Правила дорожного движения / Суол быраабылатын үөрэтии (методическое пособие для воспитателей якутских детских садов)
план-конспект занятия по обж на тему
Данное пособие в помощь для воспитателей детских садов с якутским языком обучения, по ознакомлению детей дошкольного возраста с правилами дорожного движения.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
pdd_dlya_yakutskih_ds.docx | 180.04 КБ |
Предварительный просмотр:
Тихонова В.В.
Суол быраабылатын үөрэтии
(Саха уһуйааныгар үлэлиир иитээччилэргэ көмө)
Дьокуускай куорат, 2015 сыл
Перспективнай былаан кыра бөлөх
№ | Ыйдар | Тема |
1. | Алтынньы | Кып-кыра атахчааннар суол устун сүүрэллэр |
2. | Ахсынньы | Транспорт |
3. | Кулун тутар | Суол бэлиэлэрэ |
4. | Ыам ыйа | Түмүктүүр дьарык |
1 Дьарык
Темата: Кып кыра атахчааннар суол устун сүүрэллэр.
Сыала: Оҕолор уулусса өйдөбүлүн билиилэрин чуолкайдааһын. Светофору кытары билиһиннэрии. (уулуссаҕа киэҥ уонна синньигэс суол буолар, киэҥ суолунан массыыналар айанныыллар (массыына суола дэнэр), синньигэс суолунан дьоннор сылдьаллар (тротуар дэнэр), айанныыр массыына көрүҥүн чуолкайдааһын, уулусса быраабылатын кытары билсиһии.
Тыл улэтэ: кэтит, синньигэс уулусса, тротуар, светофор.
Туттуллар тэрил: массыыналардаах суол хартыыната, тротуарынан хааман иһэр дьоннордоох хартыына, светофор макета.
Дьарык барыыта: 1чааһа
Иитээччи: - Оҕолоор, бүгүн биhиги куорат устун айанныахпыт, онно биһиэхэ бу хартыына көмөлөһүө. (массыыналардаах суол хартыыната)
- Оҕолоор, туох дии саныыгыт, тоҕо суолга дьоннор суохтарый, аҥаардас массыыналар эрэ айанныылларый? (көмө ыйытыылар, оҕолор эппиэттииллэр)
(Иитээччи оҕолор хоруйдарын түмэн түмүктүүр)
Киэҥ суол устун массыыналар айанныыллар, ити суол массыына суола диэн буолар. Масыына суолунан дьоннор сылдьыбаттар, массыыналар тургэнник айанныыр буоланнар киhини түҥнэри көтүөхтэрин сөп. Ол иhин дьоннор тротуар устун сылдьаллар. (Иитээччи кэпсээнэ хартыынаҕа көрдөрүүнү кытары барар)
- Куорат уулуссаларынан сылдьарга суол быраабылатын билиэххэ наада. Бу хартыыналары көрөн, бары бииргэ быраабылалары үөрэтиэххэйин. (Иитээччи хартыыналарын туhанан оҕолорго быраабаланы кэпсиир):
1.Тратуарынан ийэҕин эбэтэр аҕаҕын кытары сылдьыахтааххын.
2.Айан суолунан сатыы сылдьыллыбат, онон массыыналар эрэ айанныыллар.
3.Суолу туоруур бэлиэ баар сиринэн эрэ туоруугут.
- Хайдах суолу сөпкө туоруурга биhигини светофор үөрэтиэ. (Иитээччи оҕолорго икки өҥнөөх светофору көрдөрөр)
- Кыhыл өҥ - кыыhырбыт - суол сабыылаах, барбаккыт- билигин массыыналар айанныыллар диир (сирэй оҥотуохха сөп), күөх өҥ - үөрбүт, суол бары оҕолорго аhа5ас суолу туоруоххутун сөп диир.
2 чааһа
«Оҕолор уонна светофор» оонньуу.
Иитээччи:- Мин светофор буолуом, кыhыл өҥү көрдөрдөхпүнэ, биир сиргэ тураҕыт онтон күөх өҥү көрдөрдөхпүнэ группа устун хаамыаххытын сөп. ( Оонньуну 2-3 төгүл хатылыыр, онтон оҕолор бэйэлэрэ оонньоон көрдүннэр)
Түмүк.
2 Дьарык (бэсиэдэ)
Темата: Транспорт
Сыала: Массыына чаастарын арааран этии, өҥнөрү хатылааhын, суол быраабылатын билиилэрин чиҥэтии, тылы сайыннарыыга үлэ, классификация.
Тыл улэтэ: Транспорт, саhархай, кыhыл, халлаан күөх, фаралар, кузов.
Дарык барыыта: 1 чааһа
Иитээччи: (Хартыына көрдөрөр) - О5олоор, көрүҥ эрэ суол устун араас элбэх массыналар айаннаан иhэллэр. Хайдах өҥнөөх, ханнык массыыналар баалларын көрөҕүт?
Бу барыта биир тылынан транспорт диэн ааттанар.
Бүгүн биhиэхэ Билбэччэй кэлбит, кини көрдөhүүлээх. Массыына сатаан ыыппат буолан үс көлүөhэлээх билиссипиэтинэн айанныыр эбит. Айан суолугар таҕыстаҕына массыналар сигналлаан ааhаллар эбит. Тоҕо буолуой? (Оҕолор эппиэттэрэ, билиилэрин чиҥэтии).
Массыынаны уонна билиссипиэти тэҥнээн көрүөххэйин. Тугунан майгыннаhалларый? Туох уратылаахтарый ? (массыына – кузовтаах, элбэх көлүөhэлээх, фаралардаах) Фаралара туох туhалаахтара буолуой? (оҕо эппиэтэ)
2 чааһа:
Оонньуу (оҕолору 3 группаҕа араарабыт)
Бастакы группа оҕолоро - кыра массыыналары өҥнөрүнэн арааран уураллар.
Иккис группа оҕолоро - улахан-кыра (размердарынан) арааран уураллар.
Үhүс группа оҕолоро – транспорт- дьиэ кыыла (классификация) арааран уурараллар.
Түмүк.
3 Дьарык
Темата: Суол бэлиэлэрэ.
Сыала: Оҕону суолга баар бэлиэлэри кытары бислиhиннэрии; Δ – сэрэтэр, О – көҥүллээбэт; □ - көрдөрөр кэпсиир; ГАИ үлэhитэ, кини үлэтэ; светофор уотун уочарата уонно өҥнөрө; «Зебра» уонна «Жезл» билсиhии; суолга болҕомтолоох буолуу, быраабыланы хатылааhын (суол быраабылата улахан дьоҥҥо уонна о5олорго биир).
Тыл улэтэ: Зебра, Жезл, Фуражка.
Дьарык барыыта 1чааhа:
- Оҕолоор, бугун биhиэхэ олус интэриэhинэй дьарык буолуо. Бу дьарыкка элбэх саҥаны билиэхпит уонна билэрбитин хатылыахпыт.
Биhиэхэ Маша куукула күүлэйдии кэллэ уонна өссө көрдөhүүлээх.
Маша: - Дорооболорун, оҕолоор. Бүгүн эhигини кытары оонньуу кэлэн иhэн суолу кыайан туораабакка турдахпына биир дьикти мастаах киhи кэлэн көмөлөстө.
Иитээччи: - Тыый, ол ким эбитэ буолла?
Маша: - Күөх таҥастаах уонна фуражкалаах.
Иитээччи: - Ээ, мин биллим ол кимин. Оттон эhиги? (Таабырын)
Кыhын тымныыга, сайын итиигэ
Суолга бэрээдэги көрөр
Аптаах мастаах буолар
Суоппардар убаастыыллар
Бараабыланнан айанныыллар.
Сөпкө эттигит ити ГАИ инспектора.
- Биhиэхэ суолбутугар араас массыыналар элбэхтэр: иномаркалар, жигулилар, автобустар уо.д.а. Дьоннор улэлэригэр, үөрэхтэригэр, наадаларыгар айанныыллар. Бары ыксыыллар. Ол да буоллар кинилэр быраабыланы тутуhан айанныыллар. Суол устун массыыналар эрэ буолбакка сатыы дьон эмиэ бааллар. Массыыналарга анаан суоллары оҥороллор, оттон дьоҥҥо анаан тратуардары оҥороллор. Суолга быhылаан тахсыбатын диэн бэрээдэги ГАИ инспектора көрөр. Бу биhиэхэ ГАИ инспектора кэллэ (төрөппүт кэлбитэ, суох буоллаҕына кукла да буолар). Кини көрөргүт курдук халлаан күөх көстүүмнээх, төбөтүгэр фуражкалаах, сиэҕэр уонна атаҕар полоскалаах. Бу полоската боростуой буолбатах кини хараҥаҕа фара уотугар сырдаан көстөр. Өссө кини аптаах маhа икки өҥнөөх (хара уонна маҕан) – жезл диэн аатырар.
Бүгүн биhиги ыалдьыппыт кэhиилээх кэлбит. Маннык бэлиэлэри аҕалбыт (көрдөрөр).
Ханнык фигуралары санаталларый? Саамай сөп. Ол да буоллар бу бэлиэлэр атыны кэпсииллэр: Үс муннук-сэрэтэр бэлиэ
Төгүрүк- бобор бэлиэ
Түөрт муннук- көрдөрөр – өйдөтөр бэлиэ
Бугун биhиги бу бэлиэлэр сорохторун кытары билсиhиэхпит:
Сэрэтэр бэлиэ диэн туох дии саныыгыт? (О5олор эппиэттэрэ)
Бобор бэлиэ диэн туох дии саныыгыт? (О5олор эппиэттэрэ)
Көрдөрөн-өйдөтөр бэлиэ диэн туох дии саныыгыт? (О5олор эппиэттэрэ) (бэлиэлэри ырытыы, араастарын дьаарыстаан)
- Оҕолоор, ГАИ инспекторыгар өссө туох көмөлөhөрө буолуой? (Светофор). Кини хас харахтаах этэй? Саамай сөп. Кыhыл харах – тохтоо диир
Араҕас харах – бэлэмнэн диир
Күөх харах – айаннаа диир.
Үс харахтаах светофор массыыналарга анаан, оттон дьоҥҥо икки харахтаах светофор баарын биhиги билэбит. (хатылыахха сөп)
Суолу туоруурга ханан баҕарар туораан барыахха сөп дуо? Тоҕо? (Оҕолор эппиэттэрэ) Саамай сөп суолу туоруурга «Зебра» көмөлөhөр. Зебрабыт туохха майгынныырый? (Жезлга)
2 чааhа:
- Билигин биhиги бу билбиппитин оонньоон көрүөхпут.
(Суол оҥоробут; тратуар ; «зебраны» тэлгиибит; кыргыттар – оҕолоох маамалар; уолаттар – суоппардар; биир оҕо – транспорт светофора; биир оҕо – дьон светорфора)
Түмүк.
4 дьарык
Түмктүүр дьарык
Сыала: Хатылааhын, логическай оонньуулары толкуйдатыы, тылы сөпкө туhанан эппиэт биэрии, элбэх таабырыны туhаныы.
Дьарык барыыта: 1чааһа
Иитээччи: - Бүгүн биhиэхэ Маша куукула кэллэ.
Маша:- Дорооболорун, оҕолоор. Мин бүгүн элбэх да, элбэх кэhиилээх кэллим. Бу кэhиим эhиги сылы быhа тугу үөрэппикитин, билбиккитин көрдөрүө.
Иитээччи:- Маша, олорон сынньан, ыраахтан айаннаан кэлбиккин, онтон биhиги эн кэhиигэр туох баарын көрүөхпүт. Оо, манна элбэх таабырын баар эбит. Ким таайбыт оҕоҕо туттаран иhиэхпит. Чэ, истиҥ: -Суол диэн тугуй? Дьон сылдьар сирин туох диэн ааттыыбыт?
-Светофор ханнык өҥүгэр киhи суолу туоруур?
-Тоҕо суол таhыгар оонньообоппут?
-Суолу кимниин туоруохха наада?
-Автобуска киирэн хайдах тута сылдьабыт?
-Светофор хас өҥнөөҕүй?
-Эриэн ат суолга сытар, ол тугуй?
-Сэрэтэр, бобор, көрдөрөр бэлиэлэр ханнык фигураларга майгынныыллар?
-Массыынаны ыытар киhи идэтэ?
-ГАИ инспекторыгар көмөлөhөр икки өҥнөөх мас туох дэнэрий? (жезл)
2чааһа
Хамсаныылаах оонньуу «Сэрэхтээх буол» (болҕомтоҕо)
Оонньуу быраабылата: Кыhыл өҥнөөх былаах - оҕолор тураллар, саhархай - миэстэлэригэр хаамаллар, от күөх-группа иhигэр хаамаллар. (оонньууну түргэтэтэн иһэбин)
Түмүк.
Перспективнай былаан орто бөлөх
№ | Ыйдар | Тема |
1. | Алтынньы | Суол бэлиэлэрэ |
2. | Ахсынньы | Суол быраабылатын билэҕит дуо? |
3. | Кулун тутар | Суол быраабылатыгар уруhуй быыстапката |
4. | Ыам ыйа | Түмүктүүр дьарык |
1 Дьарык
Темата: Суол бэлиэлэрэ
Сыала: Суол быраабылатын, бэлиэлэрин хатылааһын, саҥа үөрэтэр бэлиэлэр- «айаннаан киирэр бобулаах», «сэрэхтээх эргиир», « билисиппиэт суола», «сатыы киhи суола».
Дьарык барыыта: 1 чааһа
(Суолга араас ситуациялаах хартыына көрдөрөбүн, ырытан кэпсэтии, быраабыланы хатылатыы)
-Оҕолоор, бүгүн өссө атын суол бэлиэлэрин кытары билсиhиэхпит. Бу бэлиэлэри суоппардар бары билэллэр, эhиги аҕаларгытын кытары массыынаҕа олорсо сылдьан суолга эмиэ көрбүккүт буолуо (көрдөрөр). Бу бэлиэлэр ханнык геом. фигураҕа майгынныырый? (оҕолор эппиэттэрэ) Бу бэлиэлэр - билисиппиэт суола, сатыы киhи суола- диэн кэпсииллэр. Ханнык тугэҥҥэ туттуллаллара буолуой? (оҕолор эппиэттэрэ)
Көҥүллээбэт бэлиэ - айаннаан киирэр бобуллар. Ханнык тугэҥҥэ бу бэлиэ туттуллаллара буолуой? (оҕолор эппиэттэрэ)
Сэрэтэр бэлиэ - сэрэхтээх эргиир. Ханнык тугэҥҥэ бу бэлиэ туттуллаллара буолуой? (оҕолор эппиэттэрэ)
Биhиги ханнык өссө бэлиэлэри билэр этибитий? ( хатылыыбыт)
2чааһа:
Оонньуу-лото «Суол бэлиэлэрэ»
Улахан хортуоҥҥа суол бэлиэлэрэ бааллар, кыра карточкалары уурар оҕо тугу көрдөрөрүн быhаарар, ким түргэнник толорбут ,ол кыайар.
Түмүк.
2 Дьарык
Темата: Суол быраабылатын билэҕин дуо?
Сыала: Остуоруйаны бэйэлэрин көрүүлэринэн ситэрэн биэрии.
Дьарык барыыта: 1 чааhа
-Оҕолоор, билигин мин эhиэхэ остуоруйа кэпсиэм, эhиги ону ситэрэн, толкуйдаан, ситэрэн бүтэрэҕит .
Сарсыарда, Анна Анатольевна көмөлөhөөччүтүн, Машаны, кытары оонньуур хоско улахан баҕайы хоруобканы киллэрбиттэр.
- Бу тугуй? – диэн Наташа соhуйа түспүт.
- Мин билэбин, билэбин! – диэбит, барытын билэр Юра. – Бу тимир суол! Мин таайдым? – диэн ииттэччиттэн ыйыппыт.
-Таайдын, ол гынан баран тимир суол буолбатах! - хоруй биэрбит үөрбүт Анна Анатольевна.
-Бу суол, массыына суола. Арыйан иhигэр туох - туох баарын көрүөххэ.
Дима обургу кыптый аҕалаат, ленточкатын кырыйан, хоруобканы арыйа охсубут.
Көрөөт, соhуйа түспүттэр. Онно туох барыта баара!
- Бу суол бэйэтэ, - диэбит Анна Анатольевна, хортуоҥка рулону арыйа- арыйа. – Билигин биhиги кинини скрепкаларынан туттарыахпыт. Бу бэлиэлэри суол икки өттүгэр туруортуохпут – диэтэ Анна Анатольевна.
- Оттон бу туох сырдык скамейкалаах дьиэлэрий? – диэн ыйытта Оля.
- Бу дьиэлэр буолбатах, остановкалар. Манна дьоннор автобуhу кэтэhэллэр, скамейкаларга сынньаналлар, оттон крышата хаартан уонна ардахтан хаххалыыр, - өйдөппүт иитээччи.
- Ким суолу туоруур бэлиэннэн сылдьарый? – иитээччи ыйытта.
- Хааман туорааччылар! – быра бииргэ эппиэттээбиттэр.
- Сөп! Билигин туоруур дьону бэлиэ аттыгар туруорталыахха, - диэбит Анна Аналольевна.
Туспа хоруопкаттан кини араас оонньуур дьоннору оҕолорго булан биэрбит. Оҕолор кинилэри суол туоруур бэлиэлэргэ туруорталаабыттар.
- Пешеходтар бааллар, оттон уулуссабытыгар массыыналарбыт суохтар, туруорталыаххарын эрэ.
Оҕолор массыыналары ылан туруорбутунан бардылар, ол бириэмэҕэ Анна Анатольевна ыйытар:
- Федя, эт эрэ, ким массыыналары ыытарый? Өссө биhиги тугу туруорарбытын умнубуппутуй?
- Мин билэбин. Светофору! – диэбит Андрюша.
( О5олор ситэрэн, коллективно толкуйдууллар.)
3 Дьарык
Темата: Суол быраабылата (уруhуй быыстапката)
4 Дьарык
Темата: түмүктүүр дьарык
Сыала: сыллааҕы үлэни түмүктээһин, кэпсиир дьоҕуру кэҥэтии, боппуруостарга толору эппиэт биэрии.
Дьарык барыыта:1 чааһа
- Кэпсэтиибит биhиги дойдубутугар баар суол быраабылаларын олохтонуутун туhунан. Быраабылалар уруут -уруккуттан, өссө дьон атынан сылдьар эрдэҕиттэн баар. 1683 сыллаахха Россия ыраахтааҕытын укааhа тахсыбыта. Указка: атынан түргэнник бэрээдэгэ суохтук айанныыр киhиттэн, атын былдьаан ыларга-диэн эбит.
Массыыналар баар буолбуттарын кэннэ быраабылалар уларыйан испиттэр. Холобура: Францияҕа бензинынан айанныыр массыына хаамар киhиттэн түргэн буолуо суохтааҕа. Онтон Германияҕа массыына хаhаайына айанныыр буоллаҕына полицияҕа ханнык суолунан барарын эрдэттэн биллэриэхтээҕэ. Түүҥҥү бириэмэҕэ айанныыр көҥүллэммэтэ.
Россияҕа көлө сайдыыта бытаан этэ. Ол да буоллар быраабыланы тутуhуннараллара. 1961 сыллаахха СССР-га уопсай суол быраабылата киирбитэ. Олох сайдарын тухары суол быраабылата уларыйа турар.
Суол быраабылатын тутуспат буоллахха туохха тиэрдэрий? (оҕолордуун бэсиэдэ)
Ханнык суhал көмөнү оҥорор тэрилтэлэри билэбитий? Суhал көмө улэтэ туохха наадалааҕый? Массыыналарын өҥнөрө хайдаҕый? Ханнык № телефооннуубут? 01;02;03;04;
2чааһа:
Оонньуу-лото «Суол бэлиэлэрэ» (1 дьарык)
Перспективнай былаан улахан бөлөх
№ | Ыйдар | Тема |
1 | Алтынньы | Транспорынан айаннааhын быраабылата |
2 | Ахсынньы | Мультфильм көрүү уонна ырытыы |
3 | Кулун тутар | ГИБДД инспекторын кытта көрсүhүү |
4 | Ыам ыйа | Түмүктүүр дьарык |
1 Дьарык
Темата: Транспорынан айаннааhын быраабылата (бэсиэдэ)
Сыала: оҕолор куорат туhунан билиилэрин чиҥэтии, ханнык транспорынан айанныырбытын быһаарыы , автобуска айаннааhын быраабылатын хатылааhын.
Дьарык барыыта: 1чааһа
Куорат бэлиэ сирдэрин хартыыналарын көрдөрүү (театрдар, парк, площадтар, памятниктар уо.д.а.)
- Оҕолоор, көрүҥ эрэ, билэҕит дуо бу хартыыналарга баар сирдэри? Куоракка бу сирдэргэ бары сылдьыбыппыт буолбат дуо? (оҕолор эппиэттэрэ)
-Өссө ханнык биллиилээх сирдэргэ, чугаhынан дьоҥҥутун кытары сылдьыбыккытый?
-Ханнык транспорынан онно айаннан тиийэбитий?
(куоракка ханан баалларын, хайдах айаннаан тийиэххэ сөбүн кэпсэтэбит)
- Автобуска айанныыр буоллахха ханнык быраабыланы билиэхтээхпитин билэҕит дуо? (иитээччи оҕолору кытары быраабылалары хатылыыр)
-Эhиги куоратынан айанныыргытыгар ханнык массыынанан сылдьаҕыт?
-Транспортка айанныыр быраабыланы тутуhаҕыт дуо?
-Ханнык сөбө суох быhыыны көрбүккүтүй? (ырытыы, кэпсэтии)
Иитээччи кэпсэтиини түмүктүүр уонна оҕолорго дьиэ кэргэн хаартыскатын аҕаларга сорудахтыыр, онон куорат картатыгар, куорат устун айаннарын бэлиэтиэхтэрэ уонна кэпсиэхтэрэ.
2чааһа:
Оонньуу «Биhиги-айанньыттарбыт»
Биhиги бары пассажир буоларбыт быhыытынан оҕолор билиилэрин чиҥэтии, транспортка киирэн олоруу уонна тахсыы быраабылатын хатылааhын.
Суолга буолар тубэлтэлээх хартыыналары түнэтэн биир биирди кэпсэтиннэрии, бэлиэлэри хатылатыы
2 Дьарык
Темата: Мультфильм көрүү
Сыала: Көрбүтү кэпсэтии, ырытыы; көрүллүбүттэн түмүк оҥоро үөрэнии.
3 дьарык
Темата: ГИБДД инспекторын үлэтин көрүү.
Сыала: ГИБДД инспекторын үлэтин кытары билсиhии; идэҕэ убаастабыл иитии; идэ олус туhалааҕын, дьоҥҥо көмөлөөҕүн кэпсээhин; инспектордыын билсиhии; регулировщик сүрүн хамсаныыларын үөрэтии.
Дьарык иннинэ үлэ: Прогулка бириэмэтигэр иитээччи оҕолору регулировщигынан салайыллар перекрестакка илдьэр.
Дьарык барыыта: 1чааһа
(Иитээччи оҕолору кытары светофор макетын көрөллөр өҥнөрүн хатылыыллар)
-Суолга быhылаан тахсыбатын диэн туох турарый? (светофор) өссө ол таhынан ким көрөрүй? Инспектор – саамай сөп. Инспектор үлэтэ туох туhалааҕа буолуой? (оҕолор эппиэттэрэ)
Инспектор үлэтэ олус ыарахан, туhалаах. Кини дьыл, күн ханнык баҕарар кэмигэр таhырдьа туран улэлиир. Хаар, ардах, итии күн - туохтан да куттаммат. Субботаҕа, өрөбүлгэ дьон сынньанар күнүгэр инспектор тохтообот. Суолга быhылаан буолбатын диэн сэрэтэр улэ ыытар. Дьон правата суох, көрүүнү ааспатах массыынаннан, итирик уруулга олорботторун кытаанахтык ирдиир. Кини олус туhалаах идэлээх. Инспектор бу таhынан өссө регулировщигынан улэлиэн сөп. Ол аата - элбэх массыына сыльар сиригэр, ол эбэтэр светофор улэлээбэт кэмигэр суол сырыытын сааhылыыр. Көрүҥ эрэ, бу регулировщик турар (хартыына көрдөрөр). Илиитигэр жезллаах турар . Көрүҥ, кини хамсаныылара тугу көрдөрөрүй?
Жезлын үөhээ көтөхтө, бэйэтэ массыынаҕа ойоҕоhунан турда, онтон жезлы бэйэтин иннигэр утары тутар - массыыналар айаннатылар.
Регулировщик массыынаҕа эбэтэр киhиэхэ ойоҕоhунан турар буоллаҕына – сверофор күөх өҥүгэр тэҥнэhэр, айанныахха- барыахха сөп.
Оттон кини иннитинэн эбэтэр көхсүнэн турдаҕына – суол сабыылаах.
Инспектор жезлы үөhээ көтөхтөҕүнэ – бэлэмнэниҥ. Бу туттуу светофор саhархай өҥүгэр тэҥнэhэр.
Оннук гынан, жезлынан инспектор массыналар хаhан айанныылларын, дьоннор суолу туоруулларын көрдөрөр (хартыына баар буоллаҕына көрдөрөбүт)
2 чааһа
- Бүгүн биhиэхэ ГИБДД инспектора ……… ыалдьыттыы кэллэ ( форматын ырытан көрөбүт, боппуруос биэрэн кэпсэтиннэрэбит; регулировщик хамсаныыларын көрдөттөрөбүт; оонньуубутун сыаналатабыт)
3 чааһа
Оонньуу-практика
Иитээччи 1 оҕоҕо инспектор фуражкатын биэрэр, жезл туттарар; атыттар пешеход уонна массыына буолаллар.
- Бүгүн биhиги светофор эрэ буолбакка, инспектор-регулировщик буола оонньуохпут. Суолунан бараачылары бэрээдэктээн биэриэҕиҥ.
Түмүк.
4 Дьарык
Темата: Түмүктүүр дьарык
Сыала: Суол быраабылатын билиитин чиҥэтии; бэлиэлэри көрөн билэллэрин хатылатыы; логически түргэнник толкуйдуур дьөҕурдарын сайыннарыы; толору эппиэт биэрии; тугэни сыыhатын көрөн сөптөөх эппиэти толорон быhаарыы, төрөппүттэри кытары үлэ.
Дьарык барыыта:1чааһа
-Бүгүн, биhиги сыл иhигэр тугу билбиппитин барытын көрдөрүөхпүт. Дьарыкпыт күрэх ньыматынан барыаҕа. Сөптөөх эппиэт- от күөх төгүрүгүнэн бэлиэтэниллиэ, сыыhа эппиэт- кыhылынан . Эппиэт сөбүн- сыыhатын оҕолор бэйэҕит сыаналыаххыт. Уонна дьарыкпытыгар икки ийэлэрбитин көмөлөhүннэриэхпит (ааттара)
Билигин, оҕолор , бу суол бэлиэлэрэ сыталлар, баhаалыста кэлэн ылыҥ, ким ханныгы баҕарарынан.
-Төгүрүтүллүбүт бэлиэ тугу кэпсиирий?
Оҕолор: -Бобор бэлиэ
-Түөрт муннук бэлиэ тугу кэпсиир?
О5олор: -Көҥүллэнэр
-Ийэлэрбит бүгүн хамаандаларга капитан буолуохтара. Хамаанда ааттаах буолар. Ийэлэр оҕолордуун сүбэлэhэн аатта толкуйданыҥ.-------------
1 түhүмэх: «Бэлиэни быһаар» - диэн ааттанар. Бастакы хамаандаттан биир оҕо тахсан бэлиэ ылар, иккис хамаанда бу бэлиэ туhунан кэпсиир, билэрин барытын. (онтон иккис хамаанда)
2 түhүмэх: «Болҕомтолоох буол» - диэн ааттанар.10 сөкүүндэҕэ хартыына көрдөрөбүн, ону үчүгэйдик көрөн, ону үтүктэн оҥороҕут. (хамаанда барыта кыттар)
3 түhүмэх: «Блиц-опрос» - диэн ааттанар. Түргэнник, сөптөөх эппиэт бэриллэрэ ааҕыллар. Хамаандаттан биирдии оҕо тахсан эппиэт биэрэр (хамаанда бэйэтэ быhаарар, ким тахсарын)
.№1 хамаандаҕа боппуруос:
Дьон сылдьар сирэ? (тротуар)
Элбэх араас массыына туох диэн ааттанар? (транспорт)
Сэрэтэр бэлиэ ханнык геом. фигуранан бэлиэтэнэрий? (үс муннук)
Автобустан түhэн баран суолу ханан туоруубут? (кэнинэн)
Ханнык бэлиэлэр баалларый? (сэрэтэр ,көҥүллүүр, бобор, кэпсиир)
№2 хамаанда боппуруостара:
Светофор хас өҥнөөҕүй? (үс)
Суол быраабылатын ким көрөрүй? (ГАИ)
Көҥүл биэрэр бэлиэ ханнык геом. фигуранан бэлиэтэнэр? (түөрт муннук)
Светофор суох сиригэр ханан туоруубут? (зебра)
ПДД тоҕо нааданый?
Музыкальные номера. (ол бириэмэҕэ задание бэлэмнииллэр)
4 түhүмэх: «Түгэн» быhаарыыта-диэн ааттанар. Манна ийэлэрбит көмөлөрүнэн ситуация оҥоhуллар, ону утары хамаанда- туох сыыhа оҥоhуллубутун билэн көннөрөр, кэпсиир.
Бастакы түгэн: неправильно переходить улицу в проезжей части.
Иккис түгэн: игры в проезжей части.
Түмүк
Перспективнай былаан бэлэмнэнии бөлөх
№ | ыйдар | Тема |
1 | алтынньы | Кыhын суолга сэрэхтээх буолуу |
2 | ахсынньы | КВН |
3 | олунньу | Суол оонньуур сир буолбатах |
4 | Муус устар | Экскурсия. Пост ГИБДД |
5 | Ыам ыйа | Түмүктүүр дьарык |
1 Дьарык
Темата: Кыhыҥҥы суолга сэрэхтээх буолуу( бэсиэдэ)
Сыала: Суол быраабылатын тутуhуу; кыhыҥҥы суолга сэрэхтээх буолуу; сатыы киhи быраабылатын үөрэтии.
Дьарык барыыта: 1 чааһа
( Кыhын оҕолор оонньуу сылдьар хартыыналарын туттабын)
-Ханнык дьыл кэмэ уруhуйдаммытый? Оҕолор тугу гына сылдьаллар? Оттон эhиги ханнык кыhыҥҥы оонньуулары билэҕит? Кыhыҥҥы оонньууларга сэрэхтээх буолууну билэрбитин хатылыаххарыҥ. (оҕолор кэпсээннэрэ)
-Таhырдьа эhиги кимниин сылдьаҕыт? Төрөппүттэргит массыыналаахтар дуо? Детсадка айаннаан кэлэргитигэр суолга атын массыыналар хайдах айанныылларын өйдөөн көрбүккүт дуо? Авария буолбутун көрбүккүт дуо? Туохтан авария буолар дии саныыгыт? (оҕолор кэпсээннэрэ)
Сэрэхтээх ситуациялары быһаарсыы:
-Массыына кэлэн истэҕинэ, суолу сүүрэн туорууллар
-Оҕотун салааскаҕа олордон, кыhыл уокка суолу туоруур
-Суолга оҕолор хатыыскалыы оонньууллар
-Оскуола оҕолоро массыына кэннигэр тардыhан, суолга атахтарынан хатыыскалааhыннара
-Массыына олус тургэнник айанныыр
- Кыhыҥҥы суол олус сэрэхтээх, хайдах киhи сэрэниэн сөбүй?
Халтыраан суолга, массыыналар көлүөhэлэрин уларыталлар кыhыҥҥыга-шипылаах буолар (кыhыҥҥы, сайыҥҥы көлүөhэлэр уратыларын хартыынаҕа көрдөрүү), бытааннык, светофору көрөн айаннааһын.
Суолу туоруурга төрөппүтү кытары үчүгэйдик сиэттиhэн, автобуhу күүтэргэ уонна киирэргэ - суолга чугас туруллубат, суолу «Пешеходный переход» баар сиринэн туоруубут, суол кытыытыгар оонньообоппут.
2чааһа
(Альбом лииhэ, харандаас, өҥнөөх харандаас биэрэбин)
-Аны билигин биhиги тугу билэрбитин альбом илииhигэр уруhуйдаан төрөппүттэрбитигэр выставка оҥоруохпут. ( оҕолор улэлэрэ)
2 Дьарык
Тема: КВН
Сыала: Толору эппиэт ирдэниллэр; хамаанданан оонньуурга үөрэнии; өй, болҕомто сайыннарыы.
Дьарык барыыта:
- Бүгүн биhиги ТУОХ? ХАННА? ХАhАН? оонньуохпут. Биhиэхэ үс команда баар. (командалар ааттарын, капитааннарын булан тураллар, өҥнөрүнэн арахсаллар: Кыhыл, Араҕас , От күөх - онтон атын оҕолор- ыалдьааччылар). Бүгүҥҥү оонньуубут 3 түhүмэхтээх буолуоҕа, оонньууну быhаарар дьүүллүүр сүбэ:
1
2
3
1 түhүмэх: «Боппуруостарга эппиэт». Заданиеҕыт эрдэттэн конвертка бэлэм сытар, бары субэлэhэн баран эппиэт биэрэҕит. Оччоҕо 1 очко эбиллэн иhэр. Оонньуубут быыhыгар муз. пауза баар буолуо.
Бастакы боппуруос - «Кыhылларга» (конверт арыйабын) Маннык ситуация: Ира коляскатыгар куклатын илдьэн испит. Оттон Серёжа билисиппиэтинэн айаннаабыт. Уонна өссө мама Алёналыын сиэттиhэн иhэллэр. Боппуруос – ким пассажир, ким пешеход буоларый?
Иккис боппуруос - «Араҕастарга» Суол сокуона наадалаах: быhылааннартан сэрэтэр, киhи олоҕун харыстыыр, ол гынан баран тутуспат дьоҥҥо кытаанах. Быраабыланы тутуhар эрэ дьон куттаммакка суолу туоруохтарын сөп. Боппуруос - ханнык суол быраабылатын сатыы киhи ордук туттар.
Үhүс боппуруос - «От күөхтэргэ» Суол бэлиэлэрин ааттааҥ уонна кэпсээҥ (конвертка 3 бэлиэ сытар)
Төрдүс боппуруос-таабырыннар.
«Кыhылларга»
Эбиэс оннугар бензинынан аhыыр,
Туйаҕын оннугар эрэhиинэ кэтэр,
Бардаҕына быылы өрүкүтэр баар үhү. (Массыына)
«Араҕастарга»
Уулуссанан айанныыр, элбэх киhини олордор
Улэҕэ, үөрэххэ тиэйтэлиир баар уhу. (Автобус)
«От күөхтэргэ»
Бу бэлиэ сэрэтэр
Манан туораа диэн этэр (Суолу туоруур бэлиэ)
«Кыhылларга»
Бииккэ, ньуоска бэлиэҕэ
Элбэх киhи тохтоон ааhар
Махтал тылын этэллэр
Үөрэ-көтө айанныыллар. (Аhыыр сир бэлиэтэ)
«Араҕастарга»
Турдарбын халлааҥҥа тиийиэм этэ диир баар үhү. (Суол)
«От күөхтэргэ»
Суолга бэрээдэги ким көрөр? (Инспектор ГИБДД)
Музпауза (ырыа)
2 түhүмэх: (Хас да хартыына турар. Сороҕо сөп, сороҕо сыыhалаах)
-Бу хартыыналартан көрөн, сыыhалаах уруhуйу булан кэпсээҥ(туох сыыhалааҕын, хайдах сөп буолуохтааҕын)
Музпауза (хоhоон ааҕаллар)
3 түhүмэх: Оонньуу «Ким пазл тургэнник хомуйар». (60 эттиктэн турар суол бэлиэлэрдээх пазл бириэмэҕэ хомуйтарыы)
Дьүүллүүр сүбэ түмүк таhаарар.
3 Дьарык
Темата: Суол - оонньуур сир буолбатах.
Сыала: Оҕо кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы; суол быраабылаларын сөпкө туттарын, билэрин ситиhии. Толкуйдаан сөптөөх эппиэт биэрии.
Дьарык барыыта: 1 чааһа
- Таабырынна таайын.
Мээчик тэбэ сылдьабын,
Ханна оонньуурум сөбүй? (спорт. площадкаҕа)
Ханнык оонньуулары оҕолор площадкаҕа оонньуулларын сөбүлүүллэрий? (хаачыал, карусель, песочница и.т.д).
Дьиэҕит аттынааҕы площадкаҕыт туhунан кэпсээҥ (оҕолор кэпсээннэрэ).
Площадкаҕыт күрүөлээх дуо? Ханнык оонньуур тэриллэр балларый? Дьон олорор скамейката баар дуо? Оҕо көрүүтэ суох хаалбат.
Арай табарыстаргытын кытары велосипедынан, самокатынан эбэтэр көлүөhэлээх хаҥкыыннан хатааhылаары гыммыккыт, ханна бараҕыт оччоҕуна? (Паркаҕа, площадкаҕа, стадиоҥҥа)
Ханна көҥүллэммэтий, тоҕо? (оҕолор эппиэттэрэ).
Бу тэрили илдьэ ханан суолу туоруугутуй? (ролик, хаҥкы, хайыhар, салааска (Эппиэт)).
2 чааһа:
Тыл оонньуута. Светофорга сыһыаннах тылы иһиттэххинэ - таһын: үс харахтаах, массыына, остановка, кыhыл өҥ, халлаан, суол, от күөх, инспектор, мотоцикл, хааман иhэр киhи, саhархай уо.д.а.
Пассажирга сөптөөх тылы иhиттэххинэ - таhын: самолет, суол, автобус, светофор, бобуллар бэлиэ, сидиэнньэ, мээчик, билиэт, кондуктор уо.д.а.
Кыра кэпсээҥҥэ бу тыллары туhаныҥ : сарсыарда, аhылык, тротуар, детсадка барар суол, светофор, массыына.
3 чааһа:
Араас балаhыанньа оҥорон оонньотуу.
Түмүк.
4 Дьарык
Темата: Экскурсия в пост ГИБДД
Сыала: Суолга пост баарын, туохха наадалааҕын быhаарыы; быраабыланы хатылааhын; идэни кытары чугастык билсии; убаастабыл, интэриэс иитии.
5 Дьарык
Темата: Суол быраабылатын Дойдутугар айан.
Сыала: ПДД билиилэрин чиҥэтии; транспортка айанныыр быраабылатын, суол бэлиэлэрин хатылааһын ; толкуйдуур дьоҕурдарын улэлэтии.
Туттар тэрил: Автобус билеттара ( өҥнөөх фишканан), уруул, автобус макета, «Остановка».
Дьарык барыыта:
- Бүгүҥҥү дьарыкка биhиги автобуhунан «Суол быраабылата» Дойдуга айанныахпыт. Автобуспут ханна баара буолуой? (оҕолор көрдөрөллөр) Автобус тохтуур сирин туох диэн ааттыыбытый?
Оҕолор: -Остановка
-Саамай сөп. Автобуhунан айанныырга ким нааданый? (Суоппар). Оттон автобуска ким өссө үлэлиирий? (Кондуктор). (суоппар уонна кондуктор миэстэлэрин булуохтарыгар дылы түргэнник автобуска айанныыр быраабыланы хатылатыы)
-Бары миэстэҕитин булан олордугут дуо? (эмискэ Карлсон тиийэн кэлэр)
Карлсон:- Дорооболорун, оҕолоор. Мин эhигини кытары айанныахпын баҕарабын, куорат иhигэр көтүмэ диэн бобсоллор. Эhиги ханна бардыгыт? (оҕолор эппиэттэрэ) Мин бугун…… суолу туоруурбар массыына анныгар хаста да тубэhэ сыстым. Билигин куттанабын даҕаны. Онтон эhиги, оҕолор куттанаҕыт дуу?
О5олор:- Суох. Биhиги суол быраабылатын билэбит.
Карлсон: -Мин эмиэ ону билиэхпин баҕарабын. Миигин үөрэтиэххит дуо? Ура! Оччоҕо мин эhигини минньигэhинэн күндүлүөм. Чэ, айанныырбытыгар пока семечкэ сиэм.
Иитээччи:- Оҕолоор, Карлсон автобуска айанныыр быраабыланы билбэт быhыылаах. Кэпсиэххэ, үөрэтиэххэ наада. Бу олорорбутунан икки хамаанда гына хайдан оонньуоххайыҥ. (биирдии быраабыланан этэн иhэллэр, ханнык элбэҕи эппитинэн)
Иитээччи: - Хамаандаларга биирдии эбии боппуруос биэртэлиэм:
- Сатыы киhи ханан сылдьарый?
- Ханна оҕо оонньуура сатамматый?
Быраабылаларбытын хатылаатыбыт, айанныахха сөп буолла. Бүгүн мин кондуктор буолабын, онон билиэттэри түҥэтэбин. (кыhыл, саhархай, от күөх)
Айаннаан тиийдибит
Иитээччи: - «Суол быраабылата» Дойдуга тиийэн кэллибит. Автобустан тахсан Билии остановкаҕа тахсабыт. Манна сорудах толоруохпут. Карлсон учугэйдик иhит уонна өйдөөн ис.
1 сорудах: Ким кыhыл билеттаахтар мольбертка чугаhааҥ. Ким ханнык суолунан барарын көрдөрүҥ.
2 сорудах: (саhархай билеттаах о5олор оҥороллор)
Ханнык суол бэлиэлэрэ оскуола, кафе, АЗС аттыгар туруохтаахтарый?
3 сорудах: (от күөх өҥнөөх билиэттээх оҕолор)
Сөп түбэhэр бэлиэни туруор.
Ооньуу «Баар эттиктэртэн суол быраабылатын бэлиэтин хомуй»
Сыала: Оҕолор билиилэрин чиҥэтии, суол быраабылатын, бэлиэлэрин сөпкө этэллэрин хатылааhын.
Свободно музыка тыаһыырыгар хаама сылдьабыт, музыка бүтүүтэ муостаҕа сытар суол бэлиэтигэр түөртүү буолан төгүрүк оҥоробут. Хаалбыт киһи быраабыла, ол эбэтэр бэлиэ ылан кэпсиир.
Оонньуу «Светофор» (динамичная пауза)
Сыала: Болҕомтолорун сайыннарыы, сигналы истэ үөрэнэллэрин ситиhии.
Оҕолор төгүрүк тула утарыта тураллар. Биир сирдээччи талыллар. Сирдээччи светофор ханнык эмэ өҥүн ааттыыр, оҕолор сирдээччи эппитин толороллор: кыhыл – тураллар, күөх – түгүрүк тула хаамаллар. Сирдээччи светофор ханнык баҕарар өҥүн бэрээдэгин тутуспакка, өҥнөргө сөп түбэспэт хамсаныылары толоруон сөп, оҕолору бутуйа сатыахтаах.
Карлсон оҕолордуун оонньуур.
Өссө биир оонньуу. « Сөп дуу, суох дуу»
Сыала: Ханнык түбэлтэҕэ суол быраабылатын кэhии тахсыбытын быhаарыы.
Оҕолор көбүөргэ олороллор.
-Бастакы түбэлтэ: икки кыыс айанныыр суолга көрсөн кэпсэтэ тураллар. Сөп дуо?
-Иккис түбэлтэ: эр киhи суолу туораан иhэн телефонунан кэпсэтэр. Сөп дуо?
-Үhүс түбэлтэ: уол суолу кыhыл уокка туоруур. Сөп дуо?
-Төрдүс тубэлтэ: икки уол оҕо суол аттыгар мээчиктии сылдьаллар. Сөп дуо?
Түмүк:
-Бүгүҥҥү айаммыт бүтэн эрэр, атобуска олорон төптөрү барыаххайыҥ . Карлсоҥҥа ханнык суол быраабылаларын үөрэттибит? Ханнык бэлиэлэри көрдөрдүбүт?
Автобуска айаннаан иhэн бэhиэлэй ырыа ыллыыбыт. Карлсон махтанан, кэһиитин түҥэтэн барар.
Туһаныллыбыт литература
- В.И. Семенюк, Н.В. Владимиров. Работа с детьми по изучению правил дорожного движения. Минск, «Полымя», 1983 г.
- Т.А. Шарыгина. Беседы о правилах дорожного движения с детьми 5-8 лет. Москва, творческий центр «Сфера», 2010 г.
- Т.Г. Кобзева, И.А. Холодова, Г.С. Александрова. Правила дорожного движения. Волгоград, издательство «Учитель», 2010 г.
- Э.Я. Степаненкова, М.Ф. Филенко. Дошкольникам - о правилах дорожного движения. Москва «Просвещение», 1979 г.
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
Учебно - методическое пособие "Экскурсионная работа в детском саду"
При всём многообразии форм организации педагогического процесса экскурсионная работа занимает особое место. Подготовка к экскурсии - процесс требующий большего времени, вдумчивости и знания мате...
Методическое пособие для музыкальных руководителей детских садов "Обучение детей дошкольного возраста игре на курае"
Авторское методическое пособие "Обучение детей дошкольного возраста игре на курае" включает в себя методику, перспективный план, пошаговое обучение и результативность....
Методическое пособие "Патриотическое воспитание в детском саду"
Конспект непосредственно-образовательной деятельности для детей старшей и подготовительной группы «Наша армия сильна». Цель: воспитание уважения к воинам – защитникам Отечества....
Методическое пособие "Лего-конструирование в детском саду"
Лего-конструирование в детском саду...
Учебно-методическое пособие "Театральная деятельность в детском саду"
Учебно-методическое пособие "Театральная деятельность в детском саду"...
"Правила дорожного движения и безопасного поведения" методическое пособие
quot;Правила дорожного движения и безопасного поведения" методическое пособие...
МБДОУ «Детский сад общеразвивающего вида №25» Самообразование на тему: «Правила дорожного движения – основа безопасности дошкольника». на 2024-2025г. Воспитатель : Леженникова А.М. г. Воронеж –
Цель: совершенствование условий для формирования у детей дошкольного возраста устойчивых навыков безопасности в окружающей дорожно-транспортной среде. Задачи:1. Повысить собственный уровень ...