Новогодний праздник по сказке "Снегурочка" (на якутском языке)
материал (младшая группа) на тему

Сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Снегурочка" для младшего, среднего дошкольного возраста

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл khaarchaana_ml.sr_.gr_.docx30.26 КБ

Предварительный просмотр:

                                             «ХААРЧААНА»                       _.12.2014г.

Кыра,  орто бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий

                                   Оруоллар:

Улахан дьон:                                              О5олор:

Салайааччы                                             «Сулустар»

Моруос о5онньор                                    «Куобахтар»

Хаарчаана                                                 «Снеговиктар»

О5онньор

Эмээхсин

Реквизит: мас дьиэ, кылабачыгас хаардар

______________________________________

Ыытааччы тереппуттэри, ыалдьыттары э5эрдэлиир, о5олору заалга ынырар,

о5олор киирэн төгүрүччү тураллар)

ЫЫТААЧЧЫ - О5олоор, бүгүн биhиэхэ бырааhынньык – Саңа Дьыл! Көрүң эрэ, заалбыт хайдах курдук киэргэйбитин, биhиэхэ харыйа ыалдьыттыы кэлбит…  О5олоор, харыйабыт тугун бэрдэй, араас оонньуурунан киэргэммит, симэммит. Онтон уоттара то5о күлүмнүү умайбаттар? Харыйаттан көрдөhүөххэйиң – «1,2,3, харыйабыт уота ча5ылый!» (о5олор хатылыыллар, харыйа уота умайар)

        

                Чэйиң, бырааhынньыкпытын са5алыа5ын!

Хоhооннор 

хоровод «Саңа Дьыл»  

хоровод кэнниттэн о5олор олороллор

ЫЫТААЧЧЫ – Олус да үчүгэйдик ыллаатыбыт, хоhоон аахтыбыт, харыйабыт истэн үөрдэ буолуо.О5олоор, сотору күүтүүлээх ыалдьыппыт Тымныы Моруос о5онньор ыалдьытты кэлиэ, кэhиитин а5алыа….. Онтон бу кэрэчээн харыйабыт эмиэ остуоруйа кэhиилээх кэлбит эбит, чуумпуран олорон көрүөххэйиң….

ЫЫТААЧЧЫ – Арай биирдэ олорбуттара эбитэ үһү о5онньордоох эмээхсин, кинилэр

«Дьиэттэн» О5онньордоох Эмээхсин тахсаллар

О5онньор -  О-хо-хо!

Эмээхсин – Э-хэ-хэ!

О5онньор – Чуңкуйдуң дуо, эмээхсин?

Эмээхсин – Чуңкуйдум, о5онньор!

О5онньор – Онтон таhырдьа о5олор оонньуу сылдьаллар, ырыа ыллыыллар. Көрөргө олус да үчүгэй…

Эмээхсин – Биhиги сиэннээхпит эбитэ буоллар, кини эмиэ о5олору кытта оонньуо-көрүлүө этэ…

О5онньор – Таhырдьа тахсан көрүөххэ…

 ЫЫТААЧЧЫ – О5онньордоох эмээхсин таhырдьа тахсыбыттара о5олор  үөрүү-көтүү бө5ө, ырыа ыллыыллар, үңкүүлээн тэйэллэр..

Ырыа «Кыhын кэллэ»

«Хаардаах үңкүү » (үңкүү кэнниттэн о5олор хаардарын харыйа анныгар чөмөхтөөн уураллар)

О5онньор – Эмэхсин, онтон бу кылабачыгас хаартан бэйэбитигэр сиэн кыыста оңоруохха

Эмээхсин – Бу да о5онньор, ону-маны кэпсээн…

О5онньор – Онтон боруоба5а боруок суох, ба5ар туhа тахсыа….

(О5онньордоох эмээхсин хаары чөмөхтүүллэр, бүтэннэр таңаhынан бүрүйэллэр)

О5онньор – Олус да элбэх хаар түспүт, о5олор, кэлэн оонньооң!

Оонньуу «Хаары хомуй»  (о5онньор хаардаах иhити өрө ыhар, о5олор биирдии хаары ылан төптөрү иhиккэ угаллар)

(оонньуу кэмигэр биллибэтинэн Хаарчаана «хаар чөмө5үн» анныгар  киирэн олорор)

Эмээхсин – О5онньор, кэл…  Көр эрэ, хаарбыт хамсыыр дии

(Таңаhы арыйбыттара  Хаарчаана тахсар кэлэр.

О5онньордоох эмээхсин соһуйаллар, үөрэллэр.)

О5онньор – Олус да кэрэ кыысчаан!

Эмээхсин – Бу биhиги сиэммит дуо? Тугун бэрдэй!

О5онньор – Ким диэн ааттыыбыт сиэммитин?

Эмээхсин – Хаартан чочуйан(?) оңоhуллубутун иhин Хаарчаана диэн аатыахха!

Хаарчаана – Дорообо эбээ, дорообо эhээ! Мин эhиэхэ көмөлөһүөм, дьиэни-уоту хомуйоум, уута баhан а5алыам, чээйдэ өрүөм.

(Биэдирэ ылан уу баhа барар)

ЫЫТААЧЧЫ – Хаарчаана уу баhа барбыт, арай көрбүтэ о5о бө5ө оонньуу сылдьар эбит.

Хаарчаана -  Тула бары үөрэллэр-көтөллөр, арай миигин  ким да ыңырбат.

ЫЫТААЧЧЫ – О5олоор, Хаарчаананы оонньууга ыңырыа5ың

Оонньуу « »

Хаарчаана – Эhигини кытта онньуу сылдьар олус да үчүгэй эбит, өссө да оонньуохха, ол да буоллар мин Эбээлээх Эhээбиттэн көңүллэттэн кэлиэм (биэдирэтин ылан дьиэ5э барар о5онньордоох эмээхсин дьиэттэн утары тахсаллар)

Хаарчаана – Эбээ, Эhээ, о5олору кытта оонньуу барарбын көңүллээң.

О5онньор – О5олору кытта баран оонньоо, оонньоо

Эмээхсин – Сэрэнэн сырыт, ыраах барыма, мунан хаалыаң (О5онньордоох эмээхсин илиилэринэн сапсыйаллар)

Хаарчаана – (хааман иhэн саңарар) Өр да хаамтым, до5отторбуттан хаалан хааллым. Ау! Ау! Ким да суох…. Арай үөhээ халлааңңа сулустар күлүмнүүллэр. Сулусчааннар, сулусчааннар, халлаантан  түһэн миэхэ көмөлөһүң, суолбун сырдатың!

«Сулусчааннар үңкүүлэрэ» (үңкүү кэнниттэн «сулустарын» Хаарчаана5а биэрэллэр)

Хаарчаана – Сулусчааннар, дьүөгэлэрим, көтөн кэлэн абыраатыгыт да5аны, куттаммытым ааста… Дьиэбин хайдах булабын, хайа диэки барабын?

ЫЫТААЧЧЫ – Хаарчаана, куттаныма. Манна, тыа5а, кыыллар бааллар, кинилэри ыңырыахха. Куобахчааннар, кэлиң, Хаарчаана5а көмөлөһүң.

Куобахтар тахсаллар, ырыа ыллыыллар.

Ырыа «Куобахчаан»

«Куобахтар үңкүүлэрэ»

Хаарчаана – Куобахчааннар, мин дьиэбэр хайдах тиийэбин?

Куобахтар – Оол онно, тыа са5атыгар, муус дьиэ баар. Онно бар.

Хаарчаана – Ол диэ5э ким олороруй?

Куобахтар – Тымныы Моруос о5онньор!

ЫЫТААЧЧЫ -  Хаарчаана, ыксаа, Тымныы Моруос о5онньор о5олорго бараары хомунан эрдэ5э буолуо.

Хаарчаана – Сулустарынан сырдатан ол дьиэни көрдүү бардым (барар)

ЫЫТААЧЧЫ – Ол кэмңэ О5онньордоох Эмээхсин сиэннэрин сүтүктээннэр көрдүү барбыттар  

(Дьиэттэн О5онньордоох Эмээхсин тахсаллар)

О5онньор – Сиэммит кыыс Хаарчаана ханна бааргыный, ау!

Эмээхсин – Аны ким биhиэхэ уу а5алар, ким ырыа ыллыыр?        

ЫЫТААЧЧЫ – Долгуйумаң, долгуйумаң! Истэ5ит дуо, чуораан тыаhыыр, ким эрэ атынан айаннаан иhэр. Арааhа, Тымныы Моруос быhылаах. Бары ыңырыа5ың кинини.

О5олор ыңыраллар, Тымныы Моруос Хаарчааналыын тиийэн кэлэллэр

Моруос – Эhэ-hээй! Дорооболоруң!

О5онньордоох Эмээхсин – ТымныыМоруос, махтал, Хаарчаананы а5албыккар!

ЫЫТААЧЧЫ – О5олору кытта хаалан бырааhынньыктаан, оонньооң-көрүлээң.

(О5онньордоох Эмээхсин о5олор быыстарыгар киирэн олороллор)

Моруос – Саргылаах Саңа Дьыл салаллан кэлбитинэн бары о5олору, ыалдьыттары э5эрдэлиибин! Чэйиң эрэ, о5олор, бырааhынньыктаа5ы хоробуокка туруо5уң!

Хоровод «Шел по лесу Дед Мороз»

Моруос – Олус үчүгэйдик ыллаатыгыт, үңкүлээммин ууллаары гынным.

ЫЫТААЧЧЫ- О5олор, Моруоспут ууллаары гыммыт, бары бииргэ кинини үрүө5үң! (о5олор бары үрэллэр) Моруос, ыраахтан кэлэн сылайбытын буолуо, олорон сынньан, о5олор эйиэхэ хоhоон аа5ыахтара.

Хоhооннор

ЫЫТААЧЧЫ – Тымныы Моруос, о5олору аралдьытан, оонньуута толкуйдуурун буоллар?

Моруос – Мин оонньуурбун дьэ сөбүлүүбүн!

Оонньуу (Моруос харыйа диэки хайаhан турар, 10 дылы аа5ар, о5олор тюль кэннигэр саhаллар. Моруос о5олору көрдүүр, олоппостор анныларын, харыйа кэннигэр көрөр, төрөппүттэртэн ыйыыталаhар. Онтон тюль диэки барар, «Манна кимнээх харахтара ча5ылыйар? Кимнээх атахтара көстөрүй?» Тюлю арыйар: «Бу бааллар эбит дии, о5олорум», о5олору булан ылар)

ЫЫТААЧЧЫ: Моруос, онтон о5олору эн тугунан күндүлүүгүн?

Моруос – Мин билигин о5олорго, түргэнник улааттыннар диэн, аптаах хааhы буhарыам. Миэхэ  наада улахан күөс, бурдук, сахар….

Остуолга улахан күөс (иhигэр подароктар, ортотугар кыра миискэ конфеттилаах), бутафорскай коробкалар «бурдук», «сахар», «туус» диэн суруктаахтар…)

Моруос хааhытын «буhарар», миискэттэн конфеттины хамыйа5ар баhан ылан үрэр

Моруос – Хааhыбытыгар Хаар тиийбэт эбит. Чэйиң эрэ, о5олор, миэхэ көмөлөһүң, хаарда а5алың.

Оонньуу «Хаарда а5ал»

Моруос – Чэйиң эрэ, көрүөххэйиң, төһө бэрт хааhыны буhарбыт эбиппиний!

Моруос хааhытын булкуйар, хамыйа5ар подарогы баhан таhаарар

Моруос – О5олор, көрүң, биhиги хаардарбыт туохха кубулуйбуттарый?! Подарок буолан буhан тахсыбыттар!

Подарок биэриитэ.

Хаартыска5а түһүү

Моруос – Барар кэммит тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлиэхпит!

Хаарчаана – Саңа Дьылынан!

Моруос – Көрсүөххэ диэри!


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)

«Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...

Новогодний праздник " Аптаах хаар чеме5е" (на якутском языке)

Сценарий новогоднего праздника для старших дошкольников...

8 марта "день подарочный, сюрпризный" (на якутском языке)

сценарий утренника к 8 марта  для средней группы...

8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)

сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...

Сценарий новогоднего утренника (на якутском языке)

Сана дьыллаагы утренник сценарийаТемата: «Мультик геройдара сана сыл бэлиэтин (символын) эбисийээнэни кордооьуннэрэ».Зал киэргэммит. Музыка тыаьыыр. Оголор киирэн олороллор. Эбисийээнэлэр залга с...

Сценарий новогоднего утренника на якутском языке, средняя группа

laquo;ХААРЧААНА»Орто бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий Оруоллар:Улахан дьон:...