Ийэ тылы сайыннарыыга Суорун Омоллоон “Чычып-чаап” айымньытынан оҕону кытта тэрээһин
план-конспект занятия (подготовительная группа) на тему
Оҕо уус-уран айымньыны сэргээһинэ, кинигэҕэ сыстыыта
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
iye_tyly_sayynnaryyga_tereehin.docx | 14.03 КБ |
Предварительный просмотр:
Ийэ тылы сайыннарыыга Суорун Омоллоон “Чычып-чаап” айымньытынан оҕону кытта тэрээһин.
Бэлэмнэнии бөлөх (6-7саас).
Сыала: Оҕо уус-уран айымньыны сэргээһинэ, кинигэҕэ сыстыыта; уус-уран айымньыга олоҕуран айан кэпсээһинэ; кэпсиир сатабылын сайыннарыы; оҕо тылын байытыы (атаҕа иннэ саҕа, тумса туораах саҕа, көхсө сүүтүк саҕа); оҕо кэпсииригэр анал бэлиэлэргэ (ойууга) тирэҕириитэ
Тэрилэ: Интерактивнай сорудахтары толорууга саха суруйааччытын Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон мэтириэтэ: кинигэлэрэ (ойуута), чычып-чаап (синица) ойуута; айымньыны кэпсииргэ анал бэлиэлэр, ойуулар, мнемоника схемата; хас биирдии оҕоҕо таблица, фломастер; кыра холбуйаҕа иннэ, сүүтүк, туораах.
Тэрээһин хаамыыта:
I киирии түһүмэх:
1.-Аламай күнүнэн, оҕолор! Мин Марианна Алексеевна диэммин.
2.-Оҕолор, кыстыыр ханнык көтөрдөрү билэҕитий? (оҕолор эппиэттэрэ).
3.-Бүгүн мин эһигинниин биир наһаа тулуурдаах, кып-кырачаан чыычаах туһунан кэпсэтиэхпин баҕарабын (чычып-чаап ойуута – атаҕа иннэ саҕа, тумса туораах саҕа, көхсө сүүтүк саҕа, наһаа үчүгэй ырыалаах).
4.-Чычып-чаап туһунан суруйааччылар хоһоон, кэпсээн айбыттара. Ханнык хоһоону билэҕитий? Ким суруйбутай ити хоһоону?
-Бу суруйааччы аатын билэҕит дуо? (Суорун Омоллоон).
Кини оҕолорго анаан наһаа үчүгэй кэпсээннэри, хоһооннору, остуоруйалары суруйан таһаарбыт. Ханныгы эмит билэҕит дуо?
II сүрүн түһүмэх:
5.-Суорун Омоллоон чычып-чаап туһунан айымньытын кэпсиэм.
“Чычып-чаап”.
-“Чычып-чаап кыра чыычаах. Ол да буоллар, чычып-чаап тымныыны тулуйар.
Кини атаҕа иннэ саҕа. Тумса туораах саҕа. Көхсө сүүтүк саҕа. Сон суох. Тулууп суох. Холуоһа суох. Этэрбэс суох. Уокка иттибэт. Хоско киирбэт. Дьэ уонна кинини тымныы тоҕо хоппот?
Кини олус сүрэхтээх, куруук сүүрэр-көтөр, ол иһин тымныыны тулуйар”.
-Дьэ кини, тоҕо тоҥмото буолуой? Тоҕо сүүрэрэ буолуой? (аһылык көрдүүр, аччыктыыр).
6. Хамсаныы: “Чычып-чаап” (Б. Тобуруокап хоһоонунан).
7. Мнемониканан кэпсээһин:
-Билигин биһиги суруйааччылар буолан кэпсээн айыахпыт. Баҕараҕыт дуо? (буквалары билбэппит, ол иһин анал бэлиэнэн Суорун Омоллоон курдук суруйааччылар буолуохпут).
Иитээччи лиискэ анал бэлиэлэринэн уруһуйдаан мольбертка кэпсиир:
-Арай биирдэ Чычып-чаап олорбут. Кыһын тоһуттар тымныыга кини ас булбакка аччыктаабыт. Арай нэһиилэ көтөн истэҕинэ маска ыйанан турар кормушкаҕа барабыайдар аһыы олороллор эбит. Чычып-чаабы ыҥырбыттар. Ол аһыы олордохторуна суор астарын былдьаары көтөн иһэр эбит. Чыычаахтар суорга утары көтөннөр улаханнык чыыбыргаабыттар. Суор соһуйан төттөрү көппүт. Чычып-чаап уонна барабыайдар олус үөрбүттэр. Салгыы кормушкаларыгар тото-хана аһаабыттар.
-Оҕолор, кэпсээни эһиги маннык бэлиэлэри туһанан устан бэйэҕит айаҕыт. Чыычаахтар ханна сылдьыбыттара буолуой? Тугу гыммыттарый? Онтон туох кэлбитэ буолуой? Чыычаахтар хайдах гыммыттара буолуой? Ол кэннэ туох буолбута буолуой?
III Түмүк түһүмэх:
-Маладьыастар! Онтон билигин бэйэҕит маннык бэлиэлэри уруһуйдаан кэпсээни өйдөөбүккүтүнэн уруһуйдааҥ, атын түмүк айыаххытын сөп (ҕолор иккилии буолан анал бэлиэнэн суруйаллар. Бэйэ-бэйэҕэ кэпсээһиннэрэ. Иитээччи кэрийэ сылдьан кэпсээннэрин көрөр-истэр, сүбэлиир).
-Оҕолор, биһигини үөрдэр, тулабытын киэргэтэр көтөрдөрү харыстааҥ кинилэри аһатыҥ! Маннык аһатар иһиттэри дьиэҕитигэр, аҕаларгытын кытта оҥорон тэлгэһэҕитигэр ыйаарыҥ. Көхтөөх кыттыыгытыгар махтанабын. Көрсүөххэ дылы!
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Төрөөбүт ийэ тылы иҥэриигэ, кини өлбөт мэҥэ уутун курдук киһиэхэ илгэлээх, күүстээх дьайыыны оҥор...
Оҕо ситимнээх саҥатын сайыннарыыга олоҥхо урамньытын туһаныы
Олоҥхоҕо этии силигэ сиппитэ көстөр...Оҕо эрдэҕиттэн уһуйуллан киһи олоҥхону ылымматаҕына, абылаппатаҕына кэлин олоҥхоҕо сыстыбат, олоҥхо эйгэтигэр кыайан киирбэт.Оҕо саастара олоҥхону бобуу, буойуу-х...
«Золушканы кытта Мультляндия дойдутугар айан» - дьарык технологическай картата
(Улахан бөлөх оҕолоругар электроннай хартыына көмөтүнэн ситимнээх саҥаны сайыннарыыга эрчийии технологическай картата)...
Тылы сайыннарыыга дидактическай оонньуулар
Дидактические игры для развития речи...
О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга кэрчик субэлэр
О5о санатын дьиэ5э сайыннарыыга араас ньымалар бааллар. Бу ньымалары сепке туьаныы, о5о санатын сайыннарыыга олус кедьуустээхтэр....
Тѳрѳппүтү кытта үлэ былаана орто бѳлѳх 2015-2016 үѳрэх дьыла
Саха Республикатын Таатта улууһун Баайаҕатааҕы «Ньургуһун» оҕо саада «Бигэргэтэбин»:старшай иитээччи____________/Неустроева А.А/«___» _____________...
Балаҕан ыйа - Улуу Суорун
Ыйдарынан ыытыллар саха күнэ...