развлечение "Осень" (на якутском языке)
материал на тему

сценарий развлечения "Осень)

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл razvlechenie_osen_2014.docx22.9 КБ

Предварительный просмотр:

Ийэ күнүгэр, күһүнү атаарыыга анаммыт аралдьытыы

Зал күһүңңүлүү киэргэтэллибит. Ыалдьыттар киирэн олороллор. Бэhиэлэй музыканан до5уhуоллатан о5олор киирэллэр.

Ыытааччы: Yтүө күнүнэн күндү күн-күбэй ийэлэрбит, эйэ5эс эбэлэрбит, детсад бары үлэhиттэрэ, о5олорбут!  Алаhа дьиэни араңаччылыыр, кэлэр көлүөнэни сүhүө5эр туруорар ийэлэрбитигэр аналлах дьоро киэhээбитин са5алыыбыт. Күн күбэй ийэлэрбитин «Ийэ күнэ» бырааhынньыгынан итиитик истинник э5эрдэлиибит! Күндү ийэлэрбитигэр ба5арыа5ын доруобуйаны, үлэлэригэр ситиhиилэри, дьолу-соргуну, куруук үөрэ-көтө сырыттыннар!

Үңкүү «Разноцветная осень» ПГ

Ийэ5э анаммыт хоhооннор.

Ырыа «Биhиги маамабыт» СтГ

Ийэлэри кытта Оонньуу «О5уруот аhын таай»

Оонньуу бүппүтүн кэннэ музыканан Күһүн киирэр

Күһүн: Дорооболоруң! Дьон-аймах мустан, ырыа-үңкүү до5уhуолланан туох үчүгэй бырааhынньыгай?!

Ыытааччы: О5олоор, көрүң эрэ ким биhиэхэ ыалдьыттыы кэлбитин! (о5олор ааттыыллар)

Күһүн: Олус үөрдүм ырыанан, үңкүүнэн корсүбүккүтүгэр. Бары олус дьикти-мааны, ийэлэргит тикпит, оңорбут күһүңңү таңас кэппиккит. Хааман көрдөрүң эрэ.

Авангарднай танастаах о5олор парадтара

Күһүңңэ анаммыт хоhооннор

Ырыа «Листики» ПГ

Үңкүү «Мухомордар» СтГ

Күһүн: Онтон бырааhынньык бэhиэлэйдик аастын диэн мин эhиэхэ тугу эрэ а5аллым, туох буолуой?......... (о5олор таайан этэллэр)

            Мин эhиэхэ остуоруйа кэhиилээх кэллим.

……………………………………………………….

Декорация бэлэмнэнэр: о5уруокка моркоуоп, хаппыыста уунэн тураллар, мастар анныларыгар тэллэйдэр, отоннор үүммүттэр.,

Ыытааччы: Ойуур тыа5а уу-чуумпу, кыыллар-көтөрдөр көстүбэттэр. Күһүн кыыллар тугу гыналларын көрөргө соруммут. Талах-ойуур быыhынан Куобахчаан ойуоккалаан кэлбит.

Музыка тыаhыыр, куобахчаан о5уруокка тиийэн үлэлээбитинэн барар.

Күһүн: Дорообо, Куобахчаан. Эн бу тугу гына5ын?

Куобах: Дорообо, Күһүн! Хара харах көрбөтөх, хапта5ай кулгаах истибэтэх о5уруотум аhа өлгөмнүк үүммүт,  үөрэ-көтө хомуйабын.

Ыытааччы: Онтон Тииңчээн элэстэтэн тиийэн кэлбит

Музыка тыаhыыр, Тииң ойуоккалаан киирэн мастарга эриэхэ хомуйар

Күһүн: Дорообо, Тииңчээн. Эн бу тугу гына5ын?

Тииңчээн: Дорообо, Күһүн! Мин мастан маска ойоммун эриэхэ хомуйабын, кыhыңңы хаhааспын булунабын. Эрэйдэммит киhи аhыыр. Тымныы кыhын тото-хана аhыам, о5олорбун күндүлүөм.

Ыытааччы: Онтон хороонуттан хостонон Дьуос тиийэн кэлбит

Музыка тыаhыыр, Дьуос киирэн мас анныттан тэллэй, отон хомуйар.

Күһүн: Дорообо, Дьуос. Эн бу тугу гына5ын?

Дьуос: Төңкөйдөххүнэ эрэ тэллэй иhиккэ киирэр, отонноотоххо оңоойук туолар. Быйыл сир аhа өлгөмнүк үүммүт, онно тэллэй, манна отон – сотору иhитим туолуо. Дьиэбэр илии тутуурдаах, өттүк харалаах тиийиэм.

Ыытааччы: Онтон хара тыаттан Эhэчээн тиийэн кэлбит

Музыка тыаhыыр, мүөт иhиттээх Эhэ киирэр

Күһүн: Дорообо, Эhэчээн. Эн бу тугу тута сылдьа5ын?

Эhэ: Ас халлаантан туспэт. Сайыны супту тигээйилэр барахсаттар сүрэ5элдьээбэккэ минньигэс мүөт бэлэмнээбиттэр, кыhын кэлэрин биллэхтэрэ.

Ыытааччы: Кыыллар үлэлэрин бүтэрэн үөрүү-көтүү буолбуттар!

Кыыллар үңкүүлэрэ

Бары: Күһүңңү киhи күлбүтүнэн! (поклоннууллар, тахсан бараллар)

 ……………………………………………..

Ыытааччы: Олус үчүгэй остуоруйа көрдүбүт, Күhүңңэ махтаныаххайың, кини биhэхэ о5уруот астаах, отон, тэллэй кэhиилээх кэлэригэр. Онтон билигин о5олор эмиэ о5уруот аьын хомуйуохтара, барыгытын «Огородая-хороводная» оонньууга ынырабын.

Оонньуу «Огородная-хороводная»

Ырыа «Төгүрүкчээн мээчигим» ПГ

Ырыа  «Тик-так» СтГ

Күһүн: Мин эhиэхэ бэйэм кэhиибин а5албытым (о5олору күндүлүүр)

Ыытааччы: Манан бырааhынньыкпыт түмүктэнэр, Күһүммүт барар кэмэ тиийэн кэллэ, сотору эдьиийэ Кыhын ыалдьыттыы кэлиэ.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)

«Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...

Новогодний праздник по сказке "Снегурочка" (на якутском языке)

Сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Снегурочка" для младшего, среднего дошкольного возраста...

Новогодний праздник " Аптаах хаар чеме5е" (на якутском языке)

Сценарий новогоднего праздника для старших дошкольников...

8 марта "день подарочный, сюрпризный" (на якутском языке)

сценарий утренника к 8 марта  для средней группы...

8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)

сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...