В гости к Байанаю на якутском языке
план-конспект занятия (старшая группа) на тему
Байанайга ыалдьыттыыбыт.
Сыал/сорук:
Оҕо ойуур, булт туһунан билиитин улахан киһитэ суох бэйэтин баҕатынан дьарыктаныы көмөтүнэн хатылааһын.
• Көрдөөн булуу ньыматын, толкуйдуур дьоҕуру, ситимнээхтик, толору тылы туттан этиилэри саҥарыыны салгыы сайыннарыы;
• Тулалыыр эйгэни харыстыырг салгыы итии.
Материалы: (туттар тэрил): Байанай эһээ, Хартыынкалар ойуур. Булт тэриллэрэ. Ойуур тыаһа. Оҥоойуктар. Күөл оҥоһуута, балыктар.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
bayanayga_yldyt.docx | 23.72 КБ |
Предварительный просмотр:
.Управление образования городского округа «город Якутск»
Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение
Детский сад общеразвивающего вида с приоритетным осуществлением
деятельности по познавательно-речевому развитию детей № 9 «Якутяночка»
677000, г. Якутск, ул. Чернышевского 12/3, 45-03-67, 45-11-99,
e-mail:detsad9@sakha.ru, detsad9@yaguo.ru
Байанайга ыалдьыттыыбыт
«Сулусчаан» улахан оҕо бөлөҕүн иитээччитэ
Босикова Акулина Спиридоновна
Дьокуускай 29.11.2018
Байанайга ыалдьыттыыбыт.
Сыал/сорук:
Оҕо ойуур, булт туһунан билиитин улахан киһитэ суох бэйэтин баҕатынан дьарыктаныы көмөтүнэн хатылааһын.
• Көрдөөн булуу ньыматын, толкуйдуур дьоҕуру, ситимнээхтик, толору тылы туттан этиилэри саҥарыыны салгыы сайыннарыы;
• Тулалыыр эйгэни харыстыырг салгыы итии.
Материалы: (туттар тэрил): Байанай эһээ, Хартыынкалар ойуур. Булт тэриллэрэ. Ойуур тыаһа. Оҥоойуктар. Күөл оҥоһуута, балыктар.
Үөрэтии дьарыгын хаамыыта:
Этаптар: | Иитээччи: | Иитиллээччи: |
| Дорооболоһуу ыалдьыттары кытары. Бугун биьиги оголор ойуурга күүлэйдии тахсыахпыт. Тугунан ойуурга барыахха сөбүй? Сөпкө этэҕэт. Элбэх транспорт баар, ол гынан баран бүгүн биһиги сибиэһэй салгын сии таарыйа сатыы барыахпыт. Туохха туһалааҕый сибиэһэй салгын? Ойуурга барыах иннинэ саныаххайын быраабылалары. Ханнык быраабылаларын тутуһабыт? Тоҕо биһиги ойуурга чуумпутук сылдьыахтаахпыт? Чэ бардыбыт. | Үтүө сарсыарданан! Биһиги ойуурга автобуһунан, массыынанан, поездынан, сатыы барыахпытын сөп. Доруобуйаны бөҕүргэтэр. -мас лабааларын алдьаппаппыт; -уунээйилэри харыстыыбыт; -чуумпутук сылдьабыт. Ойуур харамайдара тыаһы себүлээбэттэр. |
Байанайы көрсүү Тыас тыыьыыр (музыка оцуур тыаөа) | Ханна кэллибит биһиги? Ой, туох эрэ тыыһыыр дии. Истин эрэ, чууппуран! Байанай керсер харыйа кэнниттэн тахсан кэлэр. Б: Мин киммин билэҕит дуо оҕолор? Байанай эһээбин, булт иччитэбин. Нөрүөн-нөргүй, үтүө күнүнэн! Б: Эһиги бултааһын туһунан билэгит дуо? | Биһиги кэллибит ойуурга Суох. Үтүө күнүнэн! Билэбит |
| Б: Дьэ билигин мин бэрэбиэркэлиэм, төһө бултааһын туһунан билбиккитин. Сорудахтары бэлэмнээтим.
Ким булт тэриллэринэн туттарый? Ким бултууруй? Бибиһиги билигин булчут буолуохпут. Оҕолоор, тоҕо биһиги ойуурга киирээт сиэр-туом, алгыс этэбитий? Чэ эрэ оҕолоор, алгыс этиэҕин. Аһаа, аһаа Байанай Кыылла, көтөрдө, балыкта бэлэхтээ. 2-3 төгүл
Ханнык булт тэриллэрин туттабыт? Туохтан оҥоһуллубутуй бу тэрил? (Хас биирдии булт тэрилин туһунан тууһаайан ыйытыы) Бу булт тэриллэринэн тугу бултуубут? Ханнык кыыллары? Кинилэр дьиэ кыыллара ду тыа кыыллара ду? Тоҕо бултуубут? Б: Маладьыастар! Ойуур харамайдарын, булт туһунан билэр эбиккит. Оҕолор билигин биһиги бардыбыт салгыы. Ханна кэллибит? Манна ханнык уу кыылын бултуубут? Билигин оҕолоор биһиги “Балыксыт уоона балыктар” диэн оонньууну оонньуохпут. (Балыктар быалаах буолаллар. Хас биирдии оҕо балык быатын кэннигэр тутар уонна куотар. Балыксыт балыктары кэннилэриттэн былдьыахтаах. Балыгын былдьаппыт оҕо туоруур) Маладьыастар. Чуумпурдубут. Ханнык бул тэрилин туттабыт балыктыырга? Сайынны кэмҥэ туттабыт биһиги... Б: Маладьыастар Дьэ барытын билэр эбиккит. Мин эһиэхэ ойуурга сылдьааһын быраабылатын билэргит иһин, булт тэриллэрин билэргит иһин Байанай бэлэгин биэрэбин. | Булчут Байанайы үөрдээри. Кини үөрдэҕинэ ойуурга сырыыбыт учугэй бэлэхтээх буолар. Оҕолору кытта уот сиэрин туомун толоруу. Туһах – маска бааллар боробулуохаттан, саптан, сиэлтэн оҥоһуллар булт тэрилэ. Чааркаан – маһынан оҥоһуллар капкан. Сохсо – эмиэ туҺах курдук. Саа- аныгы буулт тэрилэ, уһун уостаах бултка туттуллар сэб. Кыыллары Куобах, бөрө, эһэ, саһыл, киис, көтөрдөр.. Кинилэр тыа кыыллара. Бултуубут биһиги аһаары, тириинэн таҥас оҥостоору. Нэлэмэн алаас ортотугар турар күөлгэ. Балык арааһын. Холобур: собо, мунду, күөнэх, сордоҥ. Сайын биһиги туттабыт илим, күөгү, туу. Кыһын муҥха. Илим- улахан балыктыыр сетка. Күөгү-мастан оҥоһуллубут иннигэр сап баайыылаах балыктааһын тэрилэ. Туу-талахтан, боробулуохаттан оҥоһуллубут балактааһын тэрилэ. Муҥха-кыһыҥҥы балыгы бултааһын. |
| Оҕолоор, киэьээ буолан эрэр. Балаҕаммытыгар төннүөҕүн. Дьэ эрэ оҕолоор, ойуурга сылдьан биһиги кимниин көрүстүбүт? Тугу гынныбыт? Ханнык Байанай сорудахсарын толорорго ыарыргаттыгыт? Бу сырыыбыт биһиэхэ олоххо туох туһаны аҕаллай? | Байанайдыын көрүстүбүт. Хатылаатыбыт булт тэриллэрин. Мин ыарырҕаттым алгыс этэргэ... Мин улааттахпына булчут буолан баран, ойуурга сылдьарбар биллим хайдах сылдьарбын. |
По теме: методические разработки, презентации и конспекты
новогодний праздник "Аптаах Сана Дьыл" (на якутском языке)
«Аптаах Саңа Дьыл»Улахан бөлөх о5олоругар аналлаах Саңа Дьыллаа5ы сценарий ...
Новогодний праздник по сказке "Снегурочка" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника по мотивам сказки "Снегурочка" для младшего, среднего дошкольного возраста...
Новогодний праздник " Аптаах хаар чеме5е" (на якутском языке)
Сценарий новогоднего праздника для старших дошкольников...
8 марта "день подарочный, сюрпризный" (на якутском языке)
сценарий утренника к 8 марта для средней группы...
8 марта «О5олор хайдах Федора5а көмөлөспүттэрий» (на якутском языке)
сценарий утренника по мотивам сказки "Федорино горе" для детей ст., подг. групп...
Зимнее развлечение «Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй» (на якутском языке)
сценарий зимнего развлечения...
Зимнее развлечение «Снеговик муннун хайдах көрдөөбүтүй» (на якутском языке)
сценарий зимнего развлечения...