Новогодний праздник " Аптаах хаар чеме5е" (на якутском языке)
материал (подготовительная группа) на тему
Сценарий новогоднего праздника для старших дошкольников
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
novyy_god_aptaakh_khaar_cheme5e.doc | 70.5 КБ |
Предварительный просмотр:
«АПТААХ ХААР ЧӨМӨҔӨ» 24.12.2013г.
Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий
Оруоллар:
Улахан дьон: О5олор:
Салайааччы «Спанч Баб» м/ф геройдара
Моруос о5онньор «Мадагаскар» м/ф геройдара
Хаарчаана
Ведьма
Спанч Боб
Зебра, Лев
________________________________________
Ведущай тереппуттэри, ыалдьыттары э5эрдэлиир, о5олору заалга ынырар,
о5олор киирэн төгүрүччү тураллар)
ЫЫТААЧЧЫ - О5олоор, бүгүн биhиэхэ бырааhынньык – Саңа Дьыл! Көрүң эрэ, заалбыт хайдах курдук киэргэйбитин, биhиэхэ харыйа ыалдьыттыы кэлбит…
Чэйиң, бырааhынньыкпытын са5алыа5ын! Харыйабыт уотун уматыа5ың! Хатылааң - «Биир, икки, үс, харыйа уота ча5ылый!»
(о5олор хатылыыллар, елка уота умайар)
- хоровод «Лаглайбыт күөх харыйачаан» (бары группалар)
Хоhооннор - ст.гр.
- Ырыа «Ёлочка- елка» - ст. гр.
хоровод кэнниттэн о5олор олороллор,
харыйа5а сот.телефон ыйанан турар, тыаhыыр
САЛАЙААЧЧЫ – О5олоор, чуумпуран олорон истиң эрэ, туох тыаhыырый?
(«Көрдөөн» телефону уонна аптаах хаар чөмө5үн булар, «кэпсэтэр»)
Телефон (запись) – Дорооболорун, о5олоор! Биллигит дуо миигин?.... мин Тымныы Моруос о5онньорбун, Саңа Дьылынан э5эрдэлиибин! Бары о5олорго бэлэх бэлэмнээн, мастары, хонуулары хаарынан бүрүйэн эhиэхэ дьыссаакка хойутаары гынным. Эhигини манна ыалдьыттыы ыңырабын, бу аптаах хаар чөмө5үн сирдэтэн миэхэ тиийэн кэлээриң, күүтэбин!
САЛАЙААЧЧЫ – Сөп, сөп, өйдөөтүбүт. О5олоор, Моруос о5онньорго ыалдьыттыы барабыт дуо? (о5олор …..) Моруос о5онньор, сотору биhиги тиийиэхпит!
(ити кэмңэ Ведьмочка үөмэн киирэн аптаах хаар чөмө5үн былдьаан ылар, күлэр)
ВЕДЬМОЧКА – Моруос о5онньорга бараары бэлэмнэннигит дуо?! Биэриэм суо5а бу аптаах хааргытын! Утю-тю-тю, ытаары гынныгыт дуо? Чэ, Моруос о5онньорго эhигини илдьиэм! (заклинание аа5ар, хамсаныы онорор) Эни-бэни-…..аптаах хаар Моруоска илт!
(Халлаан күөх таңаhы (уу бэлиэтэ), тутан баран заалы эргиччи сүүрэр,
русалка мааскалаах ср.ст.гр. кыргыттарын хомуйтуур,
ол бириэмэ5э ведущай ленталары бэлэмниир. )
- Русалочкалар - ленталаах үңкүү (бүтэннэр миэстэлэригэр олороллор)
САЛАЙААЧЧЫ – Ханна-ханна кэллибит? Манна олус диэн сииктээх, ынча5ай. Биhиги мунан хааллыбыт быhылаах…
ВЕДЬМОЧКА – Ээ, бэйэм да билбэппин, эhигини ханна а5албыппын. Э-hэ-hээй, ким манна саамай главнайый???
Морской мааскалаах о5олор сүүрэн тахсаллар (ст.гр)
О5о – Эhиги муора олохтоохторугар кэллигит, биhиги главнайбыт – Спанч Боб!
Музыка тыаhыыр, Спанч Боб киирэр, о5олору кытта уңкүү хамсаныытын оңорор.
- Спанч Боб о5олору кытта үңкүү
СПАНЧ БОБ – Привет, привет! Мин Губка Боб квадратные штаны диэммин, онтон эhиги кимнээхтэргитий, то5о манна кэллигит?
САЛАЙААЧЧЫ – Биhиги Тымныы Моруоска Саңа Дьыллы баран иhэбит, бу Ведьманы истэн атын сиргэ тиийэн хааллыбыт.
ВЕДЬМОЧКА – Миигин буруйдаатыгыт дуо?! Оччо5уна бэйэ5ит көрдөөн!
(харыйа кэннигэр саhар)
СПАНЧ БОБ – Моруос диэни истибэтэ5им, кимий ол? Манна муора сулустара, муора аттары, осьминогтар эрэ бааллар.
САЛАЙААЧЧЫ – Тымныы Моруос Саңа Дьылга кэлэр уонна барыларыгар подарок бэлэхтиир.
СПАНЧ БОБ – Онтон Саңа Дьыл диэн тугуй?
САЛАЙААЧЧЫ – О5олор билигин эйиэхэ Саңа Дьыл диэн тугун кэпсиэхтэрэ.
Хоhооннор - подг.гр.
- Ырыа «Саңа Дьыл бэлиэтэ» - подг. гр.
СПАНЧ БОБ – Олус үчүгэйдик ыллыыгыт, хоhоон аа5ар эбиккит, онтон мин эhигини кытта оонньуохпун ба5ардым!
- Оонньуу «Буги-буги (бары)
СПАНЧ БОБ - Саңа Дьыл диэн олус үчүгэй эбит, мантан ыла биhиги эмиэ Саңа Дьылы көрсөр буолуохпут. Онтон эhиги Моруос о5нньорго үчүгэйдик айаннаан тиийиң.
САЛАЙААЧЧЫ – Кырдьык да5аны, Тымныы Моруос кэтэстэ буолуо…. Ведьмочка, чэ кэл, аптаах хаарбытын а5ал!
ВЕДЬМОЧКА – Син биир миигинэ суох ханна да барбаккыт, ба5ардахпына эhигини манна хааллартыам, ба5ардахпына илдьэ барыам!.... чэ, айаннаатыбыт, тоңнум а5ай бу дойдуга, таңаhым дэлби илийдэ… Эни-бэни-…..аптаах хаар Моруоска илт! …(заклинание аа5ар, хамсаныы онорор)
САЛАЙААЧЧЫ – hуу… Туох ааттаах сылааhай, дэлби итииргээтим… (Ведьмочка5а) Ханна-ханна эмиэ тиийдибит?
ВЕДЬМОЧКА – Ха-ха-ха… Көрдөөң-көрдөөң, ба5ар Тымныы Моруос манна баара буолуо… Ха-ха-ха…
Ведьма күлэ-күлэ куотан тахсар
Музыка тыаhыыр, Хахай -Алекс, Зебра-Марти киирэллэр
ХАХАЙ – Эй, кыргыттар уонна уолаттар!
ЗЕБРА – Уонна маамалар, паапалар!
ИККИЭН – Эhигини Мадагаскар тусовка э5эрдэлиир!!!
ХАХАЙ – Бүгүн ким да ытаабат!
ЗЕБРА – Бары туран үңкүлээтибит! (подг.гр о5олорун туруортуур)
- Үңкүү “i like to move it” (үңкүү кэнниттэн о5олор олороллор)
ХАХАЙ – Дорооболуң, о5олоор! Мин – Алекспын!
ЗЕБРА – Онтон мин – Мартибын
ХАХАЙ, ЗЕБРА – Көрсөр эhигини – Мадагаска-а-ар!!!
САЛАЙААЧЧЫ – О5олоор, биhиги итии дойдуга, Мадагаскаарга, тиийэн кэлбиппит. Тымныы Моруоспут манна баара буолуо дуо? (О5олор эппиэтэрэ….)
ХАХАЙ – Кими көрдүүгүт?
САЛАЙААЧЧЫ – Биhиги Тымныы Моруос о5онньору көрдүүбүт, ол гынан баран кини манна точно суох. Манна даже хаар да суох, онтон Тымныы Моруос итиини тулуйбат.
ХАХАЙ, ЗЕБРА – Тугуй ол «кыhын» диэн, уонна «хаар» диэн тугуй?
САЛАЙААЧЧЫ – Оо, кыhын диэн олус үчүгэй, о5олор билигин ол туhунан ыллаан иhитиннэриэхтэрэ.
- Ырыа «Кыhын кэллэ» - ст.гр
- Ырыа «Зимушка» - подг.гр
САЛАЙААЧЧЫ – Кыhын элбэх хаар түстэ5инэ о5олор хаарынан оонньуулларын сөбүлүүллэр.
ХАХАЙ, ЗЕБРА – Биhиги эмиэ ооньуурбутун олус астынабыт.
САЛАЙААЧЧЫ – Чэ, оонньуубутун са5алыыбыт. 2 команда5а арахсабыт….
10. Оонньуу «Игра в снежки» - бары
оонньуу бүтүүтэ Ведьмочка тахсан бэйэтин аптаах хаарынан ХАХАЙЫ быра5ар
ХАХАЙ – Оо, миэхэ саамай кырасыабай хаар, бу көрүң, көрүң!
САЛАЙААЧЧЫ – Бу биhиги аптаах хаарбыт, Тымныы Моруос о5онньор суолбутун сирдээтин диэн биэрбитин Ведьмочка былдьаан ылбыта. Моруос о5онньор биhигини кэтэстэ буолуо, сүтэрэн ыксаан эрэрэ буолуо.
ЗЕБРА – Мин биир заклинание билэбин, түргэнник кэлэн төгүрүччү турдубут уонна бу аптаах хаары бэйэ-бэйэ5итигэр биэрэ5ит, хаарбыт эргийэн кэллэ5инэ дьиэ5итигэр тиийиэххит, онтон биhиги манна, Мадагаскарга, хаалабыт. Чэ, са5алаатыбыт!
Музыка тыаhыыр, о5олор хаары бэрсэллэр, Хахай, Зебра тахсан бараллар.
Телефон тыаhа иhиллэр
САЛАЙААЧЧЫ – Истиң эрэ, телефоммут эмиэ тыаhыыр, ол аата диэссааппытыгар тиийэн кэлбиппит, олорудубут эрэ түргэнник, уонна Тымныы Моруос туох диирин истиэххэйиң… (телефонунан кэпсэтэр) Алё, алё, Тымныы Моруос, биhиги эйиэхэ сатаан тиийбэтибит…
Телефон (запись) – О5олоор, мин эhигини кэтэhэ сатаан баран Хаарчааналыын эhиэхэ айаннаан иhэбит, чугаhаатыбыт.
Музыка тыаhыыр, коридортан Моруос куолаhа иhиллэр: «Эһэ-һээй», киирэн кэлэллэр.
МОРУОС - Эгэ-гей! Дорооболоруң мин кыра до5отторум!
ХААРЧААНА – Саргылаах Саңа Дьыл салаллан кэлбитинэн!
МОРУОС –Саңа Дьылынан, Саңа Дьолунан!
САЛАЙААЧЧЫ – Тымныы о5онньор, олоро түс, сынньан. Онтон о5олор эйиэхэ ырыа ыллыахтара.
11. Ырыа «Моруос кэллэ» - подг.гр
12. Хоробуот «Кэрэчээн харыйа» - ст.гр
13. Оонньуу «Ой, что за народ»
ХААРЧААНА – Кырдьык да, таhырдьа тымныыйбыт, онтон мин дьүөгэлэрим халыңнык таңнан баран оонньууллар, үңкүүлүүллэр.
14. Үңкүү «Валенки» - подг.гр Нина, Милана
САЛАЙААЧЧЫ – Тымныы Моруос, Хаарчаана, о5олорго кэhиигитин бэлэмнээбиккит дуо?
МОРУОС – Бэлэмнээн, бэлэмнээн. Аптаах хаарым ханна баарый? А5алың эрэ манна…
Моруос Хаарчааналыын аптаах хаары төкүнүтэллэр,
харыйа анныттан иhигэр подароктаах хаар чөмө5үн төкүнүтэн таhаараллар
МОРУОС – Саңа Дьылга аптаах хаарбыт подарокка кубулуйар!!!
Моруос Хаарчааналыын кэhиилэрит түңэтэллэр
Хаартыска5а түhүү
МОРУОС – Барар кэммит тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ тиийэн кэлихпит!
ХААРЧААНА - Саңа Дьылынан!
МОРУОС – Көрсүөххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)
«Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...
Новогодний праздник по сказке "Снегурочка" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Снегурочка" для младшего, среднего дошкольного возраста...
8 марта "день подарочный, сюрпризный" (на якутском языке)
сценарий утренника к 8 марта для средней группы...
8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)
сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...
Сценарий новогоднего утренника (на якутском языке)
Сана дьыллаагы утренник сценарийаТемата: «Мультик геройдара сана сыл бэлиэтин (символын) эбисийээнэни кордооьуннэрэ».Зал киэргэммит. Музыка тыаьыыр. Оголор киирэн олороллор. Эбисийээнэлэр залга с...
Сценарий новогоднего утренника на якутском языке, средняя группа
laquo;ХААРЧААНА»Орто бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий Оруоллар:Улахан дьон:...
Сценарий новогоднего праздника "Аптаах тугэн"
Новогодний сценарий для детей 2 младшей группы на якутском языке....