыыр, тугу эрэ көрдүүр): Мин иэдээңңэ түбэстим, бу – бэйэ5ит да көрүң!
(үтүлүгүн сирэйиттэн ылбыта муннута суо5а көстөр)
ЫЫТААЧЧЫ: Снеговик, онтон муннун ханна баарый?!
СНЕГОВИК (хара5ын уутун сотто-сотто): мин ыраас хаарга оонньуу, мэниктии сылдьаммын моркуоп муннубун сүтэрэн кэбистим. Муннута суох хайдах буолабын?
ЫЫТААЧЧЫ: Санаар5аама, биhиги эйиэхэ көмөлөhүөхпүт, муннугун көрдүөхпүт.
- О5олор, сиэпкитин көрүң эрэ, ба5ар онно киирэн хаалбыта буолуо Снеговик муннута. Онтон олоппосторгут анныгар көрүң эрэ, баар дуо?
О5олор көрдүүллэр
ЫЫТААЧЧЫ: Снеговик, санаар5аама, хата о5олору кытта оонньоо.
СНЕГОВИК: Мин олус сөбүлээн хаарынан оонньуубун.
ЫЫТААЧЧЫ: Онтон биhиэхэ хаардар эмиэ бааллар, оонньуоххайың.
Оонньуу
СНЕГОВИК: Эhигини кытта оонньуу сылдьар олус учугэй да буоллар, мин муннубун көрдүөхпүн наада (көрдүүр)
ЫЫТААЧЧЫ: Снеговик, арай моркуоп мунну оннугар хаар мунну хатаатахха? Кырасыабай ба5айы маңан муннуланыаң.
СНЕГОВИК (тутан көрөр): Суох, хаар муннуну ба5арбаппын, моркуоппун кердуем.
ЫЫТААЧЧЫ: Мин биллим! О5олор, биhиэхэ күһүн тииңчээн кэлэ сылдьыбыта дии, кини эриэхэ хаалларбыта, бу баар! Ба5ар эриэхэттэн мунну сөп түбэhиэ….
СНЕГОВИК (тутан керер): Суох, эриэхэ муннуну ба5арбаппын, моркуоппун көрдүөм. (ытыыр)
ЫЫТААЧЧЫ: Ытаама-ытаама, биhиэхэ күһүн өссө ёжик кэлэ сылдьыбыта, кини тэллэй хаалларбыта, бу баар! Ба5ар тэллэйтэн мунну сөп түбэhиэ…
СНЕГОВИК (тутан керер): Суох, тэллэй муннуну ба5арбаппын, моркуоппун көрдүөм. (ытыыр)
ЫЫТААЧЫ: О5олор, куьун биьиэхэ өссө ким кэлэ сылдьыбытай? Куобах кэлэ сылдьыбыта, кини биhиэхэ корзина моркуоп хаалларбыта дии!!! Ба5ар онно эн муннун бара буолуо, көрүөххэйиң эрэ….
(корзиналаах моркуоптан Снеговик муннутун булан ылар)
СНЕГОВИК: Бу баар, бу баар мин муннум! Саамай кырасыабай мунну!!!! (муннун кэтэр, уерэр, ункуулуур)
- Баhыыбаларын, муннубун булбуккутугар! Онтон мин эhиэхэ остуоруйа кэhиилээх кэлбитим. Көрүөххүтүн ба5ара5ыт? Чэ, чуумпуран олорон көрүң.
(Ширма5а муус уонна хатырык дьиэ ойуулара)
«Куобах дьиэтэ»
ЫЫТААЧЧЫ: Олус үчүгэй остуоруйа көрдүбүт, Снеговикка махтаныаххайың (таhыналлар)
СНЕГОВИК: Мин эhиэхэ бэйэм кэhиибин а5албытым. (о5олору күндүлүүр)
Ыытааччы: Манан бырааhынньыкпыт түмүктэнэр, Снеговикпыт барар кэмэ тиийэн кэллэ. Көрсүөххэ диэри!
КУОБАХ ДЬИЭТЭ
Олорбуттара эбитэ үһү куобахтаах саhыл.
(куобахтаах саhыл диэлэриттэн тахсан поклуоннууллар, төптөрү киирэллэр)
Саhыл дьиэтин мууhунан онорбут, куобах – хатырыгынан. Сандал саас кэлэн, күн ча5ылыччы тыкпыт, саhыл дьиэтэ ууллан хаалбыт, чалбахха кубулуйбут.
(муус дьиэ «ууллар», аллараа түһэрэн ылыллар)
Саhыл – Быраатым куобахчаан, дьиэ5эр киллэр, абыраа…
Саhыл куобахчаан дьиэтигэр көрдөһөн хоно киирбит да куоба5ы үүрэн таhаарбыт!
Саhыл –Бар мантан! Анны бу мин дьиэм!!!
Куобахчаан ытыы-ытыы суол устун хааман иhэн ыты көрсүбүт:
Ыт - Гав – гав - гав! То5о, куобахчаан, ытаатын?
Куобах - Хайдах ытыам суо5ай? Мииигин албын саhыл дьиэбиттэн үүрэн таhаарда!
Ыт - Гав! Ытаама, куобахчаан! Мин эйиэхэ көмөлөһүөм!
Дьиэ5э тиийбиттэр, ыт үрэн ньиргийбит:
Ыт - Гав – гав - гав! Саhыл, куобах дьиэтиттэн та5ыс!
Саhыл дьиэ иhиттэн хаhытаабыт:
Саhыл - Ойон тахсыам да түүгүтүн тырыта тыытыам!
Ыт куттанан куотан хаалбыт. Куобахчаан эмиэ ытыы-ытыы суол устун хааман иhэн эhэни көрсүбүт:
Эhэ - То5о, куобахчаан, ытаатын?
Куобах - Хайдах ытыам суо5ай? Мииигин албын саhыл дьиэбиттэн үүрэн таhаарда!
Эhэ - Ытаама, куобахчаан! Мин эйиэхэ көмөлөһүөм!
Куобах - Суох, көмөлөспөккүн! Ыт үүрэ сатаабыта – үүрбэтэ5э, эн эмиэ кыайан үүрбэккин.
Эhэ - Мин үүрүөм!
Дьиэ5э тиийбиттэр, эhэ хаhытаабыт:
Эhэ - Ууу-ууу! Саhыл, куобах дьиэтиттэн та5ыс!
Саhыл дьиэ иhиттэн хаhытаабыт:
Саhыл - Ойон тахсыам да түүгүтүн тырыта тыытыам!
Эhэ куттанан куота турбут. Куобахчаан өссө күүскэ ытыы-ытыы суол устун хааман иhэн хотуурдаах бөтүүгү көрсүбүт:
Бөтүүк - Кук-ка-ре-куу! То5о, куобахчаан, ытаатын?
Куобах - Хайдах ытыам суо5ай? Мииигин албын саhыл дьиэбиттэн үүрэн таhаарда!
Бөтүүк - Ытаама, куобахчаан! Мин эйиэхэ көмөлөһүөм!
Куобах - Суох, көмөлөспөххүн! Ыт үүрэ сатаабыта – үүрбэтэ5э, эhэ үүрэ сатаабыта – үүрбэтэ5э, эн эмиэ сатаан үүрбэккин.
Бөтүүк - Мин үүрүөм!
Дьиэ5э тиийбиттэр, бөтүүк кынаттарынан сапсыммыт, ата5ынан тэпсэңнээбит уонна хаhытаабыт:
Бөтүүк - Кукареку-у! Сытыы хотуурбун сүгэн иhэбин, албын Саhыл, куобах дьиэтиттэн та5ыс!
Саhыл дьиэ иhиттэн хаhытаабыт:
Саhыл - Таңна турабын!
Бөтүүк өссө хаhыытаабыт:
Бөтүүк - Кукареку-у! Сытыы хотуурбун сүгэн иhэбин, албын Саhыл, куобах дьиэтиттэн та5ыс!
Саhыл дьиэ иhиттэн хаhытаабыт:
Саhыл - Былааппын баанабын!
Бөтүүк үһүстээн хаhыытаабыт:
Бөтүүк - Кукареку-у! Сытыы хотуурбун сүгэн иhэбин, албын Саhыл, куобах дьиэтиттэн та5ыс!
Саhыл түргэн үлүгэрдик дьиэттэн ойон тахсан суурэн бара турбут
Ол кэмтэн ыла Бөтүүктээх Куобах бииргэ дьуккаахтаhа олорор буолбуттар.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)
сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...
Зимнее развлечение «Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй» (на якутском языке)
сценарий зимнего развлечения...
Сценарий зимнего развлечения «Снеговик у нас в гостях» для детей младшего дошкольного возраста
Зимнее развлечение для детей младшего возраста....
Зимнее развлечения «Снеговик и Зимушка в гостях у дошколят» для старших и подготовительных дошкольников
Спортивная площадка украшена флажками, ориентиры для построения команд обозначены краской.Дети под музыку заходят на площадку и, пройдя по кругу за ведущим, выстраиваются по периметру.Инстру...
Конспект зимнего развлечения «Снеговик-спортсмен-озорник» для детей средней и младшей группа
Конспект зимнего развлечения «Снеговик-спортсмен-озорник» для детей средней и младшей группа...
Конспект зимнего развлечения "«Снеговики мы смелые, ловкие, умелые!»
Конспект зимнего развлечения в старших группах детского сада....
Сценарий зимнего развлечения "Снеговик - озорник" для детей старшей группы.
Спортивное развлечение в д/саду....