новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)
материал (старшая группа) по теме
«Аптаах Саңа Дьыл»
Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий
Оруоллар:
Улахан дьон: О5олор:
Салайааччы папуастар - африка
Моруос о5онньор санта клаустар - америка
Хаарчаана восточнай кырасаабыссалар - восток
Баба-Яга Падишах, слугалар
(туттуллар атрибуттар - картонтан оңоhуллубут чаhы (циферблата туспа сыhыарыллар, 3 чааска кыырпахтаммыт)
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
новогодний праздник | 31.09 КБ |
Предварительный просмотр:
«Аптаах Саңа Дьыл»
Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий
Оруоллар:
Улахан дьон: О5олор:
Салайааччы папуастар - африка
Моруос о5онньор санта клаустар - америка
Хаарчаана восточнай кырасаабыссалар - восток
Баба-Яга Падишах, слугалар
(туттуллар атрибуттар - картонтан оңоhуллубут чаhы (циферблата туспа сыhыарыллар, 3 чааска кыырпахтаммыт)
Бэhиэлэй музыканан до5уhуоллатан маскарадтаах о5олор киирэллэр
ЫЫТААЧЧЫ: Сылы быhа кэтэспит кэллэ күндү кэммит, күлүмүрдүүр харыйалаах Саңа Дьылбыт, аптаах кэрэ киэhээбит!
Хоhооннор
Ырыа «Саңа Дьылынан»
Ырыа «Что такое новый год?» (Миша В)
Хаарчаана киирэр
ХААРЧААНА: Дорооболоруң, о5олор, Саңа Дьылынан, саңа дьолунан! Кэллим мин эhиэхэ бырааhынньыкка ыалдьыттыы, аптаах киэhээни бэлэхтии. Онтон бу кэрэчээн харыйа уота умайбакка турар эбит, миигин хатылааң: «Биир, икки, үс – харыйабыт уота сандаар!»
Аптаах палочкатынан харыйа тула сылдьан далбаатыыр, лабааларын, оонньуурдарын таарыйар – харыйа уота умайар.
Хоровод «Аптаах саңа дьыл»
ХААРЧААНА – Уой, о5олор, олох умнан кэбиспиппин дии, мин эhиэхэ кэhиилээх кэлбитим. А5аллым мин эhиэхэ саңа дьыллаа5ы чаhыыны, саңа сыл үүнүүтэ ким бу чаhыы тыаhын истибит дьоллоох буолуо5а. (арыйар, көрбүттэрэ чаhы циферблата суох)…
ЫЫТААЧЧЫ: О5олор, чаhыыбыт хайдах буолбутуй, туга тиийбэтий?
(О5олор сыыппаралара, стрелката суох диэн этэллэр)
Күлэ-күлэ Баба-Яга киирэр.
БАБА-ЯГА: Ха-ха-ха…Ити мин алдьаппытым, кыырпахтарын араас дойдуларынан тыалы кытта көтүппүтүм. Кыырпахтары булбаккыт, чаhыыны онорбоккут – оччого Саңа Дьыл буолбат, тымныыы о5онньор кэлбэт. Ха-ха-ха… (барар)
ЫЫТААЧЧЫ: Хаарчаана, оччо5о Саңа Дьыл буолбат дуо? Онтон о5олор бырааhынньыкка бэлэмнэммиттэрэ, Тымныы Моруоhу олус кэтэспиттэрэ…
ХААРЧААНА: Санаар5аамаң, тугу эбит толкуйдуохпут… Мин биллим, о5олор, араас дойдуларынан айанныахпыт, кыырпахтарын булуохпут, чаhыыбытын оңоруохпут!
ЫЫТААЧЧЫ: Хайдах, тугунан айаннаан тиийэбит?
ХААРЧААНА: Баар миэхэ аптаах ковер-самолёт (а5алан тэнитэр), о5олор кэлэн бары манна турдубут, илиигититтэн тутуhуң, көттүбүт!
(о5олор коверга тураллар, уот хараңарар, папуас о5олор бэлэмнэнэллэр)
ЫЫТААЧЧЫ: Ханна эрэ тиийэн кэллибит, манна кимнээх бааллара буолуой?
Музыка тыаhыыр, папуастар киирэллэр, үңкүүлүүллэр.
«Папуастар үңкүүлэрэ»
ХААРЧААНА: О5олор, биhиги Африка5а көтөн кэллибит, папуастар эмиэ саңа дьылы көрсөллөр эбит.
ЫЫТААЧЧЫ: Үтүө күнүэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах Саха сириттэн аптаах сана дьыллаа5ы чаhыыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.
Папуас – Бу маны көрдүүгүт дуо? (моонньугар быа5а иилинэ сылдьар) Кыhын диэн тугун кэпсээтэххитинэ биирдэ биэриэхпит.
Хоhоон
Ырыа «Африка5а кыhын суох»
Папуас – Чаhыыгыт кыырпа5ын төптөрү биэрэбит.
Хаарчаана кыырпа5ы ылар
ХААРЧААНА: Салгыы айаннаатыбыт, о5олор кэлэн бары коверга турдубут, илиигититтэн тутуhуң, көттүбүт!
(о5олор коверга тураллар, уот хараңарар, Санта-Клаус о5олор бэлэмнэнэллэр)
Үңкүү «Санта клаус»
ХААРЧААНА: О5олор, биhиги Америка5а көтөн кэллибит, Санта Клаус дойдутугар, биhигини кини бырааттар көрүстүлэр.
ЫЫТААЧЧЫ: Үтүө күнүэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах Саха сириттэн аптаах сана дьыллаа5ы чаhыыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.
Санта К. - Бу маны көрдүүгүт дуо? (моонньугар быа5а иилинэ сылдьар) Саха Сиригэр Саңа Дьылы хайдах көрсөллөрүн кэпсээтэххитинэ биирдэ биэриэхпит.
Хоhоон
Ырыа «Остуоруйа киэhээтэ» (Аэлита, Аина)
Санта К. - Чаhыыгыт кыырпа5ын төптөрү биэрэбит.
Хаарчаана кыырпа5ы ылар
ХААРЧААНА: Салгыы айаннаатыбыт, о5олор кэлэн бары коверга турдубут, илиигититтэн тутуhуң, көттүбүт!
(о5олор коверга тураллар, уот хараңарар, восточнай красавицалар, шах бэлэмнэнэллэр)
Үңкүү «Восточнай»
ХААРЧААНА: О5олор, биhиги Илиңңи дойдуга көтөн кэллибит, манна эмиэ саңа дьылы көрсөллөр эбит.
ЫЫТААЧЧЫ: Үтүө күнүэн! Биhиги тымныы кыhыннаах ыраах Саха сириттэн аптаах сана дьыллаа5ы чаhыыбыт кыырпахтарын көрдүү кэллибит.
Шах – Бу маны көрдүүгүт дуо? (моонньугар быа5а иилинэ сылдьар) Миигин дьэ кыhыңңы оонньуунан аралдьыттаххытына биирдэ биэриэм.
Оонньуу
Шах – Чаhыыгыт кыырпа5ын төптөрү биэрэбит.
Хаарчаана кыырпа5ы ылар
ХААРЧААНА: Кыырпахтарбытын барытын буллубут, дьиэбитигэр айаннаатыбыт, о5олор кэлэн бары коверга турдубут, илиигититтэн тутуhуң, көттүбүт!
(о5олор коверга тураллар, уот хараңарар)
ЫЫТААЧЧЫ: Дьэ детсаапытыгар тиийэн кэллибит. Билигин чаhыыбытын оноруохпут, Саңа Дьылбыт буолуо, Тымныы Моруоспут тиийэн кэлиэ.
Хаарчаана кыырпахтары ылан чаhыыга хатыыр.
Куранты тыаhыыр, Музыканан Тымныы Моруос киирэн кэлэр.
ТЫМНЫЫ МОРУОС: Э-һэ-һээй!!! 12 чаас буолаатын Саңа дьылбыт үүннэ! Уруйдаан-айхаллаан тиийэн кэллим мин эhиэхэ! Көрсүбэтэхпит сыл буолла, о5олор улааппыккыт, маладьыастар. Онтон миигин кэтэстигит дуо?
ЫЫТААЧЧЫ: О5олор эйиигин кэтэспиттэрэ, ырыа – хоhоон бэлэмнээбиттэрэ, олорон иhит.
Ырыа «Шел по лесу Дед мороз»
Хоhооннор
О5олор хоhоон аа5а турдахтарына Тымныы Моруоhу ким эрэ хаарынан быра5ар.
ТЫМНЫЫ МОРУОС: Хайа, бу ким миигин хаарынан быра5арый?
О5олор саhан турар Баба-Яганы көрөллөр,этэллэр, эрдэ тугу гыммытын кэпсииллэр.
ТЫМНЫЫ МОРУОС: Кэл эрэ бэттэх, эн то5о бырааhынньыгы буортулуу сылдьа5ын.
БАБА ЯГА: Бырааhынньыгы син биир ыhыам, бу харыйаны алдьатыам…
ТЫМНЫЫ МОРУОС: Быракаас оңоро сылдьыбыккын билигин тоңорон кэбииhиэм!!!
Торуоскатынан таарыйар, Баба-Яга күлүүлээх поза5а «тоңон» хаалар
ХААРЧААНА: Эьээ, кини аны быракаастыа суо5а, ириэр баhаалыста.
Посо5ынан таарыйар, Баба-Яга «ирэр», дэлби тоңмут, илибириир
ТЫМНЫЫ МОРУОС: Чэ, бу сырыыга бырастыы гынабын, аныгыскыгэ дьэ сэрэнээр.
БАБА ЯГА: Онтон миигин ким да5аны бырааhынньыкка ыңырбата5а, мин эмиэ бырааhынньыктыахпын ба5арабын. Буруйбун билинэбин, мантан ыла учугэй буолуом (коридорга сүүрэн тахсар, төптөрү мөһөөччүк тутуурдаах киирэр)…. Мин эhиэхэ подарок а5аллым, учугэй да учугэй! Бу керун (мөһөөччүктэн эргэ ырбаахы таhаарар), наьаа учугэй былааччыйа, эдэр сылдьан кэппитим. Ким ылар? Ким да наадыйбат дуо?!
– Онтон бу керун, сковородка баар, сууйа туьэн баран сиэркилэ курдук керунуэххэ сеп…
– То5о мин кэьиилэрбин ким да себулээбэтэ? Онтон мин кэhии хомуйарга олус кыhаллыбытым.
ТЫМНЫЫ МОРУОС: Оннук буолла5ына санаар5аама, мин эйиэхэ кемелеhуем.
Мөһөөччүк тула сылдьан «аптыыр», торуоскатынан муостаны тоңсуйар,
онтон мөһөөччүгү таарыйар.
ТЫМНЫЫ МОРУОС: – Чэ, көруң эрэ.
БАБА ЯГА: Ураа! Дьиннээх подароктар!
Моруос Хаарчааналыын кэhиилэрин түңэтэллэр
Хаартыска5а түhүү
ТЫМНЫЫ МОРУОС: Барар кэммит тиийэн кэллэ, эhиил эмиэ кэлихпит!
ХААРЧААНА: Саңа Дьылынан!
ТЫМНЫЫ МОРУОС: Көрсүөххэ диэри!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
сана дьыл сценарийа "Кыьыл бэргэьэчээн"
Кыра саастаах оголорго сана дьылга аналлаах аралдьыйыы киэьэтин тэрийии...
сценарий утренника "Африка5а сана дьыл"
улахан болох о5олоругар аналлаах, сана дьыллаа5ы утренник хаамыта....
Сценарий "Сана дьыл"
Сценарий новогоднего утренника на якутском языке, для детей старших групп....
Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»
Сана дьыллаа5ы сценарий «Оонньуурдар Сана дьылы керселлер»...
Сана Дьыл бырааьынньыгын сценарийа
quot;Голубой огонек" быьыылаах утренник...
Сана Дьыл бырааьынньыгын сценарийа
сценарий к Новому году...
Сана Дьыл. "Аптаах чуораан"
О5о сааьыгар сеп тубэьиннэрэн, оноьуллубут сценарий. Кыра эрдэ5иттэн куьа5ан уонна учугэй диэн араарар уеруйэхтэрин сайыннарар былааннаах....