Хоһоону үөрэтии
презентация к уроку по развитию речи (подготовительная группа) на тему

Дыдорова Раиса Макаровна

Тылы сайыннарыы

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл sahalyy_hohoonnor.pptx936.59 КБ

Предварительный просмотр:


Подписи к слайдам:

Слайд 1

О ҕ олорбут барахсаттар Дыдорова Раиса Макаровна – воспитатель I категории Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение «Центр развития ребенка – детский сад «Светлячок» МР «Нюрбинский район» РС(Я) г.Нюрба 2016г

Слайд 2

Күн диэки көрөбүн, Күнтэн күүс ылабын, Күннүүн күлэбин, Күҥҥэ үөрүү ыытабын. Кинигэ биһиги доҕорбут Киниттэн билиини ылабыт, Элбэх араас ойуулаах, Эҥин дьикти кэпсээннээх. Сибэккилэр. Сибэккилэр ыһыахтара Алаас аайы ыһыллыбыт, Оҕо аймах үөрэ-көтө Көтөр – дайар, умсаахтанар.

Слайд 3

Сахсырҕа. Күөх истээх сахсырҕа, Көрүөхтэн дьиктигин. Саахарга ымсыыран Саайдаллар – кэлэҕин. Сааскы күн итиитэ Эйигин туруорар, Күөх сайын чугаһын Санатар күн ахсын. Хомурдуос. Рассада олордоору Маамам буорун киллэрбит. Буллум онтон хомурдуоһу – Санаан кэллим сайыны. Аһынаммын хомурдуоспун Хоруопкаҕа олортум, Сайын буолуор диэритин Муннук биэрдим мин хоспор.

Слайд 4

Үөрүү . Ыраас халлаан аналлааҕа, Олох чулуу кэрэһитэ Ыра санаа ымыыларым Ойор-көтөр кыталыгым, Үрдүк мэҥэ халлааҥҥар Үөһэ көтөн тахсаҥҥын Үөрүүгүттэн үллэһин Үгүс элбэх дьоҥҥунуун. Үөрэнэр үчүгэй. Оскуолабар кэлэбин, Оҕолорбун көрсөбүн, Саҥа билии ылабын, Сыана кэһии унньабын . Ийэм миэнэ биэскэ үөрэр , Аҕам миэнэ түөрдү хайгыыр, Үһү бэйэм таптаабаппын Икки диэни билбэппин.

Слайд 5

Оҕо саас. Сибэккигэ тэҥниибин Сэрбэкэчийбит кыысчааны, Кулунчукка холуубун Ойуоккалыыр уолчааны. Күннүүн тэҥҥэ күлэллэр Үөрүүлэри үксэтэ, Кулун курдук өрө-тэбэ Оҕо сааспыт ойуолуур . Оонньуу . Хаарбыт олох сымнаабыт Хайыһарбыт сыыдамсыйбыт Сыыртан олус сырылыыр Салааскаттан да түргэн. Оҕо көрдөөх күлүүтэ Ойор үөһэ салгыҥҥа Үгүс оонньуу күөрэйдэ – Үргүтүмэҥ, үөрүүнү.

Слайд 6

Оҕо саас. Оҕо дьоллоох күлүүтэ, Ойуоккалыыр омуна, Оһуор – бичик түһэрэн, Оҕуруолуу тиһиллэр. Сырдык ыраас халлааҥҥа Сылаас күнү уруйдуу, Сылаанньыта, манньыта, Сандаарыйар оҕо саас. Ама туохха тэҥнэһиэй Алаас кэрэ сибэккитэ, Алаһа дьиэбит киэргэлэ Ахтар – саныыр оҕо сааспыт.

Слайд 7

Ийэбэр. Ийэбин ахтабын Ийэбин таптыыбын, Күннэтэ түбүктэн Ордубат кэмнээххин . Үлэҕин чэпчэтиэм Үөрэхпэр кыһаныам Үөрэргин көрөммүн Үөһэ мин көтүөҕүм . Утуйан ылларгын Чуумпутук олоруом, Быыкайкаан балтыбын Бэйэм мин көрүөҕүм . Биир эмэ киэһэҕэ Бэрэски астаһыам , Сылайбыт санныгар Илиибин мин ууруом . Ийэлэр , эбэлэр Доруобай буолуҥ дуу, Мэлдьитин үөрүү – дьол Аргыстаах мичээрдээҥ!

Слайд 8

Кып - кыра да буоллар Күннэтэ үлэлээх, Саҥа күннүүн уһуктан Уһуйааҥҥа тэринэр. Күнү быһа оҕолордуун Күлэ – үөрэ алтыһар Иитээччитин болҕойон Истэр, билэр, үөрэтэр. Кинигэттэн элбэҕи Кини ылар билиини, Оонньуу араас көрүҥүн Оройуттан тутар дьэ . Үҥкүү – битии, ырыа – хоһоон Алыбыгар ылларар. Күнүс тохтоон сынньанар, Минньигэстик утуйар. Киэһэ дьоно кэлэригэр Элбэх сонун кэпсээннээх, Үөрүү – көтүү аргыстаах Чыычаах буолан чуопчаарар.

Слайд 9

Үрүйэчээн. Сүүрүктэр сүүрэллэр, Сүүрээннэр күлсэллэр Куотуһа – куотуһа Холбоһон усталлар. Оттору быыһынан Таастардаах сиринэн Чырылыы – чурулуу Тохтоллор, усталлар. Эдьиийбин батыһыам Убайбын үтүктүөм Үрүйэ буоламмын Байҕалга мин тиийиэм.

Слайд 10

Күһүн. Күһүн күндү күлүгэ Күнтэн күҥҥэ күрэнэр. Ахтар саныыр сайыммыт Ааһан – куотан саһынна. Тымныы кыһын обургу Тыйыстанан кэлиэ турар, Оҕо – аймах оонньуур кэмэ Оҕуурданан тохтуу биэрэр


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

«Сонор» оонньууну оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго үѳрэтии программата

Быһаарыы сурукХас биирдии оҕо оскуолаҕа киирэригэр билиилээх – көрүүлээх, тобуллаҕас толкуйдаах, тыла – өһө сайдыбыт, хомоҕой тыллаах буолара ирдэнэр.«Сонор» оонньуу ис хоһооно уонна үѳрэтии ньымалара...

Правила дорожного движения / Суол быраабылатын үөрэтии (методическое пособие для воспитателей якутских детских садов)

Данное пособие в помощь для воспитателей детских садов с якутским языком обучения, по ознакомлению детей дошкольного возраста с правилами дорожного движения....

"Олонхону оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэтии"

Олонхону оҕоҕо тиэрдэр сүрдээх уустук, сыралаах үлэ....

Орто белеххе уос бүтэй дорҕооннорун чуолкайдык саҥарарга чиҥэтэн үөрэтии дьарыга, үөрэппити хатылааһын

Создание условий для закрепления звуковой культуры речи, воспитывать интонационную культуру речи....