8 марта "день подарочный, сюрпризный" (на якутском языке)
материал (средняя группа) по теме
Предварительный просмотр:
«ДЕНЬ ПОДАРОЧНЫЙ, СЮРПРИЗНЫЙ»
Ийэ күнүгэр аналлаах орто бөлөх о5олоругар бырааhынньык
Кыттыыны ылаллар:
Ведущай.
Куобахчаан.
Реквизит: 1улахан кыраhыабай коробка, ийэлэр «ба5а санаалара» суруллубут 4-5 снежинка, Снежнай Королева куолаhа уhуллубут аудиозапись, икки араас өңнөөх 8-10 сибэккилэр, лего деталлара, фантиктар, 2 солурчах, 2 коробка, 2 пирамида, 2 пачка макарон, 2 кыра пакет хортуопуй, 2 үүт бытыылката, 2 корзина, былаат.
Ыалдьыттар киирэн олороллор, музыканан о5олор чэпчэкитик сүүрэн киирэллэр
Ведущий - Күндү ийэлэр, эбээлэр, иитээччилэр! Бу бүгүңңү үөрүүлээх — сааскы бастакы бырааhынньыгынан, кулун тутар 8 күнүнэн эhиэхэ э5эрдэ буолуохтун! Санаабыккыт салалыннын, үөрүүгүт үксээтин, дьол-соргу тосхойдун, доруобуйа баар буоллун!.. Бэйэлэрин э5эрдэлэрин этэллэр...(о5олор ааттара).
Хоhооннор
Ырыа «Мы запели песенку»
Ведущий - Күндү ийэлэр, эбээлэр! О5олор бу күнү олус диэн кэтэспиттэрэ уонна эhиэхэ анаан бэйэлэрин илиилэринэн бэлэх оңорбуттара. Бэлэхтэрбитин бу кыраhыабай коробка5а укпуппут, чэйиң эрэ, арыйан көрүө5үң....
коробканы арыйар, «тыал» тыаhа иhиллэр, куолас иhиллэр:
Куолас — «О5олор ийэлэригэр, эбээлэригэр бэлэх оңорбуттар, онтон миигин, Снежнай Королеваны, кыhын ааста диэн эмиэ умнан кэбиспиттэр, ким да миэхэ бэлэх оңорботох! Ол иhин эhиги бэлэхтэргитин мин барытын хаарга кубулуттум! Өскөтүн бу хаардары ууллардаххытына, бэлэхтэргитин төннөрүөм»
Ведущий — О5олор, кырдьык да5аны, бэлэхтэрбит хаарга кубулуйбуттар... (арыйан көрөр) Чэ, санаа5ытын түhэримэң, Снежнай Королева туох диэбитэй?... Бу снежинкалары уулларарга биhиги маамаларбыт көмөлөhүөхтэрэ, ийэлэрбит ба5а санааларын толордохпутуна, ийэ сылаас таптала барытын уулларыа.
(1 снежинканы уол о5о ийэтигэр таhаартаран аахтарар):
«Мин ба5арабын, о5ом саллаат курдук хорсун санаалаах буола улааттын».
Ведущий – Билигин биhиги уолаттарбыт ыллаан, үңкүүлээн көдөүөхтэрэ.
ырыа «Бравые солдаты» озд.гр.
үңкүү «Яблочко» кратк.гр.
Ведущай салгыы снежинкалары ийэлэргэ таhааран аахтарар
2 снежинка: «Миэхэ билигин сибэкки бэлэхтээтэхтэринэ олус үөрүөм этэ»
оонньуу «Сибэкки дьөрбөтө» Оонньууга икки ийэ кыттар ,кинилэргэ кыhыл эбэтэр ара5ас өңнөөх сибэкки биэрэллэр, сибэккилээх о5олор музыканан чэпчэкитик сүүрэллэр. Музыка тыаhаан бүттэ5инэ ара5ас өңнөөх сибэккилээх ийэ тула ара5ас сибэккилээх о5олор туруохтаахтар, кыhыл сибэккилээх ийэ тула кыhыл сибэккилээх о5олор тураллар.
Ведущай салгыы эбээ5э аахтарар:
3 снежинка: «Эйэ5эстэй эбээлэрин о5олор күүскэ таптаатыннар, ытыктаатыннар»
Ырыа «Эбээ» оздор.гр.
4 снежинка: «Мин ба5арабын о5ом мин тылбын истэригэр».
Ытыы-ытыы Куобахчаан киирэр
Куобахчаан — Маа-ма, маа-ма, ау! Ханна бааргыный?
Ведущий — Куобахчаан, туох буоллуң, то5о ытаатың?
Куобахчаан — Мин мунан хааллым, маамам ыраах барыма диэбитэ, ону мин кини тылын истибэтэ5им...
Ведущий — Куобахчаан, ийэлэр тылларын о5олор истиэхтээхтэр, эн оонньуурдаргынан оонньоон баран хомуйааччын дуо? Биhиги о5олорбутуттан көрөн үөрэн.
Оонньуу «Оонньуурдары хомуй» (заал икки часка аңаарданар, оонньууга кытталлар 2 о5о ийэлэрин кытта. Ханнык команда түргэнник хомуйар эбит: пирамиданы сааhылаан, конструкторы коробка5а, фантиктары солуурчахха)
Оонньуу «Перенеси мамины покупки» (оонньууга икки команда кыттар, бастакы о5о сүүрэн тиийэн остуолга корзинкаттан биир аhылыгы таhааран уурар,төптөрү сүүэр, корзинкатын салгыы иккис о5о5о биэрэр, иккис о5о корзинаттан эмиэ биир аhылыгы таhаарар…)
Куобахчаан өссө күүскэ ытыыр
Ведущий — Куобахчаан, ытаама, булуохпут эн маама5ын, эн маамаң хайда5ый?
Куобахчаан — Мин мамам олус кырасыабай, кини үтүө-эйэ5эс майгылаах, минньигэстик астыыр уонна уhун кулгаахтаах.
Ведущий — Биhиэхэ манна элбэх маамалар бааллар, кинилэр быыстарыгар эн маама5ын көрдүөхпүт.
Оонньуу «Ийэ5ин таай» (уолаттар ийэлэрэ сцена5а тахсан олоппосторго олороллор, уол о5о5о хара5ын баайаллар, ийэтин таайыахтаах батта5ыттан, илиититтэн, таңаhыттан. Салгыы кыргыттар ийэлэрин кытта оонньууллар)
Бүтэhик Куобахчаан оонньуур, ол кэмңэ Ийэ-Куобах киирэн
оонньууга кыттыhар. Куобахчаан маматын булан үөрэр
Ийэ-Куобах — Куобахчааммын булан олус үөрдүм!
Ведущий — О5олор бары ийэлэргэ анаан ырыаа ыллыахтара
ырыа «Барыбыт ийэлээхпит»
Ведущий — салгыы снежинкаларбытын уулларыаххайын
коробканы арыйар, тыал тыаhы иhиллэр, куолас саңарар
Куолас – «Ийэ сылаас таптала мин тымныыбын уулларда, миигин бүгүн кыайда. Бэлэхтэргитин төннөрөбүн. О5олоор, ийэлэргитин, эбээлэргитин таптааң, харыстааң»
Ведущий - Күндү ийэлэр, эбээлэр, о5олор эhиэхэ анаан бэйэлэрин илиилэринэн оңорбут оңоhуктарын бэлэхтиэхтэрин ба5араллар.
Ийэ-Куобах — Онтон мин эhиэхэ минньигэс бэлэх бэлэмнээтим, минньигэстик аhааң!
Ведущий — Манан биhиги көрдөөх-нардаах утренникпыт бүтэр.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)
«Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...
Новогодний праздник по сказке "Снегурочка" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Снегурочка" для младшего, среднего дошкольного возраста...
Новогодний праздник " Аптаах хаар чеме5е" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника для старших дошкольников...
8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)
сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...
Зимнее развлечение «Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй» (на якутском языке)
сценарий зимнего развлечения...
Зимнее развлечение «Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй» (на якутском языке)
сценарий зимнего развлечения...
развлечение "Осень" (на якутском языке)
сценарий развлечения "Осень)...