Орто белеххе уос бүтэй дорҕооннорун чуолкайдык саҥарарга чиҥэтэн үөрэтии дьарыга, үөрэппити хатылааһын
план-конспект занятия по развитию речи

Жергина Прасковья Николаевна

Создание условий для закрепления звуковой культуры речи, воспитывать интонационную культуру речи.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл uos_butey_dor5oonnoro.docx20.69 КБ

Предварительный просмотр:

Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение Детский сад №5 «Радуга» г.Якутск

 «Орто белеххе уос бүтэй дорҕооннорун чуолкайдык саҥарарга чиҥэтэн үөрэтии дьарыга, үөрэппити хатылааһын»

Выполнила: воспитатель

Жергина Прасковья Николаевна

Якутск, 2022 г.

Орто белеххе уос бүтэй дорҕооннорун чуолкайдык саҥарарга чиҥэтэн үөрэтии дьарыга, үөрэппити хатылааһын

Сыала: Саҥарыы тутулун сайыннаран үөскэтии

  • Оҕо интэриэһин тардыы
  • Ааспыт теманы хатылааһын
  • Оҕо саҥарар органын салгыы сайыннарыы

Образовательная область: речевое развитие

Интеграция рисование.

Дьарыкка бэлэмнэнии

  • Истэр үөрүйэҕи сайыннарар оонньуулар:

Туох саҥарарый таай. Ыытааччы быыс кэннигэр хас да оонньууру бэлэмнээн баран харамайдар саҥаларын үтүктэр (маат-маат, кук-куук, чып-чырып, даах-даах).

Ханна тыаһаттылар таай. Төгүрүччү тураллар. Оонньууну ыытар оҕо төгүрүк ортотугар турар.  Хараҕа баайыылаах.биир оҕо чуорааны кыратык тыаһатар. Он ортоку турар оҕо чопчу истэн этиэхтээх (иннигэр, кэннигэр, уҥа, хаҥас тыаһаата диэн).

Дьарык хаамыыта

Үтүө кунунэн оҕолоор. Наьаа да үчүгэй настроениялаахпыт бүгүн, бүгүн биһиэхэ ыалдьыттар кэлбиттэр. Үөрбут көппүт настроениябытыттан ыалдьыттарга бэрсэммит мичээрдэ бэлэхтиэххэйин, дорооболоһуоххайын.

Төгүрүччү туруоҕуҥ, куруукпут наһаа кыараҕас эбит, кэҥэтэн ортотугар үрүөххэ.

Уос былчыннарын сайыннарар эрчиллиилэр. Мэник тылчаан таһырдьа оонньуон баҕарбыт. Аанын аһан тахсыбыт. Ыт сылдьарын көрөн аанын сабан төптөрү киирбит. Онтон ыт барбытыгар тахсан хачыаллаабыт. Чаһытын көрбүт тик-так. Чаас эрдэ буолан олбуорун кырааскалаабыт. Үлэтин бүтэрэн аһыан баҕарбыт. Тиэстэ мэһийбит, тиэстэтэ үллүбүт, элбэх бэрэски оҥорбут. Бэрэскитин минньигэс барыанньаҕа уймаан сиэбит. Аһаан бүтэн таһырдьа тахсан “путбуол” оонньообут. Тыыга олорон үрэҕи туораабыт уонна атыгар олорон айаннаабыт. ат туйаҕын тыаһа ырааттар-ыраатан испит.

Бары миэстэлэрбитигэр олоробут. Дьарыкпытын са5алыыбыт.

Хоһоону үөрэтии. П.Тобуруокап

Бай-бай!

Бабат. Татат!

Бал-бал! бах-бах!

Баҕа баҕайы

Бар да бар.

Туттуллар материал “Мнемотаблица” (экрааҥҥа). Оҕолоор, бу хоһооҥҥо киһи ханнык настроениялаах эбитий. Кини баҕаны көрсөн соһуйбутун ханнык тыллар бэлиэтииллэрий. «Бал-бал, бах-бах” диэн баҕа ыстанар тыаһын бэлиэтиир тыллар. Бары өссө төгүл хоһоону хатылыаҕын.

 Экрааҥҥа улэ.  Барбоскин барабааннаах турара көстөр.

  • Хайа, бу Барбоскин тугу тыаһатан киирдэ. (оҕолор эппиэттииллэр).
  • Барабаана хайдах тыаьыырый, бум-бум, бум-бум, бум-бум. Эһигини кытта оонньуу кэлбит.

“Барбоскин, барабаан, бумбумбум” – ханнык дор5оон ордук иьиллэрий? “Б” дорҕоону этэрбитигэр уоспут хайыырый? Уоспут ыпсар. Ол аата бу дор5оон бутэй ду аьа5ас ду? Бутэй дор5оон. “Б” дор5оон символа маннык (экрааҥҥа көрдөрөбүн).

Оонньуу “Кыыллар саҥа таьааралларын таай”. Экрааҥҥа Барбоскин көстөр. О5олоор, киьи саҥаран кэпсэтэр, онтон кыыллар саҥарбаттар кинилэр саҥа таьаараллар. Бу кимин таайын эрэ? (экрааҥҥа кэҕэ ойуута тахсар).  Кини саҥа таьааран хайыырый? – Кэ5э этэр. Бары хатылыыбыт – Кэ5э этэр. Билигин истиэххэйин (аудио холбуубун). Бары хатылыыбыт Кэ5э этэр.Онтон бу кимий? Кини хайдах саҥа таьаарарый? – ынах, ынах маҥырыыр. Куоска ньааҕыныыр. Онтон бу ханнык кыылый? Кини хайдах саҥа таьаарарый? Баҕа баҕыргыыр. Истиэххэйин эрэ. Саамай сеп, Ба5а ба5ыргыыр.

Сөпкө саҥарыы.

Хоьооммутун хатылыа5ын.

Бах-бах- баҕачаан,

барр-барр бадарааҥҥа

Бах-бах ба5ыргыыр.

Ба5алары ыҥыртыыр.

Тарбаҕы сайыннарар эрчиллии. Билигин тарбахтарбытын имитиэххэйин. Борохуот өрүскэ устар да устар (илиини борохуот курдук тутар), турбата буруолуур (тойон тарбахтары холбуу тутан туруорабыт), былааҕа тэлимниир (тойон тарбаҕынан былаах курдук көрдөрөр).

Дорҕооҥҥо үлэ. Маҕаһыын оонньуу. Остуолга араас оонньуурдары (барабаан, былаах, биэдэрэ, баҕа, бөрө) ааттыы-ааттыы уурар. “Б” дорҕоону ордук кичэйэн этэр. Оҕолор биирдии тахсан атыылаһаллар. Оонньуурдарын ааттаан уураллар. Толору эппиэти ирдиибин – «Мин маҕаһыынтан Барабаан атыыластым”. “Б” дорҕоону ордук кичэйэн этэллэр.

Физкульминутка.Массыыналар. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кэнниттэн субуруһан тураллар. Иитээччи эьиги бары суоппардаргыт, илиигитин уруулу тутар курдук тутабыт. “Мин бардыбыт” – диэтэхпинэ Эьиги спальня диэки хаама5ыт, баран иьэннит бу истиэнэ5э турар “уруулга” сигнал баттыыгыт уонна “Би-биип”  диигит. Бары хайаан да таарыйан ааьыахтааххыт. Спальняттан теннен кэлэргитигэр мин барарбаан тыаьатыам, бары маршировкалыыбыт уонна “бум-бум-бум” диэн санарабыт уонна олоппосторго кэлэн олоро5ут.

Оҕолор, илиилэринэн урууллуур курдук эргитэ-эргитэ субуруьан бараллар, истиэнэ5э турар кнопканы баттыыллар уонна сигнал биэрэллэр “би-би-биип”. Эргиллэн кэлэн миэстэлэригэр олороллоругар барабаан тыаьатан керсебун “бум-бум-бум” санаран хаамалларын дор5ооннууллар.

Машенька уонна эһэ остуоруйа.

Биьиги таабырын таайсарбытын наьаа себулуубут. Уонна остуоруйалары себулуубут. Мин билигин эьиэхэ таабырын таайтарыам, таайдаххытына ханнык остуоруйа туьунан кэпсэтиэхпитин билиэхпит.

Эьэ кехсугэр

Корзина5а кыысчаан олорор

Эьэ бэйэтэ билбэтинэн

Кыыьы дьиэтигэр илдьэр.

Остуоруйа аатын эт,

Таабырыны таай.

Саамай сеп, “Маша уонна эьэ”, нуучча норуотун остуоруйата. Корзина5а Маша тугу укпутай? Бэрэски. Маша корзината улахана, элбэх бэрэски буьаран угуон наада. Биьиги корзина5а элбэх бэрэски онорон кемелеьебут дуо Маша5а? Бу илиистэргэ бэрэскилэри бэлэмнээтим, кинилэр ма5ан дьуьуннээхтэр, сиикэйдэр. Эьиги кугас харандааьынан кырааскалаатаххытына бэрэскилэр буьан бэлэм буолуохтара. Тургэнник кырааскалыы охсоннут манна корзина5а уга5ыт уонна аптаах тылы этэ5ит “Бэрэски буьан бэлэм буолла” диэн эттэххитинэ бэрэскигит толору буьан бэлэм буолар.

О5олоор бэрэскилэри кырааскалаан а5алан “Бэрэски буьан бэлэм буолла” диэн этэ-этэ корзина5а угаллар.

Барбоскин бугунну занятияны наьаа себулээбит. Онтон эьиги себулээтигит дуо? Ордук тугу себулээтигит? Бары көхтөөхтүк олус бэркэ оонньоотубут. Барҕа махтал буолуохтун.

 

       


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата

Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...

Правила дорожного движения / Суол быраабылатын үөрэтии (методическое пособие для воспитателей якутских детских садов)

Данное пособие в помощь для воспитателей детских садов с якутским языком обучения, по ознакомлению детей дошкольного возраста с правилами дорожного движения....

Хоһоону үөрэтии

Тылы сайыннарыы...

Проект «Саха төрүт дьарыга – Балыктааһын»

В наше современное  время незаменимым материалом для детской деятельности является лего-конструктор, а игры со строительным материалом способствуют не только развитию строительных навыков, но раз...

"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"

Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....

Кыра белех о5олоругар [Б]ДОР5ООНУ ЧУОЛКАЙДЫК САНАРАРГА УОРЭТИИ

Угуллубут матырыйаалга кыра белех оголоругар [Б] дор5оону чуолкайдык санара уерэнэргэ туттуллар презентация киирдэ...

Остуоруйалары хатылааһын

Хатылааһын «Эриэппэ», «Таал-таал остуоруйаттан»...